Кэпсээ
Войти
Регистрация
60-с сыллар бүтүүлэригэр буолбут түбэлтэлэр
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ 60-с сыллар бүтүүлэригэр буолбут түбэлтэлэр
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
08.05.2019 17:25
Оҕону көрбүтүм Оччолорго мин 4-c кылааска оройуон киинигэр үөрэнэр этим. Дьонум мантан отой ыраах, 20-чэ биэрэстэлээх сиргэ, олороллоро. Биир саас 9-c кылааска үөрэнэр кыыһы кытта аргыстаһан, үрэҕи кыйа сатыы дьиэбитигэр тэптэрбиппит. Төрөөбүт дойдум барахсан айылҕата олус да кэрэ этэ. Ордук саас уонна сайын айылҕата туохха да тэҥнэммэт кэрэ көстүүлээҕэ. Айанныыр суолбут хаҥас өттө сыыр-халдьаайы, оттон уҥа өттүгэр үрэх уста сытар. Мин кыра киһи буоламмын, кимнээҕэр да үөрэ-көтө, оту-маһы ааҕа, суолум устун айаҕым иһэ бүтүннүү бап-баллыгырас иһэбин. Ол иһэн арай көрбүтүм, иннибэр бэйэм саҕа уҥуохтаах маҥан былаачыйалаах кыыс оҕо баран иһэрэ. Үөрэн, саҥа аллайаат, ол оҕону эккирэппитинэн барбытым. Аргыстаһан иһэр кыыһым: «Эн ханна бардыҥ?» – диэн хаһыытыы-хаһыытыы, мастар быыстарыгар киирэн хаалбыта. Ол да буоллар били оҕобун сырсыбытым курдук сырсан иһэбин. Кыыһым олох ситтэрбэт, онуоха мин ыксаан: «Тохтоо, күүт, аргыстаһыах», – дии-дии хаһыытаан ылабын да туһа суох. Ити курдук туох баар күүспүнэн сүүрэн маҕыйан истэхпинэ, били, аргыстаһан иһэн сүппүт кыыһым ситэн ылан ыйытар: «Эн тоҕо сүүрэҕин?» – диэн. Дьүөгэбэр “маҥан таҥастаах кыыс миигин ыҥырар” диэн эппиппэр кыыһым соһуйбута. Сымыйанан оонньоһор дии санаан, ити эппиппин улахаҥҥа уурбатаҕа. Мин “киниэхэ тоҕо көстүбэтий?” дии санаат, син биир инним хоту бара турабын. Хайдах батыспытым курдук. Оҕону соннук батыһан испитим. Этэргэ дылы, атаҕым бэйэтэ киниэхэ сирдииргэ дылы этэ. Саатар, ол маҥан былаачыйалаах кыыс олус чуолкайдык илиитинэн сапсыйан биһигини ыҥырар курдуга. Ити иһэн эмискэ сыыры өрө сүүрэн тахсыбыта. Мин ону көрөн таах туруом үһү дуо... Куттанар эҥин диэн аат суох киһитэ эбиппин. Кырдьыга баара, кыра сылдьан туохтан да чаҕыйан турбат этим. Барыны-бары билэ сатыырым уонна ону-маны чинчийэн, ырыҥалаан көрөрбүн сөбүлүүрүм. Ол да сырыыга тохтоон турбатаҕым. Салгыы кыыһы тилэх баттаһа эмиэ сыыры өрө сүүрэн тахсыбытым. Арай онно тахсан көрбүтүм, кыыһым илиитин үөһэ уунан турара. Мин санаабар, кини миигин ыҥырар курдуга. Онтон эмискэ тула өттүбүн өйдөөн көрбүтүм – барыта киһи уҥуоҕа! Ол турдахпына, кыыһым эмискэччи сүтэн хаалбыта. Акаарытыҥы санаабар, “ити кыыс миигиттэн эмиэ саста” дии санаан, кыыспын уҥа-хаҥас көрүөлээбитинэн барбытым. Тохтоон турбут сиригэр сүүрэн тиийбиппэр, кыра оҕо көмүллүбүт уҥуоҕа турара. Аргыс кыыһым аҕылыы бөҕөнү аҕылаан, нэһииччэ тиийэн кэлэн, аттыбар туох да саҥата суох салыбырыы-илибирии турунан кэбиспитэ. Син балай да турбуппут кэннэ, кыыһым туох да саҥата-иҥэтэ суох аллара соһон киллэрбитэ. Мин көрбүппэр өссө сөп буолбакка, киниэхэ өсөһөн барымаары гынарбын билиҥҥэ диэри өйдүүбүн. Арыый да ыраата түһэн баран “ити эн өлбүт оҕону көрбүккүн” диэн сибигинэйбитэ. “Биһиги өлбүт дьон уҥуохтарын киирэн аймаатыбыт” диэн баран, дьиэбитигэр тиийэр суол диэки сүүрэн элэстэнэ турбута. Мин киһи эрэ буолларбын, абааһы оҕону көрбүт эбиппин диэн улаханнык куттаммытым. Дьоммор
түргэнник тиийиэхпин наада диэн санаа көтөн түспүтэ. Дьиэбит диэки түргэн үлүгэрдик хаамыы-сүүрүү былаастаан барбыппыт. Хайдах курдук дьиэбитигэр баар буола охсубуппутун бэйэм да өйдөөбөппүн. Дьоммор тиийэн аргыс кыыһым “оҕоҕут аһаҕас эттээх эбит, киһини дэлби куттаата” диэбит этэ. Кырдьык, аргыс кыыһым олоҕо ити түбэлтэ кэнниттэн ыар содулламмыта диэххэ сөп. Сотору соҕус буолан баран ыарыһах буолаахтаабыта. Өр барбатаҕа... Сыл курдук буолан баран, күн сириттэн букатыннаахтык барбыта. Билигин саныыбын ээ, ол оҕо кыыспын «ылаары» көстүбүт буолуон сөп диэн. Иччитэх өтөххө Кыра сылдьан өрүү иччитэх өтөхтөрү кэрийэн көрөрбүн сөбүлүүр идэлээҕим. Ол курдук, эмиэ биир күн хаһыа да буолан алаастары кэрийэ барбыппыт. Тиийбит алааспытыгар былыргы туруорбах балаҕаннар, син аныгылыы тутуулаах охсуу ампаардар уонна араас сэргэлэр бааллара. Бу алаас биһиги олорор дьиэбититтэн 5 биэрэстэ кэриҥнээх этэ. Онно тиийэн биһиги барыны-бары көрүү-истии, сүүрүү-көтүү бөҕөтө буолбуппут. Обургу оҕолор хайыахпыт баарай, күлүүбүт-салыыбыт, биир кэм ньиргийэн олороро. Ол айдаан быыһыгар эмискэ өйдөөн көрдөхпүнэ, арай аллара турар ампаар аттыгар хайа эрэ дьахтар биһигини одуулаһан ахан турара. Мин көрдөхпүнэ, сүрдээх кэрэ сэбэрэлээх, уһун, хара баттахтаах саха дьахтара быһыылааҕа. Кини миэхэ сөмүйэтин чочоҥноппут уонна сөбүлээбэтэхтии көрөн кэбиспит курдуга. Мин онно эрэ кыһанан бэрт, хата, киниэхэ утары сүүрэн марайбытым. Чугаһаан истэхпинэ, дьахтарым ампаарга киирэн хаалбыта. Мин онно тута тиийбитим эрээри, үчүгэйдик өйдөөн көрбүтүм, ампаарга киһи хайдах да киирэр кыаҕа суох эбит. Ол эбэтэр, халҕана кыайан аһыллыбат гына хам сыстан хаалбыт, оттон түннүк-үөлэс диэн ончу суоҕа. Кэннибиттэн табаарыстарым сырсан бытыгыраһан кэлбиттэрэ. Дьиктитэ диэн, кинилэр кими да, тугу да көрбөтөхтөр. Эмиэ ол дьахтар миэхэ эрэ көстүбүтэ. Ол дьахтартан, кырдьыгынан эттэххэ, добуочча куттаммытым эрээри, кимиэхэ да ону биллэрбэтэҕим. Оннук сылдьан дьиэбитигэр төннөн истэхпитинэ, сылгы үөрэ эккирэтэн биһигини улаханнык моһуоктаабыта. Ийэ-хара көлөһүммүт түһүөр диэри түргэнник сүүрбүппүтүн билиҥҥэ диэри өйдүүбүн. Киэһэлик дьиэбитин олус эрэйдэнэн булбуппут. Киэһэ кырдьаҕас эһэбэр ол дьикти түбэлтэни кэпсээбиппэр, ити алааска урут эдэр дьахтар моҥнон өлбүттээх диэн, аргыый аҕай сэһэргээбитэ. Чугас дьонум бары айылҕаны кытта ыкса сибээстээхпин онно итэҕэйбиттэрэ. Ийэм кэпсээниттэн... Биир түүн ийэм уһуктан кэлбитэ, оҕото арай хоонньугар суох үһү. Мин оччолорго 2-3 саастааҕым. Ийэм улаханнык дьиибэргээн уонна куттанан даҕаны буолуо, оронуттан ойон турбут. Иһиттэҕинэ, оһох кэннигэр ким эрэ күлэн бычыгырыыр үһү. Тымтык уматан тиийэн өйдөөн көрбүтэ, оҕото арай кими эрэ кытта кэпсэтэ-кэпсэтэ, оччо хараҥа түүн ортото оонньуу олорор эбит. Өссө таах олорбокко, лэппиэскэни тырыта тыыта-тыыта «мэ, мэ» диэн саҥалаах, ыскайдаан бөҕө буола олорор үһү. Ийэбин көрөөт, кими эрэ ыйан көрдөрөргө дылы үһүбүн. Онуоха олус куттаммыт уонна, мэктиэтигэр, иэнэ кэдэҥнииргэ дылы буолбут. Туох эрэ куһаҕан буолаары гыммытын сонно тута сэрэйбит. Бу туран, ийэм дьон кэпсээнин өйдөөн
кэлбит. Арааһа, бу оҕо чөчүөккэни кытта оонньоһор быһыылаах диэн. Сарсыарда хараҕын хайа тардаат, чугас ыалыгар сүбэлэтэ тахсыбыт. Бу ыалга соторутааҕыта дьукаах дьахтар көһөн кэлбит эбит. Кини оруобуна кэпсээбит: «Мин оҕобун эмиэ чөчүөккэ буулаабыта. Түүнү быһа кэтээн, оҕом туран бараары гыннаҕына, хам тутан ыыппат этим. Оҕом уутун аймаабыт чөчүөккэни ыһыытаан-хаһыытаан үүрэрим. Онтон аҕыйах хонук буолан баран, оҕом эмискэччи ыалдьан өлбүтэ. Эн оҕоҕун бобума, оонньоотун, оччоҕо, баҕар, тыытыа суоҕа», – диэн сүбэлээн баран, дьахтар умса көрөн турбутун ийэм миэхэ кэлин уйадыйа кэпсээбитэ. Ийэм аһыыр аһа, утуйар уута көтөн, бэл, түүн утуйбакка миигин эрэ кэтиир идэлэммит. Саатар, аҕам ол кэмҥэ ыраах бултуу барбыт үһү. Ол иһин бу ыарахан түгэҥҥэ ийэм барахсан бэйэтэ эрэ баара. Ыалга тахсыбыт күнүн түүнүгэр эмиэ утуйар-утуйбат, хаһан уһуктарбын кэтээн сыппыт. Ол сыттаҕына, мин уһуктан кэлэн үөрүү-көтүү бөҕөтө буолбуппун. Ороммуттан түһээт, оһох кэннигэр тиийэн, кэпсэтии-ипсэтии бөҕөтө үһүбүт. Чаас курдук оонньоон баран, ийэм хоонньугар киирэн, туох да буолбатаҕын курдук, утуйан буккуратан хаалбыппын. Бу курдук мин сэттэ түүнү быһа чөчүөккэни кытта оонньообуппун. Ийэм өссө оһох кэннигэр ас уурар үгэстэммит, ол аһа сүтэн иһэр үһү. Онтон ахсыс түүн ончу тэбэн көрбөккө утуйбуппун. Ийэм барахсан ону куруук кэпсээн оҥостор буолара. Ити курдук, ийэм, чөчүөккэттэн төһө да куттаннар, оҕотун туһугар сүрдээхтик тулуйан муҥнаммыт. Өскөтүн кини бу түбэлтэҕэ куттанан, чөчүөккэни үүрбүтэ буоллар, туох билиэй, баҕар, мин эһиги кэккэҕитигэр билигин маннык кэпсии олоруом суох этэ. Муударай, мындыр, хоһуун санаалаах дьахтар буолан, миигин иэдээнтэн быыһаатаҕа. Чөчүөккэ ити кэнниттэн биирдэ да биллибэтэҕэ. Ким билиэй, тоҕо мэлийбитин. Ол аата, биһиги ийэбиниин, баҕар, чөчүөккэ олоххо тургутан көрөр «үөрэҕин» ааспыппыт буолуо. Мин чөчүөккэни ончу өйдөөбөппүн эрээри, кинини кыра уҥуохтаах оҕо курдук кыра киһи дии саныыбын. Сахалар өйдөбүллэригэр, чөчүөккэни кытта оонньообут оҕо дьоллоох буолар диэн. Билигин бэйэбин дьоллоох киһинэн ааҕынабын, оҕо сааһым мүччүргэннээх сырыыларын куруук санаан ылабын. Баччаҕа кэлэр быам тардан, араас түбэлтэни аастаҕым. Ол эрээри бу түбэлтэлэр тустарынан сорох дьоҥҥо ыһа-тоҕо хаһан да кэпсээбэтэҕим. Бу билигин уруккуну саныы таарыйа кэпсээтим. Ким эрэ, баҕар, бу тугу-тугу кэпсээн балкыйда диэн күлүү гыныаххыт, ол эрээри олоххо буолбут дьиҥнээх түбэлтэлэри кэпсээтим. Туох барыта сэттээх-сэмэлээх, иччилээх буоларын умнуо суох тустаахпыт. Эдэр дьоҥҥо, оҕолорго, этиэхпин баҕарабын – айылҕаҕа сылдьан улаханнык айдаарымаҥ, тугу да ыһымаҥ-тоҕумаҥ, киртитимэҥ, солуута суох буолумаҥ! Кэпсээнньит аатын-суолун эппэтэ. Ааптар кэпсээнин сурукка тистэ Екатерина АФАНАСЬЕВА.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан