Кэпсээ
Войти
Регистрация
Кыра кыыс ытыыра
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Кыра кыыс ытыыра
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
08.02.2019 16:05
Мин сэттэлээх-аҕыстаах сылдьан куруук эдьиийбин кытта тыаны кэрийэрбин туохтааҕар даҕаны сөбүлүүрүм. Сайын буолла да, хара тыаттан киирбэт этибит. Онно сылдьан биһиги туох да кыһалҕата суох оту-маһы ааҕарбыт, күөх окко көрүлүү оонньуурбут. Сайын дойдубут барахсан айылҕата хаһааҥҥытааҕар даҕаны кырасыабай көстүүлэнэрэ. Чыычаах ырыата-тойуга, кэҕэ саҥата, лыах үҥкүүтэ, үөн көйүүр кэлиитэ-барыыта, араас үүнээйи минньигэс сыта-сымара туохха да тэҥнэммэт кэрэ буолара. Эдьиийбин кытта биир үтүө күн эмиэ тыаны кэрийэ барбыппыт. Баран иһэн оҕо-оҕо курдук мэниктээн, сасыһа оонньоон ыларбыт. Ол иһэн мин биир олус кырасыабай лыаҕы көрөммүн, кинини эккирэтэ сүүрбүтүм. Балай да сүүрэ түһэн баран, тохтоон тулабын көрбүтүм, олох да билбэт сирбэр тиийэн кэлбит этим. Эдьиийбин ыҥыран, хаһыытаан көрбүтүм да, эппиэт суоҕа. Тыаҕа сылдьа үөрүйэх буоламмын, тута куттана, аймана барбатаҕым. Эргиллэ түһэн баран, кэлбит суолбунан төттөрү хааман испитим. Арай тулабар олус кырасыабай лыах бөҕөтө көтө сылдьалларын бэлиэтии көрөммүн, эмиэ олор диэки сүүрбүтүм. Оннук оонньуу сылдьан бириэмэ ааспытын өйдөөбөккө да хаалбытым. Биирдэ өйдөммүтүм, киэһэ буолан, күн киирэн эрэр этэ. Өйүм бааллан эбитэ буолуо, олох атын хайысха диэки тэптэрэ турбутум. Санаабар, эдьиийбин ыҥыран көрөрүм да, эппиэт суоҕун курдук суох этэ. Арай ол сылдьан тыа быыһыгар кыыс ытыырын истибитим. Эдьиийим Аанчык олорор дии санааммын, ол кыыска сүүрэн тиийбитим. Арай көрбүтүм, арбайбыт баттахтаах, кыһыл былаачыйалаах кыра кыыс оҕо мас таһыгар ытыы олороро. Кырачаан кыыс миэхэ сирэйин көрдөрбөккө, илиитинэн туора саптан олороро. Мин хата доҕор буллум дии санааммын, үөрүүм сүрдээҕэ. Кыыһым аттыгар тиийэммин “эн кимҥиний?” диэн ыйыталаспытынан барбытым. Кыыс биир да тылы саҥарбатаҕа. Мин кинилиин кэпсэтэ сатааммын, олохпор өйдөнөн хаалбыт түгэннэрбин кэпсээн лахсыйа аттыгар олорбутум. Онтон “Туйаараа...” диэн хаһыыны истэммин, онно утары сүүрэн барбытым. Аанчык барахсан миигин көрдөөн ийэ-хара көлөһүнэ барыта түспүт этэ. “Ханна сүттүҥ?” диэн соһуйбуттуу ыйыталаспыта. Мин эдьиийбин саҥа дьүөгэбин кытта билиһиннэрээри, кыыс олорбут маһыгар аҕалбытым. Ол мас таһыгар ханнык да кыыс суоҕа. Арай былыр үйэҕэ эмэҕирэн хаалбыт кыһыл былаачыйа сытара. Мин ол былаачыйаны көрөммүн, олус куттаммытым. Чахчы, ханнык да кыыс суох эбит. Миэхэ былыр үйэҕэ өлбүт кыыс харахпын баайан тыыннаах курдук көстүбүт эбит. Аанчыктыын тулабытын өйдөөн көрбүппүт, ол тыа быыһа бүтүннүү киһи уҥуоҕа этэ. Эдьиийбин кытта туох да саҥата-иҥэтэ суох сиэттиһэн баран дьиэлээбиппит. Билиҥҥэ диэри харахпар баар ээ ол былаачыйаны кэтэн баран кыра кыыс ытыы олороро... Екатерина АФАНАСЬЕВА.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан