Кэпсээ
Войти
Регистрация
Куһаҕан бит бэриэччитэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Куһаҕан бит бэриэччитэ
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
28.03.2019 16:27
Бу түбэлтэни абаҕам Өлөксөй кэпсээбитэ. 70-с сыллардаахха, окко киирии саҕана буолбут. Кини аатыттан кэпсээни салгыыбын. Үрэххэ ыраах оттуу барыах иннинэ чугастааҕы сирбитин урут оттуурбут. Сирбин көрөн иһэбин. Суол-иис кураанах, бэлисипиэппин сирилэччи тэбэн күдээритэбин. Ходуһабыттан быйыл от балачча кэлииһи диэммин, бэркэ санаам көтөҕүллэн иһэрим. Эмискэ сирэйбэр итии баҕайы салгын илгийэн ааста. Букатын ким эрэ тыынарын курдуга. Барыта кыл түгэнэ. Ону тэҥэ биллибэт күүс, бэйэбиниин бэлисипиэттэри-майдары өрө баһан ылан, суолтан туора эһэн кэбистэ. Бэркэ соһуйдум быһыылааҕа эрээри, оннук куттаммыппын өйдөөбөппүн. Тураммын таҥаспын тэбэнним, тула өттүбүн көрүннүм эҥин. Санаабар, сыыһа туттаммын бырахтардым диибин. Киһи сонньуйара туох даҕаны суоҕа. Мантан биэрэстэни кыайбат сиргэ кыттыгас дьонум тоһуйан көһүтүөх буолбуттара. Тиэтэйэрим быыһыгар улахаҥҥа уурбатым. Салгыы мэҥэстэн айаннаатым. Санаабар, тэҥҥэ кэккэлэһэ ыт сүүрэрин курдук, иннибэр-кэннибэр тыас баар курдуга. Кураанах буорга тирэнэ-тирэнэ тэбинэр! Кыттыгастарым ыттара аргыстаһар буоллаҕа диэн, тулабын көрүнэ сатыыбын эҥин. Төлө көтөн иннибэр түстэҕинэ, итии салгына биллэргэ дылы. Хайдах эрэ «көстүбэт кыылым» аргыстаһар санаата суох, эккирэтэн ситэ баттаан сиир эрэ санаалаах курдук! Кэлин көлөһөбүн хаарыйан ылаттаата. Аттыбар атын күтүр баарын билэммин, муҥ кыраайбынан түһүнүү! Киэҥ сир кэлиитэ, кэмниэ-кэнэҕэс дьонум көһүннүлэр. Быһаҕас сиэхтээх ырбаахылааҕым. Чараас таҥаһым курдат көхсүбүн итии баҕайы салгынынан илгийэр курдуга да сиирэ-халты охсор дуу, тэбэр дуу тыас сирилээн ааста! Күдээрис гынан хааллым! Ол охсоругар салгыны хайытар тыаһа олус сытыы этэ. Дьэ, салынным даҕаны, куттаммытым да сүр. Ойон тураат даҕаны дьонум диэки түһүнэн кэбистэҕим үһү. Кэннибэр тыас-уус лүһүгүрээн олороро. Сатаан саҥарбат, эппэҥнэс буола аҕылаан дьоммор тиийбитим. Өргө диэри тыын быһаҕас буола, тыыммын кыайан ылбаккабын өрө эккирии турбутум. Саҥаларын букатын истибэппин. Охтуубар улаханнык доргуйбут этим. Дьонум барытын көрөн турбут буолан, эбии хос ыйыталаһыы эҥин суоҕа. Ол ыйытаннар даҕаны. Кэлин кэпсээбиттэринэн, миигинниин кэккэлэһэ холорук өрө ытыллан олорбута үһү. Биир бэйэм, оннугу ончу өйдөөбөппүн. Син көрүөм эбитэ дуу? Ыксалга, харах бааллар дииллэр дии. Көрбөтөҕүм. Уоскуйбутум кэннэ, бары төннөн тиийэммит барытын сирийэн көрдүбүт. Билисэпиэтим араамата улаханнык хомуруйбут. Үрдүнэн туох эрэ ибили үктээн ааспыт курдуга. Бары даҕаны улаханнык салынныбыт этэ. Туох да диэн кыайан быһаарбатахпыт. Нөҥүө күнүгэр ити охтубут сирбэр, сайылыктар тыраахтардара түҥнэстибитэ. Киһи эҥин оһоллоох, айдааннаах түбэлтэ этэ. Иннинээҕи күн, миигин доргуйуулааххын диэннэр балыыһаҕа укпуттара. Ити түбэлтэ кэнниттэн кулгаахпынан дөйүҥүбүн. Куһаҕан бит эмиэ бэриэччиктээх буолар эбит диэн дьон кэпсэтэллэрэ. Кырдьаҕас ыт Бу дьикти түбэлтэни мин күн бүгүнүгэр диэри кыайан таайбаппын. От үлэтин түмүктээн бараммыт убайбыныын Лэпсиэйдиин, илимнии эҥин диэн, үүтээммитигэр тахсан сытабыт. Күнүһүн оттуубут, аппыт айаҕар диэн, дьонтон хаалбыт сирдэри, илиибитинэн охсобут. Кыһын андаатардыы сылдьан үүтээммитигэр хас да хонукка тардыллааччыбыт. Онтубутугар суоттанабыт. Аҕыйах хонукка ат хабыалыырыгар диэн сөптөөх оту
булунарбыт. Убайым икки ытын батыһыннара сылдьара. Кырдьаҕас ыта Моойто, син сэнэх соҕус. Оннук кыайтара кырдьыбыт диэбэккин. Сааһын саҥа туолбут кыра ыта барытыгар олорсо сылдьар, Моойтону батыһар. Төрдүс күммүтүгэр этэ, үүтээммититтэн аллараа кыра көлүччэҕэ тохтоло суох ууну таһыйар тыас иһиллиннэ. Саабытын туппутунан киирэммит чуҥнуу сырыттыбыт. Туох да баар сибикитэ биллибэт. Ыттарбыт даҕаны холкулар. Оннук төннөн таҕыстыбыт. Арааһы барытын ырыттыбыт. Кыыл баара буолуо диэммит, сэмээр сүнньүөхтэрбитин бэрийдибит. Утаакы буолбата, ууну таһыйар тыас эмиэ хатыланна. Бу сырыыга киһилиин-сүөһүлүүн, кулгаах-харах иччитэ буоламмыт, ыттарбытын илдьэ, көлүччэни төгүрүйэ кэрийтэрдибит. Ханан даҕаны кыыл суолун омооно да суох. Тыаспыт мэлигир. Дьэ, дьикти диэтэҕиҥ. Арай кырдьаҕас ыппыт туохтан эрэ ыктарар курдуга, биһигини туой күөйэ түһэ сырытта. Кыра ыппыт кутталыттан букатын түүрэ тартаран, кутуругун купчуппутунан бэйэбитигэр эриллэ сылдьар. Бүгүн үүтээммититтэн тэйиччи бугулларбытын бэрийэ барыахтаахпыт. Манаан олоруохпут дуо, бардахпыт дии. Моойтобут оннук ыйылыы хаалла. Биһигини батыһыахча кэлсиһэн иһэн, туох эрэ соруктаах курдук тута төннүбүтэ. Үлэбитин түмүктээн, илимнэрбитин бэрийэн эҥин киэһэриитэ төнүннүбүт. Көлүч-чэбитигэр чугаһаан истэхпит аайы, ыраахтан ууну таһыйар тыас өрө куһууран олорор. Бэйэбит даҕаны күнү быһа бүтэйдии арааһы эргитэ саныы сылдьыбыппыт, туох дьиктитэ буулаата диэммит. Дьэ, улаханнык ыксаатыбыт. Көлүччэҕэ чугаһаабыппытыгар, тыас ону эрэ кэтэспиттии симэлийэн хаалла. Моойтобут муҥнаах, кэлбиппитин билэн, утары сиэлэн кэлээхтээбитэ. Оо, дьэ дьүһүн-бодо... Хараҕа номнуо уостан, бүтүннүү ньылбы сытыйан, ньоҕоро бадараан буолаахтаабыт этэ. Туох диэн, маннык ууну-кутаны тэпсибитин, ким билиэ баарай... Санаабыт буолбакка, көлүччэни кэрийэн хаампыппыт. Мэлигир. Атын сиргэ күтүрүөххүн чугаһынан уонна уу суох. Тыас чопчу, бу сиртэн эрэ тахсарын сэрэйдибит. Аны дьиктитэ диэн, ыппыт саҥа таһааран үрбэт даҕаны. Бэркэлээтэр диэн, ыйылыыр эрэ. Улаханнык куттаммыт, сүр баттаппыт курдук. Ол эрээри, бу сиртэн арахпата дьикти баҕайы. Кинини туох эрэ ыыппаттыы, хам тутарыгар дылы... Табыллыа суохпут диэн санааттан нөҥүө үрэххэ, отчуттарга, хараҥара илигинэ айаннаатыбыт. Кырдьаҕас ыппытын, быалаан-туһахтаан сиэтэн испиппит. Тэйээппитин кытары тыаспыт ууну кымньыылаан, таһыйан курбуулаабытынан барда ээ! Дьэ, дьулаан... Ону кытары хаһыытаппытынан, Моойтобут мүччү туттаран быатын соспутунан, тыас хоту төттөрү түһүнэн кэбистэ. Эккирэтиһэр туһата суоҕун билэммит төннүбэтибит. Нөҥүө күнүгэр Моойтобутун, күнү супту көрдөөбүппүт эрээри булбатахпыт. Күһүн эмиэ өргө диэри сүтүктээммит, аттынааҕы сылгыһыттары уонна булчуттары сураһан көрбүппүт. Ыппыт тааһы бырахпыттыы, оннук букатынныы мэлийбитэ. Айылҕабытыгар туох дьикти биллибэт-көстүбэт баара, биһиэхэ арыллыбат кистэлэҥ буоллаҕа. Сибиэн эбитэ дуу? Илэ сылдьар дэриэтинньик ылардыы оҥостон, быһа ааспакка мэҥиэстибитэ дуу? Итинник таайыллыбатах көстүүттэн, биир түгэни кэпсээтим. Балыыһаҕа Сүүрбэччэ сыллааҕыта этэ. Тымныйаммын, ый кэриҥэ балыыһаҕа сыппытым. Хоспутугар хаһыабыт даҕаны. Оройуон киинигэр олорооччулар өрөбүл күннэргэ көҥүллэтэн, дьиэлэригэр тахсаллар этэ. Биһиги, Дэлиһиэйдиин барар-кэлэр сирэ суох дьон, иккиэйэҕин хаалабыт. Аймахтарбыт эҥин бааллар эрээри, дьону түбүгүрдүмээри, оччо-бачча таласпаппыт. Алтынньы ый саҕана,
маҥнайгы хаар түспүтүн өйдүүбүн. Баскыһыанньа күн, сарсыарда эрдэ баҕайы сэргэстэһэ ороҥҥо, киһим баттатан киҥинэйэр саҥатыттан уһуктан кэллим. Утаакы буолбакка Дэлиһиэйим уһугунна. Ол кэннэ, киниттэн дьиктини иһиттим. Киһим кэпсээнэ, мин өйбөр-санаабар хаһан да сүппэттии иҥэн, олорон хаалбыта. – Дьиибэни түһээтим ээ. Илэ сылдьаммын барыны-бары көрдүм. Ити, эйиигин кытары атахтаһа сытар Көстөкүүнү түһээтим. Бөөлүүн улаханнык моһуогурбут диибин. Хоно сытар ыалларыгар, кырдьаҕас оҕонньордоро киэһээҥҥи оһохторо төлөннөөҕүн си-тэ көрбөккө сабан кэбиһээх-тээбит. Хоноһо уоллара улаханнык үгээрдээбит курдук. Дьиэлээхтэр ама соҕустар. Ити хайдаҕый? Аны салгыы аймахтарбар тиийэ сырыттаҕым үһү. Тастыҥ эдьиийим Балааҕыйа, миигин көрсөөрү күнүһүн кэлэрдии, кыракый күөс туруора сылдьар эбит. Ити ыалларга сылдьыбытым тухары салгыҥҥа уйдараммын уста сырыттым. Миигин саараама, өйдөөн-дьүүллээн көрбөттөр даҕаны. Саҥаларын, бу баардыы истэбин. Бэйэм буоллаҕына салгыннааҕар чэпчэкибин, таас курдук дьэҥкирбин диибин. Бэркиһээммин, эдьиийим аахха, түннүктэрин аһаҕас пуортачкаларынан иһирдьэнэн-таһырдьанан уста оонньоотум ээ. Букатын илэ-бааччы диибин. Ол курдук таһырдьа дьыбардаах салгыны эҕирийэбин, иһирдьэ дьиэ итии салгына миигин илгийэр. Сэргэстэһэ хоско баар Баһылайы хоһугар соҕотоҕун олорорун, таһырдьанан ааһан иһэммин көрөн аастым ээ. Хайдах эрэ наһаа илистибитин, сирэйэ-хараҕа саппаҕырбыт көрүҥнээҕиттэн өмүттэммин, саараан тохтоон ылбытым. Кэннигэр күлүктэр барыҥныылларын сэрэтэ сатааммын, кинини үөгүлүү сатаатым эрээри саҥам ончу тахсыбата. Туох эрэ куһаҕаны биттэнэбин дуу, тугуй? Манна киирэрбэр, балыыһа куукунатын аана бэрт кыра сэгэтии хайаҕастааҕынан баттым дии. Дьээбэҕэ, хата, турдаххына куукуна хоһун өҥөйөөр эрэ. Ааспыкка эйигиттэн кинигэҕин ааҕа диэн уларсан бараннар сүтэрдилэр диэбитиҥ дии. Күөх тастаах кинигэни, ыскаап үрдүгэр быыл буолан баран сытарын көрөн аһардым. Эйиэнэ дуо? Сарсыардааҥҥы аһылык иннинэ, эппит хоһугар кии-рэн, олоппоһунан үөһээ салҕанаммын, илиим иминэн бигээммин сүтүктээх кинигэбин булан ыллым. Былыргы оҥоһуулаах ыскааптара, дьиэ өһүөтүгэр тиийэр-тиийбэт этэ. Үөһэ туох сытарын хайдах да өҥөйөн көрөр кыах суох. Арай сэмээр, быһа холоон илиигинэн бигээҥҥин эрэ булан ылыахха сөбө. Бу кинигэм, Дэлиһиэй сыта киириэн иннинэ урут сүппүтэ. Кини илиитигэр тутуохтааҕар, харахтаабатах да кинигэтэ. Онно, кырдьык соһуйбутум. Сарсыарда хоспутугар сэлэһэ олордохпутуна, сиэстэрэ кыыс, Көстөкүүнү өйөөн-убаан киллэрэн оронугар сытыарда. Сэрэйбит курдук, ыаллара үгээрдээннэр, «суһал көмө» ыҥырбыттар эбит. Уолу уталыппаккалар тута тиэйэн аҕалбыттар. Ол кэннэ систиэмэ, укуол бөҕөтүн оҥорбуттара. Күнүскү чэй кэннэ, Дэлиһиэйгэ эдьиийэ эмээхсин ас аҕалбытын эмиэ, бу баардыы өйдүүбүн. Көрүдүөргэ хаама сырыттахпына, эмээхсин көрдөһөн бэйэбинэн ыҥыттарбыта. Баһылай оҕонньор төрүкү даҕаны мөлтөһүөр этэ. Оҕолоро сиэннэринээн, олбу-солбу кэлэн көрсүһэн бараллара. Киэһэ утуйаары оҥоһуннубут, ол кэмҥэ дьуһуурунай сиэстэрэ эҥин баара быһыылааҕа, Баһылайы мөлтөөтө диэннэр, быраас ыҥыттараллара. Бары им-ньим бараммыт, сытардыы ороммутун былдьастыбыт этэ. Нөҥүө күн, сарсыарда тура иликпитинэ, оҕонньор бөөлүүн бараахтаабыт үһү диэни истэн эрэ хаалбыппыт. Мин билэрбинэн, Дэлиһиэй оннук элбэх саҥата суох, аһары тупсаҕай ыпсарыылаах кэпсээнньит буолбатах этэ. Ити түүлүн кэпсииригэр даҕаны
чахчы олус соһуйбута уонна долгуйбута биллэрэ. Биир бэйэм итинниги оҥорон кэпсиэхпин ыарырҕатабын. Олохпор итинниги уонна хаһан даҕаны көрбөтөҕүм, истибэтэҕим. Хомуйан бэлэмнээтэ Александр Попов.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан