Кэпсээ
Войти
Регистрация
Тургутуу
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Тургутуу
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
12.03.2019 12:39
Сайын, от бытыгыраатын кытта, сайылыкка көһүү айдаана саҕаланар. Бостууктар барахсаттар ынахтарын үүрэн, саҥа түспүт, кумаҕы ытыһан ыла-ыла сирэйгэ ыһар курдук хойуу бырдаҕы бүрүммүтүнэн сайылыктарга көһөн түҥкүнүүллэр. Быйылгы көс дьонун ортотугар ыаллыы бөһүөлэктэн быйыл күтүөттээн кэлбит Микиитэ эмиэ сылдьыһар... Микиитэ – көрдөөх, саҥалаах-иҥэлээх уол. Араас бэтиэхэни, үгэни-хоһоону кэпсээн, ханна да сылдьыбытын иһин дьону бэйэтигэр түмэ тардар ураты дьоҕурдаах. Ону-маны кэпсии-кэпсии дьону кытта тэҥҥэ күлсэр, сороҕор кэпсээниттэн бэйэтэ тэбиэриһэн, ким-хайа иннинэ ыгыста-ыгыста күлэн тоҕута биэрэр. Кинини кытта кэпсэппит киһи эрэ барыта күннээҕи түбүктэн кыра да кэмҥэ тэйэн ылбыт курдук сананар. Сарсыарда үүт туттара тиийэн баран, кини кэпсээнин истээри сэргэстэһэ олорунан кэбиһэбин. Күннээҕини сэлэһэ олорон, туохтан саҕаламмыта эбитэ буолла, сыыйа кэпсэтиибит абааһы диэки халыйар. Микиитэбит кэпсиир. * * * Маҥнай кэллэҕин сыл эдэр бостуук Микиитэ пиэрмэ үлэһиттэрин кытта сайылыкка тахсыспыт. Саҥа сиргэ тиийэн, ким да олорбот соҕотох турар дьиэтигэр орон оҥостон утуйбут. Дьиҥинэн, киһи-сүөһү, дьиэ-уот элбэҕэ даҕаны, саҥа күтүөтү ким да сэҥээрбэтэҕэ эбитэ дуу, бэйэтэ кэмчиэрийэн дьонтон дьалты туттубута дуу... Быһата, соҕотоҕун иччитэх дьиэҕэ хоммут. Бастакы түүнүгэр сатаан утуйбакка баттатан сор бөҕөтүн көрбүт. Сарсыныгар оронун миэстэтин көһөрөн биэрэр. Арай, утуйа сыттаҕына, ким эрэ оронуттан сиргэ быраҕан кэбиһэр. Уол ойон тахсан, дьиэни эргийэ көтөр. Ким да суох. Халҕана барбах иҥнэн турар, хатыыра суох дьиэҕэ ким эрэ киирэн дьээбэлэннэ быһыылаах диэн, тахсан ыһыытаан-хаһыытаан көрөр да, ким да биллибэт. Сайыҥҥы халлаан хараҥарбат. Онон “утуйбута буолан кубулуна сытан, ким дьээбэлэнэрин көрүөм. Саҥа кэлбит күтүөт диэн куттаары, дьээбэлээри гыналлар быһыылаах” диэн, суорҕанын быыһынан сэмээр көрө сытар. Эмискэ ким эрэ атаҕыттан ыларга дылы буолар да, биирдэ аан аттыгар баран өрө лүһүгүрүү түһэр. Тугу да көрбөккө хаалар. Эдэр эдэрэ өтөн, харса суоҕар түһэн: “Бачча сырдыкка туох абааһыта бадьыыстаатаҕай?!” – дии санаат, били бырахпыт баҕайыны ситиэх курдук, дьиэни эргийэн кэлэр. Умуллан эрэр түптэ тыала суохха унааран турбут буруота Микиитэ ааспыт салгыныттан үрэллэ түһэр... “Баҕайы, түргэн да баҕайы эбит, кырдьык, били баҕайы буулаата дуу?” – диэн санаа охсуллан ааһар. Аны дьиэ иһигэр саһара буолуо диэн, оронун аннын өҥөйөн көрөр, муоста маһын арыйталыыр – тугу да булбат. “Киирсиэн баҕарар буоллаҕына – киирсиэм, дьиэбэр-уоппар сылдьан тэтиэнэх, тустуук аатырар этим, буулаан баран арахпат буоллаҕына, тургутуһан-тутуһан да көрүөм!” – диэн илиитин-атаҕын мускунар. Тоҕо эрэ, букатын куттаммат. Ол олорон нухарыйан барар, устунан оронугар сытан хаалар уонна... эмиэ аан аттыгар быраҕыллар! Дьэ, бу сырыыга, чахчы, киһи буолбатаҕын Микиитэ илэ-бодо итэҕэйэр. Суол уҥуор турар ыанньыксыттар дьиэлэригэр тиийэн “абааһы моһуоктаата” диэҕин, кыбыстыыта бэрт курдук. Хайа, күлүү-элэк гыныахтара, санаатахтарын аайы арахпакка саныы, ыстыыр ыас гына сылдьыахтара турдаҕа. Онон, хайыай, куттаннар да,
төттөрү киирэн оронугар олорон күн тахсарын кэтэһэр. Хата, сайыҥҥы күн өр күүттэрбэт, тааһа суох түннүгүнэн кылайан кэлэр... Киһибит дьэ уоскуйан, нуктаан ылар. Сотору кини ыанньыксыттар саҥаларыттан уһуктар. Уол кимиэхэ да кэпсээн күлүүгэ барыан баҕарбат. Онон бу түүн сордоммутун иһигэр тутан хам хатаан кэбиһэр. Ол да буоллар, ынахтарын алааска үүрэн баран, төннөн кэлэн оронун ыанньыксыттар дьиэлэригэр көһөрөн кэбиһэр. Ынахтарын киэһээҥҥи ыамҥа аҕалан баран Микиитэ таһырдьа мас хайыта турдаҕына асчыт Сүөкүлэ: “Тоҕо били дьиэҕиттэн көстүҥ?” – диэн ыйытааччы буолар. Күтүөт киһи бастаан саараан баран, туох буолбутун барытын кэпсээн биэрэр. Хата, Сүөкүлэтэ уруккуттан истэн-истэн хал буолбут суолун истэрдии бэрт холкутук кулгааҕын таһынан ылынар. Микиитэ онтон улаханнык хомойо саныыр. Хомойумуна, илэ хаама сылдьар абааһы баарын билэ-билэ, кинини онно хоннорбуттар. Ким да сэрэппэтэх, аанньа ахтыбатахтар. Ол эрээри Сүөкүлэ Микиитэни уоскутардыы: “Итинтиҥ киһини эрэ барытын моһуоктуур буолбатах ээ. Баҕар, атын сиртэн сылдьар киһи диэн тыытыа суоҕа дии санаабыппыт. Биһигини адьас сүгүннээбэт. Сатаан утуппатын иһин манна, суол нөҥүө өттүгэр кэлэн олоробут. Төһө да манна кыараҕаһын, үрүт үрдүбүтүгэр да сыппыппыт иһин, онно хонор кыах суох. Күтүр өстөөх, тоҕо да эбитэ буолла, бу суолу кыайан туораабат... Ыт үрэриттэн сылыктаатахха, дөрүн-дөрүн суолу туораары кэлэн, уһаты-туора хаама сатаан баран кыайбакка төннөр быһыылаах”, — диэн кэпсиир. Дьулусхан.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан