Кэпсээ
Войти
Регистрация
Иччилээх холорук
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Иччилээх холорук
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
30.08.2018 16:57
Былыр Нытталаах алааска аата ааттаммат улахан ойуун олорбут. Оччолорго ол алаас хара маһыгар диэри уулааҕа үһү. Ол ойуун күөлүгэр тыылана сылдьан ууга былдьаммыт. Ол кэнниттэн бу күөл уолан, оттонор ходуһа бэрдэ буолбут. Билигин алаас диэн ааттанар. Ити ходуһаны сабаары 20-чэ сыллааҕыта бэс ыйыгар уонча буолан бүтэй оҥоро бардыбыт. Кыырпах да саҕа былыта суох ыраас күн буолла. Сарсыарда аһаары сорох уу баһа, сорох мас була бардыбыт. Суол ортотугар ходуһаҕа чэй өрүннүбүт. Арай ол олордохпутуна, этиҥ эттэ. “Тыый, туох этиҥэ эттэҕэй?! Былыт суох дии”, – дэстибит. Иһиттэхпитинэ, дүҥүр тыаһыыр, тимир тимиргэ, ньаалбаан ньаалбааҥҥа охсуллар, ат үүнүн тыаһыгар маарынныыр тыас-уус бөҕөтө буолла. Оннук син өр соҕустук тыаһаата. Арай көрбүппүт, ойуур саҕатыттан, өтөх кэнниттэн, алдьархайдаах холорук ытыллан таҕыста. Биһиги ыксаатыбыт. Уоппутун холорук кэлэн ыһыа диэн, арыылаах лэппиэскэбитин уокка кээстибит. Хата, дьолго, холорук атын сиринэн Эбэ диэки киирэн бара турда. Арааһа, киэһэ ити холорукпут эргиллэн кэлэрэ буолуо дии санаабыппыт да, туох да биллибэтэҕэ. Ойууннар, кырдьык, тыаһыы-ууһуу сыталлар быһыылаах. Бары холоругу көрбүппүт. Онон, туох да саарбахтааһына суох, итэҕэйиэххэ сөп. И.Николаев, Бүлүү. 1996 с.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан