Кэпсээ
Войти Регистрация

Аартыкка

Главная / Кэпсээн арааһа / Аартыкка

K
15.03.2019 15:51
Бу түбэлтэ бэрт өрдөөҕүтэ буолбута. Оччолорго Бүлүү аартыга тутулла илик буолан, сайыҥҥы өттүгэр айанныырга улахан кыһалҕаны көрсөрүҥ. Бөһүөлэктэр икки ардыларыгар массыына батыллан, хастыы да хонук айанныыр түгэн элбэҕэ. Биирдэ күһүөрү ол курдук улахан таһаҕас массынатыгар тобус-толору тиэллэн айаннаан иһэн, массыынабыт “олорон” хаалла. Билигин санаатахпына, арааһа, Дьөккөн Лөкөчөөн икки ардыгар буолуо. Эр дьон бары хара ардах ортотугар бадарааны оймуу сылдьан араастаан төһүүлээн, үтэн, лебедкалаан көрдүбүт да, туох да саарабыл суох. Суоппарбыт чугас (онтубут аата эрэ “чугас”, икки-үс көс) баар бөһүөлэккэ тыраахтар көрдөһө сатыы баран хаалла. Ол икки ардыгар киэһэрдэ. Киһибит хаһан эргийэн кэлиэ-кэлимиэ биллибэт. Дьон массыына бириһиэн сабыытын анныгар киирэн утуйаары букунастылар. Мин тулуйбатым, бэйэм курдук туох да улахан таһаҕаһа суох, ыксал-тиэтэл эдэр уолу кытта аргыстаһан, суолбутун көҕүрэтэ, сир ыла турарга быһаарынныбыт. Барбах тунааран көстөр суол устун түһэ турдубут. Ардах кыратык сэллии-сэллии түһэ турар. Ол курдук час чааһы быһа хаампыппыт битэ буолла, дэлби сылайдыбыт. Хараҥата бэрт буолан, сыыһа үктээн туруйалыыр-кыталыктыыр да элбээтэ. Саппыккыбыт иһэ айаҕар диэри холдьугурас уу. Ону быыс булан сүөкэнэр, ыктар да усулуобуйа суох. Киһим сыыһа үктээн чалбахха охтон бадылҕахтыыр, маатыралыыр саҥата иһилиннэҕинэ, мин испэр кистээн күлэбин. Мин оҕуннахпына киһим эмиэ күлэр быһыылаах. Саатар хайабытыгар да чаһыбыт суох. Бука, сарсыарда үс-түөрт чаас диэки буолуо, уолум суол кытыытыгар дьиэ туртайан көстөрүн ыйда. Туох да саҥата-иҥэтэ суох, тыл быһаҕаһыттан өйдөспүт дьон сиэринэн, онно туораан таҕыстыбыт. Өрдөөҕүтэ тутуллубут дьиэ эбит. Мас кэрдээччилэр дуу, суолу оҥорооччулар дуу тутан баран бырахпыт дьиэлэрэ быһыылаах. Ардах анныгар бадарааны-ууну оймоон иһэр курдук буолуо дуо, дьиэ аата дьиэ. Хаххалаах. Испиискэнэн сырдатынан көрбүппүт, эргэ тимир ороннор түҥ-таҥ түһэн көстөллөр. Үрдүлэригэр ханнык эрэ матараас, таҥас-сап омоонноохтор. Уот эҥин оттон сыралаһар кыах суох, суумкаларбытын сыттанан баран кэккэлэһэ турар ороннорго сытан утуйан хааллыбыт. Хата, олус тымныы буолбатах курдук өйдүүбүн. Бу сытан түһээтэхпинэ, адьас кулгаахпар, кырдьаҕас эбэм олус ыксаабыт-ыгылыйбыт куолаһа: “Дьэ, нохоо! Сиэри гыннылар! Кэннигиттэн киирэн эрэллэр, хаһытаабытынан эргиллэ биэр!” – дииргэ дылы гынна. Мин тута этим сааһа аһыллан, олус соһуйан-уолуйан уһукта биэрдим, эргиллэ түстүм. Хаһытаабыппын өйдөөбөппүн. Мин өрө кулахачыйа түспүппүттэн соһуйдаҕа буолуо, мин адьас аттыбыттан туох эрэ куотан тилигириир тыаһа иһилиннэ, салгына субу ил гынна. Санаабар, туох эрэ күлүк курдук дьиэ нөҥүө муннугун диэки ыстанан эрэрэ көстөн хааларга дылы буолла. Муоста тыаһа субу илэ хаачыгыраата, эргэ остуол дуомугар ууруллан турбут тимир курууска сиргэ охтон таҥкынаата. Мин: “¤уу, бу кимий?!” – диир саҥабыттан, кэккэлэһэ сыппыт уолум эмиэ уһугунна. Куолубутунан тугу да кэпсэппэккэ, абааһыттан куотан эрэр дьоннуу туттан-хаптан, тута таһырдьа баар буола түстүбүт уонна сүүрэн элэҥнэттибит, дьиэбит көстүбэт буолбутун эрэ кэннэ тыын ылан тохтоотубут.
Ити икки ардыгар өйдөөн көрбүппүт, халлааммыт лаппа сырдаабыт. Биһиги суолбутугар киирэн салгыы хаама турдубут. Бу иһэн уолум кэпсээтэ. Кини мин кэннибэр нуучча киһитэ кэлэн барыйан турарын эрдэттэн да көрө сыппыт. Ол киһи илиитигэр туох эрэ улахан тэниҥнэс кумааҕыны уонна илиниэйкэ курдук маһы тутан туран, миигин уһаты-туора кээмэйдиир курдук туттар, уоһун иһигэр тугу эрэ ботугуруур эбит. Били “их разыскивает милиция” диэн былакаакка уруһуйдаммыт киһини кытта тэҥниир дуу, “бу кини дуу, атын дуу?” диэн таайа сатыырдыы дуу туттар-хаптар үһү. Уолум хаһыытыан баҕарар үһү да, ол улуу күтүр ыар тыыныгар хам баттатан, саҥарар да хамныыр да кыаҕа суох буолан сыппыт. Били баҕайы миигин хам сабардаан кууһаары дуу, хайаары дуу сарбаҥнаан эрдэҕинэ, мин хаһыырбытынан олоро биэрбиппин. Онтон куттанан куоппут. Хаампыппыт хас да чаас кэриҥэ буолбутун кэннэ, массыынабыт дьэ сиппитэ. Ол сырыыга Иэйиэхситим абыраабыта диэн бүк эрэллээхпин. Сэрэппэтэҕэ буоллар, туохха-туохха түбэһиэм биллибэт этэ.
kyym.ru сайтан