Кэпсээ
Войти Регистрация

Интэриниэт барахсан...

Главная / Кэпсээн арааһа / Интэриниэт барахсан...

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
21.01.2021 13:17
Ийэлэрэ Миранда Михайловна 67 саастаах хотун хаан. Үс сыллааҕыта огдообо буолбута. Алта сыллааҕыттан бэттэх үлэлээбэт – биэнсийэ эмээхсинэ. Ити гынан баран, сурдьа биирдэ эмэ алҕаска тыл ыһыктан «эмээхсин» диэтэҕинэ, ол киэһэ сүөгэй үүттээх чэйэ чэй буолбат, кус түүтэ сыттыга, мэктиэтигэр, кирпииччэни сыттаммыт курдук буолар. Сиэркилэҕэ көрүннэҕинэ, күн-дьыл обургу сирэйгэр хаалларбыт суола-ииһэ, төһө да арааһы бары туттан кистии сатаатар, ончу сүппэт буолар эбит. Абарбыт иһин туох кэлиэй! Хаар баттаан эрэрин биллэр да, кырдьаҕас кэккэтигэр киириэн дуостал баҕарбат. Дьиҥэр, дууһатынан эдэрин ким итэҕэйиэ баарай! Сэттэ сыллааҕыта үлэлиир тэрилтэтигэр «Сааһырбыт дьон күннэрэ» диэн, 60-рын ааспыт бэтэрээннэри чиэстээбиттээхтэр. Оо, онно кыбыстыбытыан! Тэрилтэтин дьоно кинини номнуо кырытыннарбыттар, «аактаабыттар» эбит! Кэргэнэ өлбүтүгэр маҥнай утаа барар сирэ баҕана үүтэ, кэлэр сирэ кэлии үүтэ буолан көстүбүтэ. Ол эрээри өлбүтү кытта өлсүөҥ баара дуо, олох тохтоон хаалбат. Ити гынан баран, төһө да ыарахан буоллар, күн-дьыл – бэртээхэй эмчит. Эбиитин куорат биир уокуругар уопсастыбаннай үлэҕэ төбөтүн оройунан түһэн, аһыырын да, утуйарын да умунна. Соло-билэ диэни билбэккэ үлэ үөһүгэр сырыттахха, туох да дьаҥ-дьаһах, ыарыы-тумуу киирэн эрэйдээбэт, кый ырааҕынан тумнар, саппах санаа ыанньыйан-ыаһыран дууһаҕын моруу гыммат эбит. Дьон-сэргэ ортотугар сылдьар ааттаах киһи бэйэ бодотун тардыннаҕына сатанар. Миранда Михайловна кийиититтэн «Амвэй» араас мааһын-кириэмин ылан туттар буолуоҕуттан сирэйин тириитэ лаппа сырдаата, даачатын буоругар букунаһарыттан томороон буола чэрдийбит илиитэ, санаатыгар, нарын-намчы көрүҥнэннэ. Арай ити нарын тарбахтара имэрийэр-томоруйар киһилээх буоллуннар... Вольдемарын кытта 24 сааһыгар холбоспута. Дьокуускайга Ис дьыала отделыгар иниспиэктэр, младшай лейтенант сыбаанньалаах эрэ, куорат ыччатын сиэринэн, нууччалыы эрэ саҥарара. Көстөр дьүһүнэ даҕаны уу сахаҕа ханан да майгыннаабат этэ. Төрөппүттэрэ үөрэхтээх, өссө төрдүлэрин түөрүстэххэ, өрөбөлүүссүйэ иннинэ Өлүөхүмэҕэ атыыһыт бэртэрэ үһү. Барыга-бары сыһыамах, көмүс тарбах буолан, дьиэни-уоту көрүү-истии кини эбээһинэһэ этэ. ИДьМ-тан уурайан баран оскуолаҕа өр үлэлээбитэ. Син баччааҥҥа диэри сылдьымахтаһыа эбитэ буолуо, ону баара балыыһаҕа тиийэн доруобуйаны көрүнэр эҥин диэн мылыччы суоҕа. Эр дьон итинниктэр: умса түһүөхтэригэр диэри үлэлээ да үлэлээ. Миранда Вольдемарын кытта уу тэстибэт гына иллээхтик олорбуттара диэххэ сатаммат: син араас буолар-буолбат биричиинэ күөрэйэн тахсара, ол аайы – киҥир-хаҥыр саҥарсыы, ньиэрбэ тыҥааһына. Көнньүөрбүт кэмнэригэр сүөгэй үрүҥнээх чэйдэрин иһэн сыпсырыйан ыла-ыла олох, өлүү туһунан бөлүһүөктүүллэрэ. Онтулара баара, өлөр өлүү адьас аттыларыгар кирийэн сылдьыбыт эбит. Миранда Михайловна билигин икки кыыстаах, биир уоллаах. Бары да туруу дьон. Раймон Улаханнара Раймон хайыы-үйэ 42 саастана охсубут. Маладьыаһыҥ, төһө да кэргэниттэн араҕыстар, буспут моонньоҕон курдук хап-харанан көрбүт икки кыыстаах. Арахсыбыттарыгар хайалара ордук буруйдааҕын этэр уустук. Иккиэн даҕаны уоллаах кыыс оҕо сырыытын баҕас сылдьымахтаспыт дьон. Холбоспуттара да соһуччу этэ. Сыбаайбаларын кэнниттэн уһаабатахтара – улуус киинигэр икки этээстээх дьиэни дьэндэс гыннарбыттара. Оччо
көмүс ньээкэ уйаны оҥостубут кэннэ Айыыһыттара өр күүттэрбэтэҕэ – утуу-субуу икки кыыһы бэлэхтээбитэ. Омос санаан көрдөххө, ама, мантан ордук туох дьоло кэлиэй диэххэ дылыта. Ол эрээри туох барыта быалаах-туһахтаах, олох буолан баран оллура-боллура суох сатаммат. Раймон түгэн эрэ көһүннэр «аһыы» утаҕы киэр аспат идэлэммитэ, оттон кэргэнэ уһун бэйэлээхтик оҥосторо, үлэтигэр «тардыллара» элбээбитэ. Сотору соҕуһунан өссө «арахсабын» диэн буолан-хаалан турбута. Дьиэ эрэ, туох эрэ – Раймон олоччу кэргэнигэр хаалларбыта, ол оннугар икки кыыһын биэрбэтэҕэ. Хата, кэргэнэ урукку көссүүтүгэр эргэ тахсар буолан, кыргыттарыгар наадыйбатаҕа. Билигин ол кыргыттара улаатан, аны бэйэлэрэ – дьиэ хаһаайкалара. Улахан кыыс Динара алмааһы кырыылыыр собуокка тутаах испэсэлиис буолан эрэр. Киһиҥ барбах Индиянан, Африканан дугуйданар. Кэргэнэ – өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр спортсмен. Бакаа оҕолоро суох, чугас эргин «былааҥҥа киирэ илик» быһыылаах. Кыра кыыс Милена – менеджер бэрдэ. Көмпүүтэр эйгэтигэр кимиэхэ да иннин биэрбэт испэсэлиис. Кытай уолугар саҥардыы кэргэн тахсыбыта. Сылдьар ыырдара – Кытай, Таиланд, Япония. Бэркэ олороллор. Раймон аҕатын батан тиэхиньикэҕэ наһаа сыстаҕас. Көмпүүтэри да син баһылаата. Хата, онон Интэриниэт көмөтүнэн сүрэҕин аҥаарын булла быһыылаах: бу субуотаҕа тыйаатырга көсүһүөхтээхтэр. Икки кыыһа олохторун булуннулар, кини да инчэҕэй эттээх, сүүрэр хааннаах эр бэрдэ буоллаҕа дии. Виктория Ыал улахан кыыһа арамаантыка диэн баран муннукка ытаабыт киһи. Соҕуруу киин куораттарга араас үлэҕэ сылдьыбыта, ол эрээри тоҕо эрэ сөбүлээбэтэҕэ, билигин дойдутугар кэлэн дьоһуннанна. Үлэҕэ бэриниитэ сүрдээх, хаһан да иллэҥсийбэт. Ийэтэ «хаһан дьиэ-уот тэринэҕин?» дии сатаан баран, муҥур уһугар тиийэн «саатар, сиэн оҕону көрдөрүмээри гынныҥ» диэн сүгүннээбэт буолбута. Виктория онтон тэһэ астарбыт курдук, төһө эмэ уоскуйа, түспэтийэ быһыытыйбыта. Кырдьык даҕаны, этэр эттэҕинэ, эмиэ да сөп ээ. Бу кини, дьэ, хаһан дьиэ-уот тэриниэх киһиний? Бэл, оҕотун кэриэтэ балтылара Динаралаах Милена ыал буолан ырааттылар. Аҕата өлбүтэ, ийэтэ кырдьан эрэр. Бэйэтэ да сааһырбалаата: отутун лаппа ааста, сотору түөрт уона буолуо, оччоҕо хаһан оҕолонор? Баччааҥҥа диэри эр бэртэрин сирэ-тала сылдьыбыта, хойутаары гыммыт буолбаат?! Таах даҕаны, дьиэ диэтэххэ – дьиэ, үлэ диэтэххэ үлэ баар. Арай хоойго сытар холоонноох доҕор, тэллэххэ сытар тэҥнээх кэргэн суоҕа хобдох эбит. Хата, кини аныгы үйэ киһитэ буолан Интэриниэти бэркэ туттар. Дьэ, манна баар билсиһии диэн! Быһаас чугастааҕы улууска «Суорумньу» диэн тэрээһиҥҥэ тахсан, кыбыстан өлө сыспыта. Ол барыта дьүөгэтэ Липа көҕүтэн илдьэн! Култуура дьиэтигэр киһи ыы-быччары мустубут этэ. Эр дьон да бааллара эрээри, киниэхэ сэрэбиэй быһыытынан ньары-ньаччаҕар, саатар, баттаҕын, били, Гитлергэ дылы биир өттүгэр ньылаарыччы тарааммыт, киниттэн уонча сыл аҕа киһи түбэспитэ. Чосунуогун сыта диибин диэн! Викторияҕа «түргэнник дьиэлии оҕустарбын» диэнтэн ордук ханнык да үтүө санаа киирбэтэҕэ. Дьэ, Интэриниэт – астык! Хас да киһини кытта билистэ. Манна үчүгэйэ
диэн, били, кулуупка курдук дьон хараҕын аалбаккын, «табаар» буолаҥҥын үчүгэмсийэ сатаабаккын. Ол эрээри мантыҥ да «ноото» син балачча эбит. Хас да «каадыр» ойохтоох эрээри, көссүүлэһэр баҕата батарбакка манныкка тиийбитэ биллэн хаалан хомотто. Хата, Виктория барбах кэпсэтээт, ким туох санаалааҕын, хайдах-туох майгылааҕын сонно быһаара охсор буолан абыранна. Уопсайынан даҕаны, эр дьон өйө наар сиэкис быһыылаах диэн түмүк оҥордо. Сорох-сорохторун сонно «сиидэлээтэ». Маннык дьону эр гынан олоруохтааҕар кэргэннэммэккэ сылдьыбыт көнө. Устунан киниэхэ биир дьикти санаа охсулунна: дуонар буолуох эр дьон хаартыскаларын сыымайдаан оҕолонуохха! Аныгы үйэҕэ ол да кыаллар эбит! Сахаҕа бэрт кырасыабай быһыылаах-таһаалаах уола хааны кытта билистэ. «Уол оҕону бачча сууманы төлүүр буоллаххына оҥоробун, төлөбүрэ – чахчы уол эбитин биллэххинэ» диэн усулуобуйалаах. Маны таһынан бу сыһыаны ким да билиэ суохтаах уонна элимиэн көрдөнүллүбэт диэн эбиилээх. Кырдьык, эр киһи тылыгар турбута – Виктория уол оҕоломмута. Билигин күнэ-ыйа Русланчигыттан тахсар. Капиталина Ыал кыра кыыһа соҕуруу үрдүк үөрэҕи бүтэриэҕиттэн өрөспүүбүлүкэ биир биллэр-көстөр тэрилтэтигэр отдел начаалынньыга. Устудьуон сылдьан Израиль уолугар арыычча кэргэн тахса сыспыта. Уола Сэбиэскэй дойдуга хаалыан ончу баҕарбат этэ, хата Тель-Авивыгар илдьэ бараары эрэй бөҕөтүн көрдөрбүтэ. Капиталина ол дойдуга субу-субу сэрии буоларыттан, уопсайынан, сүрдээх тыҥааһыннаах эбититтэн дуу, кыккыраччы аккаастаммыта. Сол курдук харах уулаах арахсыбыттара. Үлэтин кыайа-хото тутарын иһин тэрилтэтигэр убаастыыллара. Аҥаардас дьахтарга илэ-сала көтөөччү элбэх этэ да, кими да чугаһаппатаҕа. Онтон эмиэ ийэтэ «сулуйара бэрдиттэн» уонна сааһыран эрэрин билинэн даҕаны, быыс-арыт булла да Интэриниэккэ дьылыйара элбээбитэ. Көрдөөбүт көмүһү булар баҕайыта: бэйэтин саастыыта Самуил диэн инженери кытта билсибитэ. Иккиэн да дьиэлээх-уоттаах, түспэтийбит дьон быһыытынан туох да сүпсүлгэнэ суох холбоспуттара уонна баҕаларын хоту уол оҕоломмуттара. Билигин иккис оҕолорун (эмиэ уол!) күүтэллэр. Самуил – сахаҕа төрөл киһи, табах да тарпат, арыгы да испэт. Электрониканы биэс тарбаҕын курдук билэр. Олох салҕанар Миранда Михайловна быыкаа Русланчигын кытта даачатыгар бодьуустаһар. Соло диэн суоҕун кэриэтэ. Хата, арыый тэйиэс, күөлү кыйа бардахха, бэртээхэй даачалаах Бикиэнтий Тиирискэй киниэхэ орох тэбэр. Бу кырдьаҕаһыҥ 76 саастаах эрээри, билигин да «буорахтааҕа» өтө биллэр. Арыт сампааннаах тиийэн кэлэр. Үүнээйини билэрэ оһуобай, даачатыгар олорпут үс угуттан түөрт биэдэрэ моонньоҕону үргээбит. Эмиэ аҥаардас эрэйдээх: кэргэнэ сүүрбэ сыллааҕыта «айаннаабыт». Кырдьаҕаһыҥ кэлиҥҥинэн олустаата: «серъёзнай кэпсэтии баар» дэтэлиир буолла. Бу интэлигиэн оҕонньор тып-тап курдук туттан кэлэн ардыгар Миранданы «оҕурсугун сатаан үүннэрбэт эбиккин, киһи этэрин истибэккин» диэн сэмэлиирдээх. Миранда Михайловна ити гынан баран Тиирискэйи кырдьаҕаһырҕатар. Хата, Викторията суоҕар Русланчигын утутан баран, ноутбугун холбоон Интэриниэккэ киирэр идэлэммитэ балай эмэ буолла. Бу сылдьан бэйэтин бараллаата учуонайы кытта билистэ. Суруйсан ырааттылар. Өссө күтүөтэ Самуилга этэн көмпүүтэригэр «скайп» бырагырааматын киллэртэрдэ, онон саҥа билсибит үөлээннээҕин кытта адьас илэ
көрсөн олорон астына кэпсэтэр буоллулар. Күлүү гыныахтара гынан баран, Миранда билигин букатын атын санаалаах. Олох диэн киһиэхэ биирдэ бэриллэрин быһыытынан, Дьылҕа Хаан хаһан тохтотуор диэри «вперёд!» Оҕолоро, сорох сиэннэрэ улааттылар. Кини да олоҕун оҥосторо тоҕо сатамматый? Ыксал тирээтэҕинэ – дьиэлээх-уоттаах, муҥур уһугар оҕолоро да харайыахтара. Саҥа «табаарыһын» дьонугар да боҕуу буолуо суоҕа, киһитэ «эрдэлиир» түгэнигэр кыбартыыратыгар саантыа суоҕа. Вольдемара кини бу быһаарыммытын туох диэх этэй? Бука, сиилиэ суох этэ. Урут да бу тиэмэҕэ кэпсэтэллэрэ, онон Орто дойдуга хаалбыт киһи тугу сөп дии санаабытын тутуһуохтаах. БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан