Кэпсээ
Войти
Регистрация
Үчүгэйгэ көстүбэт
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Үчүгэйгэ көстүбэт
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
15.03.2019 16:30
Эбэбит хас да ый ыалдьан баран өлбүтэ. Өлөрө үс-түөрт күн хаалбытын кэннэ, биирдэ түүн бэрт дьикти түбэлтэ буолбута. Сэтинньи саҕаланыытыгар, киэһэ хараҥаран эрдэҕинэ утуйаары оҥоһуннубут. Эбэбит 80-чалаах, түөһэйэ быһыытыйан эрэр кырдьаҕас киһи этэ. Быһата өлөр ыарыытыгар охто сытарын бэйэтэ да билэр, биһиги да бэркэ өйдүүр этибит. Онон, туох да улахан айманыы-аһыйыы, кэмин иннинэ ытааһын-соҥооһун суох этэ. “Бу орто дойдуга букатынныы кэлбит суох, олорорун, сиирин сиэбит кырдьаҕас киһи барахсан туох да муҥа-таҥа суох, бэйэтэ да эрэйдэммэккэ, биһигини да эрэйдээбэккэ этэҥҥэ, сир тоҥо илигинэ өбүгэлэригэр айанныыра буоллар” эрэ диэн курдук тиэтэтэр санаа-оноо баарын өйдүүбүн. Ийэм балтыбын кытта дьиэ нөҥүө хоһугар, оттон дьиэ биир уһугар мин эбэбин кытта сэргэстэһэ турар хосторго сытабыт. Кырдьаҕас киһи тугу эрэ үлүгүнэйэр, бэйэтэ бэйэтин кытта кэпсэтэр, ол быыһыгар утуйан муннун тыаһа сурдургуур. Убайдарым аҕабын кытта ыраах муҥхаҕа барбыттара, түүн кэлиэхтээхтэр. Мин кинигэ ааҕа таарыйа, кинилэр кэлэллэрин күүтэбин. Ийэм аах эмиэ кинилэри күүтэн утуйбакка сыталлар, хосторун уота сырдаан көстөр. Төһө өр сыппыппын өйдөөбөппүн, дьиҥинэн, улаханнык утуйбатаҕым даҕаны. Арай, куукунаҕа иһит-хомуос тыаһа иһиллэр... Куукуна остуола миигиттэн икки эрэ миэтэрэ холобурдаах сиргэ турар, хаптаһын быыс эрэ мэһэйдиир. “Хайаа-аа, дьоммут кэлэ охсубуттар эбит”, - дии санаан ылан баран, тоҕо эрэ, иһиллээтим. Бу иһиттэхпинэ, адьас атын тыас-уус. Муннун өрө сыҥа-сыҥа өрүһүспүттүү тугу эрэ сиэн кимирийэр-хадьырыйар тыас, бэрт холус иһит-хомуос тыаһа, ол быыһыгар ыт улуйан эрэрин курдук киҥинэйэр саҥа дорҕооно иһиллэр. Ол быыһыгар тосту-туоратык кэҕэрдэр. Тута сүрэҕим “бар” гына түстэ. Төһө да илэ көрбөтөрбүн, “киһи маннык аһыан сатаммат” диэн санаа төбөбөр чаҕылҕанныы саайда. Дьонум буола сылдьыыһык дуо! Мэктиэтигэр, бу “киһи” киирэн аһыы олорорун остуоллуун-устууллуун, иһиттиин-хомуостуун бары атыҥыраабыт курдук куһаҕаннык тыаһыырга-ууһуурга дылылар. Онуоха эбии, кырдьаҕас эмээхсин эмиэ ыарыытын тииһигэ киирэн ыҥыран-энэлийэр. Чочумча иһиллээн сыппытым кэннэ, нөҥүө хостон ийэм аах миэхэ туһаайан “нохоо, көр эрэ, куукунаҕа ким баарый?” дэһэр саҥалара иһилиннэ. Дьонум эмиэ уһуктаҕастарыттан эр ылан, тута куукунаҕа сүүрэн тахсан уоту уматтым. Туох да суох. “Ити икки ардыгар таһырдьа куоппута буолуо дуо?” дии санаан ааҥҥа сытар хаатыҥкабын анньыммытынан таһырдьа ыстанан тахсыбытым, туох да суох. Хата, дьиэбит таһыгар тыраахтар уота-күөһэ, муҥхаһыттар күлэр-салар саҥалара бөҕө буолбут, ол быыһыгар соболоох куулу ньохчоччу сүкпүт убайдарым көстөллөр. Аҕам аах кэлбиттэр! Ол сырыыга, дьиэбитигэр “ким эрэ” киирэн аһаабытын дьоммут байанайдаах бэриэччиттэригэр балыйбыппыт гынан баран, билигин баҕас ол тугун мин чахчы билэбин. Ол эбэбитин илдьэ бараары сылдьар абааһы ыалдьыттаан ааспыта.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан