Кэпсээ
Войти Регистрация

Саһархай сонноох дьахтар

Главная / Кэпсээн арааһа / Саһархай сонноох дьахтар

K
08.02.2019 16:04
Оччолорго мин аармыйаттан саҥа дойдубар эргиллэн кэлбит сүүрбэччэлээх уол этим. Төрөппүттэрим “оҕобут аармыйаттан ытык иэһин төлөөн, этэҥҥэ эргиллэн кэллэ” диэн үөрүү-көтүү, ырыа-тойук бөҕөлөрө. Этэргэ дылы, ыһыах эрэ тэрийбэтэхтэрэ. Мин да Ийэ дойдубун, дьоммун ахтыбыт буоламмын, үөрүүм-көтүүм, кэпсээним-ипсээним хара баһаам этэ. Ол киэһэ аҕам ончу сүүрдүбэккэ туруорбут хара “Москвич” массыынатын миэхэ бэлэхтээбитэ. Мин үөрүүбүттэн халлааҥҥа көтүөхпүн кынатым суоҕа. Кырдьык, биһиги нэһилиэкпит улуус кииниттэн хас да биэрэстэ ыраах сытара. Онон кэлэргэ-барарга тимир көлө хайаан да наада курдуга. Оскуолабын бүтэрэн баран, тута аармыйа кэккэтигэр барбыт буоламмын, үөрэххэ кыайан киирбэтэҕим. Дьиҥэ, суоппар идэтин баһылыыр баҕа санаалааҕым. Ол гынан баран бачча сааспар диэри суоппардаан көрө иликпин... Ол күһүнтэн саҥа массыыналаах киһи буоларым быһыытынан, дьону таһыынан дьарыгыран барбытым. Нэһилиэгим олохтоохторун улуус киинигэр хас күн ахсын илдьэрим. Ыаллыы олорор Дьөгүөр оҕонньор, куруук айаннаары турдахпына, “сэрэнэн сырыт” диэн этэрэ. Мин кини тугу-тугу саҥарарын олох өйдөөбөт этим. Төрөппүттэрим “кыһаллыма, түөһэйэн эрэрэ буолуо” диэн көннөрү уоскуталлара. Дьөгүөр оҕонньор “ити айан суола иччилээх, элбэх киһи оһолго түбэһэн тыына быстыбыта. Эн олох сэрэхтээх буол!” диэн хас күн ахсын сэрэтэрэ. Ол хара күн Дьөгүөр миигин тоҕо эрэ сэрэппэтэҕэ. Ити күн, эмиэ өрүү буоларын курдук, айанньыт дьоммун дьиэлэриттэн хомуйталаан, улуус киинигэр айаннаабытым. Арай ол айаннаан истэхпитинэ, утары суолга сап-саһархай сонноох дьахтар турара. Мин “тыый, сэтинньи аам-даам тымныытыгар, хайа дьахтарбыт саһаран турдаҕай?!” дии санаабытым. Аны тохтоон ылыахпын миэстэм суоҕа. “Чэ бэйи, ким эмэ ылар ини” дии санаан, ааһа барбытым. Арай айаннаан иһэн кэлиҥҥи сиэркилэбинэн көрдөхпүнэ, ол саһархай сонноох дьахтарым турарын курдук суолга турара. Мин “хараҕым иирдэ дуу” диэммин харахпын соттобун да туһа суоҕа. Төһө да түргэнник айаннаатарбын, дьахтар суолбуттан сүппэтэҕэ. Элбэх киһини тиэйэ сылдьар буоламмын, дьоммун куттаамаары, тугу да саҥарбакка инним хоту айаннаан испитим. Сотору-сотору сиэркилэбин өҥөйдөхпүнэ, дьахтарым турар буолара. Соннук оройуон киинигэр тиийиэхпитигэр диэри миэхэ саһарбыт сонноох дьахтар көстөрө, нэһилиэк киинигэр киирээппитин кытта тута сүтэн хаалбыта. Улуус киинигэр тиийэммин ийэлээх аҕам эппит дьыалаларынан күнү быһа сүүрбүтүм. Ити сылдьарым тухары саһархайдыҥы сонноох дьахтары өйбүттэн кыайан таһаарбатаҕым. Борук-сорук буолбутун кэннэ, дьоммун хомуйталаан эмиэ дьиэбитигэр төннөөрү айаҥҥа туруммуппут. Миигин кытта айаннаан кэлбит биир дьахтар “бүгүн күнү быһа төбөм ыалдьан нэһиилэ сырыттым” диэн саҥа аллайа-аллайа, массыынаҕа киирэн олорунан кэбиспитэ. Аргыс дьонум күн устатыгар тугу ситиспиттэрин кэпсэтэ-кэпсэтэ, күлсэ-салса айаннаан испиппит. Эмискэ олорон мин: “Мааҕын суолга саһархай сонноох олус дьиибэ дьахтар турарын көрбүккүт дуо?” – диэн ыйытан тэһэ барбытым. Онуоха дьонум “хайа, хайдах буоллуҥ?” диэбиттии көрөн кэбиспиттэрэ. Били, саҥаран аймана олорбут ­дьонум ах баран, саҥаларыттан маппыттара. Мин да бэйэбин сирэйгэ сырбаттарбыт курдук сананаммын, саҥарбакка айаннаан испитим. Эмискэччи уонча биэрэстэни ааспыппыт
кэннэ били дьахтар эмиэ суолга турунан кэбиспитэ. Бу сырыыга суол иннигэр турара. Массыына чугаһаан истэҕин аайы ыраатан иһэрэ. Миигин кытта кэккэлэһэ олорон айаннаан испит киһибиттэн хап-сабар “ити дьахтары ылабыт дуо?” диэн ыйыппытым. Ону киһим: “Туох дьахтарын этэҕин?” – диэбитэ. Итинник эппиэт кэнниттэн массыына иһигэр тымныы салгын биллибитэ уонна хайдах эрэ этим уу билик буолан барбыта. Ол айаннаан иһэн, эмискэ хайдах эрэ ол дьахтары ситэн ааспыт курдук буолбутум. Айанныы түһэн баран сиэркилэбин көрбүппэр дьахтар суолга көстүбэт этэ. Мин “һуу” диэт, салгыы айаннаан испитим. Ол иһэн массыына солуонуттан сытыйбыт сыт кэлэрин билбитим. Кэннибин хайыһан эргиллэн көрбүппэр бииргэ айаннаан иһэр Асяҕа (били, төбөм ыалдьар диир дьахтарга) ити абааһы дьахтар көтөхтөрөн олорор этэ. Мин олох иирдим дии санааммын, массыынабыттан хаһыытыы-хаһыытыы ойон тахсыбытым. Миигин кытта айаннаан испит дьонум тугу да өйдөөбөккө “арыгы иһэҥҥин иирбиккин” диэн, аҕыс айдааны таһаарбыттара. Кырдьык, кинилэргэ ким да, туох да көстүбэт үһү. Ити курдук, ытаһан-соҥоһон, айманан-сайманан дьиэбитин олох түүн ортото булбуппут. Ол түүн кутталбыттан олох кыайан утуйбатаҕым. Ити абааһы дьахтарын саныы-саныы, күн тахсыар диэри харахпын килээриччи көрөн баран сыппытым. Сарсыныгар ийэбэр нэһилиэк олохтоохторо “уолгут арыгылыы-арыгылыы массыынаҕа олорор буолбут. Аны кинини кытта туох да манньаҕа айаннаабаппыт” диэн мөҕүттүбүттэр этэ. Төрөппүттэрим туох буолбутун туоһулаһа сатаабыттара эрээри, кинилэргэ кэпсээбэтэҕим. Кэлин аҕа саастаах дьон манныгы эппиттэрэ. Нэһилиэк суолугар аармыйаҕа сылдьар кэммэр үс оҕолоох дьиэ кэргэн суол оһолугар түбэһэн, күн сириттэн күрэммиттэр үһү. Ол да иннинэ бу суолга араас элбэх өлүүлээх түбэлтэ буолбут үһү. Олохтон хомолтолоохтук барбыт эдэр дьон кэмиттэн кэмигэр илэ сылдьар буолбуттар эбит. Ол гынан баран, бу санаатахха, кинилэр мээнэҕэ көстүбэтэхтэр диэххэ сөп. Миигин кытта бииргэ айаннаабыт Ася диэн дьахтар ити кэнниттэн өр буолбакка, сүрэҕинэн ыалдьан олохтон күрэммитэ. Онтон миигин кытта куруук айанныыр Болуодьа эмиэ балыктыы киирэн баран, ууга түһэн өлбүтэ. Ол курдук, сыл иһигэр мин массыынабар олорсубут дьон суох буолбуттара. Ити айан кэнниттэн ол саһархай сонноох дьахтар өр кэмҥэ өйбүттэн тахсыбатаҕа. Түүлбэр кытта киирэрэ уонна утуппакка сордуура. Айан кэнниттэн хайдах эрэ илиим-атаҕым массыынаҕа барбат буолбута. Баччаҕа кэлэр быам тардан эбитэ дуу, тыыннаах хааллаҕым буолуо. Ити түгэн кэнниттэн отуттан тахса сыл ааста, мин биирдэ да массыына уруулугар олоро иликпин...
kyym.ru сайтан