Кэпсээ
Войти Регистрация

Биир сайын

Главная / Кэпсээн арааһа / Биир сайын

K
22.02.2019 15:28
Дойдубар Чурапчыга от оҕустарааччынан үлэлии сылдьыбытым. Мэхээлэ бөтүрүөбүс Хааһыҥкын – Кыытча уонна Ньукулай Ыстапаанабыс Боппуок – Ньукууска буоламмыт сылдьабыт. Үс атынан Ампаардаах, Батаапаптар эҥин өтөхтөрүнэн сылдьан оҕустарыахтаахпыт. Хотон салҕааһыннаах балаҕан. Сахалыы симии көмүлүөк оһохтоох. Турбута быданнаабыт да, туох да буолбакка бүтүн турар. Оһох ураатын тула былыргы туостан оҥоһуллубут томторуктар, сороҕо эмиэ да ынахха, сылгыга маарынныыллар. Сорохторо эмиэ да кус курдуктар. Сөп буола-буола таҥас сыыһа баайыылаахтар. Үрүҥ хара кылынан хаппыттар. Ситиинэн эргиччи бааллан турара. Оҕо хараҕар ымсыырда көстөрө. Уоппутун онон холкутук оттобут. Балаҕан аттыгар ампаарыгар төгүрүччү сыҥаһа ороннордооҕор утуйарбыт. Кыытча саалаах этэ да ботуруона олох кэмчи. Ньукууска ааттаах булчут киһи. Лөгөнтөй Боппуок улахан кыыһын Балбаараны саҥа кэргэн ылан, бастыҥ күтүөт буола сылдьар кэмэ. Ол иһин ботуруон иитиитэ тиийдэр эрэ оҕонньор иитэ охсон биэрэрэ. Ботуруону харыстаан отой эккэ эрэ ытарбыт. Арай биир күн Уһун Көһүйэлээх алааһын оҕустара киирдибит. Ходуһабыт син орто үүнүүлээх, сорҕото кыһыл бэттиэмэлээх. Аттарбыт улахаттар. Мээй Тураҕаһа уонна Утары уола диэн ааттыырбыт. Оччолорго саас аайы аттары барыларын байыаннайдар тахсан, суруйан бараллара. Сэрии эҥин буоллаҕына хомуйуохтаах эбиттэрэ буолуо. Оннук үчүгэй улахан талыы аттар бааллара. Алаааспытын үстэ эргийиибитигэр эбиэт кэмэ буолбута. Кыычча аттарын бууталаан, аһата ыыталаан баран, чэй оргута балаҕаҥҥа барбыта. Мин Ньукууһу күүтэ хаалбытым. Киһим кэлбитигэр иккиэн аргыстаһан эбиэттии бардыбыт. Чугаһаан иһэн көрбүппүт арай балаҕан аана тэлэччи аһаҕас. Ураатынан буруо унаарбат... Арааһа Мэхээлэбит сылайан ампаарга киирэн утуйан хаалбыт эбэтэр күөлгэ кустуу киирбит буоллаҕа диэн таайа иһэбит. Тиийбиппит, биэдэрэлээх уу турбут сиригэр турар. Оһох оттуллубатах. Ситиигэ тиһиллибит оонньуурдар холумтаҥҥа сыталлар. Ону мин Ньукуус уокка быраҕыа диэн, ылан аан диэки уурдум уонна ампаарга таҕыстым. Кыытча оронугар сытан эрэ уу көрдөстө. Мин биэдэрэттэн хап-сабар сомсон биэрдим, истэ. Онно илиитэ сап-салыбырас, саҥата былдьырылаабытын биллим. Тугу да ыйыппатым. Ньукуус балаҕаҥҥа уотун оттон, чэйин оргутар аатыгар түстэ. Киирэн оонньуурдары ыйыырга сананным да тиийбэтим. Ньукууһу көрдөстүм. Киһим атыыр хомуньуус. Өссө бастаан утаа “уокка бырах” эҥин диэн тылласпыта! Син тылбар киллэрэн, эргэ чуукканан эҥин салҕанан тахсан биир өттүн Ньукууска туттаран баран эргийэн кэлэн уруккутун курдук олох сөллүбэтин курдук баайан кэбистим. Уот суоһа мөлтүүрүн саҕана томторуктары ынахтары барыларын уруккутун курдук көннөртөөн биэрдим. Киэһээ аайы от охсорбут быһахтарын чочуга ааларбыт. Чочу эрийээччи – мин, быһах тутааччы - Кыытча. Ол күнтэн ыла ити үлэ аны миэхэ тиксибитэ. Эрийээччи Ньукууска буолбута. Мэхээлэни балыаһаҕа баран көрдөр диэбиппитин батыммыта. Киһибит илиитэ салҕалаан чэй иһэригэр курууската тииһигэр охсуллар тыаһа муусуканы санатара. Саҥата да улаханнык көммөтөҕө. Туохтан эрэ улаханнык куттаммыт этэ. Тугу да кэпсээбэтэҕэ. Икки күнүнэн охсор сирбит бүтэн Мүкэ Эбэ илин өттүгэр Алар диэн сиргэ көспүппүт.
Кырабыттан сонуокка оҕус сиэтэн, бугул түгэҕин харбаан, от мустарбыт аҕай дойдум, онон бэйэм алааһым курдук саныырым, таптыырым. Курааҥҥа үлэлээбиппит хас да хоммутун кэннэ илинтэн хараҥа уулааах былыт кэлэн, ардах бөҕө түстэ. Кыытча Мэй Тураҕаһын ыҥыырдаан Төҥүргэстээҕи алаас ото төһө үүммүтүн көрө диэн саатын сүгэн элэс гынан хаалла. Ньукуус биһикки балаҕаммытыгар утуйа хааллыбыт. Күн киэһэриитэ үс кустаах тиийэн кэллэ. Мин кус үргүүр буоллум. Сотору буһара уурдубут. Өр буолбата, күөспүт буһан бидилийдэ. Эргэ төгүрүк остуолга олорон, кус сиэн мотуйдубут. Кыытчабыт, хата, үтүөрэн хаалбыт. Ампаардааҕы быһыы-майгы олох ханан да хаалбатах. Киһи киэнэ кэрэмэһэ буолбут. Ньукуус Мэхээлэни Туора Күөл балыыһатыгар баран укуоллатан кэллиҥ дуо? диэн мунаарар. Мэхээлэ Хаһаастаахха тиийэ сылдьан сүөһү бөҕөтө кэлбитин көрбүт. Икки кыыс хомуйа сатыы сылдьалларыгар көмөлөһөн Арыылаах сайылыкка үүрсүбүт. Нөмүгүлэр үһү. Быйыл кыһын Баайын алааһыгар кыстаабыттар. Дойдуларыгар от үүммэтэҕинэ эмиэ кыстыыллар үһү. Билигин Хаһаастаахтан чугас Кытаанахтар сайылыктарыгар сайылаан олороллор эбит. Кыргыттар ас арааһын аһаппыттар, кэлэ сылдьаар дэспиттэр! Ону Ньукуус истэ олорон: “Чэ, Мэхээлэ кытаат, баҕар дьол төрдө төлө барыа!” диэн хайгыыр. Эр киһи, уол оҕото буоллаҕыҥ дии! Оттон били Ампаардаах ыарыыта өстө дуо? Аата, дөбөҥүн, эмэ да чугас эбит!” Бу курдук саҥа-иҥэ кэннэ Кыытча сүргэтэ көтөҕүллэн, туох буолбутун дьэ кэпсэээтэ. – Чэйбин эһиги кэлэргитигэр түргэн үлүгэрдик оргута охсоорубун балаҕаҥҥа кэлбитим. Ааны аһан киирэн иһэн хаҥас диэки холумтан аттыгар икки эмээхсин ситиини былдьаһа тураллар эбит! Биирэ хара кэһиччиктээх. Иккиһэ халадаай ырбаахылаах. Аан аһыллаатын кытта, ситиилэрин буор муостаҕа быраҕаат, хотон иһигэр киирэн хааллылар. Сирэйдэрин өйдөөн көрбөккө хаалбытым. Баттахтара муус маҥан тэҥ соҕус уҥуохтаахтара. Мин ситиини ылан холумтаҥҥа уурбутум. Онтон уот оттор кыах суох буолан хаалбыта. Ампаарга тахсан ороммор сытынан кэбиспитим. Илиим-атаҕым барыта арахсан хаалбыта. Дьүһүн-бодо буолан сыттахпына эһиги кэлбиккит... * * * Тото-хана аһаан баран, ороммутун булуохпут иннинэ ынах бөҕө кэлэн сирбитин тэпсиэ диэн Хаһаастааҕы уонна Төҥүргэстээҕи оттуу охсуохтаахпытын эппитэ. Кырдьык, сирбитин бүтэрээппитин ынах бөҕө тоҕо анньан кэлбитэ. Үлэ кэнниттэн Мээй Тураҕаһа ыҥыырданара элбээбитэ... Ыарыы эҥин умнуллубута. “Кыытчабыт Арыылаах биир бастыҥ хоноһото буолла быһылаах” диэн Ньукуустуун таайар этибит. Кыытча тапталын Маайаны сөбүлүү көрөн Арыылаахха киэһээ айыы баран кэлэр буолбута. * * * От кэннэ сир тоҥуута Арыылаах уола Кыытча Мэхээлэ уонна Нөмүгү кыыһа Маайыс холбоһон уруу оҥорбуттарын истибиппит. Кыытча бииргэ төрөөбүт убайа Бүөтүр оччолорго маҕаһыын сэбиэдиссэйэ. Ас-үөл эгэлгэтин булбут буолуохтаахтар. Бастаан хас да сыл Арыылаахха олорбуттара, онтон кыыс дойдутугар көһөн олохсуйбуттара. Мэхээлэ сельпоҕа эппиэттээх үлэҕэ үлэлээн, онтон сопхуоска тутууга барарааптаан үлэ үгэнигэр сылдьыбыта. Дьиэ-уот туттубута. Маҥнайгы уоллара Мэхэйиил Саха сирин тустууга үтүөлээх тириэнэрэ. Маайыстаах Мэхээлэ Нөмүгү биир бастыҥ ыала ахсааннарыгар олорон, үйэлэрин
моҥоон бу дойдуттан барбыттара аҕыйах сыл буолла. Эдэр дьон күүстээх-уохтаах маҥнайгы тапталларын иҥэриммит Арыылаах сайылык бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ. Маайыстаах Мэхээлэ оҕолоро, сиэннэрэ кинилэр олорон ааспыт олохторун ситимин быспакка төрөөн-ууһаан, күннэтэ элбии, чэчирии сайда туралларыгар баҕарабын. Кинилэр ааттарын харыстаан үйэттэн-үйэҕэ сибэккинэн симээҥ. Ампаардаах балаҕан оһоҕун тула баайыллыбыт туос симэхтэрэ, баҕар, билигин даҕаны турдахтара буолуо. Аныгы олох ыччата абааһыны-таҥараны итэҕэйбэт буолбуттара ыраатта. Ньукуустуу уокка да бырахпыт буолуохтарын сөп. Куһаҕан Күөлгэ буолбут түбэлтэ итинтэн да буолуон сөп. Былыргыны тыытымаҥ, харыстааҥ. Үөһээ дойду иччилэрэ барытын бэйэлэрэ быһаарар быһылаахтар. Константин Накатов.
kyym.ru сайтан