Кэпсээ
Войти
Регистрация
Соһуччу таптал (эһээ Бариста сүбэ-кэпсээннэриттэн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Соһуччу таптал (эһээ Бариста сүбэ-кэпсээннэриттэн)
K
edersaas.ru
Категорията суох
02.05.2022 19:00
Валерий Аркадьевич Герасимов, бөдөҥ, киппэ, сүүһүн аннынан сургуччу көрө сылдьар, кылгас кыргыылаах канадка баттахтаах, саас ортолоох, тиис оҥорор чааһынай клиника дириэктэрэ, биир кыһалҕаҕа ылларда. Кыра кыыһа, муннун бүөтэ, Агаасыкката икки оҕолоох, бэйэтиттэн уон сыл аҕа, огдообо киһини таптаабыт. Ол киһитиниин холбоһор толкуйдаммыт. Дьарааһынап Маай бырааһынньыгын иннинэ сыалын-соругун ситиһэр санааламмыта. Ол сыала диэн — кыыһа Агаша кэргэн тахсарын бохсуу. Чэ, саатар, сэниэ ыал уола дуу, ботуччу хамнастаах, үчүгэй дуоһунаска олорор эр бэрдэ эбитэ буоллар дуу, син даҕаны этэ. Ону баара, кыыстара бэйэтиттэн уон сыл аҕа, кыра оҕолордоох, малосемейкаҕа олорор аспираан киһини сөбүлээн, аны, «ыал буолабыт» диэн соһутан, уйгуурдан кэбистэ. Саатар, ол киһитин, Горчаков Валерийын, билиһиннэрэ да илик. Күтүөт буоларга хандьыдаат киһи амыдайа буоларын билэн баран даҕаны Герасимов санаата уларыйбатаҕа. Кэргэнэ Саргылаана Андреевналыын сүбэлэһэн баран, ол киһини сирэй көрсөн, «кыыспытыттан тэй» диэн модьуйарга быһаарыммыттара. Ол эрэн, Саргылаана Андреевна: «Бэйэҥ баран, эр киһилии быһаарыс!» — диэн, кытаанах боппуруоһу быһаарыыны эригэр найылаан кэбиспитэ. Ойоҕун синньигэс, үргэнэн баран ойууламмыт хаастара иэҕиллэн тахсыбыттарын көрөн, хатан куолаһын истэн баран, Герасимов утарса барбатаҕа. Биэс лиитир обуйуомнаах «Мерседес» джиибигэр олорон, кини Лермонтов уулуссатын баһыгар, элбэх этээстээх дьиэлэр дьэндэспит түөлбэлэрин диэки уруулун салайа туппута. Ити аата быһаарса барда. Аспирааҥҥа. Кыыһын өйүн сүүйэн, кинилэр баайдарыгар-дуолларыгар тарбахтарын сарбаппыт киһиэхэ. Герасимовтар кыыстаах уол оҕолорун тустарыгар кыһаллан-мүһэллэн, стомкилииникэ астан, лаппа кыанар ыал ахсааныгар киирбиттэрэ. Уоллара Сайдам иллэрээ сыллаахха Августина Попова диэн бэрт номоҕон кыыһы кэргэн ылбыта. Кийииттэрин Гутя аҕата Дьокуускайга, Хабаровскайга, Блаагаҕа эрэстэрээннэрдээх, далааһыннаах урбаанньыт этэ. Онон кийииттэригэр табыллыбыттарыттан күлүктэригэр эрэ имнэнэ сылдьаллара. Валерий Аркадьевич дьону билэр курдук сананара. Онон, ол аспираан түөскэтэ Алааппушкаларын өйүн сүүйэн, дьиҥэ, кинилэр үрүлүйэр үптэригэр тиксээри гыннаҕа диэн сэрэйэрэ… Дизель мотуордаах модун джиибин биир кэлим үлэлээн бирилиир тыаһыгар бигэнэн, бизнесмен арыый уоҕа намыраабыта, уоскуйа быһыытыйан, бэл, сыҥааҕырдан, дьааһыйан ылбыта. Хата, Агааса киһитин аадырыһын эппитэ туһалаах буолла. Бээ, тиийэн туох диир? Куттуур дуу, тугунан эмэ ньымааттыыр дуу? Чэ, бэйи, миэстэтигэр көстөн иһиэҕэ. Саахарга саантаабыт сахсырҕа кэриэтэ, кыыстарыгар ити киһи сыстан, Аага аны дьонун тылын да истибэт буолан эрэр. Атаах, мааны кыыһа дьонун киэҥ-куоҥ уораҕайдарыттан малосемейкаҕа көһөргө даҕаны бэлэмин санаан, Дьарааһынап эмиэ иһэ кыынньан, сирэйэ тыйыһыра, дьиппиэн көрүҥнэнэ түспүтэ, тирии оплеткалаах барааҥкатын хам туппахтаабыта. Сарсын бырааһынньык, онон, төһөтүн да иһин, оҕолорго кыра, санаа курдук, кэһиилээх тиийэр былааннаммыта.Аара тохтоон, үүнээйи, оҕуруот аһа атыылыыр ларектан уонча устуука уоһах араҕас өҥнөөх, дыргыл сыттаах апельсин ылбыта. «Вавилонтан» икки Братц куукула атыыласпыта. Кэпсэтиини саҕалыах иннинэ ити кэһиитинэн аспираан санаатын дуйдуоҕа. Дьарааһынап Отелло буолбатах, тута хайыта тутан барыа суоҕа. Онон, барытын сөпкө тэриммит саҕа сананан, тустаах аадырыһын кэбэҕэстик булбута. Тоҥсуйан тобугураппытыгар аан нөҥүө кыра атах тиҥилэҕин тыаһа тыбыгынаан кэлбитэ уонна 4-5 саастаах оҕо куолаһа: «Кто там?» — диэн чаҥкынаабыта. Дьарааһынап: » Это Валерий Арк-арк-адьевич!» — диэн, кыратык тардыастатан ылбыта. Аан хатыыра халыгыраат, тэлэччи аһыллыбыта. Иһирдьэттэн рассольник миин, куоска иигин сыта сылаастык аҥылыс гыммытыгар стомклиника баһылыга мырдыс гыммыта уонна иһирдьэ ааспыта. Көхөҕө чараас кууркатын устан ыйаабыта, саламандер бачыыҥкатын туурута тэппитэ уонна иһирдьэ ааспыта. Остуолга эдэр, үрдүк уҥуохтаах, полубокстуу кырыттарбыт хараҥа кугас баттахтаах, кыаһаан сирэйдээх, сэҥийэтигэр кылгас бытыктаах киһи, баартык кэтэн, килиэп кырбастыы турара. Дьарааһынап илиитин ууммута (хара маҥнайгыттан куруубайдык быһаарсан барыаҕын туттуммута). Амыдайа Валерий, илиитин, тоҕо эрэ, баартыгар соттон ылаат, ытыһын утары ууммута. Эр дьон илии тутуһан илибирэппиттэрэ. «Көр эрэ, кытаанахтык тутуста. Ити аата, бэйэтигэр эрэнэ саныыр эбит», — Валерий Аркадьевич иһигэр санаан аһарбыта. Кэлэн иһэр бырааһынньыгынан эҕэрдэлээн баран, ааны арыйбыт кыыска апельсиннаах бакыат-суумканы туттарбыта, биир Братц куукула кыыһы биэрбитэ. Кыысчаан үөрэн мытырыс гыммыта: «Пасиба, дяденька! Я — Роза, а это моя сестрёнка Октя». Дьарааһынап сирэйэ сымнаабыта, хаастарын ыккардынааҕы туруору дьураа сүппүтэ уонна кыысчаан ыйбыт сирин хоту эргиллибитэ. Дьураалаах, хоҥор өҥнөөх линолеум муостаҕа, намыһах, тэтэркэй өҥнөөх манеж иһигэр, биирин туола илик бадахтаах, кылгас, сырдык баттахтаах, пыланьыал, тойтоллубут былааччыйалаах оҕо тардыстан турара, ыалдьыт диэки дьиктиргээбиттии көрөн, халлаан күөх харахтара чаҕылыйара. Кыысчаан сирэйинэн эдьиийин маарынныыра. Мар-маҥан, мылаллыбыт, төкүнүк сирэйдээҕэ. «Рина диибин, Октябрина диэни кылгатан», — диэбитэ холкутук кыысчаан аҕата уонна ыалдьыты чэйгэ ыҥырбыта. Аспираан билсэр, таптыыр кыыһын аҕатыттан соччо толлубут көрүҥэ суоҕа. Валерий Аркадьевич кыраантан сылаас уу сүүрдэн, илиитин сууммута, баахыла курдук бырдьыгынас, маҥан сотторго кичэллээхтик соттубута. Олорон, сып-сап биир чааскы итии чэй испитэ. Күттүөннээх кэпсэтии тахсыбатаҕа. Күн-дьыл туругун, сарсыҥҥы параады аҕыйах тылынан кэпсэппиттэрэ. Онтон Дьарааһынап туран, кыра оҕоҕо, манежка чугаһаан кэлбитэ. Братц сыаҕайы ууммута, ымманыйа-ымманыйа: «Мэ», — диэбитэ. Оҕо хоккуукканы сулбу тардан ылбыта уонна үөрэн хаалан, күлэн чачыгыраабыта. Хаҥас илиитинэн манеж кылдьыытыттан тутуһан туран, оонньуурунан сапсыммыта. Олус үөрбүтүн биллэрэн, бэл, часкыйан ылбыта. Валерий Аркадьевич сүрэҕэ мөҕүл гыммыта. Кыыһа оҕо эрдэҕинэ эмиэ маннык күүскэ үөрэрин санаан кэлбитэ. Бэтэнсийээлинэй күтүөтү «оннун булларар» былаана өйүттэн тамты көппүтэ. Риночка, аны, күлэ-күлэ, үҥкүүлээн бэдьэҥэлээбитэ, онтон олоро биэрэн, саҥа оонньуурун, пропорциональнайа суох улахан төбөлөөх Братц куукулатын көтөҕөн, бигии-бигии: «Аа-аа-аа-а!» — диэн биһик ырыатын ыллыыр курдук саҥарбыта. Хантайан, оонньуур бэлэхтээбит ыалдыты көрбүтэ, ымайан мытырыйбыта. Тоҕо эрэ, Дьарааһынабы көрө-көрө үөр да үөр буолбута уонна икки илиитин кини диэки ууммута. Күлбүтүгэр төкүнүк иэдэһигэр ямочкалар тахсыбыттара, уостара ыртайан, мар-маҥан тииһэ кэчигирээн көстүбүтэ. Дьарааһынап манна алҕаһаабыта: оҕону көтөҕөн ылбыта. Кырачаан кинини моонньуттан кууһан ылбыта. Онтон хаҥас, эттээх ытыһынан, эр киһи муннун төбөтүн тутан ылан, илгиэлээн көрбүтэ. Куукалканан оройугар тобурҕаппыта уонна бэйэтин тылынан тугу эрэ кэпсээн чуопчаарбыта. Герасимов букатын ууллан хаалбыта. Кини эмиэ ис хоһооно суох бульду-бальды саҥаран барбыта. Куолаһын синньэтэ-синньэтэ: «Кто эта пусечка? Чуку-чукурук! Кто эта малюсенькая заинька? Чыычаак окоото кимий? Кто у нас такая сладенькая конфеточка?», – диэн араастаан ымманыйбыта. Кэтит түөһүн иһигэр сүрэҕэ сылаастык мөҕүл гыммыта. Риночка буоллаҕына кинини таптаабыт хараҕынан көрөрө уонна кууспаҕалаан ылара. Бэл, аҕата ылаары илиитин ууммутугар барбатаҕа. Оҕоттон кэлэр, киһи сүрэҕин ортотунан киирэр дьикти сыты Валерий Аркадьевич: «Бу — дьол сыта!» — дии санаабыта. Оҕоттон үүт, таптал уонна тураан турук сыта кэлэрэ… Герасимов оҕону биэриэн баҕарбатаҕа. Кини билигин кырачаан Рина туһугар тугун баҕарар туран биэриэн сөп этэ. Кини бу кырачааны ис сүрэҕиттэн таптаан кэбиспитэ. Оҕолоро кыраларыгар киниэхэ көтөхтөрөн, эмиэ маннык, эрэммиттии, кытаанахтык кууһалларын, иэдэһиттэн «сыр» гына сыллаан ылалларын санаан, уйадыйан, хараҕын уута эттээх иэдэһин устун сылаастык субурус гыммыта. Салгыы туох буолбутун, күндү ааҕааччым, бэйэҥ да сэрэйдиҥ ини? Валерий Аркадьевич кыыһа дьаранаас аспирааҥҥа кэргэн тахсарын көҥүллээбитэ. Ойоҕун эмиэ тылыгар киллэрэн, күтүөт Валералыын сылаас сыһыаны олохтообуттара. Эдэрдэргэ «Сэттэлэр» туппут дьиэлэригэр, «Лена» киинэ тыйаатырын аттыгар, киэҥ-куоҥ кыбартыыраны атыылаһан бэлэхтээбиттэрэ. Дьиҥэр, «Прометейга» ылаары гыммыттара. Онтон, сыантырга, чугас буоллун диэн, ити кыбартыыраны ылбыттара. Эһиилигэр кыыстара кинилэргэ сиэн уолу бэлэхтээбитэ. Дьарааһынаптар эдэр ыалга олус бааспат, субу-субу тиэстибэт буола сатыыллара. Ол эрэн, күннэрэ-ыйдвра барыта сиэннэриттэн тахсар буолбута Рина эһээ Валератын отой «ходуһата» этэ. Оттон кырачаан сиэн уол Нюра (Ньургуну эбэтэ итинник ньырамсытара) — «эбээ оҕото» буолбута. Валерий аспирантуратын бүтэрэн, диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбитэ. Аны, тиэмэтин кэҥэтэн, докторскайын суруйар былааннаммыта. Дьэ, Герасимов итинник алҕаһаан (алҕас диир сатамньыта суоҕа дуу?), Агашата ыал буолбута. Кырачаан Рина уонна Валерий Аркадьевич соһуччу тапталлара онуоха төрүөт буолбута. …Ыам ыйа — ураты ый. Кини дьылҕаны уларытар бэлэхтэрэ даҕаны уратылар. Өскөтүн төлкөҕүт эһиэхэ эриэккэс бэлэҕи утары уунар буоллаҕына — ол аата, булчуттар этэллэринии, «эһэкээн биэрэр». Ону мүлчү туппакка, тарбах быыһынан кумах саккырыырыныы,куоттаран кэбиспэккэ, дьол кустугун утаҕын сүүдүйэн ылар буолуҥ. Дьоллоох буолуҥ, күндү ааҕааччыларым! Максим Ксенофонтов.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан