Кэпсээ
Войти
Регистрация
Ол сайын
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Ол сайын
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
07.09.2018 12:04
Былыргы кэпсээннэргэ “Мааппа” диэн кэпсээҥҥэ курдук илэ сылдьар дьон тустарынан номох мэлдьи баар буолар. Оннук түгэнтэн биири сэһэргиим... Ньукулай ол сайын дьонуттан икки алаас уҥуор баар сиргэ тиийэн оттуур буолбута. Бэйэтэ саҥардыы аҕай ыал буолан, сыһыы муҥунан сыспай сиэллээҕи, хонуу муҥунан хороҕор муостааҕы иитэн, туспа балаҕан туттан олорор былааннааҕа. Көмөлөһүннэрэ диэн, кыра быраатын уонна айаҕын туһугар хамначчыттыыр ыккардынан сылдьар киһини үлэлэтэ ыҥырбыта. Оттуур сирдэригэр ох курдук оҥостон, сарсыарда эрдэлик тиийбиттэрэ. Ньукулай иитимньи киһини кытта тута “суол таһааран” отторун аҥаар кырыытыттан охсон барбыттара. Онтон кыра быраатын “чэйдэ оргут, аста бэлэмнээ” диэн сорудахтаан, оллоон таһыгар хаалларбыттара. Уоллара тыа саҕатыттан мас хомуйа сылдьан эмискэ мутук тостор тыаһын истибитэ. Мэник уолчаан “оо, моҕотой сылдьара буолуо” дии санаат, иһиттим-истибэтим диэбиттии, ол тыас хоту тэбиммитэ. Онтон, тоҕо эрэ, били тыаһа чугаһаатаҕын аайы оргууй тэйдэр тэйэн испитэ. Ити курдук син балай эмэ ол тыаһы сырсыбыта да, туһа суоҕа. Ол сылдьан тыа быыһыгар кыра көлүйэ баарын бэлиэтии көрбүтэ. Үчүгэйдик чинчийэн көрбүтэ, күөл кытыытыгар уу баһар далаһа уонна ким эрэ соторутааҕыта суунан тахсыбытын курдук, инчэҕэй суол-иис баар эбит. Уол бу далаһаны көрөн, улаханнык дьиксиммит уонна түргэн үлүгэрдик оллоонугар төннөргө санаммыт. Дьоно аах кэлбиттэригэр дьикти түбэлтэ туһунан сиһилии кэпсээбит. Убайа эмиэ олус дьиибэргээн, киэһэ ол сиргэ киирэ сылдьыах буолбуттар. Манна даҕатан эттэххэ, бу сиргэ ким да оттооботоҕо, олохсуйбатаҕа быданнаабыт. Онон алааска ким да суох буолуохтааҕа... Саха дьоно от үлэтин бастакы күнүгэр сис быстыар диэри күүскэ үлэлээбэт үгэстээхтэр. Ол сиэринэн, отчуттар, сотору соҕус кэлиэх буолан, уолларын хаалларан эмиэ от охсо барбыттар. Кыра киһи бу сырыыга, олохтоох сириттэн адьас да ырааппакка, оту-маһы ааҕа олорбут. Ити олордоҕуна арай тыа быыһыгар кинини ким эрэ ыҥырарга дылы үһү. Уол ол диэки хайыһан көрбүтэ, аарыма тииттэр кэтэхтэринэн ким эрэ түргэн үлүгэрдик элэс гынан ааспыт. Төһө да сүрэҕэ биллигирээтэр, туох да буолбатаҕын курдук туттан чэйин оргута олорбут. Сотору буолаат, отчуттар сылайан-элэйэн чэйдиир сирдэригэр кэлбиттэр. Уол кинилэргэ тугу да кэпсии барбатах. Онуоха убайа “билигин балыктыы барыахпыт, таарыйа ол күөлгэ сылдьыахпыт” диэбит. Уол убайдарын тилэх баттаһаары, түргэн үлүгэрдик аһыы охсон, балыктыыр сэби-сэбиргэли бэлэмниир аатыгар түспүт. Ити курдук чэйдээн баран, били көлүйэни көрө, балыктыы диэн ааттаан тыа быыһынан барбыттар. Өр хаамыахтара баара дуо, тиийиэхтээх сирдэрин булбуттар. Чахчы, бу күөлтэн ким эрэ соторутааҕыта суунан тахсан, далаһанан хаампытын курдук, атах суола хаалбыт эбит. Аны туран, эмискэччи баҕайы үүнэн тэлибирии аҕай турбут хатыҥ сэбирдэхтэрэ сиргэ саккыраан түспүттэр. Бу туран убайдара “Арааһа, бу сиргэ биһигиттэн ураты өссө ким эрэ баар быһыылаах. Баҕар, анараа алаастан булчуттар сылдьар буоллахтара дуу? Чэ, бэйи, барыахха. Хайдах эрэ кутум-сүрүм
тохтоомоору гынна. Туох эрэ куһаҕаны биттэнэргэ дылыбын” диэн быһаарбыт. Бу күн уолаттар икки ардыларыгар улахан кэпсэтии тахсыбатах. Убайдара ол киэһэ тугу да саҥарбатах. Ити курдук, бастакы түүннэрин хоммуттар. Сарсыарда биэс чаас саҕана уол уһуктан, хараҕын кырыытынан көрдөҕүнэ, убайа хайыы-үйэҕэ туран, табахтыы олорор эбит. Убайдара, табахтыы олорон, “биир дьахтар түүнү быһа сорбун сордоото. Уһун уҥуохтаах, хара баттахтаах, сырдык былаачыйалаах дьахтар. Түүнү быһа манна сырытта” диэбит. Ону истээт, уолаттар “биһиги түүлбүтүгэр эмиэ ол дьахтар кэлэн, утуйар уубутун аймаата” диэн хардарбыттар... Бу күн кинилэр от мунньан, уопсайа икки сүүсчэкэттэн тахса бугулу оҥорбуттар. Убайдара, күүстээх үлэ ыытыллыбытыттан, сирэйэ сырдаабыкка дылы буолан “чэ, сынньана барыаххайыҥ, бүгүн баҕас сөптөөҕүн үлэлээтибит” диэн, уолаттарын ыҥырталаабыт. Ол баран истэхтэринэ, эмискэ улахан холорук түһэн, мунньан сордоммут отторун өрө ытыйан таһааран, мастарга сыбаан кэбиспит. Туох буолбутун ситэ өйдөөбөккө көрөн турбут уолаттар, кыһыыларыттан, харахтара ууланарга дылы буолбут. Убайдара, тохтуу түһэн баран, “эһиги бара туруҥ, мин сотору кэлиэм” диэн, уолаттарын чэйдиир сирдэригэр ыыталаабыт. Уолаттар түптэлэрин буруолатан, чэйдэрин оргутан, убайдарын күүтэ сатаабыттар да, киһилэрэ мэлийбит. Кэлбэтэх. Син балай да өр күүтэн баран, оттуур сирдэригэр тиийбиттэр. Ходуһаҕа ыһыллыбыт бугуллаах оттон ураты туох да суох буолан биэрбит. Түүнү быһа хаһыытаан ыҥыра сатаабыттар да, туох да туһа тахсыбатах. Ити курдук, убайдара ханна да барбыта биллибэккэ, сураҕа суох сүтэн хаалбыт. Биир сарсыарда түүллэригэр көстүбүт уһун сырдык былаачыйалаах дьахтардара тыа саҕатыгар илэ хаама сылдьарын көрбүттэр. Уолаттар уопсайа нэдиэлэттэн ордук убайдарын көрдүү сатаан баран, дьиэлэригэр төннүбүттэр. Киһилэрэ сол курдук көстүбэтэҕэ... Ити алааска былыр эдэр кыыс ууга түһэн суорума суолламмыт үһү. Ол дьахтар илэ бэйэтинэн алаас устун хаамарын булчуттар, отчуттар көрөллөрө эбитэ үһү. Ол кыыс уолаттар убайдарын “ыллаҕа” буолуо дии саныыбын.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан