Кэпсээ
Войти
Регистрация
Хараҥа хос кэпсээннэрэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Хараҥа хос кэпсээннэрэ
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
25.01.2019 16:49
Абааһылыын киирсии Санкт-Петербурга үөрэнэ сылдьан киэһэлик тахсан сүүрэрим. Ол дойду наар ардахтаах буолара. Биир киэһэ Петропавловскай кириэппэһин эргийэн кэлиэххэ диэн бардым. Арай көрдөхпүнэ, хантан эрэ дьон бөҕө биирдэ баар буолан ылла. Саҥа-иҥэ элбэх. Тахсан кэлэллэр, онтон эмиэ сүтэн хаалаллар. Уулусса туола түһэн баран уостан хаалар. Сир анныгар бункер дуу, собуот дуу баарыгар дылы. Дьикти баҕайы! Урутаан эттэххэ, Бүөтүр Пиэрибэй саҕана быстыбыт-ойдубут, бастаанньаҕа кыттыбыт дьону аҕалан Петропавловскай кириэппэһи тутууга туһаммыттар үһү. Мин ол кириэппэстэн чугас олоро сылдьыбытым. Улахан сиргэ сылдьар буолан, хоһум аанын лип хатанан баран утуйарым. Дьэ, салгыы сүүрэн иһэн арай Петропавловскай кириэппэс болуоссатыгар кэллим. Хаҥас диэки наара ыскамыайка толору. Уҥа өттүгэр лаабыс баара. Биир өттө – истиэнэ. Арай эмиэ дьон бөҕөтө субу баар буола түстэ. Хантан кэлбиттэрин билбэккэ да хааллым. Иннибэр уонча уол тахсан кэллэ. Сонно илии-илиилэриттэн тутустулар. Өссө хоннох-хоннохторуттан ылсан түргэн баҕайытык хааман миэхэ утары тиийэн кэллилэр. Дьэ, күрдьэн хаамыы диэн сүрдээх! Олох күөннэринэн тоҕо солоон ааһаллар. Мин нэһиилэ истиэнэҕэ сыстан биэрдим, онон арыычча ойоҕоспун үлтү солото сыстым. Сирэйдэрин-харахтарын көрө сатыыбын да үчүгэйдик көстүбэттэр. Уҥуохтарынан мин саҕа орто уҥуохтаахтар. Ол эрээри нуучча курдук кылбаҕар буолбатахтарын бэлиэтии көрдүм. Эмиэ устуоруйаҕа сыһыаран эттэххэ, били, Булавин бастаанньата буолбутугар Бүөтүр Пиэрибэй Украина билиҥҥи сиригэр киирэн хабырдык үлтү сынньыбыта. Онно Булавины тутан, тимир сыапка кэлгийэн Петропавловскай кириэппэскэ таһааран өлөрбүттээхтэр. Дьэ, олор сибиэннэрэ буоллаҕа дуу? Биирдэ Казанскай собуорга худуоһунньуктар үлэлэрин көрдөрбүттэрэ. Кэрийэ сылдьан сыныйан көрөбүт. Репинтэн саҕалаан Саврасовка тиийэ Сойуус аатырбыт худуоһунньуктарын үлэлэрэ барыта кэриэтэ бааллара. Көрөн баран сөҕөн кэбиспитим. Онно хаама сылдьан кэпсиир дьахтарбыт Петропавловскай кириэппэһи көрөн туран: “Манна Украинаттан хара баһаам кулуту уонна бастаанньалыы сылдьыбыт дьону аҕалбыттара. Петропавловскай кириэппэс сыбаайатын хаһыыга үлэлэппиттэрэ. Онно элбэх киһи өлбүтэ. Олору сыбаайа хайаҕаһыгар быраҕан иһэллэрэ уонна сиэмэнтэлээн иһэллэрэ. Ол эрэйдээхтэр уҥуохтарыттан бу кириэппэс тутуллубута”, – диэн, дьоһуннанан туран кэпсээбитэ. Таарыччы Египет пирамидаларыгар төһө киһи кырамтата сытарын адьас көрөн турбут курдук кэпсээбитэ. «100-нэн, тыһыынчанан киһи уҥуоҕа баар» диэн этэн таһаарбыта. Дьэ, оччотугар ол дойдуга төһөлөөх сибиэн баара биллибэт. Петропавловскай кириэппэһин таһыгар көрбүт дьикти дьонум ханна да барбыттара биллибэккэ хаалбыта. Соһуйбутум аҕай. Эрэйдээхтэр мээнэҕэ көстүбэтэх буолуохтаахтар диэн, тохтоон хаалбытым. Сатыы сылдьар киһи ыраатыа суохтааҕа. Чугас эргин суохтара. Тырамбаай эҥин ааһар, онон дьиксиммитим ааһан хаалбыта. Биэрэк кытыытынан киирэн уопсайбар быһа барбытым. Аргыый аҕай сүүрэн сэгэйэн дьиэбэр тиийдим. Ол икки ардыгар аччыктаатым аҕай. Адьас ким эрэ сэниэбин супту оборон ылбытын курдук буола түстүм. Аны санаатахха, эниэргийэбин ол кириэппэс аттыгар туох эрэ супту оборон ылбытын курдук этэ. Хоспор киирээт, хаппыт килиэп баарын сонно хачырҕатан баран сыттым. Ааммын хатанан кэбистэҕим дии. Аһаабыт
курдук сананан, хаппыт килиэппинэн түксүлээн, утуйан хааллым. Түүн утуйа сытан эмискэччи уум көтөн хаалан, уһуктан хааллым. Хоһу икки гына хайытар улахан истиэнэ курдук ыскаап баара. Ол кэнниттэн туох эрэ маҥан өҥөйөн көрдө. Барыта маҥан. Үчүгэйдик көстүбэт, сырдаан, туртайар эрэ. Ол баҕайы оронум атаҕар олордо. Олороот, сымса баҕайытык сотобуттан харбаан ылла! Икки атахпыттан саҕалаан, түргэн баҕайытык эппинэн муус курдугунан хаарыйан адьас хонноҕум анныгар кэллэ! Мин ол икки ардыгар уолуйан хаалан, били, таҥнары тутуллубут бөтүүктүү хам бааллыбыт курдук буола түстүм! Өмүттэн хааллым! Онтон ылла да хабарҕабар түстэ! Туох да алдьархай! Сытан эрэ «тыыммын хаайан сибилигин өлөрөр буолла» диэх курдук санаа охсуллан ааста. Ол икки ардыгар быччыҥмын күүрдэн баран, тустууга курдук мостик оҥордум. Хабарҕабын туппутун олох ыһыктыбат. «Мин да баарбын» дии санаатым да бэгэччэгин хам тутан мускуйдум! Олох баарбынан-суохпунан түстэҕим дии. Үйэбэр хаһан да тустан көрбөтөх киһи хаҥас илиитин туппутунан, тустуу албаһын туттан кэбистим. Мин эргиллиибэр ороммуттан арыычча охтубакка хааллым. Били баҕайы муостаҕа кууллаах тоҥ балыгы быраҕар курдук лиһигирээтэ. Мин ол икки ардыгар ороҥҥо тура биэрдим. Үрдүбэр саба түһүө дии санаан, тэбээри оҥостон өстөөхпүн өҥөйөн көрбүтүм – туох да суох... Түннүгүнэн улахан куорат уота диэн оһуобай. Хоспор уот да умаппатах иһин сырдык буолааччы. Дьэ, ол баҕайым ханна да суох. Ороммуттан ыстанан түһээт, остуолбар сүүрэн тиийэн, быһахпын сулбу таһыйан ыллым уонна оронум аннын өҥөйөн көрдүм. Орон анныгар таҥаһым сыыһын уктар чымадааным оҕото эрэ сытар... Дьэ, олорон эрэ тыын ыллым. Ол икки ардыгар дьиибэргээммин, ааммын баран көрөн кэллим. Хатаммытын курдук хатанан турар. Кэлэн сыттым. Онно эрэ биллим олус тириппиппин. Ийэ-хара көлөһүнүм тахсыбыт аҕай. Ол эрээри этим салыбыраабата, сүрэҕим эрэ тыраахтар тыаһын курдук бүтэйдии биллиргиир. Уу иһэн, барбах сыта түһэн баран Репин аллеятыгар сэрээккэлии тахсыбытым. Онон көстүбэт күүс илэ-бодо киириэн сөп эбит. Аһаҕас эттээх киһи ону билэр. Кыахтаах буоллаҕына, төлө түһэр, оттон мөлтөөн-ахсаан биэрдэҕинэ, онно быстар. Батыһыннарбыт Күһүөрү. Оттоон баран сынньанар кэм этэ. Биир эмээхсин бүтэй мөлтөх туруктаах турарын кэпсээбитэ. Ол иһин сарсыныгар онтубун көрө барбытым. Алааһым куулатыгар кэлбитим, кырдьык, эмэҕирэн ырааппыт эбит. Манан сүөһү кэллэ да киирииһи дии санаатым. Сынньана-сынньана оҥорон кэбистим. Сүөһү киирбэт гына дэлби дьаптайдым. Кыратык чэйдии түстүм. Онуоха диэри киэһэрэн, күн арҕаалаан киирэн барда. Ол сылдьан этим-сииним аһыллан хаалбыт курдук буолан хаалбыта. Дьиэлээтим. Киһи уҥуохтаах сиргэ чугаһаатым. Билиҥҥи курдук буолбатах – оччолорго араас тутуу той суох. Арай баран истэхпинэ, суол кытыытыгар истээх ыстааннаах, саҥа тэлигириэйкэ сонноох, бараан бэргэһэлээх киһи турар. Ситэ бааммакка кыбыта анньыбыта, биир кулгааҕа ситэри иҥнибэтэх. Онто тэлибирии сылдьар. Мин диэки олох да көрбөккө турар, кыһаллыбат. Сэмэн буоларын сэрэйдим. Ол
оҕонньору соторутааҕыта иирбит дьон дьыспаансырдарыгар киирбит диэбиттэрэ. «Хайдах оччо түргэнник үтүөрэ охсон хаалбытай?» дии санаан аһарбытым. Олох хамсаабакка арҕаа диэки көрөн турара. Хамнаабат. Мин уруккуттан сатаан биир тылы булан кэпсэппэтэх киһим буолан, соннук ааһа турдум. Ол гынан баран Сэмэн буоларын чахчы биллим. Кустуур күөлүм диэки көрөн турарын «өссө кустар түһэн олороллорун көрөр эбит» дии санаан ыллым. Миигин көрбөккө хаалбыта. Оҕонньору соһутумаары, саҥа аллайбакка, дорооболоспокко хаама турбутум. Дьиэбэр кэлэн сынньаммытым. Сарсыныгар доҕорум эбэтэ киирэн кэллэ. Кэпсэттэ. Чэйдээтибит. Аана туохха кэлбитин туоһуластыбыт. Онуоха эмээхсиммит “ээ, Сэмэн эрэйдээх тоҕус хонугар сылдьан баран, кыыспар төннөн иһэбин” диэтэ. Мин соһуйдум. “Тыый, бэҕэһээ эрэ Сэмэни көрбүтүм дии. Дэриэбинэ уһугар сылдьара, арҕаа диэки көрөн турара дии. Ханнык Сэмэни этэҕин?” диэн хат туоһуластым. Эмээхсиним Тырахтарыыс Сэмэн бокуонньукка сылдьыбытын лэбэйдээн бигэргэттэ... «Оннооҕор бэргэһэтин ситэ баамматах этэ дии, илэ-бодо көрбүтүм» диэн, мин олох иннибин биэриэ суох курдук өрүкүнэйдим. Эмээхсин түгэхтээх баҕайытык аллараттан үөһэ көрөн таһааран баран: “Оо, аанньаҕа көстүбэтэҕэ буолуо...” – диэбитэ. Итини этээт, туох эрэ улахан ыарахаҥҥа баттаппыт курдук, сүөм түһэн, саҥата суох оргууй тахсан барбыта. Мин саҥарыа суохпун саҥаран кэбиспиппин өйдөөн, ах баран хаалбытым. Ол кэнниттэн үс хоноот, Сэмэн бокуонньук аймахтарыгар куораттан массыыналаах дьон кэлбиттэрэ. Мас кэрдэ таарыйа куобахха пааралыы тахсыбыттара. Үһүөлэр этэ. Кыра бырааттара, хата, туга эрэ сатаммакка, барсыбакка хаалбыт. Кэлбэтэхтэригэр «массыыналара алдьанан, сиргэ хонон кэлбэтилэр» дии санаабыттар. Сарсыныгар ыалым оҕонньор матасыыкылынан туһаҕын көрө баран иһэн көрдөҕүнэ, күөлгэ көлөһө эрэ быган сытар эбит. Тохтоон көрбүт. Хаарга дьон тахсан барбыт суоллара суоҕун көрөн, туох буолбутун сэрэйэ охсоот, дэриэбинэтин былдьаспыт... Кэлэн дьоҥҥо тыллаабыт, дьаһалтаҕа биллэрбит. Дьон хомуллан, хас да тыраахтарданан тахсан, эрэй бөҕөнөн хостообуттар. Саатар, сааһыттара, үөһэ олорсон испит убайдара быыһаныа эбит да, өлүөх быатыгар, хам баанан олорон хаалбыт эбит. Аны туран, хайаларын да тыҥатыттан ууну булбатахтара. Ол аата, бары тута сүрэхтэрин быата быһа баран хаалбыт. Биир тылынан эттэххэ, ууга түһүөхтэрин инниттэн өлбүттэр үһү... Ону били эмээхсиммит эрдэттэн билбит курдук «мээнэҕэ көстүбэтэх буолуохтаах» диэбитин санаан куттаммыппыт. Батыһыннарыы кытаанах да буолар эбит... Кэриэлитии Улахан күөлгэ киһи түһэн өлбүтэ. Ол быһылаан эрэ иннинэ онно эрэһиинэ тыыбын сүгэ сылдьан, дурда туттан, хонон турабын. Арай ол олордохпуна, түүн үөһэ күөлүм дьигиһис гынан ылбыта! Тыала суохха дурдабар биллэр соҕустук уу кутуллан ылыар диэри күөлтэн долгун кэлэн сааллыбыта. Бастаан ортотун диэки сырдаан көстөн баран ол күүстээх долгун кэлбитэ. Мин ол сарсыарда тэскилиир кэриэтэ хомунан, сирбин-уоппун айах тутан тахсыбытым уонна ол эбэҕэ чугаһаабатаҕым. Ол эбэҕэ иккиэ буолан кыттыһан саалана сылдьыбыттара. Биир күн кыттыгаһа тахсыспатах. Соҕотоҕун барбыт этэ. Анды саҕана. Түүн саа тыаһа бөҕө буолбутун ол түүн
олорбут дьон истибиттэр. Ол киэһэ киһилэрэ биллибэтэх. Сарсыныгар да кэлбэтэх. Кыттыгаһа үһүс күнүгэр үлэтигэр тардыллан баран тахсыбыта. Тиийбитэ, киһитин дүлүҥ тыыта түҥнэстэн хаалбытын тыал илин баска таһааран кэбиспит. Бэйэтэ буоллаҕына суох, дурдата ыһыллан хаалбыт. Өлөрбүт андылара, мончууктара бары онно уста сылдьаллар үһү. Аньыырҕаан, ол андылары да, мончууктары да тыыппатахтара. Соннук эбэҕэ сытан хаалбыттара. Кэлиҥҥэ диэри от оҕустара сылдьан мас мончууктары хотуурга хаптаран ылаллар этэ. Кустар кэриэлитэн түспүт буолуохтарын сөп. Үйэтигэр улаханнык бултуйбутун истибэт этибит. Ол өлөрүгэр Байанайа кэриэлитэн бэристэҕэ буолуо. Биирдэ улаханнык бултуйбута тыыныгар турдаҕа, эрэйдээх кыайан уйбатах буоллаҕа. Эрэй бөҕөнөн, муҥхалаан нэһиилэ булбуттара. Түгэҕэ олоччу мас, олус арбахтаах, кыайан муҥхалаппат эбэ этэ. Улаханнык эрэйдэтэн баран булларбыта. Маяк Абрамов.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан