Кэпсээ
Войти Регистрация

Дьон дьиктини биллин

Главная / Кэпсээн арааһа / Дьон дьиктини биллин

K
30.08.2018 16:56
Бу хас да түбэлтэ Лиһэ диэн алааска буолбута. Алаас – туһунан устуоруйалаах сир. Былыр манна Бадьаайы бухатыыр олорбута. Кини аатынан булгунньах баар. Аҕам «улахан кыргыс буолбут өтөҕө баар, көрдөрүөм» диэбитэ да, умнуллан-тэмниллэн хаалбыта. Тыыннааҕар баран көрбөтөхпүттэн кэмсинэбин. “Кыргыс Өтөҕө диэн ааттаах. Маһынан, титиригинэн бүрүллэн хаалбыт”, – диирэ. Дьэ, бу Лиһэҕэ холкуостаахтар сүөһү көрөллөрүгэр олорор улахан балаҕаннара баара. Сүөсүһүттэр дьукаахтаһан олороллоро. Бу – 1955-1956 сс. саҕана этэ. Бу дойдуга соҕотох оҕо этим. Дьукаахпыт, уус киһи, миэхэ талаҕынан ынах, ат уо.д.а. оонньуурдары оҥорон биэрэрэ. Дьонум үлэлии бардахтарына, соҕотох хааларым. Тахсалларыгар ааны “лүҥ” гына тыастаахтык баттатан бараллара. Биирдэ наараҕа оонньуу олордохпуна, көмүлүөк оһох кэнниттэн оҕо тахсан кэлбитэ. Көрдөхпүнэ, сыбыс-сыгынньах. Ол саҕана уолун, кыыһын билбэппин. Маҥан эттээх, кылабачыгас баттахтаах. Онто үөһэ тура сылдьар. Миигин сөмүйэтин чөчөҥнөтөн ыҥырда. Мин ол саҕана куттанар эҥин диэни билбэт бадахтаахпын. Наараҕа олорон бэйэтин ыҥырдым – кэлбэтэ. Биир үтүө күн маннык түбэлтэ буолла. Холкуостаахтар аһаан-сиэн үлэлэригэр тарҕастылар. Ааны эмиэ таһыттан баттатан кэбистилэр. Таһырдьа тахсыбаппын билэр этилэр да, онно-манна баран хаалыа диэн куттанар буоллахтара. Улахан көмүлүөк оһох уота сөҕүөрүйбүтүн кэннэ чоҕун чөмөхтөөн кэбиспиттэрэ. Мин муостаҕа таах хаама сырыттым. Арай өйдөөн истибитим, оһох кэннигэр туох эрэ сыыгыныыр. Көрө түспүтүм, чөмөхтөнөн сытар чох хайдах эрэ алларааттан күөртэнэр курдук. Чоҕум уус күөртээбитин курдук күөртэнэн, тиллэн, улам-улам кытаран таҕыста. Онтон эмискэ хантан да кэлбитэ биллибэккэ оҕонньор баар буола түстэ. Мин ол саҕана куттанар диэни билбэт этим. Кини диэки килэччи көрөн турдум. Оҕонньор уу сахалыы ыйытта: – Тоойуом, тугу гына сылдьаҕын? – Таах сылдьабын, – диэтим. – Тоойуом, дьонуҥ ханналарый? – Дьонум үлэлэригэр. Ити кэмҥэ таһырдьа атах тыаһаабытыгар оҕонньорум туох эрэ диэтэ. Ону аан диэки хайыһан кэбиһэн, истибэккэ хааллым. Дьонум киирдилэр. Мин туох буолбутун кэпсээбэтим. Аны биир түбэлтэ. Дьоммут көһөн, аҕабыныын иккиэйэҕин хаалбыппыт. Тоҕотун билбэппин, кыстыкка хойутаабыппыт. Мин балаҕаҥҥа соҕотоҕун хааларым. Ол курдук биир күн эмиэ соҕотоҕун хааллым. Халлаан балайда хараҥарбытын кэннэ аҕам кэллэ. Олоппоско чүмэчи уматан баран ороммутун оҥостубуппут. Арай ким эрэ төбөбүттэн тардарыттан уһукта биэрдим. Хамсаабакка, куттанан сыттым. Сөп буола-буола уот диэки тардар. Мин улам сыҕарыйан иһэбин. Онтон наһаалаары гыммытыгар ыксаан хаһыытаатым. Миигин ыһыктан кэбистэ, аҕам туран уоту уматта. Онно миигин орон төбөтүн адарайыгар диэри тарпыт этэ. Аҕам “бу хайдах киирэн хаалбыккыный?” дии-дии, нэһиилэ ороон таһаарбыта. Мин эмиэ кэпсээбэтэҕим. Кэлиин-кэлин аҕабар эппитим да, аҕам туох да диэн хоруйдаабатаҕа. Дьон-сэргэ дьиктини биллин диэн, бу сурукка тистим. Я.Сметанин, Кэбээйи. 1996 с.
kyym.ru сайтан