Кэпсээ
Войти
Регистрация
Дьиэктээх Дьэкиимэп
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Дьиэктээх Дьэкиимэп
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
31.10.2024 16:02
Былыр Сартаҥ диэн нэһилиэккэ Үҥкүү Дьэкиимэп диэн оҕонньор олорбута үһү. Ол оҕонньор туох эрэ дьиэктээх, бэрт дьикти быһыылары оҥорор эбит. Хаһан да сылдьыбатах, харахтаан көрбөтөх сиригэр соҕотоҕун ыйдарыыта суох чуо хааман тиийэрэ үһү. * * * «Туох дьикти-дьиибэ дойдутун кэпсиигит? Кырдьыктара дуу, сымыйалара дуу?» – диэн, биирдэ анаан-минээн Хопто сайылыгар барбыт. Урут хаһан да үктэнэн көрбөтөх сиригэр барарыттан кыратык да толлон ылбатах. Сиһи быһа түһэн, суолу быһалаан истэҕинэ, утары олус дохсун буурҕа түспүт. Хара күүһүнэн бара сатаан баран, сүгүннээмээри гынна диэн, саллан төннүбүт. Кэлин дьоҥҥо: «Дьиибэ дойду эбит. Чугаһаппата», – диэбиттээҕэ үһү. Үҥкүү Дьэкиимэп ийэлээх аҕата эрдэ өлөн хаалбыттар. Балтыныын иккиэн олорбуттар. «Убайым көстүбэт киһини кытта тугу эрэ былдьаһан, иирсээн тахсар», – диэн, балта кыыс бэркэ соһуйан билэр дьонугар кэпсээбит. Сотору буолаат, Үҥкүү Дьэкиимэп атах балай барар буолбут. Биирдэ күһүн ол курдук сылдьан, быһыкка уу сүүрэ сытар сиригэр охтон, тоҥон хаалбыт. Ону үлэлии сылдьар нууччалар көрөннөр, хоҥнорон ылбыттар. Быыһааччы дьон: «Өлбүтэ ырааттаҕа. Аны кэлэн тилиннэрэ сатыыр, аһыйар, харыһыйар туһата суох», – диэн массыына кэннигэр быраҕан кэбиспиттэр. Ириэрэн, көрөн-харайан тиһэх суолугар атаарыахтара диэн, тута кулуупка илпиттэр. Кулуупка тиийээт, сылааска киирэн, хараҕын аспыт. Бу баҕайы ити бэйэлээх тоһуттар тымныыга сытан өлбөтөх. Этин-сиинин ириэрбиттэрин кэннэ киһилэрэ: «Бу дьон тоҥо сытар мууһу харса суох анньыбыттар. Аны эппин таарыйыахтара диэн куттаммытым», – диэн кэпсээннээх буолбут. Үҥкүү Дьэкиимэп бу түбэлтэнэн дьону-сэргэни бэркэ сөхтөрөн турардаах. Эмиэ Үөһээттэн айдарыылаах киһи этэ, Дьиэктээх Дьэкиимэп. Түүл уола Оччолорго үрдүк үөрэххэ үөрэнэрим. Сайын дьоммор дэриэбинэҕэ тахсарым. Биир сайын ийэм хараҕынан моһуогуран хаһаайыстыбаны олоччу бэйэм тутан хаалбытым. Эрдэ туран алта ынаҕы ыырым, ньирэйдэрбин ыыталаан баран сарсыардааҥҥы аһылыгы бэлэмниирим. Онтон бөтүөҥҥэ кутуллубут үүппүн тимир тэлиэгэҕэ тиэйэн, үүт дьиэтигэр туттаран кэлэрим. Ол кэннэ дьиэни-уоту өрө тардыы, таҥаһы сууйуу, килиэпкэ сүүрүү, күнүскү, киэһээҥҥи аһылыгы бэлэмнээһин... Биир тылынан эттэххэ, төһө да дэриэбинэҕэ төрөөбүт оҕо буолларбын, үйэбэр түбэспэтэх улахан ноҕуруусканы сүкпүтүм. Ийэм барахсан ити үлүгэр үлэни биирдэ да суламмакка толорон кэлбитин онно эрэ өйдөөбүтүм. Аһара сылайар буоламмын буолуо, күнүс килиэп ылан кэлэн баран, чаас аҥаара-чаас кэриҥэ утуйан ылар буолбутум. Бастакы-икки эрэ күн сынньалаҥнык утуйбутум. Онтон, төттөрүтүн, олус илистэн уһуктар буолан барбытым. Ол төрүөтэ – түүлбэр киирэр уол. Бастакы сырыыбыттан кинини бу илэ сылдьарын курдук көрбүтүм. Киирээти кытта уҥа диэки дьыбааҥҥа сытарым. Аан бастаан хаһан да харахтаабатах уолум ааны тоҥсуйан, киирэн кэлбитэ. Сыппытынан дорооболоспутум. Онтон атахпар олорон кэпсэппитэ. Дьиктитэ диэн, улахан наадата суоҕа. Мин туспунан ыйыталаһан баран, ханна да барбыта биллибэккэ, сүтэн хаалбыта. Итини улахаҥҥа уурбатаҕым. Иккис төгүлүн үс хонон баран кэлбитэ. Эмиэ сол таҥаһынан сылдьара. Бэйэтин туһунан тугу да кэпсээбэтэҕэ, туох да наадата суоҕа. Мин эрэ кэпсиирбин ирдиирэ. Ханна үөрэнэрбин, кимниин олорорбун, дьонум кимнээхтэрин олоччу кэпсээбитим. Ити сырыытыгар уолум атахпыттан саҕалаан имэрийэн киирэн барбытын абааһы көрөн, баттатан, нэһииччэ уһуктубутум. Ити курдук күн аайы кэлэр буолбута. Сытан ыларбыттан куттанар да буолан барбытым. Ол эрээри, үөрэнэммин да буолуо, күнүс орон диэки барбыппын бэйэм да билбэккэ хааларым. Баҕар, атын сиргэ сыттахпына, кэлиэ суоҕа диэн ороммун уларытарым да, кэлбитэ эрэ баар буолара. Кинини сөбүлээбэтэҕим, испэр киллэрбэтэҕим. Наһаа элбэх ыйытыылааҕа, олорго хоруйдуурбун туруорсара, сынньаппата. Сорох күн эмиэ имэрийэ, кууһа сатыыра. Ону охсуоланан, тэбиэлэнэн тохтоторум. Бу санаатахха, сыыйа чугаһаатар-чугаһаан испит эбит. Биир күн үрдүбэр саба түһэн, ыһыы-хаһыы бөҕө буолбутум. Уолу кытта, бэл, уураһа илик кыыска ити олус соһуччута. Ол сыттахпына, убайым киирэн кэлбитэ. Ити үлүгэр алдьархайга түбэһэн сытарбын өйдөөн көрбөтөҕө. Аттынааҕы ыскаапка кэлэн, тугу эрэ өр көрдөөбүтэ уонна, кыһытыан быатыгар, тугу эрэ киҥинэйэн ыллыы-ыллыы тахсан барбыта. Уолбунуун охсуһан барбыппыт. Бүтэр уһугар уу чоккурас буолан уһуктубутум. Ол кэннэ убайбыттан киирэ сылдьыбытын дуу, суоҕун дуу ыйыппытым. «Киирэ сылдьыбытым» диэбитэ. «Баттата сытарбын тоҕо уһугуннарбатыҥ?» диэбиппэр «бэрт үчүгэйдик утуйа сытарыҥ» диэн хоруйдаабыта. Ол уол хайдах, хаһан сүппүтүн бу диэн өйдөөбөппүн. Ити кэнниттэн арыый буолбута быһыылааҕа. Ийэм кэлиэҕиттэн үлэм биллэрдик көҕүрээбитэ. Күнүһүн утуйбат буолбутум. Дьиктитэ диэн, түүн саараама киирбэтэ. Арай күнүс эрэйдээн ааспытын «олус сылайаргыттан буолуо» диэн ийэм быһаарбыта. Ити кэннэ, санаабар, эр дьон барыта ол уол курдук сирэйдэнэ сылдьыбыта. Билигин даҕаны дьүһүнүн ончу умнубаппын. Светлана, Дьокуускай. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан