Кэпсээ
Войти
Регистрация
Дьикти тыас
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Дьикти тыас
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
16.05.2019 17:17
Биһиги санаабытыгар, киһи аймах билбэтэҕэ-көрбөтөҕө диэн бу Орто дойдуга суоҕун кэриэтэ быһыылаах. Ол эрээри биһиги истэн-ааҕан эрэ билэр үөһээ, аллараа дойдуларбытыгар эрэ буолбакка, оннооҕор, бу биһиги олорор Орто дойдубутугар олус элбэх таайыллыбатах араас кистэлэҥ баар эбээт. Арай сорох өрүттэрин сэрэйэбит эрэ... Ону да, биири эмэ... Төһө да элбэх сыл ааспытын иһин, ол күһүнү бу баар курдук өйдүүбүн. Биһигини кытары аргыстаһан барсыахтаах Ньукулаас эдьиийэ Маайа уонна мин эдьиийим Фрося ол сырыыга бөһүөлэккэ хаалбыттара. Инньэ гынан Ньукулаас биһикки бөһүөлэктэн биир көстөөх «Күөл» пиэрмэтигэр үлэлиир дьоммутугар субуота күн үөрэнэн бүтээт да бардыбыт. Онно хонон, сынньанан, оонньоон-көрүлээн баран, күн ортото ааһыыта бөһүөлэкпитигэр төнүннүбүт, сарсын үөрэниэхтээх дьон буоллахпыт. Өр гымматыбыт, Тымтыктаах Тарыҥар тиийдибит. Тарыҥы эргийиэхпитин ырааҕырҕаттыбыт быһыылааҕа, этэрбэстэрбитин устан быаларыттан баайан баран, сүнньүбүтүгэр иилэ быраҕынан, ыстааннарбытын устан эмиэ сүнньүбүтүгэр эрийэ саарпыктыы тардынан баран, тарыҥ тымныы уутун кэспитинэн бардыбыт. Сискэ, кураанах суолга тахсаат, ирээри сүүрдүбүт. Суол ойоҕоһугар баар киһи уҥуохтарыгар тиийэн бытаардыбыт. Манна кэлэ-бара моҕотойу көрсөн эккирэппиттээхпит. Онон кулгаах-харах иччитэ буола иһэбит. Тохтоон ыстааннарбытын кэттибит. Атахпыт төһө да тоҥнор, этэрбэспитин харыстаан эмиэ сүнньүбүтүгэр иилинэн (атах сыгынньах сылдьарга үөрүйэх дьоммут) салгыы айаннаатыбыт. Аҕыйах хардыыны атыллаан иһэн, суолу туораан иһэр моҕотойу көрө биэрдибит. Иккиэн тэбис-тэҥҥэ саҥа аллайа түһээт, моҕотой кэнниттэн түһүнэн кэбистибит. Ыһыы-хаһыы аргыстаах оту-маһы быыһынан, моҕотойбутун харах далыттан сүтэримээри эккирэтии кытаанаҕа буолла. Ол тухары этэрбэстэрим моонньубар тэйбэҥнииллэрин сөбүлээбэккэ, аҥаар илиибинэн тута сатыыбын, аҥаарбар ураҕастаахпын. Моҕотойбут ситтэриэхчэ-ситтэрбэккэ киһи уҥуохтарын эргийэ сырытта. Ол сылдьан моҕотойбут биир былыргы киһи уҥуоҕун диэки кэлэн мэлис гынан хаалла. Чуо бу эҥээргэ кэлэн хаһыс да куотуута буолла. Дьэ, кыһыылаах диэтэҕиҥ. Биирдэ өйдөөбүппүт, бириэмэ ырааппыт быһыылаах, күммүт хайыы-үйэ арҕаа саҕахха санньыйбыт. Суолга киирэн тиэтэйэ-саарайа хааман, соторутааҕыта суолу туора охтубут улахан тиит маска тиийэн олоро биэрдибит. Өйүө лэппиэскэбитин мотуйуохпут иннигэр таҥныахха дэһэн, баччааҥҥа диэри моонньубутугар иилинэ сылдьыбыт, этэрбэстэрбитин дьэ ылан быаларын сүөрдүбүт. Мин кэтээри кээнчэбин көрбүтүм, арай, аҥаара суох, түһэн хаалбыт. Айманыы буолла. Буолумуна даҕаны, тымныы түһэн эрэр кэмэ этэ, сарсыарда аайы хаһыҥныыра. Эбэм эрэйдээх миигин атаҕа тоҥуо диэн тикпит, сабыс-саҥа кээнчэтэ! Көрдүөххэ дэһэн, манан түспүтэ буолаарай диэн, моҕотойу сырсыбыт сирдэрбитин көрө сатыыбыт да, ол ханан-ханан эрийэ-буруйа сүүрбүппүтүн биһиги хантан чуолкай өйдүөхпүтүй, суох буоллаҕа дии. Кэнникинэн киһим ыксаата быһыылаах, субу-субу: “Кээнчэҥ баарын бүтэһигин ханна көрбүккүнүй?” – диэн бэйэм да ытыахча буола сылдьар киһини ыгылытар. Мин туран: “Оол-ол, дьон уҥуоҕун таһыгар баар этэ, көрбүтүм,” – диибин уонна, били, моҕотойбут мэлийбит сирин — былыргы киһи уҥуоҕун диэки — ыйабын. Ыйбыт сирбэр тиийэн, онон-манан өҥөҥнөөн көрдүбүт даҕаны, кээнчэ көстүөх чинчитэ биллибэтэ. Ыксаатым, киһибэр: “Доор, бу диэки чахчы баар этэ,
өссө, түһээри быкпытын төттөрү симмитим ээ,” – диибин. Онтон туран: “Бу киһи уҥуоҕун анараа өттүгэр барбатахпыт ээ, төннүөх”, – диибин уонна киһи уҥуоҕун эргийэ хааман суол диэки арыый хадьы барабын. Ньукулааһым батыһар. Арай эмискэ кэннибитигэр тыас иһиллэр. Бэрт дьикти тыас. Кэннибин хайыһан киһибин көрбүтүм, Колям эмиэ истибит быһыылаах, тыас хоту хайыспыт. – Коля, Ньукулай Бөдүөтэп күрүө маһын кэрдэ кэлэр диэбиттэрэ дии, ол киһи буолуо, – диибин. Оччолорго холкуос дьоно киэһэ хойукка диэри үлэлиир этилэр. Хата, Ньукулайы көрсөн, кинилиин аргыстаһан бөһүөлэктиэхпит дэсиһэн тыас хоту хаамабыт. Тыаспыт тохтообот, өссө арыый түргэтээн биир күдьүс тэтимнэнэр. Арай өйдөөбүппүт, тыаспыт хайдах эрэ сүгэ тыаһыттан атын курдук. Били, эргэ киһи уҥуоҕун чугаһынан ааһан иһэн эмискэ тохтуу түстүм. Тыаспыт... ити киһи уҥуоҕун диэкиттэн иһиллэр эбит! Сүрэҕим айахпар таҕыста. Колям миэхэ сыста түстэ, сирэйэ-хараҕа уларыйан хаалбыт. – И-и-ити... – диэн бэрт нэһиилэ ыган саҥа таһаарда, бэйэтэ кэлэҕэй киһи куттаммыта тугу үгүһү этиэй, киһи уҥуоҕун диэки сыҥааҕынан ыйда. Туох эрэ бөрүкүтэ суох тыас буоларын сэрэйдибит. Онтон тыаспыт улаатан барда. Иккиэн утарыта көрсөөт, тэбис-тэҥҥэ эргиллэ түһээт, суол диэки ыстанныбыт. Суолга тахсан, сэргэстэһэ сүүрэн иһэн уолум кэннин хайыспахтыыр. Мин төһө да иэним кэдэҥнии истэр, кэннибин хайыһыахпын куттанабын, ити түгэҥҥэ эбэм кэпсиирин өйдөөн, уолбар аҕылыырым быыһыгар: – Доор, кэннигин көрүмэ, оччоҕо абааһы сиппэт үһү, – диэн нэһиилэ тыл быктарабын. Ол курдук аҕылаһан-мэҥилэһэн охто сытар маспытыгар кэллибит. Хаалларбыт өйүөлээх мөһөөччүкпүтүн уонна этэрбэстэрбитин харбаан ылаат, бу кутталлаах сиртэн тэйэр эрэ санаалаах салгыы сүүрдүбүт. Туруйа Күөлүгэр киирэн, дьэ арыый уоскуйан, суол устун сүүрэр-хаамар икки ардынан кудуххай соҕустук бардыбыт. Чугас турар кэбиһиилээх окко тиийдибит. Дьэ, уонна абааһыттан куоппут дьон курдук сананан олоро түстүбүт. Арыый уоскуйан, лэппиэскэбит үрдүгэр түстүбүт уонна ити дьикти тыаһы ыраатыахпытыгар диэри истибиппитин сибигинэһэн кэриэтэ кэпсэттибит. Ол эрээри туох тыаһа буоларын кыайан быһаарбатыбыт. Арай абааһы ини дии санаатыбыт. Бөһүөлэккэ кэлэн баран, ол туһунан кимиэхэ да, тугу да кэпсээбэтэхпит. Эбэбэр бэйэтигэр эрэ, бэрт кистэлэҥинэн, туохха түбэһэ сылдьыбыппытын кэпсээбитим. Онуоха эбэм оһоҕун уотун күөдьүтэн, ас ылан уокка биэрэ-биэрэ, аал уотун иччитин алҕаан, тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу көрдөспүтэ. Дьэ, уонна биһиэхэ сиргэ-уокка хайдах сылдьыахтаахпытын, сиэр-туом эҥин туһунан бэрт аҕыйах холобуру кэпсээбитэ. Онтон: – Ити Саппыйа сиһигэр, киһи уҥуохтаах сиргэ, «Кырдьаҕас» сытар. Эһигини ол өссө, кыра оҕолор диэн, сымнаҕастык дьээбэлээбит. Ити мин көрдөстүм-ааттастым, оҕолорум аны көрсүөтүк сылдьыахтара диэн. Онон эһиги мээнэ ыһыытаан-хаһыытаан айдаара сылдьыбат буолуҥ, сэмэйдик, киһилии сылдьыҥ, – диэн сүбэлээбитэ. Дьэ, уонна хайыай, сиэнигэр кээнчэ бэлэмнииригэр тиийдэҕэ дии. Оччолорго биһиги дүҥүр диэни соччо билбэт этибит. Кэлин өйдөөтөххө, ол тыаһа буолуон сөп эбит. Ол кэмҥэ, тоҕо эрэ, оскуолабытыгар баар
пионер барабаанын тыаһыгар маарыннаппыппыт. Ол кэмтэн төһө да элбэх сыл ааспытын иһин, ол түгэни, дэҥ кэриэтэ да буоллар, өйдөөн кэлэбин, умнубаппын. Элбэҕи эргитэ саныыбын уонна оҕолорбор, эдэр ыччакка туһаайан этиэм этэ: ханна да сылдьаргыт тухары киһилии сиэри-майгыны, өбүгэбит итэҕэлин, үгэстэрин өрүү өрө тутар буолуҥ диэн. Геннадий Иванов-Сиэн Кынаачай, Кэбээйи, Арҕас.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан