Кэпсээ
Войти
Регистрация
Абааһы буолбатах...
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Абааһы буолбатах...
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
26.11.2018 15:39
1972 сыл. Ыһыах кэмэ. Соторутааҕыта аармыйаттан кэлэн дойдубар, дьоммор ахтылҕаммын таһаара, үөрэ-көтө сылдьар кэмим. Олохтоох сибээс тэрилтэтигэр мончуорунан үлэҕэ киирдим. Ыһыах кэмигэр сибээс үлэтэ элбиир. Соҕотох араассыйа эрэ үлэлиир, оччолорго төлөпүөн диэн суох. Үлэ чааһа бүтэн, арадьыыс Матвей Юмшановтыын дьиэлээн иһэн, билэрдии Сөдүөт оҕонньорго киирдибит. Оҕонньор соҕотох, дьон ыһыахтыыр сиргэ, кулуупка, барбыттар. Саҥа дьиэ аһыыр хоһо сөрүүн, остуолга ыһыах аһа, кымыс тардыллан турар. Үлэ, булт туһунан кэпсэтии буолла. Маппый кэпсэтиини ырааҕынан эргитэн, сибиэҥҥэ, абааһыга тиэрдэн кэбистэ. Оҕонньор кэпсиир: – Өбүгэлэрим олорбут сирдэригэр, Боруулаах төрдүгэр, киһини билиэхпиттэн оттообут дойдум. Онно бултаах сирдэр, оттоох ходуһалар, дьон-сэргэ олохсуйан ааспыт өтөхтөрө бааллар. Дьоно-сэргэтэ үөрэхтээһин, бөдөҥсүтүү саҕана көһөннөр, эргэ дьиэ, ампаар онон-манан быраҕыллан тураллар. Сэрии иннинэ хорҕолдьун, көмүс көстөн, дьон-сэргэ тоҕуоруспуттара. Бөһүөлэктэн тэйиччи да буоллар, дойдум буолан, кыра булка хастыы эмэ хонукка тахсан бултуубун. Куобах суох. Булдум – тииҥ, кырынаас, дэҥҥэ саһылы хапкааҥҥа үктэтэбин. Аттаммаппын, бодьуустаһарбын сылааргыыбын. Ыттааҕым да киһилээх сиргэ бара турар. Соҕотохпун. Кыһыҥҥы күн кылгас. Хараҥанан харбыалаһан үүтээммэр тиийдим. Барыта бэлэм. Оһохпун оттон, саҥа “Хотугу сулуһу” ааҕа сыттым. Кыра түннүгүнэн ыйдаҥа тыгарыттан сылыктаатахха, сарсын тымныйыыһы. Балайда өр хаампытым. Сылаам киирэн, сылаастан нуктуох курдук буоллум. Арай ааным эмискэ аһылла түстэ да, биир нуучча киһитэ көтөн түстэ. Миигин утуйар таҥастары холбуу тутан таһырдьа бырахта. Таҥаспын хомуйан, дьиэбэр киирдим. Уоскуйа таарыйа мас, муус киллэрдим. Уоппар чэй, табах кымаахтаан бырахтым. Бу сырыыга таҥастаах сыттым. Чүмэчим умайан турда. Хараҕым сабылла турар, кэтэһэр курдукпун. Утуйдум быһыылаах. Биирдэ өйдөммүтүм, били киһим хам кууһан ылла. Күһүн сылаас, сымнаҕас буоллун диэн, инчэҕэй тайах тириитин онон-манан тоһоҕонон истиэнэҕэ саайбытым. Ол сиритэ барар тыаһын истэн хааллым. Бу сырыыга таһырдьа таһааран биллэр соҕустук бырахта. Уоскуйа таарыйа чочумча тура түстүм. Тымныы. Хомунан иһирдьэ киирдим. Сарсыарда буолан барда. Сыппатым. Тыаҕа сылдьа үөрэхтээхпин. Тугу сыыспыппын кыайан быһаарбатым. “Бу – сибиэн, абааһы буолбатах” диэн түмүккэ кэллим. Хаайыы, көмүс саҕана төһө киһини атаҕастаабыттара биллибэт. Олортон биирдэстэрин кута-сүрэ биллэн аастаҕа. “Аны биллиэ суоҕа” диэн түмүккэ кэллим. Оннук да буолла. Кэлин туох да биллибэтэҕэ. Тыаҕа тыас-уус иһиллиэн, күлүк көстүөн сөп. Онтон барытыттан куотан, куттанан истэххинэ, сатаммат буоллаҕа. Сиэри-туому тутуһа сылдьар куолу, оччоҕо санааҥ да бөҕөх буолар, – диэн кэпсээнин түмүктээтэ. Оччолорго биһиги эдэрбит. Токкоолоһо барбатыбыт. Дьоно ыһыахтан кэлээттэрин кытта сып-сап хомунан дьиэлээтибит.с Хотой иэстэбилэ Геналаах Жора тохтоон уот оттунарга быһаарыннылар. Мантан ордук табыгастаах сир көстүө суох. Маһа бөдөҥө, суолтан чугаһа, аны аттыгар үрүйэ баар – ол аата мууска санаарҕаабаттар. Болуоктарын состорон аҕаллылар да, үлэлээбитинэн барыахтара. Кинилэр тутуу маһын бэлэмниэхтээхтэр. Биир сыл кыһыннары-сайыннары тутууга үлэлээн, хамнас аахсан сылдьыбыттара да, күһүн кэлиитэ үһүө эрэ
буолан хааллылар. Маҥнай утаа хомуллан кэлэллэригэр элбэх киһилээх биригээдэ этэ. Сөп буола-буола хамнастара кэллэр эрэ почтанан дьонноругар ыытан иһэллэрэ. Дьонноруттан тэйбиттэрэ ырааппыт Жоралаах Гена эрэ ыыппаттара. Ол да гыннар харчылара бүппүтэ эрэ баар буолара... Ааҕааччым, сэрэйбитиҥ курдук, бу олохтоох дьон буолбатахтар, сэбиэскэй кэм саҕана нэһилиэктэргэ кэлэн үлэлээн, атыннык эттэххэ, “шабашкалаан” барар тутуу биригээдэлэриттэн биирдэстэрэ. Мантан антах кинилэр ньүдьү быһыыларын туһунан саас-сааһынан кэпсээн көрүүм. * * * Хотой, олохтоохтор этэллэринэн, Тойон көтөр (адьас былыр Тойон кыыл дииллэрэ) улахан тиит аллараа мутугар олорон икки киһи иһэрин көрөр. Сарсыарда эрдэ алыы саҕатыгар кирийэ сытар хас да куобаҕы туппутун сиэн куолаахтаан олорор дьүһүнэ. Бу кини көрө үөрэммит дьонуттан сыттара-сымардара күҥкүйэринэн, саҥалара-иҥэлэрэ элбэҕинэн, тутта-хапта сылдьалларынан сибикилээтэххэ, букатын атын дьон. Онон көтүөх курдук даллах гынан баран кыайан көтүө суоҕун билинэн, маска олорунан кэбистэ. Көтөр кырдьан мөлтөөбүтүн билинэр. Саас төрөөбүт дойдутун улаханнык илистэн булбута. Доҕоро, оҕолорун ийэлэрэ аара хаалбыттарын билэр, саас, сайын устата иһигэр күүтэн таҕыста. Уйатыгар, таас хайа туруору сиригэр, дэҥҥэ хонор. Онон-манан хас да уйа баара иччилэрэ суох – айылҕа сокуонунан оҕолоро туспа бардахтара. Төрөөбүт дойдутун ахтара-суохтуура бэрт да буоллар, куобах үөскээбит, аһаабыт сиригэр алыы саҕатыгар улахан тиит төргүү мутугар олорорун ордорор. Бултуур куһун оҕолоро, куобаҕа, уута үрдүттэн. Куобах суоҕар дьабарааскы, тумулга хабдьы, харадьык, бүүчээн, тииҥ, күһүн балык төннүүтүгэр харгы иннигэр харааран турар эмис балык – барыта кини булда. Суор, тураах курдук сытыйбыты-ымыйбыты сиэбэт, хаһааммат. Булда табыллыбатаҕына, хастыы да хонук аччыктыан сөп. Онтон бултуйдар эрэ куолаахтаан кэбиһэр. Бу диэки бултуур, көрөн билэр оҕонньоро кэлбэт буолбута ыраатта. Дэҥҥэ эмит ыта сүүрэн ааһар. Булчуттар дьиэлэрэ буруолаабатаҕа ыраатта... Били кэлбит дьон уу баһан таһааран чэй оргутуннулар. Сарсыарда тахсыахтарыттан сотору-сотору тохтоон табахтаабыта буолан абырахтанан сэргэхсийбиккэ дылы буоллулар. Жора бытыылкатын таһааран, ыйдаҥардан көрдө. Олохтоох үгэһинэн уокка бэрсиллиэхтээҕин биллэр да, харыһыйда. Таммалаппата. Күө-дьаа буолан, уоттарын таһыгар син балай эмэ олордулар. Үчүгэй мастаах сир көстөн, санаалара бэттэх кэллэ. Балайда холуочуйдулар. Жора Тойон көтөр олорор тиитин анныгар тиийэн, көтөр диэки илиилэринэн тутаары гыммытыгар анарааҥҥыта даарым да кыһаммата. Гената: “Тыытыма. Сахалар ытыктыыр көтөрдөрө, сөбүлүөхтэрэ суоҕа”, – диэн, буойсан көрдө. Жора ону иһиттим эрэ истибэтим эрэ диэбиттии ураҕас быстан, көтөрү түҥнэри дайбаан сиргэ түһэрдэ. Көмүскэнэн кынаттарын даллаппыт көтөрү тэлигириэйкэтинэн саба быраҕан, тутан ылла. Нууччалар Тойон көтөрү тыыннаахтыы туппуттара бөһүөлэккэ иһиллэ оҕуста. “Эр бэртэрэ буолан туттахтара” диэччилэр да баар буоллулар. Саастаах өттүлэрэ букатын сөбүлээбэтилэр, “үчүгэйгэ туттарбатаҕа чахчы” дэстилэр. Пиэрмэ чугас буолан, торбос килиэккэтин аҕалан хаптаһынынан сабан кэбистилэр. Оскуола оҕолоро дьабарааскы тутан аҕалан бырахтахтарына, хайыта тыытан сиэн кэбиһэр. Жора хоту дойдуну маҥнай буларыгар киэҥ Арассыыйа араас муннугар
сылдьан сайын эспэдииссийэҕэ үлэлээбитэ. Сайыны быһа тыаны кэтэн баран бөһүөлэги булаат, били оскуолаҕа үөрэтэр хомунньууһумнарыгар маарынныыр олоххо түбэспиттэрэ. Үксүлэрэ суһаллык төттөрү көппүттэрэ. Хоту дойду кыһына тымныы, уһун, хараҥа. Бөһүөлэк бараах хосторугар кини курдук аһаан-сиэн тардылла, сорохтор бэйэлэрэ этэллэринэн, “хоту дойду ыарыытыгар” ылларан хаалбыт дьон кыстыыллара. “Ыарыыбыт” диэн аччыгый үлэнэн элбэх харчыны баһан ылалларын, онтуларынан аҕыйах ый устата талбыттарынан аһаан, ыһан-тоҕон олороллорун ааттыыллара. Хаста да кэргэн ылыталыы сыспыта даҕаны, биир да дьахтары кытта уһуннук эн-мин дэсиһэн олорботоҕо. Арыгыһыт буолбутун билинэн, күннээҕинэн эрэ олороро. Күүстээх эспэдииссийэ үлэтэ хаалбыта, бэйэтин курдук устугас дьон түмсэ түһэн, биригээдэ тэринэн, тутуу үлэтигэр үлэлээбиттэрэ, кыһыны быһа мас бэлэмнээһинигэр сылдьыбыттара. Тойон кыыл килиэккэҕэ хаайтаран олорор. Таһырдьа олордоҕуна, салгына ыраас буолан син ама курдук. Ону баара дьиэлэригэр таллыгыратан киллэрэ тураллар, ол-бу буолары-буолбаты сиэтэ сатыыллар, айаҕар арыгы кутан сордууллар. Жора түүн Тойон кыыл хаһыытыттан уһугунна. Төбөтүн ыарыыта сүрдээх, тамаҕа хам хаппыт. Буочукалаах ууттан хомуоһунан сомсон истэ. Арыгытын көрдөөн, ыскааптары үөдэннэри барытын хасыһан булумахтанна. – Тохтоо! Хаһыытаан бэлэстэтэн бүт. Икки атахпар турарым тухары кимиэхэ да хотторуом суоҕа. Оннооҕор сүүрбэлии сыл олорбут ууркаларга бэриммэтэҕим. Тохтоо диибин! – диэн көрдө да, хотой чаҥыргыырын тохтоппото. Жора килиэккэни таһырдьа соһон таһаарда. Итирик киһи тимир күрдьэҕи харбаан ылан, мэнээк кулупаайдаабытынан барда. Өйүттэн таҕыста, иирбит курдук буолла. Көтөр эрэйдээҕи кырбас гына эттээн эрэ баран биирдэ тохтоото, дьыалатын бүтэрэн дьиэтигэр киирэн сытынан кэбистэ. Күнүс бөһүөлэк уолаттара киирбиттэрэ, Жора итирэн охто сытара үһү. Гена буочука кэннигэр, хайдах баппыта буолла, куулу кэтэн саспыта буолан олорорун тутан балыыһаҕа ыыппыттар, Эһэ Хайаҕа эмтэтэн киһи-хара оҥорбуттар. Балыыһаҕа тиийэн, биир күн быаҕа кэлгиллэн хоммут. Жората: “Ойуун, көтөр абааһыта миигин кыайбат. Туох да буолбакка сылдьабын”, – диэн киһиргэнэр саҥата иһиллэтэлээбит. Кыһын дэлээнэттэн киирэн хас да хонук сурда суох аһаабытынан барбыта. Жоралаах Гена бииргэ олороллор, үһүс киһилэрэ – Женя балаҕаҥҥа туспа олорор. Дьиҥэ, үһүө бэйэлэрэ бииргэ олоруохтарын сөбө да, тоҕо эрэ тус-туспа ордууланаллар. Аһааһыҥҥа-сиэһиҥҥэ бэйэ-бэйэлэригэр сылдьыһаллар. Гена итирик доҕорун таһырдьа охтон хаалан тоҥон өлүө диэн таһыттан хатаан баран Женяҕа хоно тахсар. Сарсыныгар күнүс дьиэтин арыйбыта – тоҥ хаһаа. Жора түүн түннүгү алдьатан тахса сатаан баран кыайан тахсыбакка, муостаҕа охтубутун булбут. Дьону көмөлөһүннэрэн чараас суорҕаҥҥа суулаабыттар уонна балыыһаҕа илпиттэр. Киһилэрэ бэттэх кэлбэтэх. “Орёл”, “Шаман” диирин быыһыгар айаҕын диэки ыйа сатыыр эбит. “Арыгыттан өлөн эрэбин, бүтэһигин куолайбар кутуҥ” диэбитэ эбитэ дуу... Оттон сорохтор көтөрдүү “кулх, халк” диэн саҥара-саҥара харбаҕатын диэки ыйар этэ дииллэр. Дьэ, итинник буолан таҕыста, сүдү Тойон көтөрбүтүн кытта дьээбэлэһэн оонньообуттара... Василий Юмшанов-Хонтой Уола. Боруулаах, Үөһээ Дьааҥы.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан