Кэпсээ
Войти Регистрация

Маайа хайдах үтүөрбүтүн туһунан (Кэпсээн)

Главная / Кэпсээн арааһа / Маайа хайдах үтүөрбүтүн туһунан (Кэпсээн)

K
edersaas.ru Категорията суох
28.04.2022 19:00
Маайа мөлтөөн иһэрин билэрэ. Эркиҥҥэ турар быһа тардыллар халандаар илииһэ муус устар 28 күнэ, 1984 сыл диэн кэпсиирэ.  Маайа 1906 сыллаах төрүөх. Сааһа да ыраатан эрэр, 78 диэн эттэххэ эрэ дөбөҥ. Сиэнэ Куоста оскуолаҕа үөрэнэр эрдэҕинэ: «Тоом, мин ити учуобунньуккар баар Амма Аччыгыйа диэн суруйааччыны кытта биир сылга төрөөбүтүм», — диирэ. Куоста ону салла истэрэ: эбэтэ адьас былыргы, өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи киһи эбит! Маайа иллэрээ сыллаахха инсуллуоҕуттан көрөрүнэн лаппа мөлтөөтө, барбах борутар буолла. Түөс-маас да барыах курдук буолуталыыр. Учаастактарын тэрэпиэп бырааһа Акулина Витальевна кэлэ сылдьан, көрөн-истэн баран: «Бу —  деменция саҕаланыыта, салгыы өссө мөлтүөҕэ. Онно эбии дэпириэссийэлээн, түргэтииһи…» — диэн, Маайа кыыһыгар аһаҕастык эппитэ. Паша ону истэн олус хомойбута… Сиэнэ Куоста аармыйаҕа барыаҕыттан Маайа күннүгүлүү оронугар сытан тахсар буолбута. Уруккутун санаан, уйадыйан, чарчыйбыт иэдэстэринэн итии таммах сүүрэн түһэрин ытыһын көхсүнэн туора соттоохтуура уонна дириҥник эҥсэн өрө тыынара. Ийэтин аралдьытаары кыыһа тэлэбиисэр холбуура эрээри, эмээхсин барбах борутар буолан, ону соччо кэрэхсээбэт этэ. Кинигэ ааҕыаҕын, күүстээх ачыкыттан хараҕа, төбөтө ыалдьара. Арай, Куостаттан хам-хаадьаа сурук кэллэҕинэ эрэ, сэргэхсийэн ылара. Сэниэтэ күн-түүн уостан иһэр курдуга. Паша ийэтин эрчийээри,  туруоран хаамтарар этэ. Маайа кырааскалаах ДВП муосталаах квартира устун эрэйинэн төттөрү-таары хааман содьоҥноон баран, төттөрү сытынан кэбиһэрэ. Ардах-хаар кэлээри гыннаҕына, былытырдаҕына, дьарҕата көбөрө уонна түһээн олохтон туораабыт дьоннорун көрөрө. Маайа ону иһигэр: «Арааһа, өбүгэлэрим дойдутугар барар кэмим кэлэн эрэр быһыылаах. Ити, бөөлүүн, эдьиийбитин көрдүм. Миигин күүтэр бадахтаах», — диэн тойоннуура. Паша үлэтигэр бардаҕына ийэтэ дьиэҕэ соҕотох хаалара. Ийэтигэр доҕор буолар Крося диэн хоруолуктара кырдьан өлбүтэ. Маайа, хоруолуга баарыгар, таҥнан-бөрөнөн тахсан, онтон-мантан талах быһан киирэр этэ. Убанан хааланнар, Кросяларын сиир туһунан ким да санаабатаҕа. Паша зоомаҕаһыынтан хоруолук оҕотун ылыан баҕарбыта эрээри, ийэтэ дьиэ кыылын көрөр туругуттан тахсан эрэрин иһин, тохтообута. Икки хостоох квартира иһиттэн хоруолук сыта түргэнник сүппүтэ… Чэки-курус сатыылаабыта… Саас, хаар ууллан бүппүтүн кэннэ, Төхтүртэн аймахтара, Паша тастыҥ убайа, Маайа сиэн сурдьа Айаал Геннадьевич тиийэн кэлбитэ. Маайа Төхтүртэн төрүттээҕэ, аймахтара онно олороллоро. Айаал Геннадьевич орто уҥуохтаах, эт сула, биир сиргэ таба олорбот, уртуут хааппылатын курдук эргичиҥнэс киһи этэ. Куоракка ону-маны атыылаһа киирбит киһи быһыытынан, күнүс лааппылары кэрийбитэ. Паша үлэтиттэн кэлэ илигинэ, икки илиитигэр суумкалаах кэлэн, Маайалаах квартираларын аанын чанчыгар баар элэктириичэскэй субонуок кунуопкатын тимирдьи баттаабыта. Сатыылаабыта чуумпуну уйгуурдары, эмискэччи субонуок тырылаабытыгар, Маайа үнүөхтээн туран, эрэйинэн үнэн-хоруйан тиийэн, ааны арыйбыта. Айаал прихожка ортотугар биирдэ баар буолбута, тутуурун муостаҕа уураат, бачыыҥкаларын төлүтэ тэппитэ уонна эмээхсини сиэтэн илдьэн дьыбааҥҥа олордубута. Ону-маны: лааппыга сылдьан туохха тииспитин, нэһилиэгин сонуннарын ыһа-тоҕо сэһэргии-сэһэргии гаас билиитэтигэр чаанньык кыынньара туруорбута уонна чугуун хобордооххо мас арыытыгар луугу кытта сымыыт ыһаарылаан сырдьыгынаппыта, Кэмпэндээйи бөдөҥ тууһун глазуньятыгар таммалаппыта. Паша үлэтиттэн кэлбитэ, ийэтэ бэркэ сэргэхсийбит көрүҥнээх сиэн сурдьун кытары чэй иһэ олороро. Айаал убайа Бүөтүр идэһэлэммит сибиинньэтэ үс илии сыалааҕын кэпсии-кэпсии, кэһиилэнэн кэлбит туустаах сыатын куһуоччугун кытта хара килиэби мотуйа олороро. Куукунаҕа ыһаарыламмыт лууктаах сымыыт уонна чусунуок сыта минньигэстик тарҕаппыт этэ. Айаал куоракка икки хоммута. Ол икки хонукка дьиэ иһэ биллэ сэргэхсийэн, бэл, сырдаабыкка дылы буолбута. Киэһэ Айаал дэриэбинэтин олоҕуттан кэпсиирэ. Куоста оттоһо сылдьан туттубут кыраабылынан аны сиэнэ Владик от мунньар буолбут. «Тыый, оҕо улаатара түргэнин!» — Маайа сөхпүтэ. Уйбааннаах Нөнүөһэ кулунчуктарын тиэргэннэригэр сайылаталлар эбит. Ол кулуннара Сиэнчэр диэн ааттаах үһү. Владик Сиэнчэргэ күн аайы саахар кэһиилээх тахсар, имэрийэр-томоруйар эбит. Кулунчук ыраахтан көрөөт, уолчааҥҥа утары сүүрэн кэлэр буолбут. Быйыл сопхуос хортуоппуй олордор буолатын өссө кэҥэтэр үһү. Айааллаах сельпо лааппыттан комбижир кураанах мас бочуонагын биэстии солкуобайга ылан, хаппыыста тууһанан абыранар буолбуттар. «Эдьиэй, биһиэхэ барыахха. Аймахтаргар сылдьыаҥ, дойдуҥ салгынынан сайа тыыныаҥ!» — Айаал Геннадьевич кырдьаҕас эдьиийин тыаҕа тахсарга ыҥырбыта. Маайа тыаҕа тахсаары, лаппа сэргэхсийбитэ, тэтимирбитэ, бэттэх кэлбитэ. Оронугар сытан эрэн ытыыра тохтообута. Итини хаана кэйбитэ. Айаал кэпсэтэн, массыына булбута. Паша, төһө даҕаны иһигэр саарбаҕалаатар, ийэтин айаҥҥа тэрийбитэ, таҥаһын-сабын бэрийбитэ. Массыынаҕа олорон баран Маайа эдэригэр түспүттүү санаммыта. Түннүгүнэн элэҥниир айылҕаны ахтыбыттыы,  таптыы одууласпыта. Дойдутугар кэлэн, төрүт аһын тото-хана аһаан, үүттээх хойуу чэйи астына иһэн, бэрт түргэнник сэниэлэммитэ. Аймахтарын, урукку ыалласпыт ыалларын кытта алтыһан, букатын сэргэхсийбитэ, санаата көммүтэ. Аҕыйах хонуохтаах бэйэтэ, бүтүн ый буолбута. Бэл, көрөрө тупсубута. Сиэнигэр Куостаҕа бэйэтин илиитинэн сурук суруйбута. Кыыһа Паша төлөппүөннээтэҕинэ үөрэ-көтө биэс киилэлээх, от күөх өҥнөөх чаанньыкка өрүллүбүт Эбэ уута олус минньигэһин, кийиитэ Тася наһаа минньигэстик буһарбыт моонньоҕон барыанньатын кытта грузинскай плитка чэйи төһө баҕарар иһэ олоруохха сөбүн кэпсиирэ. Владик туох да аһара улаханнык, кэмчиэрийбэккэ, «Катюшаны» ыллыырын үөрэ-күлэ сэһэргиирэ. Нэлэх Миисэ уһанар буолбут, туоһунан тымтай, тууйас, ыаҕайа оҥорор дьарыктаммыт. Сөрүүн, ардахтаах күннэргэ ыаллар оһохторун оттон, буруо сыта дэриэбинэҕэ минньигэстик тарҕанан, сүрэҕи ортотунан киирэр үһү. Маайа сиэнэ Куоста хаһан сулууспалаан кэлэрин ыйыталаһара уонна өссө биир нэдиэлэ дойдутугар сынньана түһэр баҕалааҕын этэрэ. Оттон Паша иһигэр син биир долгуйа саныыра. Арай, ийэтин чэгиэн куолаһа кинини уоскутара. Буот, дьэ, онон төрөөбүт дойду салгына эмтээх диэн мээнэҕэ эппэттэр. Айан, сырыы эмиэ туһалаах. Аймах-билэ дьоннуун алтыһыы муомурбут дууһаҕа бальзам кэриэтэ туһалаах. Соҕотохсуйан олорон, ытаан-соҥоон, санаарҕаан, күннүгүлүү санааҕа баттатан ким баҕарар түөс-маас барыан, ыалдьыан сөп, ол олох чуолкай. Оттон бу, урут буолбут, Маайа үтүөрбүтүн туһунан кэпсээммин «кыах баар буоллаҕына айаҥҥа сылдьыҥ, дьоҥҥутун кытта алтыһыҥ» диэн түмүктүүбүн. Р.S. Маайа сиэнэ аармыйаттан кэлбитигэр куоракка киирбитэ. Куоста эбэтэ үтүөрбүтүттэн олус үөрбүтэ. Сыллар ааспыттара. Маайа хос сиэннэрин көрөн, үйэтин моҥоон, толору дьоллоохтук олорон ааспыта. Ити сиэн сурдьута Айаал Геннадьевич өҥөтө дии саныыбын. Максим Ксенофонтов.
edersaas.ru сайтан