Кэпсээ
Войти
Регистрация
Сиэмэх ойуун
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Сиэмэх ойуун
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
21.12.2018 13:41
1958 сыл мин бастакы кылааска киирбит дьылым этэ. Оскуолабыт атын бөһүөлэккэ буолан, онуоха-маныаха диэри аҕам ыҥыыр атынан илдьэрэ-аҕалара. Суолбут, биир улахана суох Хомустаах диэн күөл аттынан ааһара. Уҥуоргу өттүгэр өтөх онно, кэрэх мас көстөрө. Аҕам бу сири наар суһаллык айаннатан дибдитэн туоруура. Онон бу сиринэн ааһарбытын мин сөбүлүүрүм. Хараххын симэн баран олордоххуна, дохсун айан хайдах эрэ ураты тыыннанан, устунан көтөн барыах өйдөбүлү биэрэрэ. Чаҕылыйан үтүөкэн күн үүммүт этэ. Аҕам иһигэр тугу эрэ киҥинэйэн ыллыыра, ол быыһыгар биһиэхэ оскуолаҕа туохха үөрэппиттэрин туоһулаһара. Хомустаахха чугаһаан иһэн аҕам үгэһинэн ах барбыта, атын айаҕын илгиэлиирэ элбээбитэ. Күөл баһынан киирэн айаннаан дибдитэн иһэн аҕам: «Тыый...» — диэн баран атын тохтотуохча курдук гынан иһэн, сорунуулахтык тиэтэтэн биэрбитэ. Оттон миэхэ туһаайан: «Мин көхсүбүн эрэ көрөн ис», — диэн кытаанахтык дьаһайбыта. Мин тоҕо эрэ күөл диэки «кылап» гынан көрбүтүм, икки бөдөҥ кус хантаччы туттан баран устан иһэн дьохсооттоһоллоро, эр-биир умсан ылаллара. Күөл баһыгар тиийэн иһэн кэннибин эргиллибитим, били кустарбыт көтөн тиийэн өтөх таһынааҕы ойуур саҕатыгар түһэн эрэллэрэ. Айаннаан тиийэн баран көрбүтүм, аҕам сирэйэ-хараҕа бэркэ турбут этэ. Дьиэтигэр киирээт, хап-сабар оһоххо мас быраҕан оттон тигинэтэн баран, арыылаах лэппиэскэни бэрсэ-бэрсэ туох эрэ диэн ботугураабыта. Ийэм таһыттан киирэн туох буоллугут диэн ыйыппытыгар: «Кэлэн иһэн Хомустаахха икки куоҕаһы көрдүм. «Оҕонньор» «хотунун» кытары сылдьаллар быһыылаах. Дьээбэлээбэтэр ханнык», — диэбитэ. Оттон мин ийэм киирбититтэн эҕэ-дьаҕа буолан: «Ол кустар өтөх кытыытыгар баран түспүттэрэ ээ», — диэбиппэр аҕам өрө кыынньа түспүтэ уонна ойон кэлэн оройго охсубута. «Аат уола, эйиэхэ этиллибитэ эбээт, мин көхсүбүн көрө ис диэн. Көрүө суохтааххын көрбүккүн!» — диэн баран төбөтүн хам туттубута. Аҕам туохтан итиччэ аймаммытын өйдөөбөккө уонна сылтаҕа суох оройго охсуллубуппуттан хоргутан ытаан сыыгынаабытым. Ийэм миигин уоскута-уоскута уотун сөргүппүтэ уонна эмиэ тугу эрэ ботугураабыта. Ити түбэлтэ кэннэ миигин аймахтарбар олордон үөрэттэрбиттэрэ. Оттон эһиилигэр аҕам илим көрө сылдьан ууга былдьаммыта. Ийэм барахсан «аҕаҥ эйиэхэ толук буолан бараахтаата” диэбитин өйдөөн хаалбыппын. Адьас улаатан баран билбитим, ити күөл кытыытыгар сиэмэҕинэн биллибит ойуун эмээхсинин кытары олорбут эбит. Оттон күөлгэ куоҕастааҕар буолуох, көннөрү даҕаны көччөх түспэт уута эбит. Сир-сир ахсын итинник иччитэх уулар баар буолалларын бары даҕаны билэр инигит. Ол ойуун улуу дьаалы мин оннубар аҕам олоҕун толук гынан ыллаҕа буолуо дии саныыбын. Силип.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан