Кэпсээ
Войти
Регистрация
Таня (кэпсээн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Таня (кэпсээн)
K
edersaas.ru
Категорията суох
04.11.2024 14:00
Мин биэс саастааҕым. Аҕабын кытары күн аайы кэриэтэ килиэбинэйгэ барсарым. Барсар төрүөтүм — бэлисипиэтинэн дэриэбинэ устун хатааһылыыр баҕам. Аҕам миинэр бэлисипиэтин иннигэр миэхэ анаан кыракый сидиэнньэ оҕото олордубута. Дьэ, онно олороммун, дьону-сэргэни, кэчигирэспит мас дьиэлэри, оту-маһы олоотуу- олоотуу сайыҥҥы быыллаах суол устун айанныырбын туохтааҕар да астынарым. Килиэбинэйбит дэриэбинэ илин уһугар буолан, айаммыт да, мин оҕо санаабар, син уһун этэ. Ону ааһан, сорох күн мин атаахтыырбын толорон, аҕам, килиэп ылан баран, дьиэбитин “сүтэрбитэ” буолан аһара бара-бара арҕаа уулуссаларынан хатааһылатара. Оо, оччоҕо үөрэрим даҕаны — мин саҕа дьоллоох буолара. Ол кэннэ: “Эмиэ дьиэҕитигэр кэлбэккэ, күүлэйдии сылдьыбыккыт!” — диэн ийэбиттэн мөҕүллэрбит. Ийэм кыра балтыбын көрөн дьиэтигэр олороро. Биир сарсыарда эмиэ, буоларын курдук, аҕабынаан килиэбинэйгэ тиийдибит. Аҕам бэлисипиэтин тэйиччи соҕус күрүөҕэ өйөннөрдө. Мин ону манааччы буолан хааллым. Биэстээх оҕо тугу улаханы маныыр үһү да буоллар, санаабар сүрдээх харабылбын быһыылаах. Килиэбинэй иннэ толору киһи. Сайыҥҥы кэмҥэ атыылаһааччылары иһирдьэ киллэрбэккэ, килиэби түннүгүнэн биэрэллэрэ. Мин, таах туруохтааҕар, ол уочаракка баар дьону кэтиибин-маныыбын. Төһө да миэхэ кэннилэринэн буоллаллар, хас хамсаныыларын батыһа ааҕабын, ким хайдах таҥастааҕар, баттахтааҕар болҕомто уурабын. Төлөпүөн-көмпүүтэр үөдүйэ илик кэмигэр бэйэтэ “тыыннаах тэлэбиисэр” курдук буоллаҕа. Арай ол туран, бэйэбиттэн аҕыйах сыл аҕа лэппээһин баттахтаах кыыһы бэлиэтии көрдүм. Миэхэ кэннинэн буолан, сирэйэ көстүбэт. Тоҕо эрэ өөр да өр харахпын ол кыыска хатаатым. Хайдах, хантан эбитэ буолла — дьэ дьиибэ! — ол эрээри ити кыыс аата өйбөр баар буолан хаалла. Дьиҥэр, кинини урут хаһан да харахтаан көрө илигим. Уочаракка турар дьон ааттыахтарын иһин — ким да кинини кытта кэпсэппэтэҕэ, кэпсэппиттэрэ да буоллар — турар сирдэрэ миигиттэн ыраах, саҥалара чуолкайдык иһиллибэт. Билбиппиттэн үөрэн, астынан уонна онтубун чахчытын бигэргэтэ охсоорубун, хаһыытаан тоҕо бардым: — Таня! Кэлин кыра саҥалаах аатырбытым иһин, оччолорго чуор куоластаах этим. Оҕолор ардыгар: “Туох ааттаах улаханнык саҥараҕын”, — диэн сэмэлиир буолаллара. Оччолоох түгэн көстүбүтүгэр, бэлэһим муҥунан хаһыытаатаҕым дии. Кыыһым, күүппүтүм курдук, тута хайыһа биэрдэ. — Кырдьык, Таня диэҥҥин дуо? — мин арыый да чугаһаан ыйыталастым. — Аһа, Таня диэммин, — кыыс бэркэ соһуйбут көрүҥнээх. — Эн ону хантан биллиҥ? — Бэйэм таайдым, — кыайбыт-хоппут киһи быһыытынан мичээрдии турдум. Ити ыккардыгар Таням уочарата кэлэн, килиэбин ылла быһыылаах — түһэн миэхэ чугаһаан, аҕам кэлиэр диэри, бэлисипиэт таһыгар туран, ону-маны сэлэстибит — быһата, билистибит. Бу диэн тугу кэпсэппиппит өйбөр хаалбатах. Ити кэннэ Танялыын өтөр буола-буола өссө хаста да көрсөн кэпсэппиппит, оонньообуппут. Онтон ордук биир күнү өйдөөн хаалбыппын. Оччолорго — интэриниэт эҥин диэн суох, тэлэбиисэргэ биир-икки ханаал нэһииччэ көстөр кэмигэр — кулууп дьиэтэ хас бырааһынньык, бэлиэ түгэн аайы нэһилиэк олохтоохторун — ордук саастаах өттүн — түмэрэ. Оҕо-аймах иһирдьэнэн-таһырдьанан тоҕуоруһан,
тугу сатыырынан саатыыра. Биир ыам ыйынааҕы ылааҥы күн эмиэ олохтоохтору кэнсиэргэ ыҥырдылар. Мин, өрүү да буоларын курдук, сайыспыта буолан, эбээбин батыһан “кэнсиэр көрө” барыстым. Алта-сэттэ саастаах бэдик хантан ылбыппынан икки чаас тухары биир сиргэ тулуйан-тэһийэн олоруомуй? Эбээм миэстэтин булан олороотун кытта, кутуругум куйаарга этэ. Кулууп көрүдүөрдэрэ хараҥа, хоһо элбэх буолара. Дьэ, мин онно куттаммыта, муммута буола-буола собус-соруйан төттөрү-таары сүүрэкэлиирим, хостору өҥөйтүүрүм. Ол тэлээрэ сылдьаммын, уун-утары Танябын көрсө түстүм. Өр билсибэтэх дьон быһыытынан үөрүү-көтүү, оройунан көрүү кытаанаҕа. Дьээбэлэнэр санаабыт батарбакка, Танялыын сыанаҕа биирдэ баар буола түстүбүт. Мин, сыана үрдүгэр аан маҥнай үктэммит киһи, эбээм, ыалбыт эмээхсин, уонна да атын дьон аллара, борук-сорукка олороллорун дьиибэргии одуулаан, таалан турдум. Ол ыккардыгар Таням микрофону ылла. — Кэлиий, ыллыахайыый, — диэн миигин ыҥыран ылла. Иккиэн ханнык эрэ ырыаны ыллаабыта буолан ньаамырҕаһа турдахпытына, ыытааччы дьахтар тахсан кэлэн, муустаах ураҕаһынан үүртэлээтэ. Оччолоох кэннэ тэҥнэһиэхпит дуо — аны таһырдьа ойон таҕыстыбыт. Аттыбар бобор-хаайар улахан киһи суох буолан, босхо барбыт кэриэтэ сананан, долгуйан иһим кычыгыланара. Мэник муҥутаан, сабараанньа үрдүгэр ытынным. Онтон-мантан ыстаҥхалыы оонньуурбун чахчы сөбүлүүрүм. Санаабар, хорсуммун көрдөрөргө, бэйэм кыахпын тургутарга тоҕоостоох үрдүк этэ. Ойоору бэлэмнэнэн, түһэр сирбин кыҥаан, чохчоҥолуу, тэпсэҥнии турдахпына, арай Таням тутан ылла. — Тохтоо, мантан ыстанар сэрэхтээх. Көрүүй — ол сиргэ өстүөкүлэ бөҕө дии. Мин өйдөөн көрбүтүм, чахчы сабараанньа анна барыта өстүөкүлэ үлтүркэйэ эбит. — Үнүр манна Марианна диэн кыыс ыстанаары атаҕын тоһуппута, — Таням, аҕа киһи быһыытынан, үөрэтээччи, сэрэтээччи буолла. “Атаҕын тоһуппута” диэни истээт, ыстаныах баҕам ханан хаалбыта. Ким билэр — баҕар, ити түгэҥҥэ Таня миигин улахан эчэйииттэн өрүһүйбүтэ буолуо. Салҕыы сэрэҕэ, куттала суох оонньууларга көспүппүт. Сотору кэминэн, кэнсиэр бүтэн, тарҕаспыппыт. Ити тиһэх көрсүһүүбүт этэ. Таня үһүс-төрдүс кылааска үөрэнэрэ. Мин оскуолаҕа киирэ илигим. Дьүөгэм кэлин улаатан, интэриэһэ уларыйан, кыра оҕолору кытта оонньуура уурайдаҕа. Мин даҕаны, оҕо-оҕо курдук, сыл-хонук ааһан истэҕин ахсын, хаһан эрэ Таня диэн дьүөгэлэнэ сылдьыбыппын умна быһыытыйбытым. Билигин алҕас уун-утары да көрүстэхпитинэ, бэйэ-бэйэбитин билбэппит көстөн турар суол. Таня биһикки доҕордоһуубут, кылгас да буоллар, оҕо сааһым биир дьикти, үтүө кэрдииһэ этэ.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан