Кэпсээ
Войти Регистрация

Өлүү битин көтөрдөрө

Главная / Кэпсээн арааһа / Өлүү битин көтөрдөрө

K
21.12.2018 13:44
Сахалар хайа эмэ ыал эбэтэр өлөрдүү ыалдьа сытар ыарыһахтаах дьиэ таһын туох эмэ көтөр кэлэн буулаатаҕына, ити ыалга туох эрэ буолаары гыммыт, ыарыһах чугаһаабыт диэн тойоннооччулар. Оҕо сырыттахпына, ыаллыы дьиэбит таһыгар үүнэн турар маска биир мэкчиргэ сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри олорор адьынаттаммыта. Төһө эмэ үргүтэ, үүрэ сатаабыт иһин эргиллэн кэлэ турара. Мин дьонум куһаҕаны түүйэр диэн отур-ботур кэпсэтэллэрин өйдүүбүн. Өтөр буолан баран, ити ыал аҕалара оһолго түбэһэн өлбүтэ. Оттон тоҥсоҕой кэлэн дьиэ эркинин тоҥсуйда даҕаны, туох эрэ иэдээн адаҕыйаары гыммыт диэн саарбаҕа суох билгэлиэххэ сөп. Мас көтөрдөрө эмиэ өлүүнү түүйэллэр. Хоту, курупааскы дьиэ таһыгар сылдьара күннээҕи көстүү буоллаҕына, киин, арҕаа улуустарга дьиэ таһыгар ордууланыыта куһаҕан биккэ дии саныыбын. Хара улар бөһүөлэккэ киирэрэ эмиэ бөрүкүтэ суох көстүү. Сылгы чыычааҕа үгэс курдук бөһүөлэк, дьон-сэргэ чугаһыгар уйаланар. Оттон букатын чиэски сиргэ соһуччу баар буолан хаалбыт буоллаҕына – алдьархайга. Ханнык баҕарар чыычаах дьиэҕэ көтөн киириитин сахалар бары аньыыргыыбыт. Бочугурас, кукаакы уйатын булбут дьон уһун үйэлэммэттэр диэн билгэлээһин эмиэ баар. Оҕо сылдьан сайыҥҥы лааҕырга оттуу сырыттахпытына, биир сарсыарда олус эрдэ (бэл эрдэһит оҕонньотторбут даҕаны тура иликтэрэ) кэҕэ кэлэн балааккабыт үрдүгэр кукууктаан бөҕө буолбута. Күнүс бөһүөлэккэ бииргэ үлэлэһэр кыыспыт эбэтэ өлбүтүн туһунан сураҕы истибиппит. Куоҕас, туруйа, улун курдук уһуктаах тумустаах, уу үөнүнэн аһылыктанар улахан көтөрдөр эмиэ сэрэхтээхтэр. Кинилэри тута сылдьан баран куоттардаххына (холобур илимтэн, саанан ытан табан баран), куккун-сүргүн илдьэ баралларын туһунан араас кэпсээн-сэһэн элбэх. Айаннаан истэххинэ хааннаах бэргэһэлээх, тымныы харахтаах киргил кыыл батыһа сылдьан ытыы-ытыы сырсар, илин-кэлин түсүһэр буоллаҕына, ол эмиэ куһаҕан. Күннээҕи олохпутугар бу көтөрдөргө күдээринэ сыһыаннаһабыт даҕаны, кинилэр тустаах түгэҥҥэ ыҥырыллыбатах ыалдьыт буо-лан кэллэхтэринэ уйулҕабыт хамсыыр. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр өлүү битин көтөрдөрүн быһыытынан билэллэр. Ким маны мэлдьэһиэй? Мычыс.
kyym.ru сайтан