Кэпсээ
Войти Регистрация

Ол сыллар дуорааннара иһиллэр

Главная / Кэпсээн арааһа / Ол сыллар дуорааннара иһиллэр

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
12.02.2021 13:27
Ыччат сэрии огдооболорун, бэтэрээннэрин, тулаайахтарын, оҕолорун саныыр дуо? Киэн тутта кэпсиир дуо? Улуу Кыайыы былааҕа төһөлөөх ыар күннэри туораан, төһөлөөх элбэх хаан тохтон, төһөлөөх элбэх дьоммутун ылан, төһөлөөх улуу сыранан, илдьирийдэр да тостубакка, буорах сыттаах Рейхстаг үрдүгэр тэлибирии оонньообутун билэллэр дуо?! Билигин “кыра бытархай үлэ” дии-дии, сирбитэ буола-буола мырдыҥнаан, үлэтэ суох сиэптэригэр уктан, илиилэрин утары ууммутунан сылдьар дьон элбээн иһэрэ олус хомолтолоох. Биир оҥойор айаҕы көтөҕөн, таһан, сууйан-сотон, саарыстаан ыраастаан, биир тылынан эттэххэ, илиинэн үлэлээн, ииттэр кыахпыт суох буолла дуо? Ама?! Тас дойдулар төбөбүтүн сайҕаан бүтэрбиттэрэ ырааппыт быһыылаах. Уруу, үбүлүөй, төрөөбүт күн буолла да ыччат остуолга олороот, омук арыгытын – сыаналааҕын “аахпытынан” барар. Уруу ыһыаҕа арыгыта уохтааҕынан, киһитэ холуочуйбутунан сыаналанар буолла дуо? Тоҕо?! * * * Улуу дойду, улуу дьон сиэннэрэ, хос сиэннэрэ! Эбэлэрбитин эһэлэрбитин киэн тутта кэпсиэхтээхпит! Арай, онтубут баара... Оптуобуска киирэн туран көрдөххө, олоппоско үксэ ыччат олорор. Утуйбута буолан кубулунар! Бу тугуй?! Туох үлүгэрэй?! Оптуобуска киирээт, “сэттис түүлүн түһээччи” тугу санаан олорорун билбит киһи! Абам эбит! * * * Эбэм олоҕо ыараханын кэлин улаатан эрэ баран сыаналыыр кыахтаммыппыттан кыбыстабын... Ааспыт сыллары саныы олорон, эбэм барахсан, арыт хараҕыттан кыра таммах ыгыллан кэлбитин, хара үлэттэн хатырбыт бакыр илиитин көхсүнэн көрдөрбөт буола сатыы-сатыы соттон кэбиһэрэ. Биһиги, сэриини билбэтэхтэр – дьолбут! Бэҕэһээҥҥи бэтэнээскилэрбит. Кинилэр барахсаттар ыар үлэни аахсыбакка, сэрии аччык сылларын саҥата суох тоҕо солообуттара. Ыччат дьон, биһиги, олохпут туһугар кииристэхтэрэ. Бу улуу киирсиини билигин ыччат төһө киэн тутта кэпсиирий? Арааһа, ол сыллары үгүс өттө билигин аатырар киинэлэр, мультиктар эбэтэр Голливуд киинэлэрин актёрдарын ааттарын билэллэрин курдук, үчүгэйдик билбэт буолуохтаахтар. Хас биирдиибит эбэлээхпит, эһэлээхпит, хос эбэлээхпит, эһэлээхпит. Кинилэр олохторо – дьоһун олох. Улуу Кыайыыны уһансыбыт улуу дьон! Эбэм кэпсээннэрин быстах-быстах да буоллар, тугу өйдөөн хаалбыппыттан суруйдум. Оччотооҕу олоҕу кыратык сэгэтэн, көрүөҕүҥ, санаан ааһыаҕыҥ эрэ... * * * Эбэбин, борбуйун саҥа көтөҕөр, хаамар буолан эрэр оҕону, таҥаһын көхсүттэн быа таһааран, онтон сылгыны өттүк быалаан от хаптара ыытар курдук, балаҕан тойон баҕанатыгар төгүрүччү сүүрэ сырыттын диэн, баайан кэбиһэллэрэ үһү. Баалла сылдьан тиийэрэ эрэ диэн, көмүлүөк оһох холумтана буоллаҕа. Илиитэ тиийэр сириттэн ону-маны тарыйан аҕаларын өйдүүр эбит. Онно хатырыгынан, күлүнэн, буорунан, тымтыгынан оонньуура үһү. Халҕанын тас өттүттэн дүлүҥүнэн баттатан тыаһыылларын эрэ истэр эбит. Оннук лэппиэскэ тоорохойдорун эҥин аттыгар олордон баран үлэлэригэр бараллара үһү. Окко Эбэм “оҕо сылдьан этэрбэс эҥин диэни кыһын эрэ кэтэр этибит” диэн кэпсээччи. Сайыны быһа атах сыгынньах сылдьалларын буолуохтааҕын курдук ылыналлар эбит. Тилэхтэрэ муос курдук буола кытаатан баран, бааһыран сордуура диирэ. Хадьымалга тарбаҕын ыырааҕын хайа анньан сордонорун элбэхтэ истибитим. Омурҕаҥҥа кэлэн кутаа иннигэр
атахтарын куурда түһэн, сылытан ылаллара үһү. Төһө да сайынын иһин, күнү быһа уулаах дулҕа быыһын оттоон сылдьар дьоҥҥо, чахчы, ыарахан буолуохтаах. Билигин уу саппыкыта барбах тэһиннэҕинэ, окко барымаары ол айдаана. Дулҕа быыһынааҕы уу тымныы. Арыт күһүөрү атаҕа наһаа тоҥоруттан ыксаан, дулҕа үрдүгэр тахсан убаҕастарынан иттэ түһэллэрэ үһү. Бу маны билиҥҥи киһи чөмчөкөтүгэр хайдах батаран киллэрэрэ буолла? Күһүн кыра чалбах эҥин мууһурарын саҕана атах сыгынньах ыытан кэбистэххэ, онно хаалар буолуохтаахпыт. Син сарыы этэрбэстээх буолаллар эбит да, онтуларын ууга илиппэккэ харыстаан муҥнаналлар эбит. Биир этэрбэстээхтэрин харыстаамына. Мантыларынан аны бытарҕан тымныыны туоруохтарын наада. Кыһын кэтэр халыҥ этэрбэһи бииргэ төрөөбүт түөрт кыыс буолан, таһырдьа тахсалларыгар уларса сылдьан кэтэллэрэ үһү. Хабаҕыран, ыксаан, таһырдьаттан киирбит эдьиийин таҥаһын сулбурута тыытаат, ойон тахсара үһү. Аны ону кэпсээтэххэ, киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук. Бу барыта кырдьык, сүүс сыл иһигэр сахалар олохпут буоллаҕа. * * * Эбэм үйэтигэр дьону биир куһаҕан тылынан сиилээбэтэх, үөхпэтэх киһи. Хаһан да кыыһыран тырытта сылдьарын өйдөөбөппүн. Олох охсууларын холкутук туораан иһэргэ сүбэ-ама биэрэр, киэҥ көҕүстээҕин өйдүүбүн. Бу курдук дьон баар буолан, Ийэ сирбит адьырҕа өстөөх илиитин иһигэр киирбэккэ, суруйа олордохпут. Сэрии сыллара Эбэм сэрии кэмигэр сааһын сиппит. “Дьон тиийбэт, фроҥҥа барыҥ!” диэн биллэриини кэтэһэ сылдьыбыттаах. Чугастааҕы бөһүөлэккэ байыаннай үөрэххэ сылдьыбыт. Онно “Становись! Прикладом бей! Гранат” эҥин диэн тыллары чуолкайдык ааттаталыы-ааттаталыы, оһоҕу булкуйар үөттүрэҕинэн миэхэ көрдөрөн күллэрээччи. Бу олорон санаатахха, кырдьыбыт киһи имигэстик тутта-хапта турара харахпар көстөн кэлэр. Арыый уоскуйан, ырааҕы, киэҥи, түгэхтээҕи көрөн олорон: “Оччолорго бирикээһи толорорбутун эрэ билэрбит. Төһө да сэрииттэн ыраах, үрэх баһа сиргэ байыаннай үөрэххэ үөрэттэллэр, барыта кытаанах, сэриигэ бэлэмнэнии ээ. Дьэ, иэдээн! “Бараҕыт” диэбиттэрэ буоллар, барабыт. Саньытаарынан. Бааһырбыт байыастары биинтэнэн хайдах хам баайан баран, кутаа уот быыһыттан соһон, көтөҕөн таһаарарбытын үөрэтэллэрэ. Бинтиэпкэ чаастарын нойосуус аахтара билэрбит. Харахпытын симэн туран ыһарга, хомуйарга үөрэтэллэрэ. Барыта күн сарсын сэриигэ барар курдук санана сылдьан үөрэммиппит. Кыранаата быраҕан баран умса түһэри үөрэтэллэрэ. Хайыһарынан уоннуу килэмиэтири тохтоло суох халытарбыт. Биинтэлээх, эмтээх суумкабытын санныбытыттан араарбакка, өрүү бэйэбитин кытта илдьэ сылдьарбыт. Дьэ, киһи санаатын холбоотоҕуна, бары биир киһи курдук эр санааны ылыннаҕына, тугу да тулуппат гына күүһүгэр күүс эбиллэр эбит этэ. Ийэ дойдубут иһин киирсэр санаа барыбыт сүрэхпит иһигэр кутаа уоттуу тиҥийэрэ. Бу курдук уоттаах тыллары этэ олорон эбэм хараҕа уоттанан, тобулута көрүтэлээн ылара! Сэрии сылларыгар эбэм хос эһэбэр каадырабай булчукка көмөлөһөн сылдьыбыт. Сааһын саҥардыы сиппит кыыс оҕо булчут үлэтин онно билбит. Булчут быһыытынан онно хатарыллыбыт эбит. “Барыта – фронт туһугар!” диэн үлэни-хамнаһы өссө тэтимирдэн, өссө күүһүрдэн биэрбиттэр. Тайах дьааматын хаһар этибит диэн кэпсээччи. Ол дьаамаларыгар тайах түһэн баран, сатаан
тахсыбатын курдук, буорун таптайан, тоҥорон кэбиһэллэр эбит. Бу ыарахан үлэ буолара саарбаҕа суох. Тайах түһэн баран, сатаан тахсыбат дьааматын хаһыах диэтэххэ, бэтэрээнэн үлэ буолбатах. Атаҕа уһуна, үрдүгэ. Улахан кыыл хаайтарар дьааматын “бэрт дириҥ гына хастахха эрэ түһэн баран тахсыбат этэ. Чычаас уонна сылаас күһүн таһааран таптайбыт буордарын, дьаама туруору эркинин тайах түһэн баран, табыйан тахсан барбыт буолара” диэччи. Аҕата тайах сылдьар ыырын көрөн, Манньааны (эбэм таптал аата) хаалларан баран, салгыы булдун тэрииригэр барара үһү. “Онно хаалан күнү быһа хаһан киэһэ буоларын кэтэһэр этим” диэччи. Бу курдук тайахха хаһыллыбыт дьаамаларын бэлиэтээн, окко-маска муоҕу эҥин ыйаан, дьуолка охсон бэлиэтииллэр эбит. “Түспүт тайах тоҥон хааллаҕына, астыырга эрэйдээх этэ” диэн кэпсээтэҕинэ, тоҥон хаалбыт тайах харахпар көстөн кэлэрэ. Ириэнэҕэр кэм хол-буут арааран биир-биир соһоллор эбит. Дьаамаҕа киирэн туран, эрбээн эрэ араараллара үһү. Соскойдоһорго табыгаһа суох эбит. Онон-манан олуйан таһааралларын кэпсээччи. Биирдэ, эмиэ сэрии кэмигэр быһыылаах, ыраах үрэх баһыгар сатыы бултарын тэриирин көрө тахсыбыттар. Баран иһэн, буурҕаҕа түбэһэн өлө сыспыттарын кэпсээбитэ. Онно, хата, булчуттар үүтээннэрин булан, тыыннаах хаалбыттар. “Мин баҕас онно хаала сыспытым. Барбах сыккырыыр эрэ тыыным хаалан ол балаҕаны кыл мүччү булбутум” диэн кэпсээччи. Хос эһэм “Манньаа хаала сыста” диэн, дьоҥҥо кэпсиирин элбэхтэ истибит этэ. Бу иккиэйэх булчут, биирэ – кырдьа барбыт, сэриигэ барыаҕын сааһа хапсыбат буолан хаалбыт булчут оҕонньор. Эбэм сааһын саҥа сиппит кыыс оҕо нэһилиэктэрин дьоно бултарын былаанын толорор, дьон туһугар, кыайыы туһугар диэн сырыттахтара! Хос эһэм: “Уолум ньиэмэс сэриитин кырыктаахтык кыргар кэмигэр мин манна киниттэн хаалсыбакка үлэлиэх, кыайыы иһин кыргыһыах тустаахпын!” – диэн турунан сылдьыбытын кэпсээччи. Нэһилиэгин дьонун туһугар сэрии кэмигэр, сэрии да кэнниттэн хоргуппатах. Атын нэһилиэктэр хоргуйан иэдэйбиттэр. Ол кэмҥэ дьонун муҥхалатан эҥин хоргуппакка, киһилии сыһыаннаһан, өйдөһөн-өйөһөн, суулаһан олорбуттар. “Собо барахсан элбэхтэ быыһаабыта” диэн, өрүү үтүө тылынан ахтааччы. “Саас аспыт быстан хаалан, ону-маны тиҥсиринэн эрдэхпитинэ собо күөрэйэн киһи буолбуппут” диирэ. Сэрии кэнниттэн саһыл пиэрмэтигэр аны эһэм кэлэн үлэлиир. Оччолорго уоттаах сэрии кыттыылааҕа килбэйэн киһи киэнэ киниэнэ! Эбэбин кытта холбоһон, өйдөһөн-өйөһөн олорбуттар. * * * “Киһи дьылҕата диэн эҥин-эҥин буолар. Туох түбэспити сирбэккэ-талбакка, хайдах бааранан ылынан сырыттахпыт дии. Оччолорго бары биир кыһалҕалаах буолан, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһүүнү киһи өссө ситэ өйдөөбөт буолар эбит” диэччи. Ол аата билиҥҥи курдук дьонтон ордон, чулуу буола сатааһын суох буолуохтаах. Билигин киһи барыта атынын, чулуутун, чорбойорун эрэ көрдөрө сатыыр курдук. Санаата-оноото бэйэтин эрэ билинэр буолан, атын киһи кыһалҕатыгар кыһаллыбат буолла дуу? Билигин аны хайдах эмэ аатырбыт киһи диэн толкуйдаахтар. Тугунан да буоллун, биллибит-көстүбүт киһи диэн. Баҕар, ол иһин сайдыылаах үйэҕэ түктэри “сайда” турдахпыт буолуо. Ол иһин Кырдьаҕастар дьиэлэрэ толору...
Бүөтүр БӨТҮРҮӨП.
kyym.ru сайтан