Кэпсээ
Войти Регистрация

Аргыс

Главная / Кэпсээн арааһа / Аргыс

K
19.04.2019 14:12
Сайын кумаар саҥа түһэн эрэрэ, суол-иис ситэ куура илик кэмэ этэ. Куораттан дойдубар – тыаҕа сатыы арахтым. Ыһыкпын икки күҥҥэ тиийэр курдук суоттанан дьаһанным. Күһүн тайахха хаамыам диэн, кыра балаакканы кытары саха ууһа охсубут быһаҕын ыллым. Массыына ситиэ диэн эрэнэ санаабытым туолбатаҕа. “Көлө сиппэтэҕинэ да, сатыы тиийээ инибин”, – диэн бөҕөх санаалааҕым. Тиийиэхтээх сирим – сүүс сэттэ уонча килэмиэтир. Урут эһэм барахсан бу суолунан киэһээҥҥи аһылыгын аһаан баран куораттан араҕар уонна сарсыарда дьиэтигэр баар буолара үһү! Мин да хайдах эбиппиний диэн, бэйэбин боруобаланар санаалаахпын. Эттэххэ судургутун иһин, саатар, кутуу суол-иис диэн төрүт суох. Онон арыт массыына киһи курданарыгар диэри түһэр гына хаспыт бадарааннаах сирдэрин туораан ааһаҕын. Тиит ойуур бүттэҕинэ, аны бэс чагда быыһыгар үрүҥ кумахтаах тукулаанынан хаамаҕын. Суолу быһа сытар икки күөл сааһыары уута таһымнаатаҕына, силбэһэн хаалан эрэйдиир. Ол сири ньылбы сыгынньахтанан баран, таҥаскын, сээкэйгин өрө тутан харбаан туоруугун. Айан суолугар, хата, туруук таас хайата суох буолан абырыыр. Онон, туох да диэбит иһин, уустук айан. Бастаан утаа топпор, дохсуммар оҕустаран, араҕарбар сэниэ-уох дэлэ этэ дуо! Суол-иис дэхси сиригэр сиэлии-хаамыы былаастаан сургулдьуйабын. Өссө, баламат санаабар, “маннык түргэнник бардахпына, түүн тиийиэм” диэн былааннаммыттааҕым. Үчүгэй суолбун өр гымматым. Тохтоон сынньаммакка, биир тыынынан бүтэрэн кэбистим. Мантан салгыы, дьэ дьиҥнээх эт киһи элэйэр айана саҕаланна... Уулары тумнуталаан ааһа-бын. Эргийэ барарбар бириэмэбин сүүйтэрэбин дии санаан, уһун саппыкыбын устан, чэпчэки кедабын кэтэн баран, ууну ортотунан курдары кэһэн ааһыталыыр буоллум. Икки күөл силбэһэр сирин кэһэн туораан истэхпинэ, кэннибэр киһи саҥата иһилиннэ. Саҥа хоту эргиллэн көрөөрүбүн, хата, ууга охто сыстым. Бастаан утаа “балыксыттар ыҥырдахтара” диэн, хардары үөгүлээн көрдүм. Туох да биллибэт... Санаабын уоскута таарыйа күөл уҥуор балыксыттар саҥаларын тыал аҕалара буолуо диэн быһаарбыта буолбутум. Салгыы хааман иһэн аны “ол дьон мин ааппын хантан билэллэр?” диэн санаа үүйэ-хаайа туппута. Онтон саҕалаан кыра-кыралаан уйабар уу киирбитинэн барбыта. Кэннибин хайыһарым элбээбитэ... Уоскуйаарыбын, билэр-билбэт ырыаларбын доргуччу ыллаабыта буолабын. Син туһалыыр курдук. Сынньаныам, аһыам-сиэм диэбит санаам, салгын саара хапсыйарыныы уостан хаалла. Биир кэм инним диэки дьулуһабын. Мин “дьолбор” аны кумах тукулааннар кэллилэр. Инчэҕэй кумахха хаамарга чэпчэки. Оттон кураанах буоллаҕына, биир сиргэ турар курдук сананаҕын. Ол иһин суол кытыытынан бара сатыыбын. Тохтоотохпуна, ким эрэ ситэн кэлэн сибигинэйэргэ дылы... Биирдэ өйдөммүтүм, кутталбыттан тукулааны туоруу охсон кэбиспиппин. Аны кумаҕы бадараан солбуйда. Бадарааннаах сиргэ киирдим да, көрдө-көрбүтүнэн умуллан бардым. Атахпар мустубут хойуу бадараан ыйааһына эр сэнэхпин бараата. Аччыктаан, сылайан, улам-улам биэтэҥнээн, хараҕым ирим-дьирим барыталаатым. Өй ылан “уот оттон, айыылартан ааттаһан-көрдөһөн көрүөххэ” диэн санаа көтөн түстэ. Суол кытыытыгар охтубут тиити буламмын, онно олорон тыын ыла түстүм. Ол олордохпуна эмиэ
ыҥырар курдук саҥаны иһиттим! Хап-сабар кулахайданан тураммын, тиит хаппыт мутуктарыгар иилистэ түстүм. Били мутуктарым уйбакка, тостурута ыстанар тыастара дорҕооннонон, чыҥха атыннык иһиллэргэ дылы гынна. Тас сиэппэр укта сылдьыбыт испиискэм суулааҕын үрдүнэн тоҕо эрэ сиигирбит, онон уот бэрсэ охсубакка эрэйдээтэ. Ол икки ардыгар аны хара бэкир күлүккэ хараҕым хатана түстэ! Суол ортотугар турар күлүгү көрөн, хамсыыр да кыаҕа суох чочумча тура түстүм. Күлүк хамсаабат, биир сиргэ турар... “Саатар, өлөр күммэр тоҕо ылаары оҥостубуттарын билэн баран биирдэ барыам” диэх курдук өһөс санаалар быста-быста охсуллан аастылар. Олорбут олоҕум хараҕым иннигэр биир кэм элэҥнээн олорор. Онно ааттаһан тугу-тугу саҥарбыппын билигин да чопчу өйдөөбөппүн. Ытыыр икки, ыллыыр икки ардынан “кэпсэтэ” турдахпына күлүк тугу эрэ ыйар киэбинэн барыахтаах сирим диэки ыйан кэбистэ! Көрдөһүүбүн ылынна быһыылаах диэммин уоппар түстүм. Үрүсээкпиттэн булчут улахан испиискэтин сулбу таһыйан таһаардым, бурууһугар даҕайааппын кытта күүстээх уот сандаарыс гынна да, тулабын сатаан көрбөт буолан хааллым. Күлүгүм турбут сирин диэки көрө сатыыбын да, уот нөҥүө буолан, туох да көстүбэт... Чочумча буолаат, хаппыт тиит мутуга, бэс киһиргэһэ умайан күөх төлөнүнэн уһуурда. Уотум барахсан сылааһыгар угуттанан дьэ уоскуйдум. Ыһыкпын таһаараат, бастаан Эһэкээммиттэн көрдөһөн-ааттаһан айах туттум. Ол эрэ кэнниттэн ыһыгым үрдүгэр түстүм. Санаам бөҕөргүүргэ дылы буолла! Уоту көрөн олорон, устунан утуктаан киирэн бардым. Уккунньаҕы эбии ууран баран, балааккабын бүрүнэн олордум. Сылайбытым таайан, хараҕым симириҥнээн барбыта... Арай, эһэм оҕонньор мөҕөн ээхпин этитэн эрэр эбит! Таһыйаары саҕабыттан харбаан эрдэҕинэ – уһуктан кэллим... Ойуур иһэ кытаран хаалбыт, күн саҥа тахсан эрэр эбит. Оо, онно күнү көрөн үөрбүппүөн! Санаабар, күнү саҥа көрөр курдукпун. Ойон туран, балааккабын түүрэ тутаат, үрүсээкпин буллардым. Баран иһэн түүлбүн тойоннуу сатыыбын. “Тугу сыыһа-халты оҥорбутум буолла?” дии саныыбын. Онтон араҕарбар сирбин-уоппут айах туппатахпын санааммын, тымныы уунан ыстарбыт курдук буоллум. Сылдьарым тухары айылҕаттан көрдөһө-ааттаһа сылдьар бэйэм, бу сырыыга сыыһа быһыыламмыппын дьэ кэлэн өйдөөтүм. Ол үтүө үгэспин, дьэ, тоҕо умнубутум эбитэ буолла?! Бу түбэлтэ кэнниттэн ханна да сылдьыбытым иһин, сирбиттэн-уоппуттан өрүү көрдөһө-ааттаһа сылдьабын. Ол күлүк курдук көстөн, эһэм кэлэн сэрэппитэ буолуо дии саныыбын. Алҕаһын көннөрүннүн диэн, эһэм барахсан үөрэттэҕэ. Билигин бултуу тахсарбар өрүү алаадьылаах сылдьабын.
kyym.ru сайтан