Кэпсээ
Войти Регистрация

Сибиэн, үөр...

Главная / Кэпсээн арааһа / Сибиэн, үөр...

K
30.08.2018 16:44
Маҥнайгы түбэлтэ. Бөһүөлэктэн чугас Оҥкучах диэн алааска бурдук астааһына буолбута. Матасыыкылбыт туга эрэ табыллыбакка, үлэ тахсыбакка, сотору-сотору тохтоон, көлө тардар баалы хаһарбыт. Арай биир сарсыарда (ыал үксэ көрбүт этэ) бөһүөлэк таһынан ааһар айан суолунан биир маҥан былааттаах дьахтар тиэтэйэ-саарайа илин диэки, биһиги үлэлиир алааспытыгар, баран эрэр этэ. Ону көрөн баран эбэбит эмээхсин: “Хайыы-ыы, хас да сыллааҕыта өлбүт Дьуона оҕонньор эмээхсинэ баран эрэр дии! Оо дьэ, туох эрэ буолар буолла!” — диэмэхтээтэ, мэктиэтигэр, мэнэрийэн бара сыста. Эмээхсиммит үрдүгэр саба түһэн, нэһиилэ уоскуппуппут. Ити күн үлэлии сырыттахпытына, Дьуона оҕонньор бурдук ыһар көлөбүт анныгар киирэн хаһыста, эмиэ туга эрэ табыллыбатах. Арай ол сыттаҕына, эмискэ өй-мэй тулуйбат хаһыыта-ыһыыта буола түстэ. Оҕонньорбутун кэлэн көрбүппүт, бүтүннүү хаан-сиин буолан сытар. Уҥа илиитин илдьи эрийтэрэн кэбиһээхтээбит. Ытаһыы-соҥоһуу бөҕө буолла. Ити күн үлэбит табыллыбата. Дьуона оҕонньор эрэйдээх ол кыһыны быһа эрэй бөҕөтүн көрөн өлөөхтөөбүтэ. Иккис түбэлтэ. Биһиги эстибит холкуос учаастагар сүөһүгэ үлэлиибит диэн көстүбүт. Хас да ыал буолан пиэрмэ таһыгар кыстаан олоробут. Мин, эдьиийим, ийэм, Аана эмээхсин уонна кини уола буолан дьукаахтаһабыт. Өктөөп бырааһынньыгын өрөбүллэригэр эдьиийбиниин иккиэн оскуолабытыттан кэлэн олоробут. Иккис киэһэбитигэр Аана уола киирэн кэллэ. Дэлби тириппит, аҕылаабыт. Нэһиилэ сыгынньахтанаат, сытынан кэбиһээхтээтэ. Аана эмээхсин эрэйдээх ас бэлэмнээбитин: “Аһаабаппын. Ийээ, өлөр буоллум, абааһы эккирэтэн кэллэ”, – диэтэ. Биһиги соһуйуу-өмүрүү, айманыы бөҕө буоллубут. Ордук ийэ киһи Аана айманна. Онтон эмээхсин арыый намырыйан, баттаҕа ыһыллан хаалбытын хомунан, бобо баанан олордо. Табах уматтан табахтаата. Тохтуу түһэн баран ийэм, эдьиийим буолан эмээхсиннэрин хонноҕун анныттан өйөөн таһырдьа таһаардылар. Ааны аһан иһэн эмээхсин: “Оо, сирэҕэс бу турар!” – диэт, часкыйбытынан налыс гынан хаалла. Дьахталлар сарылаһа түстүлэр. Ону истээт, ойон тахсан, эмээхсини соһон киллэрэргэ көмөлөстүм. Онно көрдөхпүнэ, тэлгэһэбитигэр муҥур тиит саҕа күлүк субу барыйан турар этэ. Мин, уруккуттан да сүрэх баастаах киһи, эппэт кэлэҕэй буолан хаалбытым. Ол түүн харахпытын симмэтибит. Ааммытын ыга хатанан, ыалдьа сытар киһибит таһыгар эмээхсиммитин ыга кууһан, халлаан сырдыар диэри чөмөхтөһөн олорбуппут. Уолбут үс хонон баран өлөн хаалбыта. Аана эмээхсин эрэйдээх уолаттарын аһыйан, ытаан-соҥоон эрэй бөҕөтүн көрбүтэ. Хата, кырдьаҕас сааһын моҥоон баран күн сириттэн барбыта. Эмээхсин “хаһан өлөн сынньанабын?” диэхтиирэ. И.П. Кириллин тылыттан сурулунна.
kyym.ru сайтан