Кэпсээ
Войти Регистрация

Кутун абааһыга былдьаппыт...

Главная / Кэпсээн арааһа / Кутун абааһыга былдьаппыт...

K
26.09.2018 20:03
Олох диэн таайыллыбатах таабырын. Киһи үөйбэтэх өттүттэн араас дьикти түгэн барыта буолар. Маннык түбэлтэҕэ аһаҕас эрэ эттээх дьон түбэһэллэр диэн саараама, ким баҕарар түбэһиэн сөп. Онон бу кэпсээни аах, толкуйдаа уонна тулаҕын өйдөөн көр... Кутун абааһыга былдьаппыт Сэбиэскэй тутул төһө да эһиннэр, 90-c сылларга дьон иччини, абааһыны соччо баардылаабат кэмэ этэ. Ыһыллыы-тоҕуллуу, ырыынак сыһыаныгар киирии сүпсүлгэнэ... Дьокуускай куоракка икки этээстээх мас дьиэҕэ эдэр ыал дьиэ куортамнаһан олорбуттара. Күҥҥэ көрбүт суос-соҕотох кыыстаахтара. Соҕотох оҕо буолан эбитэ дуу, аһара көрсүө, сэмэй, этэргэ дылы, сытар ынаҕы туруорбат сымнаҕас майгылаах буола улааппыта. Биир сарсыарда ийэтэ айманан аҕай уһуктан кэлбит. Түһээтэҕинэ, кыыһа бэйэтигэр тиийиммит. Оронуттан ойон тураат, хоско сүүрэн тиийбитэ, кыысчаана орон үрдүгэр ыйанан турар эбит. Ону көрөн, ийэ эрэйдээх сүрэҕэ хайда сыһар. Аһыйан да төһөнү аһыйыахтарай, ытаан-соҥоон бүтэһик суолугар атаараллар. Туохтан маннык быһыыламмытын ким да өйдөөбөтөҕө. Саатар, кэнниттэн туох да кэриэс сурук эҥин хаалларбатах этэ. Арай биир болокунуоттааҕын арыйан да көрбөккө, тоҕо эрэ ыскаап үрдүгэр ууран кэбиспиттэрэ. Кэлин ийэтэ муҥнаах быыл сото сылдьан, ол болокунуотун дьэ арыйан аахпыт. Кыыс суругар “түүлбэр үөһэттэн дьон кэлэн илдьэ бараллар, анараа дойдуга үчүгэйэ сүрдээх, биһигиттэн отой атыннык олороллор” диэн суруйбут. Онтон иккис суругар “ийээ, мин эһигини бу Орто дойдуга соҕотохтуу хаалларыахпын баҕарбаппын, ол эрээри кинилэр миигин күүстэринэн илдьэн эрэллэр, онон бырастыы гыныҥ” диэн суруйбутун, ийэ харах уулаах олорон, билэр дьоммор кэпсээбиттээх. Мин оччолорго кыра оҕо буоламмын, улаханнык болҕойботоҕум эрээри, өйбөр-санаабар син биир сөҥөн хаалбыт. Кырдьаҕастар “кутун абааһыга былдьаппыта буолуо” дэһэллэрэ. Саҥардыы олох диэни билэн эрэр эдэркээн кыысчаан барахсан ити курдук соһумардык Орто дойду олоҕуттан бараахтаабыта. Уопсай дьиэ иччилэрэ “Этэрбэс араадьыйата” кэпсииринэн, Дьокуускайга устудьуоннар олорор сорох уопсайдара балачча иччилээх. Ол туһунан сэһэн-сэппэн толору. Дьэ, биирдэ маннык буолбут. Сэмэн ыра санаа оҥостубут баҕалаах үөрэҕэр киирэн, күһүн эрдэ устудьуоннар уопсайдарыгар көһөн күккүрээн киирбит. Хоһугар бакаа соҕотоҕун олорбут. Соторутааҕыта эрэ аармыйаттан кэлбит уол, уопсайга киирбититтэн астынан, бастакы түүнүгэр оһуобай үчүгэйдик утуйан турар. Нөҥүө күнүгэр дьыалатын-куолутун ситиһэн, ыкса киэһэ уопсайын булар. Сулбу-салбы суунан-тараанан баран, оронугар сытан кум гынан хаалар. Арай утуйа сытан, эмискэ туохтан эрэ уһуктан кэлэр. Кыайан утуйбакка ону-маны саныы сытан хараҕын кырыытынан көрдөҕүнэ, хоһун аана аһылларга дылы гынар. “Хайдах-хайдах баҕайыный?” диэн, хамсаабакка ааны одуулаан сытар. Онтон аана аргыый аҕай аһыллыбытыгар көрбүтэ, кып-кыра төбө быган турар. “Һуу!” диэбитинэн уол, кута хамсаан, суорҕан анныгар биирдэ баар буола түһэр. Итии да итии, сүрэҕин тыаһа биир кэм өрө битийэн олорор. “Хайдах-хайдах баҕайыный?” — дии санаат, суорҕанын аргыый сэгэтэн көрбүтэ, икки-үс саастаах, быыкаа сыгынньах оҕо кинини көрөн аҕай турар эбит. Ол кэнниттэн уол туох буолбутун өйдөөбөт,
түлэй-балай баран хаалар. Сарсыарда эрдэ уһуктан туран дьонугар салбыҥныыр. Тиийэн кэпсээбитин ким да итэҕэйбэт. Онон дьонугар икки-үс хонор, ол эрэн ханна барыай, төттөрү уопсайыгар төннөн кэлээхтиир. Хоһун аанын арыйаатын, тыбыс-тымныы уунан саба ыстарбыт курдук буола түһэр; этин устун тымныы сүүрээн биллэр. Ол да буоллар утуйардыы оҥостон, ноутбугар ырыа холбоон истэ сытан утуйан хаалбыт. Онтон эмискэ туох эрэ никсик, ыарахан сыттан уһуктан кэлэн, чаһытын көрбүтэ, сарсыарда 4 чаас буолбут. Ырыата тохтоон хаалбыт, ноутбугун сабан, улаҕа диэки хайыһан утуйа сатыы сыппыт. Ол сыттаҕына эмиэ аан аһыллар тыаһа иһиллибит. Бу сырыыга уол хамсаабакка, сол курдук тиэрэ хайыспытынан иһиллээн сыппыт. Арай кып-кыра сыгынньах оҕо атаҕын тыаһа бу бытыгырайан тиийэн кэлбит. “Бу түгэн түүл эрэ буоллун” диэн, айыыттан-таҥараттан көрдөһө сыттаҕына, оҕото ытыһын таһынан киирэн барбыт. Ытыс таһынар тыаһа улааттар улаатан испит, онтон эмискэ сүүрэн кэлэн кулгааҕын үүтүгэр үрбүт. Уол тулуйбакка куотан, аллараа баахтаҕа түһэн хоммут. Сарсыарда хоһугар кэлиэн дьулайбыт, куттаммыта кэм да ааһа илик буоллаҕа. Баахта үлэһитэ эмээхсин, мөҕүттэ-мөҕүттэ да буоллар, суумкатын, малын-салын түөрэтин түһэрэн биэрбит. Онтон ыла уол ол уопсайга икки атаҕынан үктэммэтэх. Ардыгар "ол түбэлтэни” санаатаҕына, эт-этэ титирэстии түһэр уонна туох сылдьыбытын билиҥҥэ диэри таайа сатыыр. Кэлин өйдөөтөҕүнэ, кинигэҕэ эрэ ааҕан билэр “чөчүөккэтэ” сылдьыбыт буолуон сөп эбит. Оччолорго ханнык-туох сибиэн көстөн ааспытын айбыт таҥара бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ... Дьикти кыыс Киһи олорорун тухары арааска түбэһэр ээ. Биир кэпсээни истибиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕардым. Хомойуох иһин, ол дойду аатын этэр кыаҕым суох. Сайын олохтоох дэриэбинэ уола кийиит кыыһы дьонугар билсиһиннэрэ диэн ааттаан таһаарбыт. Дьоно үөрэ-көтө сылаастык көрсүбүттэр. Сынньанан, сөтүөлээн бэркэ абыраммыттар, бэйэтэ да олус үчүгэй сайын туран биэрбит. Уол дьонун кытта күн аайы кэриэтэ оттоһо барар эбит. Биир сарсыарда кыыс чугас сири кэрийэ, сир астыы диэн ааттаан, кыра биэдэрэ оҕотун кыбыммытынан тыаҕа тахсар. Ыллык суол устун баран иһэн, ыраах ырааһыйа баарын көрөн «хата, итиннэ дьэдьэн баара буолуо» диэн, хаамыытын түргэтэтэн биэрбит. Өр-өтөр буолуо дуо, ырааһыйата бу тиийэн кэлбит. Уҥуор күрүө онно баарыгар олорон сынньаммыт. “Ас илдьэ кэлбитим буоллар, аһыах эбиппин” дии саныы олордоҕуна, хонуу ортотугар эмискэччи сахалыы таҥастаах, көрүөхтэн эриэккэс кэрэ дьүһүннээх кыыс баар буола түспүт. Кэлин кыыс «тоҕо эрэ наһаа долгуйбатаҕым, куттамматаҕым» диэн кэпсиирэ үһү. Кэлэн аттыгар олорбутугар кэпсэппиттэр «оол турар алаастан иһэбин» диэхтээбит. Кыыс кэпсииринэн, наһаа кырасыабайа эбитэ үһү, уп-уһун суһуохтаах, кэрэ-нарын көстүүлээх, ол эрээри хайдах эрэ кистэнэр, кыбыстар курдук туттар эбит. Ол олорон наһаа эрэйдээх олоҕу олорон ааспытын, ааһан иһэр нуучча хаһаактара күүһүлээбиттэрин эҥин кэпсээбит. Аҕата ону билэн баран кырбаабытын тулуйбакка, күөлгэ түһэн өлбүт. Ол олорон, ытыыр-ыллыыр икки ардынан мэнэрийэн киирэн барбыт.
Устунан иэрийэн, төбөтүн хам туттан муҥатыйбыт. Ону кытары тэбис-тэҥҥэ күн хараара өһөн, тула өттө ирим-дьирим буолбут. Көҕөрөн турбут тыа хара күлүгүнэн бүрүммүт, биһиги кыыспыт ону тулуйбакка, кулгааҕын саба туттан, уҥан түспүт. Киэһэ дэриэбинэ иһигэр кийиит кыыстарын сүтүктээн айдаан бөҕөтө буолбут. Сарсыарданан дэлби титирэстии сылдьар кыыһы булбуттар. Хас эмэ ый балыыһаҕа сытан нэһиилэ өрүттүбүт. Ол ырааһыйаны урут-уруккуттан дьон-сэргэ тумнан ааһар сирдэрэ эбитэ үһү. Кырдьаҕастар былыр наһаа кэрэ сэбэрэлээх кыыс оҕону, ааһан иһэр дьон күүһүлээннэр, тулуйбакка ууга түһэн өлбүтүн, ол кыыс кута-сүрэ күн бүгүҥҥэ диэри илэ сылдьарын туһунан мэлдьи кэпсииллэр эбит. Онон билбэт сиргэр хаһан да соҕотох сылдьыбат куолу. Хас биирдии сир-дойду бэйэтэ туспа кистэлэҥнээх, устуоруйалаах буолар. Суор көмөлөспүт Сэрии саҕана эр дьон бары Ийэ дойдуларын көмүскүү уоттаах сэриигэ туруммуттара. Манна оҕолор, дьахталлар уонна кыаммат кырдьаҕас өттө хаалан, туох баар хара көлөһүннэрин тоҕон күүс-көмө буолбуттара. Аччыктааһын, оҕо хараҕын уута сүҥкэн улахан баас буолан сир үрдүгэр хааллаҕа. Соҕуруу алааска икки кыра уоллаах ийэ барахсан чороҥ соҕотох туран хаалбыттара. Ийэлэрэ күн аайы үлэлии барар, икки кыра оҕолор дьиэлэригэр соҕотох хаалаллар. Ол сылдьан биирдэ улахан уол тыаҕа мас сыыһын хомуйса барбыт уонна төннөн киирбэтэх. Кыра уол эрэйдээх күнү супту ытаан аҥаара эрэ хаалаахтаабыт. Ийэлэрэ киэһэ тиийэн кэлбит. Улахан уола суох, кыра уол ытаан аймана сылдьаахтыыр. Ийэ барахсан түүннэри тыаҕа оҕотун көрдүү ыстаммыт. Тоҥуу хаарынан хааман, сэниэтэ бүтэн ытыы олордоҕуна үөһээ суор көтөн кэлэн киһилии саҥаран хааҕыргаабыт: “Уолу охтон сытарын буламмын күөл кытыытыгар таһаардым, түргэтээ бириэмэ ыраатта”, — диэн. Хантан кэлбитэ биллибэккэ биирдэ баар буола түспүт суор ийэтигэр суолу сирдээн биэрбит. Ийэтэ уолун булан тыыннаах хаалбыт. Нөҥүө күнүгэр томторго ойуун харалла сытарын өйдөөн, тахсан махтаммыт. Төһө даҕаны былыр үйэҕэ көмүлүннэр, аата ааттаммат улахан ойуун дьонугар-сэргэтигэр көмөлөһө сытара күн бүгүҥҥэ дылы иһиллэр. Ойууннар Сахабыт сирин биир дьиктилэрэ буолаллар. Инчэҕэй эттээх киһи көтөргө-сүүрэргэ кубулуйарын билиҥҥэ дылы ханнык даҕаны наука үөрэҕэ кыайан дакаастаабат. Лев ВАРЛАМОВ.
kyym.ru сайтан