Кэпсээ
Войти
Регистрация
Сылгыһыттар дьиэлэригэр
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Сылгыһыттар дьиэлэригэр
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
19.04.2019 14:14
“Арыгы абааһыта ааҥнаабыт кэмэ этэ...” – диэн, убайым өр тута сылдьыбыт курус санаатын сүөрэн эрэрдии кэпсээн унаарытан барбыта. Табаҕын уматтан, эҕирийэн ыла-ыла, биир сири тобулу көрөн олорон, аргыый кэпсээн барбыта. Оччолорго арыгыны лимиит быһыытынан кимиэхэ баҕарар биэрэр кэмнэрэ этэ. Итирик тойугун дьон улахаҥҥа уурбаттар. Киһи үксэ да иһэрэ. “Иирдиҥ дуу, итирдиҥ дуу” диэбиккэ дылы, дьон дьоҥҥо да сыһыана кытаатан турар кэмэ быһыылааҕа... Оннук “көр-нар” кэмигэр күһүн куобахха диэн ааттаан, пааралыы тахсыбыппыт. Итии аспытын хото ылбыппыт. Кэлээскэлээх үс көлөһөлөөх көлөлөрүнэн күөрэ-лаҥкы түһэн айаннаабыппыт. Хас бадарааҥҥа түстэхпит аайы “уһун моойдооҕу” моонньулаах баһын булгу тутан испиппит!.. Ама да ааспытын иһин, дьулаан кэм этэ. Хата, хайдах тулуйан сылдьаахтаабыппыт буолла? Күн аайы арыгы! Күн аайы итирии-охсуһуу! Харах “басыһыыта” буолуохтааҕын курдук саныырбыт... Оннук дохсуннук айаннаан, тиийиэхтээх сирбитигэр үс буолан ырыа-тойук, ыһыы-хаһыы, үөхсүү-маатыра саҥалаах-иҥэлээх айманан тиийдибит. Халлааммыт “сырдык” диэн сылтахтанан, сылгыһыттар балаҕаннарыгар киирэн салгыы аһаабытынан, айдаарбытынан бардыбыт. Балаҕан иһигэр тимир оһох турарын көрөн, тахсаммыт өтөх кытыытыгар турар улахан, кырдьаҕас тииттэртэн илиибит тиийэр мутуктарын тостурута тардыалаан оһохпутун отуннубут. Балаҕан иһэ оһох хайаҕастарынан онон-манан лаппа сырдаан көстөр. Остуолбут оһох аттыгар турар буолан, аспытын “бэрийэрбитигэр” лаппа үчүгэй буолбута... Саҥа олорон аһаан-сиэн апчырыйан иһэн, иһим ыалдьан көҕүрэттэ таҕыстым. Арай ол олордохпуна дьонум кэпсэтэн ньамалаһаллара ах баран хаалла. “Туох буоллахтарай?” – диэн дьиктиргээн, иһиллээн олоро түстүм да, уларыйыы суох... Балаҕаҥҥа киирбиппэр дьонум мин сирэйбин-харахпын манаһаллар. Ол эрээри тоҕо эрэ уку-сакы буолбуттара харахха быраҕыллар этэ. Аат эрэ харата аһаабыта буола олордубут. Эмискэ балаҕан иһэ сып-сырдык буола түспүтэ! Харахпытын саһыардахпыт диэн, остуол аннын көрө түстүбүт. Онно, доҕоор, түүлээх, туйахтаах атахтаах дьон бөҕө тулабытыгар олороллор аҕай эбит! Дьэ, дьулаан хартыына!!! Оччолооҕу көрөн баран олоруохпут баара дуо, хаһыытаспытынан таһыр-дьаны былдьастыбыт! Иҥнэн охто-охто, ааҥҥа икки буолан бииргэ тахсаары кыбылла-кыбылла, таһырдьа тахсыбыппыт, ыйдаҥалаах буолан абыраабыта. Үс киһини ыарырҕатан кэлбит көлө ситэ сойо илик эбит этэ. Ойоҕоско тэбээт, кэлбит сирбит диэки тутан кэбистибит. Ол айаннаан таҥкынатан иһэн сыыры тахсыыга көлөбүт умуллан хаалла. Собуоттаары гыммыппыт, өкүмүлээтэрэ түһэн хаалбыта билиннэ. Сатыы барыаҕы ыраах курдук. Сүбэлэһэн баран, кыра оҕолор курдук илии-илиибититтэн ылсан баран, балаҕан диэки төттөрү бардыбыт. Санаабытыгар, били, туйахтаах дьон аһаҕас аан нөҥүө көрөн турарга дылы этэ! Хата, сүтүкпүт алдьаммыт муостаны ааһарбытыгар ойбутун булаат, кэннибитинэн чугуруҥнаан төттөрү барбыппыт. Ол тухары сиэттиспит илии биир! Ыһыктыахтааҕар буолуох, бэйэ-бэйэбитин өйөһө сылдьабыт. Холбуу охсоот, дэриэбинэбит диэки салайан кэбиспиппит... Кэлин ол балаҕаҥҥа сылдьан, көрдөһөн-ааттаһан арыылаах алаадьынан айах туппуппут. Биһигиннээҕэр хас эмэ төгүл аҕа саастаах мас мутугун уоттааммыт, суорума суоллана сыспыппытыттан билигин да харааста саныыбын! Эдэр дьон, айылҕаҕа таҕыстаххытына, аал уоккутун, сир-дойду иччилэрин айах тутаргытын отой умнумаҥ!
Биһиги курдук толоостук сыһыаннастаххытына, олоххут тухары санаа баттыга, хара мэҥ буолан иҥэн хаалыаҕа! Убайым кэпсээн бүтээт, сүрдээх дириҥник үөһэ тыынан ылбыта. Бүөтүр Бөтүрүөп.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан