Кэпсээ
Войти Регистрация

Эрдэ билбит

Главная / Кэпсээн арааһа / Эрдэ билбит

K
05.04.2019 16:42
Бэһис кылааһы бүтэриэхпиттэн, сайыҥҥы өттүгэр Дэлиһиэй Боппуоктуун оҕус массыынатынан от оҕустарар буолбуппут. Үһүс сылбытыгар уопутуран, тарбахха баттанар үтүө үлэһит аатырбыппыт. Ол курдук, биирдэ эмиэ Дьэҥкэрэ эбэ хотуҥҥа Дэлиһиэйбин кытта Буускап Алата уонна Сааба Эриэнэ диэн олус аллаах оҕустарынан от оҕустара сырыттыбыт. Мин иннибитигэр иһэр аттаах от оҕус-тарааччылартан хаалымаа-ры “һай-һат” бөҕөнү түһэ-рэбин, кымньыым тохтообокко элэҥниир. Бу иһэн көрдөхпүнэ, биһигини уун-утары сэбиэппит бэрэстээтэлэ Татыйаана Александрова иһэр эбит. Мин тохтуур былаана суох оҕустарбын таһыйа иһэбин. Ити кэмҥэ сэбиэппит оҕустар иннилэриттэн, охсуллубут хадьымалтан туораан, лоп курдук биһиги билигин ааһыахтаах күөх оппутугар тахсан биэрбит. Мин “аасыһыахпыт” диэн бүк эрэллээх истэхпинэ, кэннибэр Дэлиһиэйим: “Нохоо, тохтоо! Алдьархай буолла!” – диир хаһыыта иһилиннэ. Мин оҕустарбын тохтото сатаатым да, оҕус сылгы буолбатах, тута тохтообот. Дэлиһиэйим саҥата: “Хотууртан туораа, тоҕо тураҕын?!” – диэн бэрт суостаахтык хаһыытаан хайа барда. Уолуйбут дьахтар эргийэ сатаан булумахтанна, ону кытта хотуур тыаһа “пас” гынан баран харан хаалла, дьахтар атаҕын өрө тэппитинэн, эрбэһин от курдук, хотуур нөҥүө өттүгэр тиэрэ таһылла түстэ... Айдаан бөҕө саҕаламмата дуо! От охсо сылдьыбыт дьоммут бары үөмэхтэһэн кэллилэр. Үөҕүү-мөҕүү, ыыс-бурут тыл, бардьыгынааһын бөҕөнөн, биһигини ыт тыла оту хомуйтардылар. Дьахтарбыт атаҕын көрбүппүт: бааһа улахана, дириҥэ сүрдээх. Атаҕын суон бөтөҕөтүн этэ сүгэ олугун курдук тэллэйэ, сототун уҥуоҕа килэйэн көстө сылдьар. Көрүөххэ ынырык. Улахан дьон миигин үлтү түүрэйдээннэр, кыһарыйаннар, кыбыста-кыбыста дьахтар атаҕар ииктээтим. Ол кэннэ бааһырбыт сотону ыт тыла отунан дэлби эрийэн баран, таһынан куллуканан ыбылы кэлгийэн кэбистилэр. Дьиктитэ диэн, ол кэннэ биир да хааппыла хаан тахсыбатаҕа, дьахтарбыт тута уоскуйан хаалбыта. Төттөрүтүн, “бэйэм буруйдаахпын” диэн биһигини уоскута сатыыра. Эбиэппитигэр чэй өрүнэн олордохпутуна, Өрүс Уола диэн күөх эбириэн оҕуһунан Өлөөнчүк Состокуоба сыарҕалаах кэлэн, бааһырбыт сэбиэппитин дьиэтигэр Балла сайылыгар тиэйэн илдьэ барда. Иккис омурҕаммытыгар Өлөөнчүкпүт төннөн иһэн эмиэ биһигини таарыйан ааста. Дьикти кэпсээннээх киһи буолан биэрдэ. Балла сайылыгар киириилэригэр, эмээхсин саҥата, ырыата-тойуга, ытааһына-соҥоооһуна өрө оргуйан олорор үһү. Сэбиэт Татыйаана ийэтэ эмээхсин дьиэтин иһигэр, ыы-быччары оттуллубут көмүлүөк оһох иннигэр олорон, хобордооҕу таһыйа-таһыйа кутуран имитэ олорор үһү. Өлөөнчүк ыарыһаҕын өйөөн киллэрэн оронугар сытыаран баран, эмээхсин тугу мэнэрийэрин балайда иһиллээн турбут. Сөҕүөн иһин, эмээхсин мэнэрийэрин быыһыгар, кыыһа ханна тиийэн хайдах-туох быһылааҥҥа түбэспитин, охсор массыынаҕа кинини “кимнээх сиэтэн” киллэрбиттэрин барытын субу көрөн турар курдук ойуулаан биэрэ олорор эбит. “Ыйы-күнү быһа эккирэтэн, сырам-сылбам баранан, хас да моһолу оҥорбуппуттан кэлин тиһэҕэр дьэ сыалбын ситистим, өрөгөйүм үрдээтэ, санаам чэпчээтэ, сорудаҕым туолла”, – диэн ханнык эрэ көстүбэт удьуорунан этиттэрэр үһү. Ону кини хантан-хайдах билбитин, ким кэпсээн-ипсээн биэрбитин, маны ханнык тыал-куус аҕалбытын айбыт таҥара бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ. Туһугар эмиэ уустук. Ол курдук мэнэрийэн бүтэн эрэ
баран эмээхсин киһилии кэпсэппит, кыыһын көрбүт. Кыыһын бааһа үөһэнэн сылдьарын, суон иҥиирин таарыйбатаҕын көрөн улаханнык үөрбүт. Ол кэннэ, кыыһын аттыгар олорон бөлүүн көрбүт түүлүн кэпсээбит. Ону барытын Состокуоба Өлөөнчүк истэн турбут. Эмээхсин түһээтэҕинэ, кыыһа от охсон куһуйа сылдьар дьон аттыгар, үүнүүлээх баҕайы ходуһаҕа дьэрэкээн өҥнөөх лыахтары тутаары сүүрэ-көтө сылдьар эбит. Ол сырыттаҕына, ханна да харахтаабатах, уһун-көнө уҥуохтаах, куударалаах баттахтаах, эдэркээн уол тиийэн кэлбит уонна “миигин эккирэт” диэбит. Таанньа уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка ол киһи кэнниттэн ыстаммыт уонна хотуурга киирэн биэрбит. Түүн эмээхсин ити түүлүттэн дэлби куттанан уһуктан кэлбит. Кыыһа үлэтигэр сарсыарда эрдэ барар буолан, эмээхсин ону сэрэппэккэ хаалбыт. Татыйаана Алек-сандрова Наахара балыыһатыгар сытан, ыйы кыайбат кэминэн үтүөрэн тахсыбыт этэ. Туох да буолбакка, сүүрэ-көтө сылдьар сураҕын истэн биһиги олус үөрбүппүт. Ол эрэ кэннэ дьон сирэйин-хараҕын аһаҕастык таба көрөр буолбуппут. Ити иннинэ сэмэлээччи-буруйдааччы да элбэҕэ бэрдэ, бэл, “сэбиэккит өллөҕүнэ эппиэттиэххит, хараҥа хаайыыга барыаххыт” диэн куттааччылар бааллара. Дьоммуттан куттанан ыйы быһа дьиэбэр тахсыбакка ходуһаҕа саһан кэриэтэ сылдьан баран тиийбиппэр, аҕам мөҕүөн оннугар: “Оттору-мастары, киһилэри-сүөһүлэри аҥаар кырыытыттан оҕустарар хорсун үлэһит дьэ көһүннэ дуу”, – диэн улаханнык күллэрэн, сэргэхситэн турар. Ол эрээри,туох да диэбит иһин, эмээхсин кыыһа маннык былаҕайга түбэһэрин эрдэттэн билэн олорбута дьикти. Еремей Попов.
kyym.ru сайтан