Кэпсээ
Войти
Регистрация
“Кистэлэҥ күүс” тугу гынарый?
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ “Кистэлэҥ күүс” тугу гынарый?
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
11.01.2019 12:26
Таҥха, бит-билгэ кэмигэр дьон-сэргэ ордук чараас эйгэлээхтэргэ, көрбүөччүлэргэ таайтара, инники олохторун торумната сатыыр дьалхааныгар түһэр. Холобур, “Кыымҥа” сыл баһыгар-атаҕар биир эмэ көрбүөччү туһунан матырыйаал таҕыста да, дьон ол киһини хантан булуохха сөбүн ыйыталаһан кыахпытын ылаллар. Оттон маннык дьону кытта күн ахсын алтыһа сылдьар биир идэлээхтэрбитигэр, “Кистэлэҥ күүс” сурунаалларга хайдах-туох быһыы-майгы буоларын айбыт таҥара бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ. Түгэни туһанан, хайдах үлэлээн-хамсаан олороллорун бу сурунаал тэрийээччититтэн Марина Платоноваттан ыйыталаһабыт. — Бастатан туран, кэллиэгэлэрбитин Бэчээт күнүнэн эҕэрдэлиибит! Эһиги сурунаалгыт быһаччы “айылҕалаах” дьону кытта алтыһан үлэлиир буоллаҕа... — Биһиги сурунаалбыт “Кистэлэҥ күүс” диэн аатын маҥнай утаа дьон соһуйа, сороҕор дьааххана да соҕус истибиттэрэ. Ол эрээри, биһиги сурунаалбыт ханнык да көстүбэт-биллибэт үтүө-мөкү күүстэринэн соччо үлүһүйбэт. Биһиги “Кистэлэҥ күүс” диэн, бастатан туран, хас биирдии киһи ис эйгэтигэр баар кыаҕын – олоххо дьулуурун, айар-тутар абылаҥын, атыннык эттэххэ ис кыаҕын — ааттыыбыт. Ол иһин сүрүн дьоруойдарбыт — айылҕаттан айдарыылаах эрэ дьон буолбатах, олоххо ураты, туспа көрүүлээх дьон онно эмиэ киирэллэр. Биллэн турар, айылҕаны кытта ситимин сүтэрбэтэх дьон олоххо туһалааҕы этэрэ, сүбэлиирэ үгүс буолар. Биир үксүн ол иһин даҕаны бу тиэмэни талбыппыт. Айылҕалаах дьоммут сүбэлэрэ-амалара, дириҥ билиилэрэ, алгыстара дьоҥҥо-сэргэҕэ олорор олохторугар туһалаатын диэн санааттан. Өссө биир улахан сорукпут — саха омукка баар араас дьикти көрүүлэри бииргэ түмэр баҕа санаа. Айылҕалаах дьоммут бэйэлэрин суруйууларыгар аҥаардас бэйэлэрин эрэ көрүүлэрин биэрэр кыахтаах буоллахтара дии. Дьэ, ол иһин, араас ураты, ардыгар олох да утарыта көрүүлэри биир нүөмэргэ таһааран дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдии ааҕааччы санаатын ордук сааһылыыр эбит. Сурунаалбыт тахсыаҕыттан ыла биһиги ааҕааччыларбыт айылҕалаах дьоммут бары “сүүс аҥыы” этэ сылдьыбаттарын, хас биирдии киһи бэйэтэ туһунан көрүүлээх буоларын өйдөөтөхтөрө буолуо дии саныыбын. Олох философията олус киэҥ, саха дьонун олоҕу көрүүтэ ураты, дьикти. Ол иһин бу хайысхаҕа кэпсэтии таҕыстаҕына дьон олус уһуктар, сэргэхсийэр, өйө-санаата дьэҥкэрэр, ол билбитин олоҕор туһанан барар. — Ураты айдарыылаах дьону кытта үлэлиир ыарахан буолбатах дуо? — Мин саныахпар, төттөрүтүн, көрүнньүк хобу-сиби тарҕатар “араҕас прессаҕа” үлэлиир ордук ыарахан буолуо. Дьон олоҕор быһаччы көмөлөһөр, үтүөтүк дьайар сурунаалы таһаарыы олус кэрэхсэбиллээх, бэйэтэ дьиктилээх. Киһи күннэтэ саҥаны арыйар, билбэтэҕин билэр. — Айдарыылаах дьону кытта быһаччы алтыһар дьон буолаҥҥыт, Таҥха кэмигэр үлэҕит үгэнэ буолуо... — Оннук. Ол гынан баран таҥхалаан, дьон дьылҕатын таайан буолбатах. Биһиги сүрүн өйдөбүлбүт – хас биирдии киһи олоҕун бэйэтэ оҥостор. Сырдыгын дуу, хараҥатын дуу бэйэтэ эрэ талар. Ол быһыытынан, киһи “бэлэм” оҥоһуллубут бырагырааманан буолбакка, бэйэтин олоҕун күннэтэ бэйэтэ эрэ айа-тута сылдьара ордук. Таҥха кэмигэр уу эйгэтэ арыллар. Ол аата айылҕа тутулунан бу кэмҥэ уу ыраастанар, бэйэтин тутулун оҥостор. Уу диэн үтүмэн үгүс информацияны илдьэ
сылдьар. Уу сыл устата иҥэриммит информациятын бу кэмҥэ уларытыан сөп. “Сүллүүкүн тахсар”диир кэммитигэр, уу иһигэр харалла сылдьар информация барыта таска тахсар, ол иһин бу кэмҥэ сэрэбиэйдиир, дьон уутугар сылдьар информациятын ааҕар кэбэҕэс буолар. Ол барыта “сүллүүкүттэр киирэр” кэмнэригэр Улуу Куйаартан, ол аата Космостан кэлэр суһумунан ыраастанар, арчыланар. Киһи эмиэ онно тиксэр кыахтаах. Ол эрээри, ойбоҥҥо умсан буолбакка, ис туругун сааһылаан, санаатын ырааһырдан, үтүө турукка киирэн. Биһиги бу күннэргэ Чурапчы улууһугар тахса сырыттыбыт, элбэх киһини кытта көрүстүбүт, сурунаалбытын, кинигэлэрбитин билиһиннэрдибит уонна, саамай сүрүнэ, дьон бэлэми кэтэһэн олорбокко, бэйэтин ис кыаҕын арыйан, туругун бөҕөргөтөн олоҕун уйгутун тупсарарыгар туһалыан сөптөөх бэйэбит көрүүлэрбитин үллэһиннибит. Ханнык да нэһилиэккэ тиийдэххэ дьон сэргэхсийбитэ, бэйэтин олоҕун, ис туругун, доруобуйатын туһугар күүскэ туруулаһар соруктаммыта ырылыччы көстөр. — Бука, ааҕааччыларгыт элбэхтик төлөпүөннүүллэрэ буолуо? — Билигин дьон элбэҕи ааҕар, үөрэтэр буолан, хаһан да бэлэмҥэ найыланан олорбот. Биһиги ааҕааччыларбыт бэйэҥ бэйэҕин көрүммэт, сайыннарбат буоллаххына ханнык да көрбүөччү, билгэһит туһалаабатын бэркэ билэллэр. Биллэн туран, кыһалҕаҕа ылларбыт дьон айылҕалаах дьон көмөтүгэр наадыйар. Эрэдээксийэбит кыракый хоһо хаһан да ыалдьыта суох буолбат. Дьон кэлэригэр, сылдьарыгар үөрэнэн хааллыбыт. — Айылҕалаах дьону кытта элбэхтик алтыһыы олоххо-дьаһахха көмөлөһөр дуу, төттөрүтүн, мэһэйдиир дуу? — Эн бэйэҥ кинилэртэн толлубат, баттаппат буоллаххына — туһалаан бөҕө буоллаҕа дии. Манна диэн эттэххэ, бу дьон үксэ “бар дьоммут, дойдубут туһа” диэн сылдьар патриоттар ээ. — Кистэл буолбатах, балар истэригэр эмиэ араас дьон баар буолар. Сырдык санаалаах дуу, хара дьайыҥнаах дуу киһи кэлбитин хайдах араараҕыт? — Биллэн туран, киһи барыта араас. Маны тэҥэ, хара үрүҥнээх, үрүҥ харалаах буоларын эмиэ учуоттанар. Биһиги хайдах-туох, төһө үтүө-мөкү киһи кэлбитин ырыҥалыы-ырыта барбаппыт. “Дьоҥҥо туһалааҕы тугу эмэ этэрдээх эбит дуу?” диэнин интэриэһиргиибит. Дьэ, оччотугар, барыта көстөн тахсар. — Олох уустугурдаҕын аайы итэҕэлгэ, араас билгэһиккэ-көрбүөччүгэ охтуу күүһүрэн иһэр дииллэр. — Айылҕалаах дьон эйгэтэ араас. Ким эрэ көннөрү эмчит, көрбүөччү, ким эрэ айылҕаттан бэриллибит көрөр-истэр, эмтиир дьоҕурун таһынан өссө олоҕу дириҥник анаарар таһымнаах улахан бөлүһүөк. Уопсайынан, бэйэҥ тугу да гыммакка олорон экстрасенс көмөтүнэн ыарыыгын тута эмтэтэн, халыҥ харчыны тартаран, тапталы ыҥыртаран, карьераны оҥорторон кэбиһэриҥ кыаллыбат. Киһи олоҕун бэйэтэ оҥостуохтаах, кини оннугар ону ханнык эрэ ойуун-удаҕан оҥорон биэрбэт. — Таҥха кэмигэр дьон билгэлэтээри Арчы дьиэтигэр үмүөрүһүү бөҕө буолар. — Ити, бастатан туран, дьон бэйэтин билбэтиттэн уонна олоҕун сыаналаабатыттан тахсар. Киһи дьылҕата биирдэ кумааҕыга суруллубут бырагыраама быһыытынан барбат, уларыйа турар. Оттон дьон билгэһиккэ наар кэлэр дьылҕаларын туһунан үчүгэйи истээри кэлэллэр. Ол эбэтэр, олохторун бэйэлэрэ тупсаралларыгар-оҥороллоругар эрэллэрэ аччаабыт дьон уоскутуна сатыыллар. Биллэн турар, улахан кыһалҕаҕа ылларан ону быһаартара сатыыр дьон эмиэ баар буолаллар. Дьиҥнээх айылҕаттан айдарыылаах
көрбүөччүлэр, билгэһиттэр онно көмөлөһүөхтэрин сөп. Мин саныахпар, бэйэтэ дьиҥнээх бигэ итэҕэллээх киһи тус бэйэтигэр уонна айылҕатыгар эрэ эрэнэр. Оннук дьон ханнык да көрбүөччү өҥөтүгэр наадыйбаттар. Айылҕатын, Дьылҕатын итэҕэйэр киһи кинилэргэ эрэнэр буоллаҕа дии... — Эһиги нэһилиэнньэни кытта элбэхтик көрсөҕүт, алтыһаҕыт быһыылаах дии? — Оннук. Сүрүн идиэйэбит, баҕабыт – “саха дьоно туруктаах буолуохтаах” диэн. Биһиги көрөрбүтүгэр, туруктаах буолууну аҥаардас социальнай боппуруостары быһааран эрэ ситиспэккин. Сороҕор, төттөрүтүн, дьон олорор усулуобуйата аһара тупсан тугу да гыныан баҕарбат, сүрэҕэ суох буолар, арыгы эҥин курдук мөкү дьаллыктарга сыстар. Итиигэ-сылааска үөрэммит, көмпүүтэр-интэриниэт эйгэлээх иринньэх оҕо дуу, салгыҥҥа, үлэҕэ-хамнаска эриллибит, эрэйи-кыһалҕаны барытын этинэн-хаанынан билбит киил, чэгиэн оҕо дуу? Бэйэҕит сыаналаан көрүҥ. Ол иһин элбэх өйдөтөр үлэни ыыта сатыыбыт, айанныыбыт, дьону кытта көрсөбүт. Билигин олохпут укулаата уларыйда. Ол курдук, дьон үксэ “хантан ас булан аһыыбын?” диир оннугар, “хайдах ырабын?” диэнтэн ордук долгуйар. Атыннык эттэххэ, дьон күннээҕи ас-таҥас боппуруостарыттан буолбакка, уйулҕа, психика уо.д.а. духуобунай боппуруостартан ордук долгуйар. Биһиги сурунаалбыт онно көмө-тирэх буолар соруктаах үлэлиир-хамсыыр. — Марина, кэпсээниҥ иһин махтал. Үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабын. Кэпсэттэ Туйаара СИККИЭР. "Кыым" № 1 22146 (2014 с.) таһаарыыта.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан