Кэпсээ
Войти Регистрация

Умнуллубат иэйии

Главная / Кэпсээн арааһа / Умнуллубат иэйии

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
28.01.2021 15:06
Бастакы аата бастакы. Хаһан да умнуллубат иэйии буолан сүрэххэр сөҥөр, өйгөр хатанар. Сыл-хонук аастаҕын аайы өҥө-дьүһүнэ өлбөөдүйэн, дуйа саппаҕыран барар. Ол эрээри түгэн көһүннэҕинэ, бириэмэ халыҥ быылын өрө сүргэйэн тахсан, сахсынан кэбистэ эрэ урукку киэлитигэр түһэр, дууһаҥ түгэҕэр иҥмит иэйиини хостуур күүстээх эбит. Оннук эбит. Бастакы таптал. Генерал эдэр сааһын санаан ханньаак кутуллубут бакаалын эргитэ олордо. Галя, Галечка, Галинка, Галка... Хобулук тыаһаабытыгар кэннин хайыһан көрдө. Атын... Саҥа үөрэххэ киирбит оҕолор баарсанан Тиит Арыыга устан иһэллэр. Хортуоска хостуохтаахтар. Айаннаабыттара икки чаастан орто, ол иһин бастакы сонуннара ааһан, чуумпуран олороллор. Бэйэ-бэйэлэрин сэмээр уора-көстө одуулаһаллар. Уолаттар ордук кыргыттары, кыргыттар уолаттары тургута саныы иһэллэр. Кирилл Павлов бу этэрээккэ ыстаарсайынан анаммыта. Киириилээх-тахсыылаах, сытыы тыллаах уол абитура кэмигэр, приемнай хамыыһыйаҕа үлэлиир преподавателлэр харахтарыгар хатаммыта. Ол иһин кыра да буоллар, суолталаах тэрээһиннэри киниэхэ сүктэрэн испиттэрэ. Кириил тип-тап курдук барытын кэмигэр толорон иһэрэ. Ыал улахан уола буолан оҕолору тэрийэр, салайар үөрүйэхтээх. Бырааттара диэн иэдээннээх дьон буоллахтара. Кинилэри хамаандалаан, сороҕор албыннаһан даҕаны, дьиэ ис-тас үлэтин толорторор. Ийэлээх аҕата хара сарсыардаттан күн киириэр диэри холкуоска систэрин көннөрбөккө үлэлииллэрэ. Онон Кириил дьиэтин-уотун, оҕолорун — барыларын көрөн-истэн сылдьара. — Вы же старший? – нуучча кыыһа Кириилтэн ыйытта. — Я. — Ну, если так, то вы наверно в курсе, долго нам еще плыть? Жара не выносимая! Кириилгэ быраактыкаҕа ыытар дьон «чугас, 1,5 чаас диэбиттэрэ» эрээри номнуо үс чаас ууну тыыран иһэллэр. — Сотору кэлиэхпит. Чугаһаата. Итии буоллаҕына мин билигин эйиэхэ сэлээппэ оҥорон биэриэм, — диэн баран, паалубаҕа суулуу быраҕылла сытар хаһыаты ылан тэбээтэ. Уонна бэрт сылбырҕатык туттан сэлээппэ оҥорон, тиэрэн кэбистэ. Оҕолор суугунаһа түстүлэр. Бу иннинэ саха уолун улаханнык сэҥээрбэккэ испит нуучча кыргыттара, ыстаарсайдарын атын хараҕынан көрө түстүлэр. «Надо же! А что ты еще умеешь?» — диэн буолла. Кириил хаалбыт хаһыат сирэйдэриттэн араастаан бүк-тах тута-тута лыаҕы, баҕаны, сөрүүкэтэр веери оҥортолоон кыргыттарга түҥэтэлээтэ. Нуучча уолаттара күнүүлээн бардылар. Уһун хатыҥыр уол: — Подумаешь! Тоже мне мастер газетных дел! – диэн үгэргээбитин кыргыттар кулгаахтарын таһынан аһардылар. Бастакы сэҥээриитин онно ылбыта быһыылааҕа. Куорат уолаттара тылынан суустуурга баҕас тэҥнээхтэрэ суоҕа. Оттон хара үлэҕэ олус ньуулдьаҕайдара. «Харчы төлүүллэр дуо? Төһөнү ааҕалларый?» диэн, күнү быһа ону сураһан тахсаллара. Саха оҕолоро олох аҕыйахтара. 50 устудьуонтан 10 эрэ оҕо тыаттан төрүттээҕэ. Биир да саха кыыһа суоҕа. Үлэлэрин салайар, кыргыттарга өрүү ытыктабыллаахтык сыһыаннаһар уол түргэн үлүгэрдик кэрэ аҥаардар сүрэхтэрин туппута. Ону бэйэтэ билбэт, сэрэйбэт да этэ. Туох баарынан, тыаҕа дьон бэйэ-бэйэтигэр сыһыанын көрөн, устудьуоннарга оннук сыһыаны олохтуурга дьулуһара. Кыра балтын санаан кыргыттарга олус сымнаҕастык сыһыаннара. Ыарахан кууллары тыыттарбата. Биэдэрэлэрин толордохторуна, уолаттар манаан туран
көтөхсөллөрүгэр дьаһайбыта. Бэйэтэ кыыс-уол сыһыаныгар саҥа оскуоланы бүтэрбит тыа уола туох уопута кэлиэй. Кыргыттарыгар барыларыгар тэҥник, истиҥник сыһыаннаһара, кими да чорбоппото. Үлэтинэн-хамнаһынан Кирилл Петрович Екатеринбурга элбэхтик тиэстэр. Бүгүн филиалларын дириэктэрин кытары көрсө баран иһэн, эмискэ, соһуччу баҕайы лифкэ бииргэ үөрэммит кыыһын көрсө түстэ. Институту бүтэриэхтэриттэн 30 сыл ааста. Ол да буоллар Галяны тута биллэ. Кыратык сонообут, дьоһуннаммыт. Уот кыһыл баттаҕа көмүс өҥнөммүт. Кыыс сылдьан күллэҕинэ, тириттэҕинэ, ыксаатаҕына иэдэһигэр бытыгыраһан тахсар быыкаайык эбирдэрэ сүппүт. От күөх хараҕынан тыйыстык көрүтэлиир. Кирилл Петрович дьахтар кэннигэр туран: — Галя, Галечка, это ты? – генерал дьахтары аргыый ыҥырда. Дьон-сэргэ ортотугар «Галечкаламматаҕа» ырааппыт быһыылаах, дьахтар улаханнык кыһаммата. Атын дуу? — Ладушкина! Дьахтар кэмниэ кэнэҕэс кэннин хайыста. Урукку араспаанньатын билэр кимий бу? Тыйыстык тутта сылдьыбыта ааһан, сэгэс гыммыт сирэйдээх эргилиннэ. Күлэн мичийэн турар эр киһини өр одуулаата, онтон: — Кирюшка! Это ты?! Неужели это ты?! — Я так изменился? — Неужели это ты?! – дьахтар омун-төлөн түһэрдэ. Бэркэ үөрбүт дьон лифт аана нэлэччи аһылларын кэтэспэккэ, кыбылла-кыбылла таһырдьа таҕыстылар. Куустустулар, сылластылар. Ханна-туохха сылдьалларын сураһан, ыйыталаһан баран, киэһэ налыччы рестораҥҥа көрсүөх буолан араҕастылар. Кирилл Петрович эдэр сааһын кытары сирэй көрсүбүт курдук сананан, ол күнү быһа үөрүүтүттэн муннун анныгар киҥинэйэ сырытта. Киэһэ Галина эппит рестораныгар таксинан илтэрдэ. Долгуйан эрдэ кэлбит. Кэтэһэ таарыйа кыратык ханньаак сакаастаан сыпсырыйа олордо. Кэнниттэн тыаһа суох сыбдый ан кэлэн ким эрэ сымнаҕас ытыһынан хараҕын саба тутта. Кириил эргиллибэккэ олорон: — Самая прекрасная женщина этого вечера – Галечка, — диэтэ. Билигин кини урукку курдук саха кэнэн уола буолбатах. Дьахтар аймаҕы кытары элбэхтик ыкса билсибит эр бэрдэ. Галята бэрт минньигэстик күллэ. Кириил дьахтар илиитин туппутунан туран кэллэ. Ытыһыттан уураата уонна: — Ты прекрасна! – диэн кэмпилимиэн эттэ. Галина уолуга дириҥ аһаҕастаах, кылгас сиэхтээх, тобугун ааһар былаачыйалаах. Муус маҥан моонньугар бирилийээннээх кольелаах. Оннук таастаах ытарҕалаах. Үрдүк хобулуктаах түүппүлэлээх. Кириилтэн өссө өндөс буола сыспыт. Генерал бэйэтэ киппэ, лахаҕар быһыылаах буолан, уһун уҥуохтаах дьахталлары олус астынар. Кэпсэтэн-ипсэтэн бардылар. Галина үөрэҕин бүтэрэн баран, дьонун кытары Калининградка көһөн барбыт. Кэргэн тахсыбыт. Сатамматах. Кэлин иккистээн кэргэннэммитэ, билигин улахан дуоһунастаах киһи эбит. Биир уоллаахтара Англияҕа үөрэнэр үһү. Дьахтар бэйэтэ хас да куоракка филиаллаах чааһынай тутуу тэрилтэтин салайар эбит. Екатеринбурга үлэтинэн кэлэ сылдьар кэмэ. Оттон Кирилл Петрович — ФСБ генерала. Кэргэннээх, икки кыыстаах. Биир сиэннээх. Манна командировкаҕа кэлэ сылдьар. — Эн хайдах байыаннай буолан хааллыҥ? – Галина ыйытар. — Үөрэхпин бүтэрэн баран, кэргэним дойдутугар Анаабырга анаммытым буолбат дуо? Онно сылдьан КГБ-га киирэн, үөрэнэн, онтон салгыы ити структураҕа үлэлээн генерал-лейтенант чыыннаахпын. Кэпсэтии-ипсэтии, күндү арыгы, ханньаак кэнниттэн Галина:
— Ээх, Кирюшка, Кирюшка! Ты даже не представляешь как мы все по тебе сохли! Да мы все передрались из-за тебя! – диэн билиннэ. Кирилл Петрович: — Это я сейчас только понял. А тогда... какая там любовь! – эр киһи илиитинэн сапсыйда. — А когда ты женился, на этой... — Галина тылын быһа ытырда. — Мы всем курсом рыдали, — төбөтүн кэннигэр быраҕан күлэн титирэстээтэ. Эриэккэс да эбит! Кыргыттар кини курдук боростуой саха уолун туһуттан ытаабыттара, дьикти. — Онтон улааппыппыт. Бастакы тапталбытын умнубуппут, — Галина кураанах бакаалын көрдө, генерал хап-сабар арыгы кутан биэрдэ. Бу киэһэ генерал хаста даҕаны Галинаҕа анаан ырыа сакаастаата. Хас түмүгүн аайы «от генерала Павлова» дэттэрэр. Омук дьоно кыра уҥуохтаах азиат генерал буоларын дьиктиргии көрөллөр. Өссө кырасыабай дьахтары хам кууһан вальстаан элэҥнэтэрин өйдөөбөтөхтүү одуулууллар. Сааһыран эрэр дьон хаһан да эргиллибэт кэмнэрин санаан, саба биэрбит эдэр саас ахтылҕаныттан туймааран, сыстыһан-долгуйан, хам куустуһан үҥкүү бөҕөтүн үҥкүүлээтилэр, эргийии бөҕөтүн эргийдилэр. Дьон баар да диэн туттумматылар. Официант счет аҕалла, Кирилл Петрович сиэбиттэн кумааһынньыгын хостоон истэҕинэ, Галина түргэн үлүгэрдик эр киһи илиитин хам тутта уонна кытаанахтык эттэ: — Бу киэһэ, бу ахтылҕан — мин хаппырыыһым! Онон мин төлүүбүн, — диэтэ. Кирилл Петрович нүөмэригэр ыҥырда. Санаатыгар, эмиэ кини олоҕун тухары Галинаны эрэ күүппүт курдук сананна. ... Сарсыарда, өссө боруҥуйга Галина оронтон туран таҥнарын-саптарын, оҥостунарын-туттарын Кирилл Петрович саҥата суох астына одуулуу сыта. Уохтаах да түүн! Эдэр саас таптала! Дьахтар симэнэн баран тахсардыы оҥоһунна. Кирилл Петрович туран Галинаны кууһан ылла. Уураары гыммытыгар дьахтара сымнаҕастык түөһүттэн аста. Генерал өссө ыга тарта, дьахтара кэннинэн чинэйэн биэрдэ. Кирилл Петрович таһырдьааҥҥы банаар уотугар Галинаны эргилиннэри тардан баран сирэйин көрдө. Хараҕын. Дьахтар бэҕэһээҥҥи курдук кинини умсугуйа, баҕара, абылата көрбөт. — Кирюша, бу түүнү мин отуттан тахса сыл түүл гынан илдьэ сырыттым. Саныыр этим. Саатар, өлүөхпэр диэри биирдэ эйигин көрбүт киһи диэн. Көрдүм. Баҕабын толордум. Уонна... бүттэ. Миигин көрдөөмө, сураһыма. Ити итинэн бүппүтэ. Эдэр саас амтана, ахтылҕана биир киэһэнэн, биир түүнүнэн түмүктэнэрэ ордук. Уһуннук сыһыллан-соһуллан бардаҕына сонуна ааһар, амтана аһыйар. Туйаара НУТЧИНА.
kyym.ru сайтан