Кэпсээ
Войти
Регистрация
Биһиги үһүө этибит...
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Биһиги үһүө этибит...
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
04.02.2021 16:02
Бааска, Хабырыыс, мин. Кинилэри кытары хаһан, хайдах доҕордоспуппун бу диэн өйдөөн этэр кыаҕым суох. Ону хантан да өйдүөмүй, бу сиргэ киһи буолан төрүөхпүттэн аттыбар өрүү баар курдуктара. Биһиги үһүөн ыаллыы олорон улааппыппыт. Дьааһылаттан, дьыссааттан саҕалаан оскуоланы бүтэриэхпитигэр диэри наар бииргэ сылдьар арахсыспат атастыылар, били этэллэригэр дылы, «икки ардыбытыгар уу тэстибэт доҕордуулар» этибит. Туох баар үчүгэйбитин, куһаҕаммытын барытын тэбис-тэҥҥэ үллэстэн, тэҥҥэ ытаһан, тэҥҥэ ыллаһан куустуспутунан бииргэ улааппыппыт. «Улааппыппыт» эрэ диирбэр тиийэбин... Дьылҕа Хаан ыйааҕа кытаанах, олох ытылҕаннаах сүүрүгэ киһи олоҕун мас хатырыгын курдук куудьуйа тардан ылан эрийэ-буруйа сүүрдэн ханна-ханна тиэрдитэлээбэтэҕэ, хайа араас кытылга илдьэн тиксиһиннэрбэтэҕэ баарай! Оҕо саас. Орто дойдуга төрөөн ортоку олукпар үктэнэн оллоонноон олорон тоҕо эрэ, тоҕо эрэ, орой мэник оҕо сааһым кэрэ кэмнэрин ахтарым-саныырым күн-түүн элбээн, күүһүрэн иһэр курдук. Былыргыны саппыт былыт сөрүөтүн сэгэтэн оҕо сааһым тумарыктыйбыт моһуонун ойуулаан көрө сатыыр мөккүөнүгэр охтор буолбутум ыраатта. Бука, сааһырыы бэлиэтэ буолуо. Оччотооҕу тыа оҕолоро, көмпүүтэр эҥин диэн кэлээхтиэ дуо, аралдьыйарбыт эрэ биир – айылҕаҕа сылдьыы. Унньуктаах уһун кыһын кэннэ саас маҥнайгы булпут дьабарааскы барахсан буолара. Оскуолаҕа «дьабарааскы тахсыбыт үһү!» диэн маҥнайгы улахан сонун тилийэ сүүрэн кээһэрэ. Ону кытары уруок ааҕар продлёнка эҥин диэн кэлиэ дуо, барардыы бардахпыт ол. Харалдьык, тыраасса хаарын уутун биэдэрэнэн баһа-баһа хорооҥҥо кутан дьабарааскылыырбыт. Хороонуттан сүүрэн тахсыбыт дьабараны кыһыл илиитинэн сабырҕаҕыттан харбаан туппут киһи хойуккааҥҥа диэри кэпсэлгэ сылдьар дьоруой аатырара. Оччолорго, сэбиэскэй кэм силигилии ситэн турдаҕына, сопхуос бааһынатын дэлэй аһыгар-үөлүгэр дьабара үөскүү да сылдьыбыта... «Сопхуос баайын куорҕаллааччыны» түөрт атаҕын быһыталаан баран сопхуоска туттаран харчы дуома аахсарбыт. Лааппыбытыгар оҕо минньигэһиргэтэн сиирэ «сгущеннай» үүт эрэ баара. «Булпут» харчытынан «сгущенка» ылан ый-күн ыһыаҕын ыһан, ыҥырар-ыҥырбат, бэрсэр-бэрсибэт дьоннонон киһи тэҥэ суох сананарбыт. Окко киириэххэ диэри хара сарсыардаттан аһыырбытын да умнан туран хара тыаны кэтэн моҕотойдоон, чыычаахтаан тахсар буоларбыт. Сөтүөлээтэхпитинэ тарбахпыт тириитэ тартаччы тардыар, харахпыт тумарыктыйан көстүөр диэри күннүктээн Арыылаах алаас хоруутун уутуттан тахсыбаппыт. Күөх хонууга илиибитин атахпытын сулус курдук сараадыччы быраҕан сытан, устан ааһар былыкка араас кыыл-сүөл омоонун көрдүүрбүт. Ол сытан кэлэр олохпутугар ким туох үлэһит буоларын ыраланабыт. Бааска – ырыаһыт, Хабырыыс – суоппар, мин булчут буолуохтаахпыт. Билигин санаатахха, космонавт, лүөччүк эҥин курдук романтика эҥээрдээх идэлэри буолбакка, кэм, сирдээҕи кыаллар идэлэри талар эбиппит. Быһа түһэн эттэххэ, ити ыралартан биирэ да туолбатаҕа. Арагаайка диэн «булт саатынан» сэбилэнэн, ыстааммыт икки сиэбин тобус-толору хаамыска «ботуруоннанан» чугастааҕы эргэнэ хара тыаны кэтэн күнү-дьылы барыырбыт. Тыраасса диэбиккэ дылы, оччолорго этэ дуо, оскуолабыт дириэктэрэ тыраасса диэки ыйан туран «эһиги 3-с кылааска үөрэнэргитигэр итинэн тимир тиһилик поезд тиргиллэ сүүрүө» диэбитэ... Ол аайы биһи поеһынан хатааһылыахпыт диэн ыраланан бөҕө. Онтубут
тимир ыллыга Илин эҥээр диэки, дьэ, кэмниэ кэнэҕэс кэллэ курдук. Оччотооҕу оҕо дьээбэтэ диэн: доҕотторбун кытта ойуур, хонуу көтөрүн барытын кэриэтэ үтэһэҕэ үөлэн амсайбыппыт. Төһөлөөх көтөр сымыытын сиэбиппитин кэпсии да барбаппын. «Күөстэнэ» олорон дьоммутуттан уоран ылбыт «беломор» бөппүрүөскэбитин табахтаан бусхатабыт. Оччолорго, дьаарай табахсыт эбиппин. Сэрии бэтэрээнэ эһэм илиим харытын саҕа улахан хамсатыгар мохуорка кээһэн туалекка “түптэлии” олорон, ийэбэр тутуллан, кипэтиинньик сунуурунан орон анныгар куотуохпар диэри улаханнык таһыллан турардааҕым. Билигин көр-күлүү курдук “7-с кылааска табахпын бырахпытым” диэтэхпинэ ким да итэҕэйбэт. Ол кэннэ табахтаабакка сылдьан баран, кырдьар сааспар 3-4 сылтан бэттэх, «сайдыбыт» аатыран, дьэ, табахсыт буоллум. Биһиги кыракый дэриэбинэбитигэр “өбүгэ саҕаттан” кэлбит “арҕаа”, “илин” диэн хайдыһан атааннаһар бөрүкүтэ суох быһыы баара. Тэпсэр ыырбыт – ким да туораттан кэһэн киирбэт кыраныыссалаах, суруллубатах сокуоннаах туспа судаарыстыба. Үһүөн сутурук курдук суулаһа сылдьан бэйэбит сирбитигэр бокуйар атахтааҕы адьаһын үктэннэрбэт этибит. Туораттан көрдөххө, уйалаах андаатарга дылы адьырҕа дьон буоллахпыт буолуо. Сороҕор улахан уолаттарга киирэн биэрэн муннубут хаана тохторо эмиэ баара. Бу санаатахха, оччотооҕу оонньуубут да холуон, дохсун эбит: толору уотурба куулламмыт сопхуос ыскылаатыгар сибиниэс доруобунньугунан арагаайканан ытыалаһабыт. Таптаран абытай-татакай, ытаһыы да баар бөҕө буоллаҕа, аанньарыа дуо. Тиэргэммит анныгар киэҥ-куоҥ Тарҕан өтөҕөр ыстаап туттан ньиэмэстээх оонньуубут. Бааска биһигиттэн икки-үс сыл аҕа бииргэ төрөөбүт убайа Арамаанныын, тоҕо да эбитэ буолла, куруук чиккэҥнэс ньиэмэс эписиэрдэрэ буолан чынаҥнаһаллара. Хабырыыс биһикки тоҕо эрэ мэлдьи баата сонноох бартыһаан оруолугар түбэһэбит. “Сэрии кэмигэр”, дьэ, дьоммут ньиэмэстии «хэндэ хоох», “Гитлер капут” бөҕө буолан, кус-хаас тойугун түһэрэн, мас аптамааттарынан тэһитэ ытыалаан иһэллэрэ харахпар субу баардыы ойууланар. Билигин ол оонньуур күөх кырыстаах өтөхпүт саҥа дьиэлэринэн туолбут дэриэбинэ биир кыбартаала буолан ойор-тэбэр оҕо сааспыт оонньуур хонуутун таһы-быһа мэлдьэһэн дьэндэйэн аҕай турар. Доҕотторум үөрэхтэригэр ойо быспыт ортолор, мин үчүгэй үөрэхтээх ахсааныгар сырыттарбын даҕаны, дьиссипилиинэм, ийэм этэригэр дылы «сордоох дьиссипилиинэ», доҕолоҥнотор этэ. Арыый бороохтуйан кыргыттары араара көрөр, күлүкпүтүн көрүнэ-көрүнэ хааман тойтоҥноһор борооску сааспытыгар гитааралыыр муода үөдүйбүтэ. Бааска ырыа куттаах убайа байаанынан да, гитааранан да тыас таһааран мелодист бэрдэ. Билигин да биһиги эҥээр аата ааттанар мусукаан. Дьиэ аттынааҕы көлүкэ үрдүнэн түптэ буруота наскыйа сатыылаабыт сайыҥҥы нуурал киэһэҕэ кини ылбаҕай ырыата киһи кутун тутардыы унаарыйа устара. Стадиоҥҥа волейбол оонньуур күн кыһалҕата суох ыччат аймалҕана, ыраах куула тыаҕа кэрээбэккэ кэҕэ этэр саҥата көй салгыҥҥа биир күдьүс ырыа буолан кутуллара. Санаан кэллэххэ эчи үчүгэй да буолар эбит эриэхсит... Биһиги да дьонтон хаалсыахпыт дуо, балабыай гитаара охсон лабыйарбыт. Сибиинньэ аһылыгын көөнньөрөр хоспоххо мустан олорон бэйэбит ВИА буолан хас уон сиринэн үүйүллүбүт, куобах туһаҕа устурууналаах «ыт буута» гитаараларбытынан саайабыт да саайабыт. Санаабытыгар биһигиттэн ордук сиппит-хоппут мусукаан
аан дойдуга суоҕун тэҥэ. Бааска – соло гитаара, мин – бас, Хабырыыс – сибиинньэ уһаатын хаппахтарынан ударник. Оччолорго кассета магнитофон да баар дьонугар баара. Биһиэхэ, оробуочайдар оҕолоругар, хантан кэлээхтиэй. Хантан эрэ истибит «Чороон» бөлөх «Ыллаан, туойан ааһыаҕыҥ» ырыатын сөбүлээн саайар этибит: Туохтан маннык эбитин Кыайан өйдөөн тиийбэппин, Сааһырдахпыт аайытын Күн сырдыга кэрэтиэн. Эдэр оҕо, эдэр эрчим саастарбыт Ааһалларын аайытын, Айманаммыт сэгээрдээр Ыллаан-туойан хаалыаҕыҥ. Дьоммут тиэргэннэрин иһинээҕи «улуу мусукааннар» иэмэ-дьаама суох ырыаларын истэ сатаан баран, салҕан-сылайан, ордуубутуттан үүрүөхтэригэр диэри тохтообот тойооскулар буоларбыт. Улахан кылаастарга арыый да оттомура быһыытыйдахпыт. Бэйэбит оскуолабыт аҕыс кылаастаах буолан, чугас бөһүөлэккэ интэринээккэ 9-10-с кылааска үөрэнэбит. Хабырыыспыт аҕыс кылаас кэннэ Чурапчыга СПТУ-га үөрэнэ барда – бу, кэлин санаатахха, оҕо сааһым доҕорун кытары маҥнайгы ыырбыт атыыта эбит. Бааскалыын Хабырыыспытын атаараары хантан эрэ хойутаан кэлбиппит, киһибит үүт тиэйэр массыына аһаҕас куусабар олорсон, уулусса быылын бурҕатан, айаннаан аҕай эрэр эбит. Массыына кэнниттэн хаһыытыы-хаһыытыы сырса сатаан баран, доҕорбутун сайыһан быыл быыһыгар субу анньан кэлбит харахпыт уутун, эр дьон элээмэтэ буолан, бэйэ-бэйэбититтэн кистээн уоран сотто туран хаалбыппытын субу баар курдук өйдүүбүн... Маҥнайгы ыраас таптал, маҥнайгы куустуһуу, уураһыы – барыта маҥнайгы, барыта сонун, барыта кэрэ... Бааскабыт кыргыттар куттарын ордук тутара мэлдьэх буолбатах. Үрдүк уҥуохтаах, сырдык хааннаах, томтоҕор сүһүөхтээх муруннаах, сиппит-хоппут эр киһилии сөҥ куоластаах, туох да тардылыга суох чэгиэн, маҥан тиистэрин кэчигэрэтэн аһаҕастык доргутан күлэр уола хаан буола улааппыта. Дьиссипилиинэбит буоларын курдук син биир мөлтөһүөр. Аармыйаттан кэлбит олохтоох оробуочай уолаттары кытта охсуһан хомсомуол ячейкатын мунньаҕар хам-түм мөҕүллэбит. Ол эрээри мин, үчүгэй үөрэхтээх аатыран, комсоргтаан «күннээн-күөнэхтээн» сылдьыбыт кэмнэрим эмиэ бааллара. Бааскам, эрдэ дьылҕаланыах быатыгар, оскуоланы бүтэрээт ыал буолан, оҕо төрөтөн сопхуоска оробуочайдыы хаалбыта. Мин соҕуруу үөрэххэ туттарсан киирбитим. Чиэски дойдуга сылдьан, төрүөхпүттэн өтөхпүттэн тэйбэтэх тыа кэнэн оҕото, дойдубун, дьоммун, доҕотторбун ахтан иэдэйдим да этэ. Биир сыл үөрэнээт тута аармыйаҕа хабыллан бардым. Доҕотторбун кытары хам-түм суруйсабыт. Арай, биирдэ Хабырыыстан я/д диэн аадырыстаах сурук кэллэ. Суругу ааҕан билбитим: Хабырыыһым саанан киһини эчэтэн хаайыыга киирбит. Сыл аҥаарын курдугунан аны Бааскам “арыгылаан баран ыал түннүгүн сууралаан хаайыыга киирдэ” диэн тэҥсик сурук тигинээн тиийэн кэллэ. Хомойбутум иһин хайыамый, оҥоһуубут оччо буоллаҕа... Ол саҕана тыа уолаттарын бэрт кыра да буруй аайы туох да аһыныыта суох хаайыыга утааран иһэр сидьиҥ үгэс баара. Көр, оннооҕор “2-3 нэдиэлэ үлэлээбэтиҥ, тунеядецкын” диэн хаайыы дугуйдаабыт дьонноро эмиэ бааллара. Хаайыы үөрэҕэр такайыллан, «хомуньууһуму тутааччы кодексын» ылыммыт үтүө дьон тахсалларын курдук кэнэн өйдөбүл олохсуйбут кэмэ этэ. Ити курдук кыраттан да тэмтэрийэн, хаайыы одурууннаах оборчотугар тимирэн олохторун сатарыппыт, кэр-дьэбэр олохтоммут саха уолаттара хас дэриэбинэ аайы бааллара мэлдьэҕэ суох. Мин
оҕо сааһым доҕотторо ол кэнтиккэ тэптэрэн, эдэр-эрчим саастарын, олохторун үтүөтүн хаайыыга бараатылар. Кыраттан саҕаланан баран силистэнэн-мутуктанан 2-лии, 3-түү болдьоххо олорон, иккиэн сэлликкэ сиэтэн, доруобуйаларын сүтэрэн хаайыыттан тахса-тахса төттөрү киирэ тураллар. Ол быыһыгар баттаһан, кыл түгэнэ устата кэпсэтэн эрэ хаалабын. Сэбиэскэй кэмҥэ хаайыы дьиэлэммит дьон саҥа үүммүт ырыынак кэмигэр тахсан да баран, оннуларын-тойдорун булбакка, түптээх олоҕу көрбөккө сырыттылар. Дэлэҕэ, Бааска муҥнаах этиэ дуо: «Оо, олох тосту-туора уларыйбыта тоҕо бэрдэй! Дэриэбинэбит аҥаара иччитэх дьиэ буолбут. Оҕо сылдьан тиэргэммит иһинэн сылдьыһар орохпут эрбэһин отунан саба үүммүт», – диэн. Мин ойохтоох, оҕолоох, үлэлээх киһи хайа кыайарбынан көмө-ама буола сатыыбын. Куоракка биирдэ эмэ охсуллубут киһини дьиэбэр ыҥыран ыалдьыттатаары гыннахпына «сэлликтээхпин, оҕолоргун харыстаа» диэн сылдьыбат этэ. Мэлдьи: «Хабырыыс биһикки эрэйдээхтэр олох олорон бүппүт дьоммут, аны кэлэн... Муҥ саатар эн киһилии сырыт. Эн үчүгэйдик сылдьаргыттан үөрэбит эрэ», – диэн тыллаах буолааччы доҕорум барахсан. Оо, Бааска, Бааска!.. Аҕыйах сыллааҕыта куоракка сылдьан суорума суолламмыта соһуччута бэрдэ. Таҥаһын-сабын бэрийэн тиһэх суолугар атаарарбар, били хаһан эрэ оҕо сылдьан Чурапчыга барарыгар курдук, кинини тиэйбит массыына хараҕым далыттан тахсыар диэри, анньан кэлбит хараҕым уутун кыатана сатыы-сатыы чороҥ соҕотоҕун туран хаалбытым... Хабырыыс билигин да олоҕун оҥостуммакка ускул-тэскил сылдьар сураҕа хам-түм иһиллэн ааһар. Дьылҕа Хаан олохпут суолун охсуһуннаран көрсүһэбит эрэ, суох эрэ. Олох салҕанар. Суор Оноҕос.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан