Кэпсээ
Войти Регистрация

Абааһы дьукаахтаспыта

Главная / Кэпсээн арааһа / Абааһы дьукаахтаспыта

K
11.04.2019 17:33
Сэбиэскэй былаас буолуон эрэ иннинэ, Илин Хаҥалас улууһугар Айалаах Хаптаҕайыгар Александровтар диэн ыалларга абааһы дьукаахтаспыта үһү. Бу ыал, дьахтардаах эр киһи, кинилэр дьукаахтара, бэйэлэрэ сокуоннай сааһын сиппит ииппит кыыстара буолан үс-түөрт кэргэн буолан олорбуттар. Олохторун илгэтэ орто бааһынайдыы эбит. Бэрт үчүгэйдик олорон күһүҥҥү муҥха саҕана дьиэлээх оҕонньор отордуур дьиэтигэр сылдьан ааспыт. Тугу батыһыннаран аҕалбыта биллибэт, онтон ыла оһох кэннигэр сытар кыыстара түүнү быһа утуйбакка мөхсөр, күлэр-салар, сыһыгырыыр буолбут. Дьукаах дьахтар ыйыппытыгар: “Бүтүннүү түү курдук эр киһи миигин булла. Ону кытта оонньуубут, кэпсэтэбит”, – диэбит. Ыаллар ойуун кыырдаран көрбүттэр, онтон ыла абааһылара дьону бэйэлэрин дьиибэлиир буолбут. Ынахтарын быатын сүөрэр, ардыгар киһи сүөрбэтин курдук ыйыллары тардан кэбиһэр, кыыс саах күрдьэр кэмигэр көмөлөһөр үһү. Аҕабыыт киирэн ыллаатаҕына, күлүү гынан үтүктэн ыллаһар уонна: “Киэр бар, эйигиттэн куттаммаппын!” – диир эбит. Хата, бу ыаллар дьукаахтарын букатын тыыппата үһү. Ити курдук дьиэлээхтэри биэс-алта сылы быһа арахпакка сордообут, аһыыр астарыгар бөҕү кутар, бэйэлэрин онон-манан тамныыр. Ол гына-гына кыыстарыгар: “Миигин абааһы көрөн ойуун кыырдараллар, аҕабыт ыллаталлар, ол иһин ону иэстэһэбин”, – диэн кэпсиир эбит. Алта сыл буолан баран бу ыаллар атын сиргэ көспүттэр. Барыахтарын иннинэ абааһы кыыска эппитэ үһү: “Мин эмиэ эһигини кытта көсүһүөм этэ буолан баран, дойдубар барарым чугаһаата, онон барсыбаппын. Эһиги үчүгэйдик олоруҥ”. Ити кэнниттэн үс сыл буолан баран кыыс өлөн хаалбыт. Оттон дьиэлээх киһи ойоҕо уонна оҕото өлөннөр бэрт куһаҕаннык олорбута үһү. 1944 с. Е.М. Яковлев кэпсээниттэн М.Е. Наумовскай суруйуута.
kyym.ru сайтан