Кэпсээ
Войти Регистрация

Хараҥа хос кэпсээннэрэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Хараҥа хос кэпсээннэрэ

K
28.09.2018 16:06
Ыһыах түүн Арай биирдэ кутуу суолунан (тыраассанан) кэргэнниилэр айаннаан испиттэр. Түүн. Сайын ыһыах кэмэ буолан, сырдык эбит. Сирдэрин ортолообуттарын кэннэ, арай көрдөхтөрүнэ, суолга биир маҥан таҥастаах эдэрчи дьахтар турар үһү. Массыынаны тохтотор курдук, илиитин сэниэтэ суох ууммут. Кэргэнниилэр тохтоон, кэннинээҕи олбоххо олордубуттар. Салгыы айаннаабыттар. Эр киһи дьахтартан ханна айаннаан иһэрин ыйытыласпыт да, анарааҥҥыта тугу да хоруйдаабатах. Онуоха дьиктиргии санаабыттар, ол эрээри саҥарбатахтар. “Ыһыах саҕана араас буолар” диэн, отур-ботур кэпсэппиттэр. Арай, биир хараҥа лааҥкы, сыгынахтаах сир аттынан ааһан истэхтэринэ дьахтардара: – Көрөҕүт дуо?! – диэн хаһыытыы түспүт. – Ол, ол, онно! Уонна хараҥа ойуур диэки тарбаҕынан ыйар үһү. Эр киһи соһуйан: – Тугу?! – диир. Дьахтардара тарбаҕынан хараҥа ойуур диэки ыйан олорон: – Мин онно, биир тиит мутугар, ыйанан турабын... – диэбит. Ити кэнниттэн хайдах эрэ сирэйэ көҕөрө өлөн барбыт, хараҕын уота бастаан чаҕылыс гыммыт, онтон өлбөөдүйэн киирэн барбыт. Эмискэ тыбыс-тымныы салгын саба биэрбит, киһи тулуйуо суох амырыын сыта массыыналарын тунуйбут. Оччолооҕу көрөөт, эр киһи кэргэнэ сарылыы түспүт. Бу кэмҥэ эмискэ утары иһэр массыына уота сандаарыс гыммыт да, массыыналара суол кытыытыгар сүүрдэн тахсыбыт. Нэһиилэ туормастаан, тохтообуттар. Хата, саахал тахсыбатаҕар махтал буолбут. Арай көрбүттэрэ – массыыналарын кэннинээҕи аана аһаҕас, дьахтардара суох. Чугас эргин көрүтэлээбиттэр да, киһи баар сибикитэ биллибэт үһү. “Тыый, ханна түһэн хааллаҕай?” диэн, кэргэнниилэр олус диэн соһуйаллар. Дьахтардарын көрдүү сатыыллар да, булбаттар. Бу икки ардыгар халлаан өссө сырдыыр. Кэргэнниилэр массыыналарын көрүнэн баран, дьиэлиир аакка бараллар. Аара туох буолбутун, сэрэххэ диэн, улуустааҕы ГАИ-га биллэрэллэр. Кэлин истибиттэрэ, милииссийэ үлэһиттэрэ быһылаан буолбут сириттэн чугас ойуур саҕатыгар дьахтар ыйанан турар өлүгүн булбуттар. Ол дьахтары көрдөөбүттэрэ 2-3 сыл буолбут үһү. Арай бэйэтэ өлбүтүн дуу, соруйан өлөрбүттэрин дуу – баччааҥҥа диэри быһаара иликтэр дииллэр. Ол барахсан бэйэтин “дьаһайтараары” айанньыттарга көһүннэҕэ. Дьикти аргыстар Биирдэ эрим сайылыктан нэһилиэккэ наадатыгар диэн атынан кэлбит. Эдэр буолан, онуоха эбии саҥа кэргэннэммит киһи быһыытынан, киэһэлик төннөргө санаммыт. Кырдьык, күн арҕаалыан эрэ иннинэ атыгар олороот кымньыылаан кэбиһэр. Ат барахсан дьиэтигэр барарын билбиттии, сыыдамнык сиэлэн, атаҕын түргэнник ылаттаан көрүөх бэтэрээ өттүгэр сирин ортолуу охсубут. Халлаан киэһэрэн, сайыҥҥы бүтэн эрэр күн лаппа сөрүүкээбит, күн саҕахха түһэн, бэл диэтэр, чыычаах ыллыыра тохтоон турар кэмэ эбит. Бэрт нуһараҥ киэһэ буолбутуттан дуу, наадатын ситиспит киһи быһыытынан дуу, саха сиэринэн муннун анныгар киҥинэйэн ыллыы испит. Арай биир алаас саҕатыгар киирэн иһэн көрдөҕүнэ, алаас сыһыытынан үс аттаах дьон суолугар киирэн, айаннатан эрэллэр эбит. Онуоха кимнээҕин таайа сатаан баран, кыайан быһаарбакка: “Ээ, хата, аргыс дьонноннум, баран кэпсэтиэххэ”, – диэн санаанан атын тиэтэтэн биэрэр. — Тохтооҥ, күүтүҥ, аргыстаһыахха! – дии-дии эккирэтэр. Син
ситиэх курдук буолан истэҕинэ, ата сиргэнэн, быраҕа сыһар. Ону бастаан улаханнык аахайбат. Аны ата чугуруҥнаан, кэннинэн чинэрийэ сылдьар буолар, мунна биир кэм хаһыҥырыы сылдьар. Атын кытта бодьуустаһарыгар дьонун уонча хаамыы кэриҥэ сиргэ кэлэн, дьэ өйдөөн көрбүт. Анарааҥҥылар аттара төрүт да салгынынан дайа сылдьар эбит. От сиигэ түспүт сибикитэ биллибэт. Бэйэлэрэ буоллаҕына төбөлөрө баара биллибэт “туу” курдук быһыылаах күтүрдэр буолан биэрэллэр. Үөһээттэн алларааҥҥа диэри үс муннук курдук быһыылаахтар эбит, сарын эҥин диэн олох да мэлигир. Эмискэ муннугар амырыын сыт саба биэрэр. Сытыйбыт өлүк сытынан аҥылыйар. Оччолооххо түбэһэн баран туруо дуо, атын төттөрү диэки эрийэ тутаат, таһыйан биэрэр. Биирдэ өйдөммүтэ, били киэһэ чэйдээн барбыт ыалыгар кэлэн сүрэҕэ айаҕынан бу тахсыахча буолан, аҕылыы аҕай турар эбит. Хайыаҕай, ыалыгар хонон баран, сарсыныгар атын суолунан, эргийэ дьиэтигэр төннүбүт. Уопсайынан, туу курдук быһыылаах үс киһини урут элбэх сиргэ көрөллөр эбит. Дьааҥы хайаларыгар, Бүлүүгэ көрүтэлээбиттэр. Үксүн сатыы сылдьар буолаллар үһү. Олох аҕыйахта аттаах сылдьалларын көрбүттэр. Ол тухары туох эрэ сорукка айаннаан эрэр курдук буолаллара үһү. Дьиктитэ диэн, барбыт сирдэрин диэки атын улууска эмиэ көстөллөр эбит. Дьэ, дьиибэ диэтэҕиҥ. Хараҥа киэһэ 2003 сыл. Ол кэмҥэ куоракка үлэлиир этим. Күн ахсын Мархаттан сарсыарда эрдэ куоракка үлэлии кэлэрим уонна киэһэ 7 чаас саҕана үлэлээн бүтэн төттөрү айанныырым. Ардыгар сакаас элбэх буоллаҕына, хонон да хаалар күннэрим бааллара. Биир күн ахсынньы ый тымныыта сатыылаан турдаҕына 20-с оптуобуска олорон дьиэм диэки айаннаатым. Киэһэ 9 чаас буолан эрэрэ. Түһүөхтээх сирбэр кэлэн түстүм. Аттынааҕы маҕаһыыҥҥа киирэн бородуукта атыыластым. Тахсан иһэн хара таҥастаах, икки бэрт дьиибэ дьон туралларыттан салла быһыытыйдым. Хараҥа уулуссанан аргыый хаама турдум. Дьонум кэннибиттэн батыһан испиттэрэ. Олорор ыалым аах дьиэлэрэ ыраах, уота суох уулуссаҕа турара. Сүүрүөхпүн тутуурум элбэҕэ мэһэйдиирэ. Биир уулусса эргииригэр киирээт, сүүрбүтэ буоллум, батыһан иһээччилэрим улам-улам чугаһаан испиттэрэ. Арай иннибэр көрбүтүм, массыына киирэр киэҥ аана аһыллан турарынан ыал олорор дьиэтэ көһүннэ. Ыксаан иһэр киһи, дьиэбэр киирэр курдук, ол аанынан тэлгэһэҕэ киирэн хаалбытым. Уонна олбуор быыһынан ол батыһааччыларбын одуулаан турдум. Дьонум тохтоон тураллар, илиилэригэр тимир тутуурдаахтар. Кыратык тура түһээт, хата, төннүбүттэрэ. Мин, дьэ “һуу” диэт эргиллэн көрбүтүм, сырдык тэлгэһэҕэ дьиэ турара, аттыгар массыына уонна миигин көрөн, уонча саастаах нуучча кыыһа мичээрдии турар. Халааһынтан, баҕар, өлөр өлүүттэн быыһаабыт оҕоҕо баһыыбалаатым. Кыыс өссө истиҥник мичээрдээбитэ уонна тугу да саҥарбакка, барарбын батыһа көрөн хаалбыта. Мин түргэнник хардыылаан, дьиэбэр этэҥҥэ тиийбитим. Ол түбэлтэни умнан да кэбиһиэм эбитэ буолуо да, сарсыҥҥы күнүгэр эмиэ үлэбэр айаннаан иһэн бэҕэһээҥҥи дьиэни көрөн баран олус соһуйбутум. Иннибэр иччитэх, олбуора тэлэччи аһыллан турар тэлгэһэҕэ, өрдөөҕүттэн киһи олорботох өтөҕө турара. Миигин ол хараҥа
киэһэ туох сырдык күүстэрэ араҥаччылаабыттарын билигин даҕаны муодаргыыбын уонна махтана саныыбын. Былыргы киһи уҥуоҕар Эдэр сылдьан түбэһэн турардаахпын кэпсиим. 1976 сыл ыһыах саҕана бааһынаҕа бүтэй оҥоро диэн таҕыстыбыт. Төрдүөбүт. Балаакканан хоно сытан үлэлиибит. Халлааммыт куйааһа сүр, онно эбии үөнэ-көйүүрэ накаас. Иккис хонукпутугар ардаан, биир уолбутун бөһүөлэккэ килиэп, хаарты ыллара ыыттыбыт. Бэйэбит ардах буолан, мээнэ сытабыт. Күммүт лаппа киэһэрдэ, киһибит – мэлигир. Сарсыарда эрдэ барбыт киһи төннөн кэлэр кэмэ быдан ааста. Сол курдук уолбут кэлбэтэ. Ханна эрэ “чаардаатаҕа” диэн аахайбатыбыт. Нөҥүө күн үлэлии сырыттахпытына бөһүөлэктэн аттаах киһи кэлэн: “Дьэ, уолгут сатамматах, улаханнык ыарытыйан сытар”, – диэн соһутта. Хайыахпытый, балааккабытын чөкөтөн баран бөһүөлэктээтибит. Тиийбиппит, уолбут сирэйэ-хараҕа кубарыйан хаалбыт, быһыыта, айаннаан иһэн туохха эрэ түбэспит. Сураспыппытыгар киһибит маннык кэпсээннээх буолан биэрдэ. Арай бөһүөлэк диэки баран истэҕинэ ардах өссө күүһүрбүт, ибили сытыйбыт, тоҥмут. Ол баран иһэн көрдөҕүнэ, былыргы киһи уҥуоҕа турар үһү. Ардах биир өттүттэн түһэр буолан, биир эркинэ ардахтан хаххалаах эбит. “Чэ, былыр үйэҕэ өлбүт дьон буоллахтара” диэн аахайбакка, ардах бүтэрин кэтэһэ олорбут. Арай ол олорон иһиттэҕинэ, кэннигэр ким эрэ сөтөллүбүт. Биһиги киһибит чинэрис гына түспүт да, суол диэки хаама турбут. Арай киһи уҥуоҕун биир өттүнэн ааһан истэҕинэ куһаҕан сыт саба биэрбит. “Хайдах эмэ гынан суол сүнньүгэр тахсыбыт киһи!” диэн санаалаах хаамыытын түргэтэтэн испит. Халтарыйа-халтарыйа суолга тахсан истэҕинэ кэнниттэн киһи атаҕын тыаһа ситэ баттаан кэлбит. Эргиллэ биэрбитэ, доҕоор, уһун халадаай ырбаахылаах муус маҥан сирэйдээх дьахтар ырбайбытынан бу ситэн иһэр үһү. Ардах курулаччы түһэ турдаҕына, ол дьахтар таҥаһа ханан да сиигирбэтэх. Биһиги киһибит көрбөтөҕүн көрөн, этин сааһа аһыллыбыт. Онтон дьахтара саҥа таһаарыылаах буолбут: “Кэл! Тоҕо миигин тэпсэҕин, утуйар уубун аймыыгын?!” Уол кутталыттан өй-мэй барбыт, иннин хоту сүүрэ турбут. Биирдэ өйдөммүтэ, ыал тэлгэһэтигэр сэргэҕэ сөрүөстэн турар эбит. Ол быһылаан кэнниттэн, аҕыйах хоноот, уолбут бэйэтигэр тиийиммит сураҕын истибиппит. Доҕорум кэпсээнэ Бу – хас да сыллааҕыта буолбут түбэлтэ. Доҕорум Бааска, төһө да кыра уҥуохтаах буоллар, туохтан да толлубат, бэрт сытыы уол, маннык кэпсээн турардаах. Биирдэ суоппардыы сылдьан, атын бөһүөлэккэ массыыната алдьанан хонорго күһэллибит. Билэр ыала суох буолан, дьон ыйан-кэрдэн биэриитинэн, соҕотох олорор оҕонньорго тиийбит. Били ыалыгар тиийэн, аргыый ааны тоҥсуйан иһирдьэ киирбит. Киирбитэ, биир сааһыра барбыт киһи оһох иннигэр табах тарда олорор үһү. Дьиэлээх улаханы кэпсэтэ барбатах, чэйдэтээт, Баһылайга туспа хоско орон оҥорбут. “Чэ, манна утуй, түүн мээнэ хараххын аһыма, ол-бу көстүө, эргэ дьиэ”, – диэн сэрэтэрдии эппитин Бааска улахаҥҥа уурбатах. Хонук сирин булан, массыынаҕа утуйуохтааҕар, ороҥҥо дуоһуйа утуйан турарыттан үөрэ сыппыт. Ол сытан утуйан хаалбыт. Төһө өр сыппыта эбитэ буолла, арай, туох эрэ тыастан уһуктан кэлбитэ,
хос аанынан биир дьахтар киирэр-тахсар үһү. Ыксаабыт көрүҥнээх, баттаҕа хаһан да тараах таарыйбатаҕын курдук арбайан олорор үһү. Сиэркилэ иннигэр кэлэн тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу көрдүүр курдук гыммыт. “Түүн үөһэ хайа дьахтар кэлэн харбыаластаҕай” диэн Бааска муодарҕыы сыппыт. “Хаһаайын дьахтар аҕалан ыалдьыттатар буоллаҕа дуу?” дии санаабыт. Ол сыттаҕына аны киниэхэ утары хааман кэлбит уонна өҥөйөн туран: “Бу эмиэ хайаларай? Тараахпын көрбөтөҕүҥ дуо?!” – диэн кыыһырар киэбинэн ыйыппыт. Сирэйэ чуолкай көстүбэт, баттаҕа саба түһэ сылдьар үһү. Арай хатыҥыр, хаппыт илиилэрэ эрэ ону-маны чүүччэйэн эйэҥэлииллэр. Хоһу сол курдук кэрийэн баран, тахсан барбыт. Сарсыарда Бааска сылайан, сэниэтэ эстэн аҕай турбут. Суунан-тараанан баран чэйдээбиттэр. Хаһаайын хайдах эрэ кэри-куру курдук туттар-хаптар үһү. Бааска хап-сабар ыйытар киһи буолан биэрбит: “Бөлүүн хайа дьахтар сылдьарый ити? Киһини сүгүн утуппата”, – диэбит. Хаһаайын чочумча олоро түһэн баран эппит: “Били баҕайы эмиэ кэлэн бардаҕа бөлүүн. Ити аҕыйах сыллааҕыта өлбүт эмээхсиним, сүгүн сыппакка кэлэн тарааҕын көрдүүр идэлээх. Эйигин өссө тыыппатах дии, эр киһи хоноһолоннохпуна, хоонньугар киирэ сатыыр адьынаттаах”, – диэн соһуппут. Иванна МАРИНА хомуйан бэлэмнээтэ.
kyym.ru сайтан