Кэпсээ
Войти Регистрация

Иччилээх маҕаһыын

Главная / Кэпсээн арааһа / Иччилээх маҕаһыын

K
07.09.2018 12:06
Мин уопсайа сүүрбэ сыл маҕаһыыҥҥа атыылааччынан үлэлээбитим. Уон сыл анараа өттүгэр буолбут түгэни харахпар бу баардыы өйдүүбүн. Маҕаһыыным олус эргэ этэ. Манна даҕатан эттэххэ, сүүрбэ сылы быһа биир сиргэ халбарыйбакка үлэлээбитим. Өр күүттэрэн баран, уонча сыллааҕыта саҥа маҕаһыыны үлэҕэ киллэрбиттэрэ. Саҥа буолуо дуо, хайа эрэ сиртэн көһөрөн, икки этээстээх мас дьиэни холбоон-илбээн туппуттара. Мин саҥа маҕаһыыннаммыт курдук сананаммын, кэлии-барыы, үөрүү-көтүү бөҕөтө буолбутум эрээри, ол маҕаһыыҥҥа нэһиилэ сыл аҥаара эрэ үлэлээбитим. Маҕаһыын үлэҕэ киирбит бастакы күнүттэн, сүрэҕим өлөхсүйэр, атаҕым иэччэхтэрэ тулуппакка ыалдьар буолан барбыттара. Бастаан ону улахаҥҥа уурбатаҕым. Онтон биир күн үлэлии тураммын, өйбүн сүтэрэн, ускуорайынан балыыһаҕа киирбитим. Бэйэбэр көмөлөһөөччүнэн диэн, эдэр кыыһы үлэҕэ ылбытым. Ыалдьар кэммэр ол кыыс миигин солбуйан үлэлээбитэ. Үтүөрэн үлэҕэ тахсыбытым кэннэ, кыыһым тугу да эппэккэ, сонно уурайан барбыта. Кэлин олох да “дэриэбинэттэн көспүт үһү” диэни истибитим. Эмтэнэн тахсан да бараммын, бэттэх кэлбэтэҕим. Эмп уонна укуол көмөтүнэн эрэ хамсанар буолбутум. Ити да буолларбын син үлэлии сылдьыбытым. Биир киэһэ сүрүн үлэбиттэн бүтэн, муоста сууйа сылдьан, ыскылаат хоһугар хара таҥастаах эмээхсин олорорун көрбүтүм. Хайдах эрэ ол эмээхсини көрөн баран, улаханнык аймамматаҕым. Тута “эн кимҥиний?” диэн ыйыталаһааччы буолбутум. Онуоха эмээхсин мин диэки эргиллэ түһэн баран “мин дьиэбин атын сиргэ аҕаланнар куппун-сүрбүн, чуумпу олохпун аймаатылар. Дьиэбин олохтоох миэстэтигэр төттөрү илдьиэххитин наада” диэн этэн баран, сүтэн хаалбыта. Ол киэһэ эмиэ сүрэхпинэн балыыһаҕа киирбитим. Дэриэбинэни биир гына “Даарыйа төбөтүнэн ыалдьыбыт үһү” диэн сурах тарҕаммыт этэ. Билигин санаатахха, ити эмээхсин мээнэҕэ кэлэ сылдьыбатах. Кини миигин сэрэтэн ааспыт эбит дии саныыбын. Арай, мин ити түгэҥҥэ куттанаммын, аймаммытым буоллар, баҕар, тыыннаах хаалыа суох этим. Миэхэ үлэлии сылдьыбыт кыыс кыайан ийэ буолбакка сылдьарын туһунан кэлин дьонтон истибитим. “Хаста да оҕолоно сатаабыт үһү да, табыллыбатах” диэн олохтоохтор кэпсээбиттэрэ. Киниэхэ эмиэ ол эмээхсин көстүбүт буолуохтаах дии саныыбын. Ол кыыһы кытта көрсөн кэпсэтэ сатаабытым да, кыаллыбатаҕа. Салалта үлэһиттэригэр этэммин ити маҕаһыыны олохтоох сиригэр төттөрү тиэйтэрбитим. Арай тиэйтэрбэтэх буоллум?! Төһө да уһун кэм аастар, бу түгэни сатаан умнубакка сылдьабын. Түбэлтэ кэнниттэн биир да күн үлэҕэ тахсыбатаҕым. Манна даҕатан эттэххэ, улаханнык ыалдьаммын, билигин дьиэҕэ олоробун. Туох да сиэри-туому билбэт буоллахха, дьиэни-уоту көһөрөртөн сэрэхтээх буолуохха баар эбит диэн этиэхпин баҕарабын. Дьон кэпсээнин сурукка тистэ Екатерина АФАНАСЬЕВА.
kyym.ru сайтан