Кэпсээ
Войти Регистрация

Күһүн Натаара сиригэр-уотугар

Главная / Кэпсээн арааһа / Күһүн Натаара сиригэр-уотугар

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
31.10.2024 16:13
   Эдьигээн – кэрэ айылҕалаах, элбэх сир баайдаах, өлгөм бултаах-алтаах дойду. Улууһу Өлүөнэ эбэ оруобуна икки аҥыы хайытан, хоту Булуҥ диэки түһэр. Манна кэлэн ордук кэҥиир, салааланар-сарадахтанар. Олортон ордук бөдөҥнөрө – Лииндэ, Үндүлүҥ, Бэгэдьээн, Хороҥку, Мууна, Моторчууна, Мэҥкэрэ, Натаара, Дьардьаан диэн үрэхтэр.          Биир күһүн доҕорум Килиим Лааһараптыын балаҕан ыйыгар уоппускабытын ыламмыт, Натаараҕа күһүү, тайахтыы барар буоллубут. Хата, таһаҕаспыт улаханын Рыбохрана катерынан эрдэ ыытан, арыый холкубут эрээри, тиийиэхтээх сирбит ыраах – түөрт сүүсчэ килэмиэтири мотуордаах оҥочонон айанныахтаахпыт.    Тойоммут Онотуолуй Уйбаанабыска уоппускабытын баттатаат, сарсыныгар айаҥҥа туруннубут. Өссө, айаннаан иһэн, доҕорбут, балыктыы сылдьар Бүөтүр Ыстапаанапка тохтоон, ыт ылан ааһыахтаах этибит да, киһибит үчүгэй ыттара ханна эрэ сүтэн хааланнар, биир отууттан ырааппат, ыт суоҕар ыт баарын ыллыбыт. Хата, Бүөтүр сокуускаҕа диэн тууһаммыт хатыыс этин уонна бааҥкалаах хара искэҕи биэрэн ыытта.    Дьиэттэн-уоттан тэйэн көҥүл босхо көппүт дьон айаммыт бэһиэлэй, ханна да ыксаабаппыт. Онон эрдэ соҕус табыгастаах сири булан тохтоотубут. Киһим тута “итиннэ кыра көлүччэ баар, саҥа сааҕын боруобалыы таарыйа күөскэ куста ытан аҕал эрэ” диэн үөртэ. Кырдьык, саҥа аптамаатым ытылла да илик. Инньэ гынан, саабын ылаат, сып-сап оҥостон көлүччэҕэ тиийбитим, биэс умсаах уста сылдьаллар эбит.    Кустарым миигиттэн тэ­һииргээн, тэйэн эрдэхтэринэ ытан саайбытым – икки хаалла. Атыттара умсан хааллылар, онно кыһамматым даҕаны.    Кэлбитим, киһим балааккатын тардыбыт. Онон кустарбытын буһаран, уоппут таһыгар таба тириитэ олбоххо олорон, уоппускабытын, бастакы булпутун уонна саҥа саабытын “сууйан” наҕылыччы чэйдээтибит.   Кууспа күөлүн өлгөм булда      Ити курдук икки күн дьиэ таһыгар сылдьан баран, биир күн водомётунан Натаараны өксөйө бардыбыт. Күһүн буолан уонна өтөрүнэн ардаабакка, үрэхпит уута олох түһэн хаалбыт. Оҥочобутун сосуһан, дэлби эстэн, кыайан ырааппатыбыт. Биир сиргэ хонон сарсыныгар төнүннүбүт.    Ол сылдьан сөхпүппүт диэн, үрэхпит икки кытыла олох туртайа сытар – барыта хаас түүтэ уонна сааҕа-иигэ эбит. Кинилэр, манна төрөөн-ууһаан, сайылаан баран, киэҥ сиргэ өрүскэ киирбиттэр.    Биир күн кырдьаҕаспыт дьаһалынан олохпутуттан икки көстөөх Кууспа күөлгэ тайах көрө бардыбыт. Сирдьитинэн Мэхээлэ барыста. Кини ыттаах, онон икки ыттанныбыт.    Балай да киэҥ күөлгэ күн ортото тиийбиппит, күөл атаҕар кус бөҕө олорор. Мин тулуйумуна, Мэхээлэ туоһапкатын ылан, от быыһынан олорго үөмтүм. Килиим сөбүлээбэтэ быһыылаах да, саҥарбата.    Наһаа уһаабакка үөмэн тиийэн “чос” гыннарааппын кытта, кустарым өрө көтөн таҕыс­тылар, ону кытта ойоҕоспор, балачча тэйиччи, икки тайах ууга ойон киирэн кытылга сылдьар Мэхээлэ ытын одуулаһа турдулар.    Килиим тыа быыһынан та­йахтар диэки ыстанна. Ол кэмҥэ мин Мэхээлэлиин от быы­һынан күөлгэ чугаһаатыбыт. Өр буолбата, саа тыаһаатын кытта улахан тайах иттэннэри барда, кырата уунан уҥуору былдьаста.    Мин биэрэккэ сүүрэн киирэн, бастаан харса суох туран эрэ, онтон тобуктаан олорон, ытыалаан куһуйдум да, таппатым. Онтон өй булан, Мэхээлэбин умса сытыаран, ол үр­дүттэн түһэртээн көрдүм эрээри, эмиэ мэлийдим. Кыылым ыраатан хаалла.    Өйдөөн көрбүппүт, Килииммит тыа саҕатыгар күлэ-күлэ табахтыы олорор. Ити миэхэ ыттараары кыра тайаҕы соруйан ыппатах эбит. Өлөрбүт кыылбытын ууттан соһон таһааран астаатыбыт уонна сонно отууланан, эт бөҕөнү сиэн, бэркэ утуйан турдубут.   "Туһата суохпут"      Тайахпытын сарсыарда ылыахпыт диэн буолла. Онон уҥуор туораан, Мэхээлэбит оттубут уотун таһыгар бастакы кыылбытын астаан кэбистибит уонна чэйдии олорон били “туһата суох” ыппытын хайҕаан кэпсээммит кини туһунан буолла. Чахчыта да, кини баар буолан, бу үһүс тайахпытын бултаттаҕа.    Биһиги тыыга киирбиппит кэннэ кини биэрэгинэн батыһан испит уонна тайахха кэтиллибит. Ол гынан баран үрбэккэ, арааһа, куттанан “ньоох” диэт, туора ойбут, оттон тайах, киниттэн соһуйан, ууга ыстаммыт бадахтаах. Кырдьык, Килиим ыт “ньоох” диирин истибит.    Сарсыныгар кыылбытын таһааран астаан, эппитин барытын лаабыстаан, тириинэн сабан, бултаппыт сирбитигэр махтанан баран, хараҥарыыта сыттыбыт уонна өйүүнүгэр олохпутугар үөрэ-көтө тиийдибит.   Киргиэлэй кырдьаҕаска      Сарсыныгар киэһэлик Натаарабыт төрдүгэр, Киргиэлэй Кэрээкин оҕонньор олоҕор, тигистибит. Кырдьаҕас дьиэтин таһыгар, улахан ураһа иннигэр ыраас хонууга, аргынньахтаан олорор эбит. Мин, ону көрөөт, тоҕо эрэ былыргы номоххо кэпсэнэр Кыычыкын кинээһи санаан аһардым. Кырдьык, кини хайдах эрэ былыргы эбэҥки кинээһин санатар.    Киргиэлэй оҕонньор, Килиими билэн, үөрэ-көтө көрүстэ. Килиим аҕата урут бу эргин түүлээххэ бултуу сылдьыбыт буолан билсэллэр. Оҕон­ньорбут, кырдьык, кинээс курдук илии-атах тардыстар Дьор­ҕоот Мэхээлэ диэн киһи­лээх эбит. Онтун соруйан, булуустан эмис таба этин, тоҥ балык та­һаартаран кыстарда уонна улахан былыргы хобордооххо хатыыс хара искэҕин сырдьыгынатта. Ол киэһэ өргө диэри аһаан-сиэн, кэпсэтэн-ипсэтэн, хойут утуйдубут.    Оҕонньору наһаа сөбүлээ­тим. Олус кэпсээннээх, араас мүччүргэннээх сырыыларыттан сырдатан, ол киэһэни быһа күлэн быара суох сыттыбыт.    Оҕонньорбут ситэ утуппакка, сарсыарда эрдэ баҕайы ыһыытаан-хаһыытан туруортаата. Биһиги бэҕэһээ киэһэ “били аһы” аһара туттан кэбиһэн, төбөбүт дьалкыҥнас буоллаҕына, оҕонньорбут отой туох да буолбатах. Ол да буоллар сып-сап аһыы охсоот, үрэх уҥуор Таарбаҕаннаах диэн арыыга кустуу бардыбыт.    Биэрэккэ тиксээт, Киргиэлэйбит, ону-маны кэпсии-кэпсии, бастаата. Биһиги кини кэнниттэн син хаамабыт даҕаны, хааллар хаалан иһэр курдукпут. Онон оҕонньорбут сотору-сотору тохтоон биһигини көһүтэр уонна “байыаннай дьон эрээри тоҕо сыылбаҕытый, куоппут бүрүстүүпүнньүгү бу хайдах ситиэх бэйэҕитий” диэн күллэртиир.    Өтөр күөллээх ырааһыйаҕа тиийдибит. Арай көрбүппүт, күөл кытыытыгар биир тыатаа­ҕы күтэрдээн үлэ бөҕө буола сылдьар эбит. Кус да баһаам.    Биһиги, тыатааҕыны көрөн, куттанан чугуруҥнастыбыт. Оттон Киргиэлэйбит холку, “ити киһи билигин тот, биһиэ­хэ эрэ наадыйбат” дии-дии, мүчүк гынар. Онтон миигин батыһын­наран бэйэтэ кырдьаҕас­пыт диэки барда, Килиими күөл биир өттүнэн ыытта.    Эһэни көрөөт, хаалан испит бэйэм оҕонньорбор сыста түстүм эрээри, кырдьаҕаспыт биһигини дьэ өйдөөн көрөн, тыатын диэки лэппэрдии турда.    Киһини харахтаабатах кустар бастаан көтөн баран барбакка, күөлү эргийэ сылдьан, биһиги батарантааспыт кураанахтаныар диэри, харса суох ыттардылар. Оннук сэриилээн нэһиилэ уонча куһу өлөрдүбүт. Ол аайы кырдьаҕаспыт кытыыга олорон айаҕа хам буолбат, биһигини күлэр, “дьэ, байыаннай дьон диэх курдук, сэрииһиккит бэрт эбит” дэтэлиир.   Үчүгэй бултуйуу      Сарсыарда чэйдээн баран Килиим биһикки икки күөлбүтүн эргийэ бардыбыт. Дьэ, тайах элбэх сирэ эбит, орох бөҕөнү тэппиттэр. Арай ол устун бэйэбит ыппытын батыһыннаран хааман истэхпитинэ, били куоттарбыт кыылбыт тахсыбыт сириттэн ойон турда да, эмиэ ууга киирэн, турунан кэбистэ. Киһим “чэ, саай!” диирин кытта бэйэм да бэлэм турбут буолан, ытан хабылыннардым.    Тайаҕым, дьигис гынаат, иннин диэки хамсыах курдук буолан иһэн, иккис ытыыбар тобуктуу түстэ да, иттэннэри барда. Үөрүү-көтүү буолла, тута маладьыас аатырдым. Дьиҥэр, тайахпыт бэҕэһээ таптарбыт буолан ырааппатах.    Иккилээх оҕо тайах эбит. Онтубутун отуубутугар илдьэргэ тыы наада буолан, сүбэ­лэһэн баран, Мэхээлэбитин тыы, килиэп аҕалтара ыыттыбыт. Киһибит да уһаабата, борук-сорук буолуута тиийэн кэллэ.    Биһиги, күүтэн олорор дьон, тыыны үрдэрэ охсоот, тайахпытын моонньуттан быалаан соспутунан бардыбыт. Ити икки ардыгар лаппа хара­ҥарда.    Килиимим эрдэр, мин таах олоробун. Ол иһэн өйдөөн көрбүтүм, дьэ, хаһан да хатыламмат кэрэ, дьикти көстүү диэн манна баар эбит, доҕоор. Тулабыт сып-сылаас, уу чуумпу, нуһараҥ... Биһиги, сүргэбит көтөҕүллэн, үөрэ-көтө оргууй аҕай устан иһэбит. Арай, ол чуумпуну киһиттэн букатын куттаммат, биһиэхэ наадыйбат айан кустарын саҥата, аһаан ууну чалымнатар тыастара эрэ аймыыр. Хайдах эрэ “Тыынан устар киэһэҕэ” ырыаны санатар. Олох остуоруйа курдук.    Ити кудук истиҥ иэйиигэ куустаран, аа-дьуо устан истэхпитинэ, соһуччу баҕайы ойоҕоспутугар тыаттан тайах сүүрэн киирдэ да, ууга түһэн, кытылы кыйа сүүрэн бырдааттаата.    Биһиги, соһуйан хаалан, чочумча талбааран олоро түс­түбүт. Онтон киһим, “туох алдьархайай” диэт, эрдиитин ыһык­тан баран, саатын үрдүгэр түстэ. Ити кэмҥэ мин эмиэ “уһукта” биэрдим. Аны, Килиим ытыахча курдук буолан истэҕинэ, тыыбыт эргийэн, ытарга табыгаһа суох буолла. Киһим туох эрэ диэн хаһыытаата, мин дьэ өй ылан эрдиибин харбаатым. Ону кытта саа тыаһаан эрэрэ баара да, кыылбыт, умса хоруйаат, хам барда.    Килиимим саатын өрө анньан олорон: “Готово! Байанай барахсан тосхойдо. Биир бөртөлүөт таһаҕас баар буолла”, – диэн үөрдэ-көттө. Кырдьык, бачча ыраах биир-икки тайахха бөртөлүөтү биэрбэттэр. Биһиги райпону кытта эт соҕотуопкатыгар дуогабардаахпыт. Онон бөртөлүөт кэлиэн сөп.   Доҕордуулар      Кырдьаҕаспыт Киргиэлэй эмиэ үөрэ-көтө көрүстэ. Ол күнтэн биһиги, сөптөөҕүн бултуйбут дьон, үрэҕи өксөйө, тыаны кэрийэ барбакка, оҕонньорбутун кытта дьиэ эргин сылдьар буоллубут. Онтубут өссө биир биричиинэлээх.    Быһатын эттэххэ, өрүһүнэн күннэри-түүннэри араас хараабыл айанныыр. Олортон үгүстэрэ олохпут таһыгар бытааран, кырдьаҕаспытыгар анаан гудуоктаан ааһаллар. Оччоҕуна биһиги, бэлэм сылдьар дьон, кырдьаҕаспытын оҥочоҕо олордоот, сибиэһэй балык кэһиилээх хараабылга элээрдэн тиийэбит. Хапытааннар бэйэлэринэн тахсан, кырдьаҕаспытын көрсөн уруй-айхал буолаллар. Биһиги кинилэргэ – балык, оттон кинилэр хардатын халбаһы, оҕуруот аһа уонна саамай сүрүнэ “били аһы” бэрсэллэр.    Инньэ гынан күн аайы бырааһынньык. Ол “аспыт” манна, киһи санаата тиийбэт сиригэр, дьэ, кэбэҕэстик уонна өлгөмнүк көстөрө биһигини сөхтөрбүтэ. Биир күн кырдьаҕаспыт дьаһалынан сууннубут-тараанныбыт. Ол күн ураты, былыргыттан билсэр чугас доҕоро ааһыахтаах үһү. Кырдьык, күн иккис аҥаарыгар “Лена нефть-701” танкер ыраахтан гудуоктаан иһэрэ көһүннэ. Булуустан икки сүүнэ тууччаҕы сып курдук таһааран, кэһиилэнэн, танкерга устан тиийдибит.    Дьоммут дьаакырдарын түһэрэн, тохтоон, турунан кэбистилэр. Биһигини тута үөһэ таһаартаан остолобуойга киллэрдилэр.    Билсибиппит, танкербыт хапытаана аатырбыт дьоруой Испирдиэнэп эбит. Кини Киргиэлэйдиин олох эдэрдэриттэн билсэн доҕордоспуттар. Онон баай остуолга маанылатан, мотуруостар оҥочобутугар бородуукта, арыгы бөҕөнү тиэйэн атаардылар.    Доҕордуулар куустуһан туран бырастыыластылар. Хайдах эрэ хараастыбыт көрүҥнээхтэр. Биһиги, кырдьаҕаспыт хараҕыттан уу-хаар баспытын көрөн, эмиэ уйадыйан ыллыбыт. Кэлин санаатахха, бу танкер сайын тиһэх сырыыта эбит. Аны эһиил сайын биирдэ көрсүөхтэрэ турдаҕа. Онтон инникини ким тымтыктанан көрбүтэ баарай. Иккиэн да кырдьаҕас, олоҕу олорбут дьон буоллахтара.    Оттон биһиэхэ бу – бырааһынньык. Дьиҥэр, ити быыһыгар табыгастаах күҥҥэ хаас маныыр санаалаах этибит да, ол күннэргэ дэлби тыалыран, хаас үөрэ икки күн устата тохтоло суох үөһэнэн айаннаабыта.    Биһиги, эмиэ дьиэлээх-уоттаах, үлэлээх-хамнастаах дьон, төннөр күммүт тирээн кэлбитэ. Кырдьаҕаспытын кытары эмиэ истиҥник бырастыылаһан, өссө кэлиэх буолан эрэннэрэн, айан хаастарын курдук соҕуруу диэки айаҥҥа туруммуппут. Дьиэбитигэр тиийэн, хас да хонон баран, бөртөлүөтүнэн кэлэн, эппитин гастрономҥа аҕалан туттарбыппыт. Эбиитин хамнас аахсыбыппыт.    Дьэ, ити курдук бултуйан, олус үчүгэйдик, бэһиэлэйдик сынньанан, уоппускабытын атааран, туспа устуоруйалаах Натаара сиригэр-уотугар сылдьан кэлбиппит.   Захар Федоров, Бэрдьигэстээх–Эдьигээн. Тарҕат:
kyym.ru сайтан