Кэпсээ
Войти
Регистрация
Иэйиэхсит араҥаччылаан
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Иэйиэхсит араҥаччылаан
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
10.10.2018 20:29
Иэйиэхсит араҥаччылаан Сэрии эрэ иннинэ. Сайын ортото, от үлэтин үгэнэ этэ. Аҕам өрүс уҥуор оттуу сылдьара. Мин ийэбиниин холкуос пиэрмэтин сайылыгар хас да ыалы кытта дьукаахтаһан олорбуппут. Ийэм ыанньыксыттыыра. Холкуос сүөһүтүн кытта бэйэбит аҕыйах ынахтаах этибит. Арай биир киэһэ олус үүттээх ынахпыт кэлбэтэ. Ийэбиниин үлэбитин мүлүрүтүөхпүтүгэр диэри – мэлигир. Хайыахпытый, түүннэри көрдүү барыахпыт дуо. “Сарсын кэлэр ини” дии санаан утуйдубут. Сарсыныгар даҕаны ынахпыт суоҕун курдук суох. Ийэм үүттээх ынаҕын сүтүктээн, санаа бөҕөҕө түстэ. Миигин күнүскү ыам кэнниттэн көрдүү бар диэн соруйда. Мин, уончалаах киһи, бүтүн ынах сүтэрэ биһиэхэ охсуулаах буоларын өйдүүр буоламмын, чэйдии охсоот, ынахпын көрдүү бардым. Бастакы омуммар, сүүрүү-хаамыы былаастаан чугас алаастары бүтүннүү кэрийдим да, көстүбэтэ. Ол курдук сырыттыхпына, күн киэһэрэн барда. Онтон тэйиччи сытар алаастары кэрийэр санааланан, баран истим. Бэрт уһуннук хаамтым. Сылайдым, аччыктааһын да барда. Үөн-көйүүр бөҕө түстэ. Ону ол диэбэккэ ынахпын эрэ булбут киһи диэн санаалаахпын. Сайыҥҥы күн киирдэ. Халлаан боруҥурда. Мин олох нэһиилэ хаамар буоллум. Арай биир кыракый соҕус алааска ампаар дьиэ турарын көрдүм. Сырам-сылбам эстэн, ол дьиэҕэ киирэн, борук-сорукка наара ороннор баалларын көрөн, хаҥас диэки бардым. Орону көрөөт, сытынан кэбистим. Сылайбытым бэрт буолан, тоҥорбун да билбэккэ, утуйан хааллым. Өр дуу, өтөр дуу буолан баран түүл эбитэ дуу, илэ эбитэ дуу киһи саҥата: “Нохоо! Мантан тур! Атын сиргэ баран сыт!” – диэтэ. Хаста да хатылаата. Мин утуйа сытабын, түүл дии саныыбын. Онтон эмискэ ким эрэ көтөҕөн ылла быһыылаах уонна атын сиргэ илдьэн, сытыаран кэбистэ. Өссө утуйа сытан иһиттэхпинэ, туох эрэ тыаһаабыта. Ол курдук сүр кытаанахтык утуйан турбутум, күн үөһэ ойбута ырааппыт. Арай өйдөөн көрбүтүм, бэҕэһээ киирэн сыппыт сирбиттэн букатын атын сиргэ – уҥа диэки наараҕа сытар эбиппин. Онтон көрбүтүм, бэҕэһээ кэлээт сыппыт сирбэр оруобуна өһүө маһа тостон түспүт. Хара таҥастаах дьахтар Бу түбэлтэ эмиэ сэрии саҕана буолбута. Аҕабыт бэбиэскэ тутан аармыйаҕа барбыта. Сэрии саҕанааҕы олох тугун-хайдаҕын эһиги дьонтон истэн, кинигэттэн ааҕан билэн эрдэххит. Мин улахан дьон ахсааныгар киирэн, арыыга от үлэтигэр сылдьыбытым. Күһүөрү сайын биир киэһэ үлэ кэнниттэн дьонум өйүө ыллара дэриэбинэҕэ ыыттылар. Мин үөрүүнү кытта ыҥыыр атынан дэриэбинэ диэки түһүнэн кэбистим. Борук-сорук буолла. Мин аппын олус тиэтэппэккэ айаннаан истим. Дэриэбинэ да чугаһаата. Онтон эмискэ атым туохтан эрэ сиргэннэ, мөҕүс да мөҕүс буолла. Иннин диэки барыан букатын баҕарбат. Аппын таһыйан да көрдүм – син биир. Арай өйдөөн көрбүтүм, иннибэр хап-хабар таҥастаах дьахтар баран иһэр эбит. Иэним кэдэҥнээтэ, көлөһүнүм сарт түстэ. Киһи улаханнык куттаннаҕына, хайдах буоларын онно билбитим. Ол да буоллар төннөр, куотар санаа суоҕа. Аппын харса суох таһыйан, барар-барбат икки ардынан син сыҕарыйабыт быһыылаах. Ол
курдук сыралаһан дэриэбинэ кытыытыгар тиийдибит. Дэриэбинэбит да диэхтээн, быыкайкаан ойдом-сойдом турар дьиэлэрдээх. Дьахтар айан суолуттан туораан кытыы турар Саабалаах диэн ыаллар дьиэлэрин таһыгар тиийэн, сүтэн хаалла. Атым, дьэ, дьиэбит диэки түһүнэн кэбистэ. Мин дьиэбэр куттаныы бөҕөнү куттанан тиийдим. Хата, ийэм эрэйдээҕи куттаатым. Уоскуйан, тыын ылан баран, тугу көрбүппүн барытын кэпсээн биэрдим. Ийэм эрэйдээх миигин саба саҥаран кэбистэ. Сарсыарда эрдэ туран, өйүө ылан ходуһабар төнүннүм. Бииргэ үлэлиир дьоммор кэпсээтим. Дьонум сэҥээрбиттэрэ дуу, суоҕа дуу, бу диэн өйдөөбөппүн. Арай аҕыйах хонон баран ол Саабалаах аҕалара өлбүтүн туһунан истибиппит. Хара сурук туппуттар этэ. Ол курдук оттуу сырыттыбыт. Күн сырылатан, дьэ, куйаас да куйаас. Биирдэ дэриэбинэҕэ атын уол өйүө ыла барда. Сарсыныгар кэлэн баран соччо кэпсэппэт-ипсэппэт. Миигин сотору-сотору уора-көстө одуулуур. Мин испэр хайдах эрэ ытырыктата санаатым. Онтон өйүүнүгэр аҕам өлбүтүн туһунан хара сурук кэлбитэ. Оҕо киһи аҕабын аһыйан, хомойон, уйа-хайа суох ытаабыппын өйдүүбүн. Онтон букатын хойут, сэрии бүппүтүн кэннэ, ол уол кэпсээбитэ. Суол устун айаннаан истэҕинэ, ата эмиэ туохтан эрэ сиргэммит. Онуоха тулатын эргим-ургум көрбүтэ: иннигэр хап-хара таҥастаах дьахтар баран иһэр үһү. Дэриэбинэҕэ биһиги дьиэбит таһыгар тиийэн баран, туман курдук сүтэн хаалбыт. Ити курдук, хара таҥастаах дьахтар Саабаны уонна аҕабын ылан барбыта. Ойуун моһуоктааһына Бүөтүр Хапыырын диэн сүрдээх баай кулуба олорбут. Киниэхэ арай биирдэ тоҥус киһитэ тиийэн кэлбит уонна “миигин хамначчыт гын” диэн көрдөспүт. Бу киһи аата Киһинчэй диэн эбит. Дьааҥыттан айаннаан кэлбит. Дьэ, бу кулубаҕа Киһинчэй үс сыл үлэлээбит. Майгыта-сигилитэ, үлэһитэ, кыайыыта-хотуута, күүһэ-уоҕа сүрдээх эбит. Кулуба баҕатын толорбут, сүрдээҕин таптаппыт. Дьэ, ол сылдьан үрэххэ олохтоох, ааттаах ойуун, бокуйа кырдьыбыт оҕонньору кытта тыытыспыт. Кэлэр-барар аартыгар ойуун айатын тарпыт. Кырдьаҕас киһи, оҕонньор, олус кыыһырбыт, абарбыт. Ол иһин атын ыҥыырдаан, түөрт көстөөх сиргэ кулуба олорор сиригэр айаннатан кэлбит. Дьиэлээх дьон оҕонньору бэркэ диэн маанылаан, аһатан-сиэтэн хоннорбуттар. Ол кэмҥэ Киһинчэй биэс көлөнөн от тиэйэн, хойут дьон утуйбутун кэннэ кэлбит. Көмүлүөк оһох сырдыгар аһыы олорон көрдөҕүнэ, уҥа ороҥҥо нэк суорҕаны саба тардыммыт киһи утуйа сытар үһү. Атаҕа буоллар чоройон көстөр үһү. Киһинчэй бэтиэхэлээх, сүгүн-саҕын сылдьыбат адьынаттаах эбит. Аһаан бүтэн баран, табах тарпыт. Табаҕын күлүн ол утуйа сытар киһи атаҕар тиийэн тэбээбит. Ойуун оҕонньор онтон соһуйбута буолан уһуктубут уонна Киһинчэйгэ: — Бу туох үлүгэрдээх, туора топпут, кэдэрги оҕото көһүннүҥ! Туох иһин мин диэтэх киһи уһун суолбун оймоотуҥ, кэтит суолбун кэстиҥ! Кэлэр-барар аартыкпар айа бэлэмнээтиҥ? Бачча буолуохпар диэри иэгэйэр икки атахтаах иннибин быһа хаампатаҕа, уу харахтаах утары көрөн мөккүспэтэҕэ. Ол ааппар, кырдьар-буорайар күммэр, суол дойдуттан сөптөөҕүм эн көһүннүҥ быһыылаах. Дьэ, ити буоллаҕына бу түүн иккиттэн биирбит буолуоҕа, күөн көрсөн, күрэс
былдьаһан да көрүөх! – диэбит. Оҕонньор түүн диэбэккэ, кутуран кукунайан, ойууннаан киирэн барбыт. Киһинчэй буоллаҕына, иһэ дэлби барыахтыы сарайа үллэн тахсыбыт. Субу өлүөхчэ буолан, үөһэ-аллара харбыалаһа сылдьыбыт. Ыһыытаан-хаһыытаан өй-мэйдээх тулуйбат үлүгэрэ буолбут. Утуйа сыппыт дьон бары уһуктубуттар. Киһинчэй ааттаах ойуун оҕонньортон көрдөһүү бөҕөтүн көрдөспүт, ааттаһыы арааһын ааттаспыт, эҥин эгэлгэ тылын эппит. Хаһан да уһун суолун оймуо, кэтит суолун кэһиэ суох буолбут. Үлэлээн-хамнаан ылбыт көлөһүммүн барытын туран биэрэбин, үрүҥ тыыммын өрүһүй диэн көрдөспүт. Дьиэлээх тойон эмиэ үлэһит, хамначчыт уолун аһынан, үҥэн-сүктэн барбыт, манньа биэриэх буолбут. Хоноһо оҕонньор көрдөһүүлэрин син ылыммыт, кыыран бүтэн, Киһинчэй аттыгар тиийэн кэлбит. Киһитэ араас үөнүнэн хотуолаабыт. Иһэ дыгдайбыта ханна да суох буолан хаалбыт. Сарсыарда ойуун оҕонньор туох да буолбатаҕын курдук туттан үрэҕэр төннүбүт. Былыр ойууннар суолларын быспыт эбэтэр боруоктаспыт дьонугар ити курдук дьиктини-дьиибэни оҥорооччулар, арааска түбэһиннэрээччилэр. Төһөтө кырдьыга-сымыйата буолла... Сэрэйдэххэ, хараҕы да баайаллара буолуо. Киһинчэй туһунан түбэлтэ үһүйээн курдук уос номоҕор хаалбыт. Уу кыыһа Бу түбэлтэни эдьиийим кэпсээбитэ. Биирдэ Өлүөнэ очуостарыгар сылдьан ууга түһэн өлө сыспыттаах. Ол маннык эбит. Эдьиийим дьүөгэтин кытары сиэттиспитинэн уу кытыытынан хаама сылдьыбыттар. Өйдөөн көрбүттэрэ, кинилэртэн олох чугас биир дьахтар харбыы сылдьар эбит. Хайдах эрэ дьикти баҕайытык, балык курдук хайбаҥалаан харбыырын муодарҕаан көрөн турбуттар. Арай дьахтардара кинилэр диэки хайыһаат, эмиийин кэрэтигэр диэри ууттан быган туран ыҥыртыыр курдук, илиитинэн сапсыйбыт. Иһиттэхтэринэ: “Манна кэлиҥ, үчүгэй баҕайы!” – диэн саҥарбыт. Бэркэ дьиибэргээбиттэр-дьиктиргээбиттэр. Эдьиийим ааҕы туох эрэ кэннилэриттэн үтэр, ол дьахтар диэки илдьэр курдук буолбут. Арай өйдөнөн кэлбиттэрэ, олус дириҥ уулаах сиргэ биирдэ баар буола түспүттэр. Эдьиийим эрэйдээх үрүҥ күн сырдыгын былдьаһар охсуһуута саҕаламмыт. Аны туран, кыһыыта-абата диэн, кыайан харбаабат эбит. Уу анныгар биирдэ баар буолбутун эрэ өйдөөбүт. “Өрүскэ былдьатаары гыннахпына, ууну ончу иһиэ суохтаахпын диэн өйдүүбүн” диэн кэпсээбитэ. Ол иһин тыыммат да буола сатаабыт. Тимирэн иһэн уу түгэҕиттэн көрдөҕүнэ, күнэ ырыых-ыраах өлбөөрөн көстөр эбит. Эдьиийим өйүн сүтэриэн иннинэ билэр-билбэт күүстэриттэн, айыыларыттан көрдөһөн, сырдык тыынын өрүһүйэллэригэр ааттаһан барбыт. Түлэй-балай баран, өйүн сүтэрэн истэҕинэ, уу түгэҕиттэн туох эрэ өрө анньарга дылы буолбут. Чочумча буолаат, уу үрдүгэр өрө дагдас гына түспүт. Туох буолбутун өйдөөбөт. Кытылга тахсан баран дьэ биирдэ өйүн булбут. Эдьиийбин үс уол соһон таһаарбыттар үһү. “Кыайан тыын киллэрбэтибит. Тыына быһынна” диэн аккаастанан эрдэхтэринэ, хата, эдьиийим бэйэтэ тыын ылбыт. Дьүөгэтэ туох да буолбатах. Бэрт эрэйинэн бэйэтэ харбаан тахсыбыт. Дьиктитэ-дьиибэтэ диэн, ол дьахтары кинилэртэн ураты ким да көрбөтөх. Кэлин дьон эдьиийим ууга түһээтин кытта ханна эрэ ыраах сылгы кистиирин иһиттибит диэн кэпсээбиттэрэ. Ити кэмҥэ эдьиийим ууттан дагдайан тахсыбыт. Эдьиийим аах, бука, уу дьахтарын көрбүттэрэ буолуо. Ол дьахтар ыҥырталаан, саҥа
олох олорон эрэр эдэркээн оҕолору былаҕайга былдьатаары гыннаҕа. Хата, ону үрдүкү айыылар араҥаччылаан, эдьиийим сырдык тыынын өрүһүйдэхтэрэ. Диана Клепандина бэлэмнээтэ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан