Кэпсээ
Войти
Регистрация
Илэ барбыттар
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Илэ барбыттар
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
22.03.2019 17:44
Олоххо дьиҥ буолбут түбэлтэ арыт симэлийэн, сүтэн хаалар. Сороҕор ситэриллэн-хоторуллан, силистэнэн-мутуктанан барар... Бу түбэлтэни, дьиҥэр, кимиэхэ да кэпсээйэҕин диэн эппиттэрэ аҕай. Ол эрээри маннык түбэлтэлэри норуот билэрэ наада курдук. “Урут араҥ ыарыыга ыалдьыбыт дьону туспа туталлара”,– диэнтэн Апанааһай кэпсээнин саҕалыыр. – Бу ыарыы норуоту норуотунан эспит буолан, киһи аймах олус куттанар, дьулайар! Бу эрэйдээхтэртэн сыстан, ыарыы тарҕаныа диэннэр, ыраах, ким да сылдьыбар сиригэр, олохтууллар этэ. Онно олорон күн үтүөтүн билбэккэ өлөөхтүүлэрэ... Билигин ол дьон кимнээх аймахтара, хантан кэлбиттэрэ чопчу биллибэт... Бу дьону санаан кэллэхпинэ, сүрэҕим ыалдьан ылар! Киһи кытаанах да буолар эбит. Төһө да ыалдьыбыттарын иһин, кэлин оннук дьонноох этибит диэн туоһулууллара эбитэ дуу, суоҕа дуу?.. Тугу санаахтыыллара буолла ол дьон? Кыратык да ыалдьыбыт киһиэхэ дьоно балыыһаҕа көрсө кэлбэтэхтэринэ айманар. Оттон бу дьон, олохторун тиһэх күнүгэр диэри хаайыы курдук сиргэ олороллор... Хаайыыга олорордооҕор, арааһа, өссө ыарахан буолуохтаах. Баҕар, киһи аймах ол дьону ыраах хаайан, билигин бу кэпсии олорорум буолуо, ким билиэ баарай... Кэт Марсден диэн үтүө санаалаах омук дьахтара кэлэн, бу дьону тутар холуонньалары оҥорорго көмөлөспүтүн билэбин. Кыһалҕалаах дьоҥҥо улахан эрэли үөскэппит буолуохтаах. Өрөспүүбүлүкэбит түгэҕиттэн кэлбит ыарыһахтары тутар буолбуттара. Бу маннык тэрээһин суох эрдэҕинэ түгэх алаастарга баар ыарыһахтарга чугаһаабат этилэр. Ыалдьыбыт киһини көрбүт дьон абааһыга холуохтарын сөбө. Тириилэрэ уулла-тохто сылдьар буолан, дьулаан көстүү үһү! Биһигини – кыра дьону, маннык дьон олорор сиригэр “абааһы баар!” диэн куттуур этилэр. Ыарыһахтары көрбүт дьон, чахчы, илэ сылдьар абааһыны харахтаабыт курдук кэпсииллэрэ. Эрэйдээхтэр бэйэлэрэ да дьоҥҥо көстө сатаабат быһыылаахтара. Ол муҥнаахтар дьону куттаамаары саһаахтыыллара буолуо...” – диэн кырдьаҕаһым кэпсээнин түмүктээбитэ. Кыра оҕолору ыалдьар дьоҥҥо баран, сыстан кэлиэхтэрэ диэн, арааһынайдаан эбэн, үлүннэрэн кэпсииллэрэ саарбаҕа суох. Ол да буоллар бары түбэлтэ сымыйа, албын буолбатах. Биһиги тайахтыы сылдьан Кэт Марсден ааспыт суолун булбуппут. Аһымал санаа сиэстиэрэтэ аастын диэн, бадарааннаах сирдэри курдары, болуот муосталары тэлгииллэр эбит этэ. Суон маһы тэлгээбиттэрэ баһаам этэ. Улахан сиикээннэри туоруулларыгар тэлгээбит мастара, билигин да киһини уйаллар. Айан суолун кэҥэппиттэр быһыылааҕа. Ол саҕанааҕы диэн тэҥнээтэххэ, балачча кэҥэс курдуга. Суолу батан урут дьон олоро сылдьыбыт өтөҕөр тиийэн истэхпитинэ мас быыһынан күлүк субурус гыммытын көрбүппүт! Атаһым миигиннээҕэр улаханнык куттаммыт сирэйдээҕэ... Манныкка түбэһиэм, илэ харахпынан көрүөм иннинэ, төрүт итэҕэйбэт этим. Бэйэм эрэ көрбүтүм буоллар, атын кыылга балыйан, син санаабын аралдьытыам эбитэ буолуо... Уйулҕа үөрэҕэр “элбэх киһи ииримтийиитэ” (массовый гипноз) диэн өйдөбүл баар. Сорох кэмҥэ “кыахтаах” киһи санаата чугастааҕы киһиэхэ бэриллиэн сөп. Баҕар, атаһым “кистэлэҥ кыахтаах” буолан, мин харахпын баайбыт буолуон сөп. Иккиэн саҥата суох, өтөххө киирбэккэ, тумнан ааспыппыт. Онно туох тутуу баарын билбэккэ хаалбытым. Дьон кэпсииринэн, кыра-кыра, ортотугар
диэри сир анныгар турар балаҕаннар бааллара үһү. Олор билигин, саатар, турбут сирдэрэ оҥоһон сытар буолуохтаах. Бу түбэлтэ кэннэ, кырдьык, туох эрэ биллибэт күүс баар дуу диэх курдукпун. Дьон ойуулуур сирэйдээх-харахтаах да буолбатар, туох эрэ баара чахчы быһыылаах... Иэс Биһиги, сахалар, айылҕа күүһүн итэҕэйэбит. Бу, мин саныахпар, ханнык да итэҕэллээҕэр күүстээх итэҕэл. Сирбитин кытта сибээспитин быспаппыт ордук! Олохпутун тупсардахпыт диэн, айылҕабытын уларыта сатыыбыт. Күөллэр тымырдарын кэҥэтэн, хайыта хаһан, уоллартаан ходуһа таһаартыыбыт... Көмүс, алмаас көрдүүбүт диэн, сири дьөлө үүттүүбүт. Сороҕор сиэри-туому тутуспакка ол оҥоруубутуттан бэйэбит кэмсинэбит. Айылҕаттан төһөнү ылабыт да, соччону төнүннэриэхтээхпит быһыылаах... Дьорҕоот ыарахан түүллэри көрөр буолуоҕуттан, аһыыр аһын да амтана сүппүтэ. Сылааска тоҥон, тымныыга итииргээн уһуктар! Өрүү биир түүлү көрөн муҥнанар. Хордорбут күөлүн кытыытыгар бадарааҥҥа булкуллан тахсар. Өлбүт соболор, сордоҥнор, чохулар быыстарыгар тимирэн иһэн уһуктан кэлэр... Олохтоохтор бу күөлү “түһэримэ!” диэн көрдөһө сатыылларын, тойотторугар бэрт буолаары, “үлэлээбит” аатыраары, истибэт. Мунньахха: “Ходуһа таһаарабын”, – диэн дьону итэҕэтэ сатыыр. Дьиҥэр, бу дойду дьоно ходуһаҕа соччо наадыйбаттар. Алаастара бэйэлэригэр сөп буолар. Күөл бэйэтэ да кыра соҕус. Уоллаҕына, улахан ходуһа, алаас буолар кыаҕа суох. Дьон хараҕар Дьорҕоот күн аайы кыччаан-аччаан иһэр курдук саныыр. Тойоно уоппуска биэрбитин, ууратаары гыннаҕа диэн, кыккыраччы аккаастаан кэбистэ. “Сынньана түс”,– диэбитин “Ууратыам” диэбит курдук ылынна. Суох! Уурайда да, букатын уурайан хаалыа! Сатаммат! Утуйуон баҕарар да уута кэлбэт. Чаһы тыаһа, аллараа дойду абааһылара уһанар тыастарыгар майгынныыр... Аттынааҕы ыал дьоно кэпсэтэрэ, абааһы мунньаҕын курдук дуораһыйан иһиллэр!.. “Үлэтигэр хаһан да хойутаабат бэйэтэ, туох буолан кэлбэтэҕэ буолла?” – диэн тойоно аймаммыт. Күнүс төлөпүөнүгэр эрийэ сатаан баран, киэһэлик үлэ чааһын кэнниттэн, Дьорҕоот дьиэтигэр тиийэн тоҥсуйбутугар, ким да эппиэттээбэтэх. Таһынааҕы дьонуттан ыйыппытыгар: “Киэһэлик дьиэтигэр киирэн эрэрэ”, – диэн хардарбыттар. Тахсан барбытын билбэттэр эбит. Ааны алдьатан киирэн Дьорҕоот эрэйдээҕи оронугар сүрэҕин туттан баран, үрүҥүнэн көрө сытарын булбуттар... Бу киһини туох кыайбыта буолла?.. Санаатынан, дьиҥэр, бу хастарыыны утары эрээри, харчы, аат сырсыыта, тойотторго бэрт буолуу сабарыйан эрдэ бараахтаатаҕа дуу... Иччилээх түүл Түүл диэн, киһи күнүскү санаатын сааһыланыыта. Дьон ыарахан санааҕа ылларбыттарын түүн түһээн көрүөхтэрин сөп. Холобур, киһи ыар санааҕа ыллардаҕына, түүлэ эмиэ ыарахан буолар. Киһи аймах үксэ түүлүн кимиэхэ да кэпсээбэт идэлээх. Ол дьон “иччилээх” түүлү көрбүттэрин да иһин, дьоҥҥо кэпсээбэт буолан, дьоҥҥо төһөлөөх туһалаах сонун таах хаалара буолуой?! Иччилээх түүл өрүү абааһылаах буолбат. Олоххо туолар, инникини өтө көрбүт түүллэри этэллэр. Киһи төбөтүн үлэтэ уустук. Хас биирдии киһи толкуйа, ойуур маһа уһуннааҕын, кылгастааҕын курдук хатыламмат. Ол эрээри дьону, хайдах түүлү көрөллөрүнэн син араараллар эбит. Холобур, өҥнөөх түүлү көрөөччүлэр, тыаһы-ууһу истээччилэр, дьон кэпсэтиитин тойоннооччулар, айылҕа араас көстүүтүнэн сирдэтээччилэр уонна
да атыттар. Мин, холобур, хартыынаны көрөр курдук түһүүбүн. Бу түүллэрбин сороҕор сатаан тойоннообоппун. Сороҕор туох буолуохтааҕын урут ханна эрэ көрбүт буолабын. Арыт, түһээбитим чахчы туоллаҕына, бэйэбиттэн дьиксинэн ылабын. Дьонтон ыйыттахпына, сороҕор, эмиэ мин курдук туох буолуохтааҕын, хаһан эрэ көрбүтүм диэччилэр. Ол аата, мин эрэ маннык түүллэри көрөр буолбатах эбиппин. Үчүгэй да, куһаҕан да түүл туолар идэлээх. Бу аата биһиги утуйа сытан туох буолуохтааҕын түһүүрбүтүн, сэрэтии курдук ылыныахтаахпыт быһыылаах. Көрөн-истэн, тугу эмэ бэйэбитигэр, атын да дьоҥҥо, көмөлөһүөххэ сөп дии саныыбын. Олоххо бэлиэ түбэлтэ, өрүү кимиэхэ эмэ биллибит буолааччы. Холобур, биир киһи “этитиилээх” балаҕаҥҥа киирэн, ытарҕаны уоран тахсыбыт. Ол киһи дьолугар, ыанньыксыттарга түүллэригэр киирбит. Онно “Ытарҕаны төттөрү уурдун”,– диэбиттэр! Уоруйах кимиэхэ да быктарбатах, кэпсээбэтэх эбит. Хайдах оччоҕо, түүл курдат биллэрэ буолла, дьэ, дьикти! Билигин ол киһи атын сиргэ көһөн барбыта, этэҥҥэ олорор сурахтааҕа. Дьонум мин үөрэххэ киирбиппин, этиэм иннинэ түһээн көрбүт этилэр. Улаханнык бултуйуох буоллахпына, эмиэ эрдэ билээччилэр. Оннооҕор түүллэригэр, өлбүт дьон киирэн, дьиҥнээҕин, олоххо туох буолбутун, этэн биэрэр түбэлтэлэрэ баар буолар эбит. Маннык кэпсээни истибиттээхпин. Биир киһи саахалга түбэһэн, соһуччу өлбүт. Ону табаарыһа түһээбит. Сарсыарда туран дьонугар дьикти түүлүн кэпсээбит. Дьоно улахаҥҥа уурбатахтар. Киэһэлик, үлэлэриттэн кэлэн аһыы олорон, ирэ-хоро кэпсэтэр идэлээхтэр эбит. Аҕата ыараханнык үөһэ тыынан баран, табаарыһа саахалга түбэһэн өлбүтүн кэпсээбит. Уол түүлэ кырдьык туолбутун өйдөөбүттэр. Ол түүн уол эмиэ табаарыһын түһээбит. Ол түүлүгэр доҕоро саахал тахсыбыт сиригэр туран эрэ, тохтообут массыына нүөмэрин ыйбыт. Уол ол нүөмэри өйдөөн хаалбыт. Сарсыныгар табаарыһын дьонугар бара сылдьыбыт. Дьоно сүөм түһэн олороллорун көрөн, түүлүн туһунан бэркэ ыарырҕаттар да, кэпсээн биэрбит. Онуоха, өлбүт уол дьоно, суол үлэһиттэрэ: “Саахалга эһиги уолгут буруйдаах!..” – диэбиттэрин эппиттэр. Төһө да түүлүн иһин, дьэ, өй ыланнар бэрэбиэркэлээбиттэр. Өлбүт уол массыынаҕа соҕотох эбит. Саахалга буруйдаах киһи көрсүүтүнүүн айаннаан испиттэр. Саахалы оҥорон баран, ГАИ үлэһиттэрэ кэлэ иликтэринэ, ол дьахтарын билэр киһитин ыҥыран, күрэппит эбит. Түүлүгэр өйдөөн хаалбыт массыынатын нүөмэрэ, дьахтары ылан барбыт киһи массыынатын нүөмэрэ буолан тахсыбыт. Буруйдаахтары ыраас мууска ууран биэрбиттэр. Киһини өлөрөн баран, өссө кини сырдык аатын киртитэ сатаабыттарын, түүл көмөтүнэн булбуттар. Кини сырдык аата, өлбөөдүйбэт өйдөбүл буолан сылдьарын ситиспиттэр. Бу түбэлтэ кэнниттэн доҕорун өссө иккитэ түһээбит этэ. Маҥнайгытыгар – тоҕус хонугар. Иккиһин – түөрт уон хонугар. Ол түүллэригэр дьонугар наһаа аймамматыннар диэн илдьиттээбит... Билигин ол уол элбэх дьоҥҥо көмөлөспүтүн билэбин. Кыахтаах дьон баалларын тухары хаһан да сымыйа, кырдьык үрдүгэр тахсыа суоҕа! Бэлэмнээтэ Дьулустаан.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан