Кэпсээ
Войти
Регистрация
Албыннаһан да туһа суох
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Албыннаһан да туһа суох
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
24.04.2019 19:06
Саха киһитин сиэринэн, ийэм-аҕам, эбэм-эһэм такайыыларынан айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһан, айыыга-иччигэ итэҕэйэн улааппытым. Үлэһит киһи, ыал аҕата буолан да баран, ханна да сырыттарбын, өйбүнэн-сүрэхпинэн төрүт итэҕэлбэр сүгүрүйэрим, сиэри-туому тутуһарым. Төһөлөөх да элбэхтик араас командировкаларга, күрэхтэһиилэргэ Сахам сирин уһаты-туора оймообутум иһин, улуустар кыраныыссаларын аайы тохтоон, алаадьы ууран, күһүн бастаан тоҥмут, саас саҥа босхоломмут Өлүөнэ эбэбин туоруурбар аһатан, ытык мас аайы салама ыйаан, бултуу бардахпына аал уоппун алҕаан сылдьар үгэстээхпин. Дьон да кэпсээнинэн, онно-манна ааҕарбынан даҕаны, чахчы туох барыта иччилээҕэр ис сүрэхпиттэн итэҕэйэбин. * * * Арай туран, былырыын саас кус көҥүллэммитин кэннэ, университекка бииргэ үөрэммит уолаттар үһүө буолан, Нам Х. бөһүөлэгиттэн чугас, өрүс кытыытыгар кус маныы, айылҕа уһуктуутун көрө, сынньана, кэпсэтэ диэн балааккаланан-таймаланан айылҕаҕа таҕыстыбыт. Куоракка күннээҕи үлэ күүгээниттэн ордон, уһун кыһын устата көрсүһэрбит да ахсааннаах. Онон, үөлээннээхтэр көрсүбүччэ, үөрүү-көтүү, ким-хайдах олорорунан, тугу ситиспитинэн, хамнаһа төһө улааппытынан күрэхтэһэн-куоталаһан, бэйэ-бэйэбитин хаадьылаһан, тиийиэхтээх сирбитигэр тиийэн кэллибит. Уолаттарбын Миисэлээх Торопууну кытта кус көҥүллэннэҕин аайы куодарыһан, маннык көрсүһэр буолбуппут үтүө үгэскэ кубулуйбута хас да сыл буолла. Дойдулаах киһи Миисэ от-мас була охсон уот отунна. Ол кытыытыгар олорон куораттан илдьэ кэлбит, кэргэттэрбит астаабыт астарын тэлгэттибит. Манна эмиэ туспа куоталаһыы. Ким минньигэс салааттааҕар-соккуойдааҕар, толору истээх бэрэскилээҕэр, сымнаҕас алаадьылааҕар, ким сыаналаах буоккалааҕар тиийэ. — Бээрэ, маҥнай оҕонньорбутун аһатыахха, — диэн баран Миисэ салапааннаах алаадьыттан эһэ охсон ылан, убаһа этин суулаан баран, сүбүөкүлэлээх салаакка биилкэтинэн түһэн эрдэҕинэ Торопууна: — Ээ, оҕонньор сүбүөкүлэни сөбүлээбэт, үөрэммэтэх аһа буоллаҕа. Ыл, хата ити хортуоскаттан уур, — диэн сүбэлээбитэ буолар. — Чэ, бары тус-туһунан алаадьыта ууруоҕуҥ, кэллиэгэлэрбин кытта инньэ гынааччыбыт. Суолга-иискэ сырыттахха, биир киһи уурдаҕына иккис-үһүс киһи эмиэ туран хаалбат куолута. Айылҕаҕа, тыаҕа, суолга сылдьан киһи барыта «гарантиялаах» буолуон баҕарар. Аны туох эмэ буоллаҕына «кини куһаҕаннык алҕаабыт» эҥин диэн тыл-өс иһиллэ сылдьыа, — диэн мин сиэргэ-туомҥа сыстаҕас киһи курдук туттан туран куолулуубун. — Уопсайынан, итэҕэллээх омуктар бары даҕаны туохха эрэ үҥэрбит-сүгүрүйэрбит албыннаһыы буолан тахсар курдук ээ? Дьыалаҥ табылларын туһугар, тутулуктаах дьоҥҥун аһатан, тойотторгун манньалаан, тугу эрэ куду анньан, ылсан-бэрсэн сылдьарыҥ курдук. Айылҕабытыгар, таҥарабытыгар эмиэ оннук сыһыаннаһабыт быһыылаах, дьикти ээ? — Торопуун тугу эрэ өйдөөх баҕайыны эппиттии көрөр-истэр. — Эс, киһи айылҕа оҕото буоллаҕа, айылҕаттан ылара элбэх. Олох диэн эниэргийэ. Эниэргийэ астан кэлэр. Ол иһин тыынар-тыыннааҕы бука барыларын аһата сылдьар куолу. Ити иһигэр иччилэргин эмиэ. Онтуҥ албыннаһыы диэн буолбат доҕор! — Миисэ түмүктүүрдүү этэр. Аһаан аамайданан, итии киллэринэн сэһэммит-сэппэммит ыраатар. Ол олордохпутуна Торопуун төлөпүөнэ талыгырыы түһэр. — Бай, манна суотабай эҥин хабар эбит дии! Хаһан киллэрбиттэрэй? — дии-дии Торопуун үрүсээгин хаһар. — Алуо-о! Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр дуо?
Ээ, кыайбыт дуо? Ээ, кырасаапчык, уол оҕото! Мал-ладьыас... Доо, биһиги ааппытыттан эмиэ эҕэрдэлээн кэбис... Ээ, кустуу сылдьабыт, эйиэхэ эмиэ эҕэрдэ, хайаларын кыайда?... Тууй-сиэ! Бу сэппит аны быстан хаалла... Пахай, аны хаппат буолла... Доо, Бииктэр чөмпүйүөннээбит. Уры-ааа! Үөрүүлээх сонуну истэн, биһиги эмиэ кини кыайыытыгар туох эрэ кыттыгастаах, үтүөлээх-өҥөлөөх курдук сананан тура эккирии түһэбит. Ыһыы-хаһыы, уруй-айхал, омун-төлөн бөҕөбүт. Маннык үөрүүлээх сонунтан тэптэрэн, кыһын устата мунньубут истириэспит барыта тахсар курдук. Тула уу чуумпу. Арай ол дьыбарга биһиги эрэ саҥабыт дуораһыйар. Дьиҥэр, бэйэ-бэйэбитин улаханнык саҥарымаҥ дии-дии буойсар сааспытыттан тахсыбыт, хас биирдии бэйэбит сөбүн көрөн саҥарар дьоммут. Ол туһугар эмиэ бииртэн биир үрүүмкэни «тэп» гыннарабыт. Сааскы ылааҥы киэһэ хойукка диэри сып-сырдык, үрүҥ түүннэр бэлиэргиттэн саҕаланан эрэр курдуктар. Ситэ хараҥарбат буолбут. Мин олус да буолбатар, бэркэ үөрэр-көтөр, сэгэҥнии сылдьар буолуохпар диэри холуочуйбуппун. Торопууннаах Миисэм өрүс өттүгэр миэхэ утары олороллор, оттон мин тыаҕа көхсүбүнэн өрүһү көрөн олоробут. Сыыйа, дьонум күлэллэрэ-салаллара аҕыйаан барда. Ол олорон Миисэбит ойон туран: — Чэ, уолаттар, хомунуоҕуҥ. Бардахпытына сатанар, — диэтэ. Торопууммут онно сөбүлэһэн: «Барыаҕыҥ-барыаҕыҥ, Сааска» — дии-дии миигин туруора сатаата. — Оттон кустаабаппыт дуо? Ол ханна барабытый?.. — Чэ, Сааска, бардыбыт-бардыбыт ноо, тыраассаҕа тахсан утуйуллуо, — дэһэллэр уонна түргэн үлүгэрдик астарын-малларын хомуйан массыынаҕа уган кэбистилэр. Мин бачча ыксаан ол ханна, тоҕо барарбытын соччо өйдөөбөккө табахтаабыта буола олордум. Өрүстэн балачча өр айаннаан тыраассаҕа таҕыстыбыт. Саҥа-иҥэ суох. Мин ыйыталаһа сатаан баран, нэксиэҕэ дьалкылдьыйан утуйан хаалбыппын. Тыраассаҕа тахсан баран Миисэ: — Доо, ити тугу көрдүбүт ээ? Чахчы сөбүлээбэтэ быһыылаах. Барбыппыт да сөп. — Өссө бара түс, ноо, дэриэбинэҕэ киириигэ хонуохпут, манна тиийэн кэллэҕинэ да көҥүлэ... — Торопуун бэркэ ыгылыйбыт куоластаах. — Ээ, тоҕо баран хааллыбыт. Туох буоллугут? – диибин уубар аҥаарыйа олорон. — Эн кэннигэр оҕонньор турар этэ. Ээ, эн кэннигэр буолуо дуо... тыа саҕатыгар, хайдах таҥастааҕын өйдөөбөппүн, отой кырдьаҕас оҕонньор, бытыга эҥин суох, дэлби мырчыстыбыт сирэйдээх, бэрт кытаанахтык көрөн турар быһыылааҕа. Тугу да саҥарбат, далбаатаабат, тонолуппакка көрөн баран турар эрэ. Этим сааһа барыта аһыллынна. Олох тыраассаҕа эрэ тахсыбыт киһи диэн үктээн баран олордум дии. Ити хаһыытаспыппытын сөбүлээбэтэ быһыылаах. Саатар Торопуун саҥата улахан баҕайы! Явно ол иһин кэллэ... — Эс, бары хаһыытаабыппыт буолбат дуо, мин эрэ хаһыытаабыт үһүбүн дуо? Эн саҥаҥ эмиэ улахан баҕайы этэ, оттон Сааска күл да күл буолбута! — Торопуун бэйэтин хаарыйтаран, биллибэт оҕонньор ала чуо кини саҥатын сөбүлээбэккэ кэлбитин таһы-быһа мэлдьэһэ сатаата. Түүн хойут дэриэбинэ кытыытынан иһирдьэ киирэр бырысыакаҕа тохтоон хоммуппут, сарсыарда да өрүскэ төттөрү киирэ сатаабатахпыт. Аһаабыта буолан баран куораппытыгар куугунатан кэлбиппит. Онон, абааһы-иччи баарыгар адьас ис сүрэхпиттэн итэҕэйэбин. Мин
доҕотторум, албыннаабатахтара, мээнэҕэ уолуйан турбатахтара чахчы. Харахтара иирбит диэҕи — иккиэн биир оҕонньору көрбүттэр. Кэлин, ыйыталаһан билбитим, биһиги олорбут сирбититтэн бэрт чугас, былыргы киһи уҥуохтаах сир баарын туһунан кэпсээбиттэрэ. Сааска.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан