Кэпсээ
Войти Регистрация

Буруоһут ойуун

Главная / Кэпсээн арааһа / Буруоһут ойуун

K
11.04.2019 17:34
Буруоһут Ойуун биирдэ Чурапчы улууһугар кымыс ыһыаҕар барбыт. Онно тиийэн, дьадаҥы киһи быһыытынан, соччо биллибэккэ-көстүбэккэ сылдьыбыт. Олохтоох дьон аһаары, кымыс иһээри тэриммиттэр. Онно баайдары, мааны дьону, ойууннары ытыктааннар анал түһүлгэҕэ ыҥыран, урут бэлэмнэниллибит олбохторго олордубуттар. Буруоһуту ким да киһи баар диэн таба көрбөтөх, түһүлгэҕэ ыҥырбатахтар. Онон, ойуун түөлбэлээн олорор дьон тас өттүлэригэр атах-бытах дьону кытта кыттыһарга күһэллибит. Ити кэмҥэ кымыс иһиитин тэрийбит баай киһи кырдьаҕас ойууну сиэтэн түөлбэ ортотугар эһэ олбоххо аҕалан олордубут. Дьэ, уонна эппит: – Кырдьаҕаас, алгыс алҕааҥҥын уокка аста биэр уонна мин үрдүк ааппын ааттаан күүлэйдии, төһө ыраах сиртэн, туох-ханнык дьон кэлбиттэрин көрбүөччү хараххынан көрөн кэпсээ. Ол кэнниттэн ойуун туран илин-арҕаа, хоту-соҕуруу чарапчыланан көрө-көрө: “Бэйэҥ билэр дьонуҥ, ытыктабыллаах кырдьаҕастарыҥ кэлитэлээбиттэр. Бэрт ыраахтан, туора улуустан, чиэски нэһилиэктэн кэлбит киһи баар сибикитэ биллибэт эбит”, – диэбит. Ойуун ити тылын-өһүн истэн Буруоһут Ойуун улаханнык өһүргэммит. Аргыс уолугар сибигинэйэн эппит: “Чэ, нохоо, дойдулуохха, дьон аһыырын көрөөрү манна кэлбэтэхпит!” Итиэннэ туран, аа-дьуо сыбдыйан тыа саҕатыгар бааллан турар аттарыгар тиийбиттэр. Аттарын сүөрэн баран, дьоҥҥо көстүмээри тыа иһинэн сиэтэн барбыттар. Сайылык арҕаа баһыгар эрэ тиийэн аттарын мииммиттэр. Онтон оҕонньор уолугар хаалбакка түргэнник айаннаһан иһэригэр соруйан баран, атын быһа биэрэн, торҕо сэлиинэн айаннаппыт. Ол курдук, ыһыах сайылыгыттан икки биэрэстэ холобурдааҕы барбыттар. Үрэх элгээнигэр кэлэн оҕонньор атыттан түспүт уонна атын тэһиинин уолугар туттаран хаалларбыт, атыттан түспэтигэр соруйбут. Бэйэтэ бабыгырыы-бабыгырыы төбөтүн ууга укпут уонна баттаҕыттан ууну чаккыраппытынан илгистибит. Онуоха баттаҕыттан уу өрө ыһыллан күдээрийэн олорор эбит. Ити кэннэ Буруоһут бэрт тиэтэлинэн атын миинээт, эмиэ уруккутун курдук өкөчөҥ былаастаах сэлиинэн барбыттар. Бу элгээннэриттэн биэрэстэ курдук сири тэйэн баран, оҕонньор атын тэһиинин эмиэ уолугар биэрбит, эмиэ атыттан түспэтигэр дьаһайбыт. Бэйэтэ тыа саҕатыгар тахсан түөрт талах салаатын хайа тардан баран, тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу, кэлбит суолугар туора быраҕаттаабыт. Дьэ ол кэнниттэн үс биэрэстэ курдук сири урукку тэтимнэринэн сиэллэрэн дьигиһиппиттэр. Ол эрэ кэннэ оҕонньор тохтоон уолугар: “Аны биһигини эккирэтэн да сиппэттэр, аттарбытын уоскутуохха, бэйэбит сынньаныахха”, – диэн баран хонууга тахсан сытынан кэбиспит. Ити кэмҥэ кымыс иһиитэ буола турар сайылыгар ала холорук, силлиэ бөҕө тоҕо түспүт, олус күүстээх, тобурах былаастаах ардах тоҕо кутан кэбиспит. Киһи тулуйбат алдьархайа буолбутугар, дьон аһаабакка эрэ туран, сайылык ыалларын дьиэлэригэр куоппуттар. Тэрийбит бырааһынньыга бу курдук хобдохтук түмүктэммититтэн ыга кыйахаммыт баай мааҕын даххаһыппыт ойуунун кымньыынан таһыйан кууһурҕаппыт. “Хара сордоох, хараҕыҥ сабыллан, кулгааҕыҥ бүөлэнэн, тугу да билбэтэххин. Мэҥэ улууһугар ааттаах Буруоһут Ойуун диэн кырдьаҕас баар сурахтааҕа. Ол кэлэ сылдьыбытын билбэккэбит, түһүлгэҕэ ыҥырбаккабыт улаханнык хомойон-хоргутан барбыт. Онон, бэрт түргэнник икки аттаах уолу ылаҥҥын, үһүө буолаҥҥыт, ол ойууну эккирэтиҥ. Бэйэҕинэн тиийэн, көрдөһөн-ааттаһан
манна ыҥыр, бука диэн бырастыы гыннын. Ытык кырдьаҕас манна миэхэ кэлэн хонон-өрөөн, сынньанан барарыгар көрдөһөбүн”, – диэбит. Инньэ гынан, олохтоох ойуун икки эдэр уолу илдьэ Буруоһуту сырса барбыттар. Ол эккирэтэн иһэн, били Буруоһут суолу туора бырахпыт талаҕын атыллыыбын диэн ойуун ата умса баран түспүт уонна устунан өлөн хаалбыт. Ойуун онтон улаханнык куттаммыт, эккирэтэн да туһа суоҕун өйдөөбүт. Инньэ гынан, төттөрү төннүбүттэр. Ити курдук, Буруоһут ойуун онно-манна биллибэккэ ньылбыйан сылдьан, тугу эмэ сөбүлээбэтэҕинэ хайаан да ити курдук биллэрэр үгэстээҕэ эбитэ үһү. Хаары түһэрии Буруоһут Ойуун кырдьан баран икки хараҕынан көрбөт буолбут. Онон ыалын оҕотун оҕус иччитэ гынан, Тиэрэнэн, Суоланан бурдуктаһа сылдьара үһү. Төһө да көрбөт буоллар, оҕус кэнниттэн хааман иһэн оҕотугар суолун ыйан биэрэр эбит. Ол курдук, биирдэ Буруоһут Ойуун Суолаҕа “бурдуктаһа” диэн ааттаан киирбит. Кинини уруккуттан билэр ыаллар туох кыахтаахтарынан, ким мээрэйинэн, ким ыаҕаһынан, бурдук бэрсэллэр эбит. Бу сылдьан, Буруоһуттаах урукку өттүгэр сылдьыбатах, кинилэри билбэт баай ыалга киирбиттэр. Соруктарын эппиттэригэр, дьиэлээх эмээхсин: “Хас кэлэр-барар умнаһыт аайы бурдугу түҥэтэр кыаҕа суох дьоммут. Оччо-бачча умнаһыт элбэх, хаскыт хаһынан...”, – диэн халахайдана көрсүбүт. Дьиҥинэн, ити кэмҥэ бу баай ыал ыспыт бурдуктара талах кымньыы батан кыбыллыбат гына хойуутук үүнэн, ас кутан, торолуйан аҕай турар кэмэ эбит. Бурдук умналаһа кэлбит дьон хайыахтарай, төннөн испиттэр. Бу иһэн Буруоһут сирдьит оҕотун кыракый көлүкэ таһыгар тохтоппут. Ити кэннэ ууга киирэн, сөһүргэстээн олорон аас баттаҕын ууга уган баран, бабыгырыы-бабыгырыы илгистэн ууну тула ыһан куугунаппыт. Ол быыһыгар, суордуу кыламмыт, таллан куоҕастыы хахаарбыт, ол кэннэ тахсан: “Чэ, тукаам, бара охсуох”, – диэн буолбут. Дьиэлэригэр бэрт үчүгэйдик айаннаан тиийбиттэр. Хас да хонон баран кэпсээн тарҕаммыт. Суолаҕа арҕааттан көҕөччөр былыт өрө сүүрэн тахсаат, сытыы, тымныы тыал доҕуһуоллаах, дохсун тобурах аргыстаах аан туман холорук өрө ытыллан, өлгөм хаары өрө үллүктээн кэбиспит. Ол түмүгэр, били баай ыал сонуога хаар анныгар хаалбыт. Кинилэр аттыларыгар баар ыаллар бааһыналара туох да буолбатах. Хаар үс күн устата ууллубакка сонуокка сыппыта үһү. Мантан сылтаан, бурдугу кэрээммит ыал бурдугун туораҕа чылбыйан, хатан хаалбыт. Ыаллар хаалбыт бурдуктарын туһаҕа таһаараары, соломотун сүөһүгэ сиэтэ сатаабыттара да туһаҕа тахсыбатах. Сүөһү сиэбэт эбит. Дьон-сэргэ ол хаары Буруоһут улуу кырдьаҕас түһэрэн барбыта буолуо диэн сэрэйэллэрэ. Ол көҥөнөн халахайдаммыт хотун бурдуктара ким буруйунан ити курдук дьүһүлэммитин куттанан оҕонньоругар кэпсээбэккэ кистээн кэбиспитэ үһү диэн сэһэн баара. Ити курдук, ойууннар ардаҕы-хаары түһэрбит түбэлтэлэрэ элбэх. Ол гынан баран, биир оннук ардаҕы түһэрэр идэлээх удаҕан эмээхсинтэн: “Ардаҕы бу курдук түһэрэриҥ үүнээйигэ туһалыыр дуо?” – диэн ыйыппыттарыгар, “туһалаабат” диэн кэбиспитэ үһү. “Төттөрүтүн, буортулуон эрэ сөп. Оннук ардаҕы ходуһаҕа түһэрдэххэ, от нимси түһэн сытан
хаалар, ол иһин халлаантан туһата суох сииги түһэрэбин”, – диир үгэстээҕэ эбитэ үһү. Петр Санников, “Баатара нэһилиэгэ” кинигэттэн.
kyym.ru сайтан