Кэпсээ
Войти Регистрация

Дьикти сибиэн

Главная / Кэпсээн арааһа / Дьикти сибиэн

K
02.10.2018 18:26
“Абааһыны кытта тутуспут Дьиикэн кэлэн саһаан охсо турар” диэн, сонун оскуоланы тилийэ көппүтэ. Ити сэрии инниттэн 1940 сыллаахха этэ. Дьаархан оскуолатыгар Тээттиир диэн сиргэ холкуостаахтар саас кэлэн саһаанныыллара. Оччону истэн баран оҕолор “абааһыны кытта тутуспут” киһини көрө сырсарбыт. Сигири курдук баттахтаах, хаптаҕай улахан сирэйдээх, кырыылаах харылаах, аарыма тиит төрдүн курдук модьу, орто уҥуохтаах, чахчы да, бухатыыр курдук көрүҥнээх киһи мас хайыта турара. Аатырбыт күүстээх диир киһилэрин онно аан бастаан көрбүтүм. Учуутал буолан баран сынньалаҥмар дьоммор таҕыстым. Онно Дьиикэни кытта бииргэ түбэһэн хоммутум. Кини аҕабыныын Хочообут диэн сиргэ сылгы аһаталлара. Били, абааһы туһунан санаабычча, биир киэһэ Дьиикэни кэпсииригэр көрдөстүм. Сэмэй, дьоһуннаах киһи Дьиикэн тугу да эппэккэ-саппакка чахчы баары, буолбуту кэпсээбитин итэҕэйбитим. Сөрү диэн сөхпүппүн билигин да умнубаппын. Дьиикэн аймахтарын – Лааһардааҕы көстүбэт сибиэн буулаабыт, сүгүн олордубат буолбут, эрэй бөҕөнү көрдөрбүт: ынахтары да ыаталыыр, харсыһыннарар, үргүтэр, астарын буортулуур, тыаһаан-ууһаан бэйэлэрин да моһуоктуур үһү. Биирдэ уруулара Күүстээх Дьиикэни ыҥыран хоннороллор. Кини ол түүн остуол аттынааҕы уҥа ороҥҥо утуйбакка, туох буоларын кэтэһэ сытар. Көмүлүөк оһох сөҕүрүйүүтэ, хотон иһиттэн туох эрэ тыаһа оһох төрдүгэр кэлэр. Онно балачча тыаһыыр-ууһуур. Онтон били тыас остуол диэки сыҕарыйар, остуол хаачырҕаабытынан барар. Дьиикэн хамсаабакка сытар, туох буоларын кэтэһэр. Остуол атахтара түөрэҥнээн киирэн бараллар, өрө эккириэх айылаах буолаллар. Хараҥаҕа туох да көстүбэт. Дьиикэн сытан эрэ аҥаар илиитинэн уонна атаҕынан остуол атахтарын тутар. Биллибэт күүстүүн тардыалаһыы буолар. Иккиэн да букатын ыыппаттар. Былыргы бөҕө оҥоһуулаах остуол ыыра тардыллыах курдук буолбутугар Дьиикэн эмискэ босхо ыытан кэбиһэр. Муостаҕа туох эрэ тыаһа лах гынарга дылы буолар. Ол кэнниттэн туох да биллибэтэх. Күүстээх Дьиикэн сэһэнэ итинник. Дьон кэпсииринэн, били сибиэни хас да ойуунунан тэйиттэрэ сатаабыттар да табыллыбатах. Тиһэҕэр Тэрэппиин диэн доҕолоҥ, олус бүрэ көрүҥнээх ойууну ыҥыраллар. Ойуун киирэн истэҕинэ: “Хайа, ойууҥҥут бу дуо?” – диэн, ким эрэ мыыммыт быһыынан саҥа аллайбыт. Түүнү быһа дүҥүрүнэн дүрбүйэн, үҥэн-сүктэн Тэрэппиин кыырар уонна “Абааһы аны саас аттаныаҕа” диэн этэр. Лааһардар нус-хас олохтонон, дьэ, сынньаналлар.
kyym.ru сайтан