Кэпсээ
Войти Регистрация

Кинигэ аахсыбыт

Главная / Кэпсээн арааһа / Кинигэ аахсыбыт

K
02.10.2018 18:20
Бу кэпсээни миэхэ биир инбэлиит кэпсээбитэ. Ол кэмҥэ иккиэн пансионакка сыта сылдьыбыппыт. Аатын, чэ, Сэмэн диэххэ. Сэмэн Чурапчыга эдэр сылдьан столярнай сыахха харабылынан үлэлээбит. Сайыҥҥы өттүгэр тымныы дьиэҕэ хаатыйаланан олоруохтааҕар таһырдьа сылдьалларын быдан ордороллор эбит. “Харабыллар бары да кэриэтэ таһыттан сылдьан кэтииллэрэ-маныыллара. Оччолорго тыа сиригэр билиҥҥи курдук куттал суоҕа, уоруу эҥин диэни букатын билбэт этибит” диэн, Сэмэн кэпсээнин саҕалыыр. Сыахха киирдэххэ, дьоҕус соҕус эрээри балай эмэ кинигэлээх бибилэтиэкэ баара. Тэһийбэтэхпинэ, кыратык аралдьыйа түһээри, ол бибилэтиэкэҕэ киирэн кинигэ ааҕарым. Дьэ, биирдэ үгэспинэн, иччитэх бибилэтиэкэҕэ киирэн ханнык кинигэни ааҕарбын тала сырыттым. Дьон дьылҕатын туһунан кэпсээни, сэһэни ааҕарбын сөбүлүүр буоламмын, кэпсээннэрдээх кинигэни таллым. Эргэ эрээри уурбут-туппут курдук оҥоһуулаах кыра остуолга олордум. Кинигэбин син өр аахтым быһыылаах. Арай ол олордохпуна, аан аһылынна. Эргэ аан буолан, киһи кулгааҕар балайда иһиллэр гына кыыкырдаата. Мин миэстэбиттэн харыс да халбарыйбакка олордум. Тоҕо эрэ маҥнай соччо куттамматым. Күн тыган турар, таһырдьа киһи-сүөһү бөҕө. Чочумча буолаат, ыарахан атах тыаһа мин диэки утары хааман кэллэ. Күннээххэ көстүбэт, көһүппэтэх ыалдьытым остуол быарыттан сурунаал таһаарда. “Сырк-сырк” гына тыастаахтык лииһин биир-биир арыйталаан көрдө. Мин харахпар туох да көстүбэт, тыас эрэ иһиллэр. Сурунаал диэн ити тыаһыттан сабаҕалаан этэбин. Дьэ, доҕоттоор, ыалдьытым сурунаалын туппутунан мин тобукпар олорорго дылы гынна. Этим сааһа аһылла түстэ, сүрэҕим айахпынан тахсыахтыы битигирээтэ. “Атын дойду күннээххэ көстүбэт дьоно кэлэн тыыннаах киһиэхэ иҥээҥнииллэр, бадаҕа, тугу эрэ түүйэллэр быһыылаах” диэн, испэр олус абааһы көрдүм. Урут бу курдук түбэлтэлэри син балачча истибитим. Сорохторун “ээ чэ, оччолоох буолар ини” диэн, кулгааҕым таһынан истэн кэбиһэрим. Оттон итинник түбэлтэ бэйэҕэр тирээн кэллэҕинэ, букатын атын буолар эбит. Кинигэбин туппутунан оннубуттан ойон турдум. Таһырдьа хайдах баар буолан хаалбыппын бэйэм да өйдөөбөккө хааллым. Сүрэҕим айахпынан тахсыахтыы өрө мөхсөр. Ити курдук олохпор биирдэ анараа дойду ыалдьытын кытта көрсөн турабын.
kyym.ru сайтан