Кэпсээ
Войти Регистрация

Уопсай “түүҥҥү” олоҕуттан аҕыйах түбэлтэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Уопсай “түүҥҥү” олоҕуттан аҕыйах түбэлтэ

K
18.12.2018 17:15
Кыра оҕо сүгүннээбэтэх Сэргэлээххэ саҥа тутуллубут тупсаҕай көстүүлээх уопсай дьиэлэр дьэндэһэн тураллар. Биир оннук саҥа уопсайга кыра оҕону көрөллөр үһү. Ол оҕо барахсан арыт ытаан сыҥсыйар, арыт иһин түгэҕэр тугу эрэ ботугуруур эбит. Биирдэ маннык түбэлтэ буолбуттаах. Устудьуоннар үөрэнэн кэлэн, куолуларынан, куукуналарыгар мустан, күлэ-үөрэ аһыы олорбуттар. Күрүлүүр күнүс эбит. Күн да күн: туох барыта хартыынаҕа курдук ырылыччы көстөн олороро үһү. Ол аһыы олордохторуна кэннилэригэр эмискэ сүр улаханнык хатан тыас өрө хабылла түспүт. Оҕолор тыас хоту кэннилэрин диэки эргиллэ түспүттэр. Арай, доҕоор, көрүдүөр муннугар кыракый уол оҕо олорор үһү. Оҕолор эмискэ өйдөнөн кэлбиттэрэ бары куустуһан баран тураллар эбит. Кэлин арыый уоскуйа түһэн, тыын ылан баран «4-5 саастаах оҕоҕо майгынныыра. Уол оҕо этэ» диэн кэпсээбиттэр. Ити түбэлтэни истэн баран, дьүөгэм кэпсээбитин өйдүү биэрбитим. Эмиэ бу уопсай аллараа этээһигэр дьүөгэм билэр кыргыттара төрдүө буолан олорбуттар. Ол кыргыттар кэмиттэн кэмигэр баттатан уһукталлар эбит. Харахтарын кытыытынан көрдөхтөрүнэ, үрдүлэригэр кыракый уол оҕо олорор буолар үһү. Түүл-бит курдук санаан, кыргыттар улахаҥҥа уурбаттар, куттамматтар эбит. Ити саҥа уопсайга кыракый уол оҕону хара тутуллуоҕуттан көрөллөр үһү. Хантан кэлбит барахсан буолаахтаатаҕай? Ол дойду дьоно ыҥыраллар... Бу түбэлтэни билэр кыыһым кэпсээн соһутан турардаах. Уопсайга утуйа сытан түүн ортото уһуктан кэлбит. Күн саҥардыы тахсан эрэр эбит. Уута көтөн хаалан, буолары-буолбаты эргитэ саныы сыппыт. Арай ол сыттаҕына, ким эрэ саҥата иһиллэр үһү. Эмиэ да ыраахтан, эмиэ да чугастан «самаан сайын» дииргэ дылы гынар эбит. «Бачча түүннэри киммит аны самаан сайыннанна» диэн иһигэр муодаргыы санаабыт. Аата тугун дьиктитэй! Аны ол саҥабыт ким эрэ көрдөһөр-ааттаһар, ыҥырар куолаһыгар кубулуйбут. Кыыһым дьүөгэтин кытта ороннорун бииргэ холбоон баран утуйаллар этэ. Ол иһин буолуо, соччо куттамматах. Хата, киһиҥ хорсуна сүрдээх: «Били саҥабыт ханна сүттэ? Бэйи туох диирин истиэххэ эрэ...» — дии-дии кулгаах, харах иччитэ буолан сыппыт. Киһитин саҥата хос аанын аттыгар чугаһаабыт. Онуоха бэркэ ыксаабыт, ыгылыйбыт куолас «Саян, Саян...» диэн кими эрэ ыҥырар эбит. Эдэркээн уол куолаһа үһү. Кыыспыт онуоха этин сааһа тымныйталаан, иэнэ кэдэҥэлээн барбыт. Атын эйгэ киһитэ кэлэн, доҕорун дуу, билэр киһитин дуу ыҥыран муҥнанаахтыыр эбит. Ити түбэлтэ итинэн хаалбыта. Оҕолор куттаныахтара диэн кыыс кимиэхэ да кэпсээбэтэҕэ. Кэлин истэн билбиппит уопсайы тута сылдьан биир эдэркээн омук уола үөһээ этээстээн сууллан өлбүт. Сорохтор уол алҕас туттууттан былаҕайга былдьаммыт дииллэр. Оттон сорохтор харчыга хараҥарбыт хара санаалаах дьон уол хамнаһын бэйэлэрин хармааннарыгар уктаары, соруйан түҥнэри аспыттар диэн кэпсииллэр. Чэ, хайата да буолуо... Ол уол барахсан көрдөһөр-ааттаһар саҥата салгыҥҥа олорон хааллаҕа. Кыыс кутун илдьэ барбыттар Уопсай сэттис этээһигэр олорор кыыс аһаҕас эттээх эбит. Бастакы куурус устудьуоннара буолан, кыыс оннугун маҥнай утаа
билбэтэхтэр. Кэм-кэрдии куолутунан сыыдамнык-сылбырҕатык устан испит. Кыргыттар улам бодоруһан, доҕордоһон барбыттар. Устудьуон көр-нар аргыстаах тэбэнэттээх күннэрэ элэгэчис гынан ааһа охсубут. Кыстык хаар түспүтүн бэйэлэрэ да билбэккэ хаалбыттар. Биир өрөбүл сарсыарда утуйа сыттахтарына, кыыстара кими эрэ кыйдыыр курдук «бар-бар, киэр буол!» диэн хаһыытыы-хаһыытыы оронугар олоро биэрбит. Сирэйэ-хараҕа турбута сүрдээх үһү. Хос иһин хараҕын муҥунан эргиччи көрбүт, чочумча саҥата суох олорбут. Онтон туох да буолбатаҕын курдук холкутук туттан, оронугар сытынан кэбиспит. Кыргыттар, бэйэлэрэ даҕаны уолуйуохтарыгар диэри куттаммыт дьон, тугу да ыйыталаһа барбатахтар. Ити кэмтэн ыла кыыстара түүнүн мэлдьи баттатар, ким эрэ аатын ааттаан көрдөһөр буолбут. «Дьүөгэлэрэ туох буоллуҥ, тугу көрөҕүн?» диэн ыйыталаһа сатаатахтарына, «Эээ... мээнэ... куттанымаҥ. Барыта этэҥҥэ буолуоҕа...» — диэн иһэрэ үһү. Урукку күлэн мичилийэ сылдьар бэйэтэ үөрбэт-көппөт буолбут, хараҕын уота өһөн хаалбыт. Түүнүн сүгүн утуйбакка эрэй бөҕөтүн көрөр эбит. “Кыргыттарбын куттуом” диирэ дуу эбэтэр ким эрэ кэлэн ыҥыран барарыттан дуу, хоһуттан тахсан барар идэлэммит. «Кыргыттар дьоҥҥо кэпсиэххэ, хоспутун ыраастатыахха» дии сатыыллар эбит да, туох иһин буолуммат үһү. «Биир эмэ киһиэхэ кэпсиир түгэннээх буолаххытына, бэйэҕититтэн бэйэҕит кэмсиниэххит» диэн куттаан, «чып» да дэттэрбэт эбит. Ол курдук кыыс барахсан түүл-бит курдук олоххо икки ый олорбут. Кэнникинэн дьүдьэйэн, санаата алдьанан аанньа аһаабат да, кэпсэппэт да буолбут. Үөрэҕин кыайбат диэн ааттаан, биир сыл сынньалаҥ биэрбиттэр. Кыргыттара «дьиэтигэр бардаҕына, урукку олоҕор төннүө. Киһи-хара буолуо...» диэн истэригэр үөрэ санаабыттар. Кыыс дойдутутугар баран, эмиэ икки ый олорбут. Иккис ыйа туолар күнүгэр моҥнон өлбүт. Хоско бииргэ олорбут кыргыттара кэлин истэн билбиттэрэ, дьиэтигэр да тиийэн түптээх олоҕу олороохтооботох. Биир үтүө күн ынах сылгылыы сылдьан балтыгар «Кинилэр ыҥыраллар. Сотору айанныам. Дьоҥҥун харыстаар» диэхтээбит. Бука, ити кэриэс тыла буолуо. Кыыс кутун көтүппүт түүҥҥү ыалдьыттар дьиэтигэр батыһан бардахтара. Туох «дьоно» итиччэ аньыылаах буулаабыттарын ким да билбэт. Диана Клепандина.
kyym.ru сайтан