Кэпсээ
Войти Регистрация

Сиэмэх оҕонньор

Главная / Кэпсээн арааһа / Сиэмэх оҕонньор

K
18.12.2018 17:19
Былыр бу сиринэн Дьокуускай-Айаан аартыга ааһар буолан, элбэх киһи-сүөһү тоҕуоруһара эбитэ үһү. 1930 сыллардаахха Ааллаах Үүн үрэҕин аттыгар аартык айаҕар олохтоох биир оҕонньору кыһыл чекистэр сонордоһон кэлэн, ытан өлөрбүттэр. Бу оҕонньор айаҕын ииттэр, бултаан аһыыр кыаҕа суох буолан, аартыгынан айаннаан иһэр биирдиилээн дьону өлөрөн сиир, малларын-салларын туһанар куһаҕан адьынаттаах эбит. Бука, соҕотох хаалбыт саха дуу, эбэҥки дуу оҕонньоро буолаахтыа. Ааспыт үйэ 20-с, 30-с сылларыгар ити эргин олох-дьаһах соччо бэрдэ суоҕа үһү. Ити эҥээринэн былаастан, сууттан-сокуонтан куоппут урукку үрүҥнэр тобохторо адьас хойукка диэри саһа, күрэнэ сылдьыбыттар. Араас хаамаайы нуучча дьоно, кыһыллар-үрүҥнэр, дьорҕоот тоҥус хоһууннара, саха күрүөйэхтэрэ, көмүһү уоран хостооччулар – бары даҕаны мөлтөҕү-сыппаҕы бырастыы гыммат, чэпчэкитик кэлэри мүччү туппат дьон Уус Майа сирин тилэри киэптээн олорбуттар. Бу курдук, биирдиилээн сылдьар киһи сүтэн-оһон хаалара сонун буолбатах кэмигэр балыйтаран, били оҕонньор соҕотоҕун халаан-талаан олорбут. Ол кэмҥэ, култуурунай өрөбөлүүссүйэ сылларыгар биир эдэр учуутал киһи Күп-Эдьээн тоҥустарын сырдатар-үөрэтэр соруктаах бу түөлбэҕэ айаннаан кэлбит. Били, «көмүс күһүн» диэн киэргэтэн ааттаныллар үтүө кэмҥэ суолу-ииһи билбэт эдэр киһи аара түҥ тайҕа быыһыгар чороҥ соҕотох олорор оҕонньору булан үөрбүт-көппүт. Оттон дьиэлээх оҕонньор ыалдьыт кэлбититтэн үөрбүт сибикитэ биллибэтэх. Саҥата суох дьэбин уоһан сылдьан оҕонньор уол табаларын сыгынньахтаан тыаҕа ыыталаабыт. Ол сылдьан табалары чинчилиирдии көрө-көрө: «Баҕайылар, ырыгаттара да бэрт эбит...» — диэн мыыммыттыы саҥа аллайбыт. Дьиэҕэ киирэн аһыы олорбуттар. Остуолга ас-үөл кэмчи үһү. Уол соҕотоҕун чуҥкуйан олорор оҕонньору сэргэхситээри бэлиитикэ, олох-дьаһах туһунан кэпсии сатаабыт, бэл, «долгун курдук куугунаан...» ыллаан да көрбүт. Оҕонньор ымыр да гынан көрбөтөх. Дьэбин уоһуйан олорбутун курдук олорбут. Киһи сирэйин-хараҕын утары таба көрбөт эрээри, уол кэннинэн буолла да оҕонньор олус иччилээхтик, субу сиэх-аһыах курдук уодаһыннаахтык тонолуппакка көрөрүн сэрэйбит. Улам-улам дьиксинэн барбыт. Халлаан хараҥаран, эргэ балаҕан иһэ боруҥуй буолбут. Кэлтэй кэпсии-ипсии олорон, оҕонньор хараҕа хараҥаҕа «фосфордаах» курдук чаҕылыйан көстөрүттэн уол этэ тардыбыт. Түүнүн сэргэхтик утуйарга быһаарыммыт. Түүн балаҕан иһигэр туох быһылаан буолбутун ким да билбэт. Арай, ол сарсыардатыгар көхсүн сүгэнэн хайа оҕустарбыт, хаана баран саккырыы сылдьар уолу ааһан иһэр көс тоҥустар булан өрүһүйбүттэр. Сиэмэх оҕонньор уолу сүгэнэн сиирэ-халты охсон бааһырдан баран, биир көс холобурдаах сири быһа сырсыбыт. Быһата, бүтэй оҥоһуулаах уол буолан мүччү туттарбыт. Тыллабыр киирбитин кэннэ, кыһыл хамыһаардар оҕонньорго тиийэн «боппуруоһу быһаарбыттар». Төһө да утуйа сытар дьоҥҥо «сиэмэҕин» иһин, 70-ча саастаах кырдьаҕас оҕонньор саалаах дьоҥҥо хайдах утарылаһыай? Бука, саҕатыттан харбаан таһааран, ыт курдук ытан кэбистэхтэрэ. Оҕонньор били уол табаларын хайыы-үйэҕэ өлөрөн булууһугар харайан сытар эбит. Булууһугар өссө икки киһи өлүгэ ыарахан кыстыгы туоруур «идэһэ» быһыытынан эттэнэн, үөрэҕэстэнэн бэлэмнэнэн сыталлара үһү. Оҕонньор халаабыт харчытын, көмүһүн буор көһүйэҕэ кутан оронун
анныгар уурар идэлээх эбит. Адьас кэлин оҕонньор ууланар көлүйэтигэр хас да киһи төбөтүн уҥуоҕа тимирэн сытарын булбуттар. Көрбүт истибит.
kyym.ru сайтан