Кэпсээ
Войти Регистрация

Ойууттар тустарынан кэпсээннэр

Главная / Кэпсээн арааһа / Ойууттар тустарынан кэпсээннэр

K
23.08.2018 12:45
Ойуун ыалдьыыта Слепцов Григорий диэн киһини, Сэбиэскэй былаас арыый да иннигэр буоллаҕа буолуо, ойуун дииллэр этэ. Былыр уучаҕынан баран иһэн, сүтэн хаалбыт. Ону икки дуу, үс дуу хоммутун кэннэ булбуттар. Муннуттан-айаҕыттан хаан кэлбит. Кыһын үһү. Булан, аттыгар көһөн кэлэн, ураһаҕа сөгөлөөн тэлгээн баран, тэллэххэ сытыарбыттар. Алта хонукка хамсаабакка сыппыт. Сэттис хонугар убайа, баай оҕонньор Ыстапаан, ытык табатын өлөрөн баран, моонньун икки кэрчик гына быстарбыт, ураһа иһигэр уурдарбыт уонна дүҥүрүн хатартарбыт. Онтон сэттис түүнүгэр Ыстапаан бэйэтин дүҥүрүгэр охсубут, туран эккирээбит, онтон быраатын дүҥүрүгэр охсубут. Хас оҕустаҕын ахсын быраатын тарбаҕа хамсаан испит, онтон эмискэ олоро түспүт. Ол олоро түспүтүгэр убайа дүҥүрүн быраҕан биэрбит уонна дүҥүрүн охсо-охсо, таба моонньун кэрчиктэрин биир-биир биэрбит. Ону дүҥүрүн охсо-охсо таба моонньун бүтүннүү ыйыстыбыт. Онтон тура эккирээбит, хардаҕастаах чоҕу айаҕар хаалаабыт. Онтон киһилии ойуумсуйбут, кэп туонан барбыт. Онно эппит: “Аара биир ойууну көрсөн, охсуһан кыайдым, онон ордон хааллым”, — диэбит. Хантан эрэ айаннаан иһэн түбэспит үһү. Улахан Чыыстай олохтооҕо, 66 саастаах Слепцов Афанасий Петровичтан, 1982 с. Аптаах киһи Былыр биир аптаах киһи олорбут. Ол киһи дьонтон наар уучаҕы, табаны ылар эбит. Көрдөөн ылар үһү. Ону кинилэр биэрбиттэрин билиминэ да хаалаллар эбит. Кини оллооннуу тэбэн олорон, кэлин атаҕын уларытан кэбиһэр. Киһитин аттыгар олорор. Оччоҕо олорбут киһитэ өлөн хаалар эбит. Ону ким да билбэт эбит. Өлөрбүт киһитин кистиир. Онтон өлүөхсүт уучаҕын, табаларын ылар. Өлөрбүт киһитин айаҕыттан күүгэннээх хаан эрэ тахсар. Ону дьон ирдии кэлэллэр. Кинилэр эмиэ өлөллөр. Ити курдук олорор. Кини курдук эмиэ аптаах киһи баар эбит. Ол киһи билбит. Уонна ол били киһиэхэ барар. Араас уучахтаах, көлөлөөх кэлбит. Өлөрөр идэлээх киһи: “Ити уучаххын миэхэ бэлэхтээ”, — диир. Киһитэ буоллаҕына: “Мин төлөбүргэ, атастаһыкка эрэ биэрэбин, манчыыкка эрэ,— диэбит. Ылааччы киһи дэлби кыыһырбыт. — Дьэ, хайабыт буолар. Саатар, чэйбин иһэн бар”, — диэбит. Онтон чэй иһээри олорбуттар. Маҥнайгы киһи атаҕын уларытан эрбэҕин сыһыарбыт. Ону иккис хараҕын кырыытынан атаҕын хамнаппытын көрбүт. Онтон салгыы көрдөҕүнэ, маҥнайгы аптаах киһи атаҕын төбөтүттэн эриэн үөн тахсан эрэр үһү. Бу киһи хаһыыра түһэн баран, остуолга сытар быһаҕы ылан, били киһи атаҕын төбөтүн тыҥырахтары баҕастары, соһуйбута буолан, быһа охсубут. Онуоха аптаах киһи өлөргө барбыт. Айаҕыттан хааннаах күүгэн тахсыбыт. Дьэ, бу киһи: “Эн уруттаатыҥ. Сүрдээх үчүгэй киһи эбиккин, эрдэ билбиккин,” — диэбит уонна өлөн хаалбыта үһү. Улахан Чыыстайга олорор 42 саастаах Данилов Гаврил Егоровичтан, 1982 с. Баттахтаах уонна Көтөҕүйээн Оччотооҕуга ойууттар бэрт былдьаһаллара үһү. Ол быһыытынан иккиэн Холымаҕа тиийбиттэр. Ахсынньы саҥатын саҕана, сэтинньи бараныытын саҕана этэ. Балыктыы олорор сирдэригэр тиийбиттэр. Бу тиийэн кэпсэппиттэригэр, анараа дьон балыктарын айдааныгар буолан кэпсэппэтэхтэр.
Биир оҕонньор эрэ үчүгэйдик кэпсэтэн, бу оҕонньорго түспүттэр, хоммуттар, өрөөбүттэр. Бу оҕонньор өрүүр күннэригэр наар балыгын тыаҕа таспыт, илимин эспит. Оҕонньорго дьон: “Сээкэйгин хомун, бу эбэҕитин куһаҕаннык түһээтибит”, — диэбиттэр. Ону буоллаҕына дьон эппиттэр: “Оҕонньор иирдэ быһыылаах, эн Муомаҥ ойууннара ахсынньы күргүһүгэр бу эбэни көһөрүөхтэрэ диэн куттанныҥ дуо?” Икки хонон баран, бу оҕонньор балык биэрэн дьоннорун атаарбыт. Күөл уһугар тахсан иһэн Баттахтаах Көтөҕүйээнтэн ыйыппыт үһү. “Эн хайыыгын? Тэһэҕин дуу, омурдаҕын дуу?” Онуоха Көтөҕүйээн: “Омурдан буолумуна, хата, тэһиитэ кытаанах буолуо”, — диэбит. Онуоха Баттахтаах атын иһиирэн баран кымньыылаабыта, ата такымыгар диэри мууһу тобулу үктээбит. Онуоха доҕоро өлүү оҕуһа буолан икки омурт, омурт быһаҕаһа буолбут. Кэннилэрин хайыһан көрбүттэрэ, икки сиэн буолан, тоҕо солоон өрүскэ түспүт. Онно буолбут улахан ыһыы-хаһыы, айдаан. Онтон ыла “Күөл көспүтүгэр дылы” диэн номох буолбут, өскөтүн улахан айдаан буоллаҕына. Ити курдук, “Уулаах Уолдьун” диэн сыһыы үрдүгэр, Көтөҕүйээн уҥуоҕа “Тойон уйалаахха” таас анныгар бааллар. Муома Буор Сыһыытын олохтооҕо, 70 саастаах Егор Михайлович Атласовтан, 1978 с. Тэрбээйик уонна Сааргыл Былыр төһөтөөҕүтэ биллибэт. Халымаҕа атынан ындыы тиэйэ сылдьыбыттар. Инньэ гынан биир баай ыалга хоно тиийбиттэр. Онтон киэһэ эмээхсин: “Хоноһолорбутун ханна хонноробут?” — диэбит. “Хаҥха ат батыытыгар сылдьар дьону ханна хоннороору гынаҕын? Сыыска сыттыннар!” — диэбит оҕонньор. Онно Тэрбээйик диэн оҕонньор (Иван Иванович Старков): “Нохоо, тахсыах, таһырдьа ыал баар, онно тахсан хонуох!” — диэбит. Таһырдьа ыал баара үһү. Онно тахсан хоммуттар. Онтон нөҥүө күнүгэр айаннаабыттар. Онтон төннөн истэхтэринэ, хоннорботох ыалларын оҕонньордоро өлөн хаалбыт. Оччотооҕу кэмҥэ киһини көмпөттөрө, араҥастыыллара үһү. Төннөн иһэн көрдөхтөрүнэ, атаҕа бэлтэйэ сытар үһү. Онтон “Уулаах Уода” диэн күөллээхтэрэ үһү. Тэрбээйик уолун Сааргылы эппит: “Ойууммун диигин, ойуһар тайах буолан күөл мууһун тоҕо атаралаа, — диэбит. — Мин ону бүөрүнэн хайаҕастаах өлүү оҕуһа буолан уулуоҕум”. Ахсынньы ыйга буолбут. Ону ойуһар тайах буолан, тоҕо атаралаан ыыппыт. Ити күөлгэ дьон илимнэрэ, бултаабыт балыктара баара үһү. “Биһиги барыах, мантан ыраах баран хонуохпут”, — диэбит. Онтон ол курдук барбыттар. Хайа анныгар тиийэн хоммуттар. Түүнүн утуйа сыттахтарына, дьэ киһи саҥата, уу тыаһа диэн, сүөһү саҥата диэн бөҕө буолбут. Дьэ, айдаан бөҕөтө тахсыбыт. Ити иннинэ дьадаҥы киһилэригэр эппиттэр: “Киэһэ киирэҥҥин күөлтэн бултуур тэрилгин хомун”, – диэбиттэр. Онуоха оҕонньор киирэн хомуммут. Онтон ыла күөллэрэ үрэх буолан устубут, туох баар барыта барбыт. Ити курдук ахсынньы ыйга күөллэрэ көһөн хаалбыт. Билигин Халыма өрүһүн аҥаар салаата. Муома Сайдыытын олохтооҕо, 58 саастаах Алексей Иванович Старковтан, 1978 с. Тарбыйах абааһытын үүрүү Былыр Киппирийээн ойуун диэн баара. Кэргэнин ийэтэ төбөтүнэн сотору-сотору ыалдьар. Ону ойуумсуттулар. Биир эдэр дьахтар, удаҕан Өкүлүүн, кутурук салайааччылаах этэ. Саас муус устар
ыйга быһыылааҕа. Иккиһин тарбыйах абааһытыгар кыырдарбыттара. Кыырдылар. Дьиэбит киэҥ этэ. Сүүрбэттэн тахса киһи мустубута. “Кэйээр! Кэйээр!” — диэн хаһыытыыллар. Тарбыйах абааһытын тутар кэмигэр, дьиэ ортотугар хобордоох үрдүгэр кыра кыспа маһынан уот оттон баран дьиэлээхтэр олороллор. Ойуун ас уурар. Тарбыйах абааһыта кэлиэҕэ диэн. Ол кэмҥэ “Кэйээр!” диэн ыҥыраллар. Уот өрө сырдьыгынаабыт. “Кэллэ быһыылаах”, — диэн сибигинэһэллэр. Онуоха ойуун хаһыыра түһэн баран, уот үрдүгэр саба түһэр: “Туттум!”. Онтон: “Куоттардым!” — диэн, хотоҥҥо киирэр. Ол иннинэ көрүүлэнэ охсор: “Хара маҥаас сүөһүгэ састым”, — диэн этитэр. Онтон хотон иһиттэн тахсан: “Муораҕа түстэ!” — диэн, оһох кэннигэр баар ууну булкуйаллар. Онтон тутан ылан тимиртилэр, муораҕа. Ити курдук хараҥа киэһэ уот кэнниттэн түүн үөһүгэр тиийэ кыырдылар. Улахан Чыыстай олохтооҕо, 78 саастаах Григорьева Евдокия Васильевнаттан, 1982 с. Миискэнньэ Сэрии иннигэр, былыргы суол-иис кэҥии илигинэ, билигин Сайдыыга олорор Черов Алексей Михайлович уонна Черов Петр (Омукчуур) буоланнар, былыргы түһээн саҕана Индигиир аллараа Абыйга баар дьаамҥа олорбуттар. Бу олорон табаларын буурҕа түһэн, сүтэрэн кэбиспиттэр. Өлөксөй хараҥарыыта отуутугар түбэһиэх биир үрүйэни таҥнаран киирбит. Былыр булчуттар айанан бултаһаллар, саа суоҕа. Хомурах тибэн кэбиспит, айаны көрбөтөх. Онто эстибит. Искэ таптарбыт. Итиитигэр, соһуйан, оҕу уһулу тардар. Осхор төбөтүнээҕи ырба иһигэр хаалар. Киһи дьиэни былдьаһар. Отуулара түбэһэ чугас эбит. Арай дьиэҕэ кэлбитэ, мааҕын сарсыарда доҕоро хойутаан кэлбэтэх. Өлөксөй кыайан уот ылбатах. Дьиэҕэ таах сыппыт. Доҕоро дьэ кэлэр, дьаам сүүрдэн. Омукчуур киирэн уоту оттор, арай иһиттэҕинэ, киһи ынчыктыыр. Былыр чүбэчи суох, оһох айаҕын сырдыгынан киһитин көрөр. Доҕоро: “Бүттүм. Айаны эстим”, — диир. Омукчуур түөрт табалаах Миискэнньэ – Корякин Петр оҕонньорго, аллараа хайа үрэххэ баарын билбэт, дьэ, онно барар. Омукчуур доҕоругар, дьиэтигэр мас бэлэмниир, оһох таһыгар, илиитэ тиийэр сиригэр, сытыарар. Миискэнньэ оҕонньору кинилэртэн сэттэ көстөөх сиргэ олорорун булар. Омукчуур тиийээт, туохха түбэспитин кэпсиир. Дьиэлээх оҕонньор ыксыыр, билэр, эрдэттэн бэлэмнэнэ олорбут. Икки тыһы таба көлөлөөх Омукчууруттан ханна баалларын истэр уонна киһитиниин төттөрү бараллар. Оҕонньор урут тиийэр. Киһитэ улаханнык ыараабыт. Оҕонньор уот оттор. Өлөксөйү оһоххо, состуокка олордор уонна имэрийэр, эмтээбитинэн барар. Үрэр, имэрийэр. Уонна: “Айаҥ ырбатын итириҥ сыатыгар суулаатым”, — диир. “Үс сыл буолан баран кэлээр”, — диир. Өлөксөй үс сыл буолан баран эппит күнүгэр тиийэр. Оҕонньор ойуунун таҥаһын таҥнар, дүҥүргэ ырбатын охсон ылар, бэйэтигэр биэрэр. Өлөксөйгө “кырдьыаххар диэри олоруоҥ, аны оһолго түбэһиэҥ суоҕа” диэбит. Муома Соболооҕор олорор 37 саастаах Афанасий Алексеевич Слепцовтан, 1978 с. Чээкэлиир удаҕан Былыр абаҕам ойуун Халымаҕа атынан ындыы тиэйэ сылдьыбыт. Ол тиийэн көссүүтүгэр хоммут. Сарсыарда барарыгар дьахтар эппит үһү: “Аартыгы тахсаргар ардах түһүөҕэ, сэрэнээр”, – диэн. Тэрбээйик кэлэн испит. Аартык анныгар кэлиитигэр былыта суох
халлаан үһү. “Ханна баар ардаҕын эппитэй, арай Чээкэлиир удаҕан иигэ кэлэн тохтор ини”, — диэбит. Онтон хаамтаран эрдэхтэринэ, ыҥыыра холбу баран түспүт үһү. Ол курдук ардах ортотугар мээнэ сиргэ хоммут үһү. Нөҥүө күнүгэр атын быанан холунун оҥостон айаннаатаҕа үһү. Нөҥүө дьылыгар эмиэ Халымаҕа барбыт. Дьахтарыгар эмиэ тиийэр, Чээкэлииргэ. Тиийбитигэр чэй кутар. Аһата олорон былырыын сүтэрбит холунун аҕалар: “Былырыын ардах түспүтэ дуу, Чээкэлиир иигэ түспүтэ дуу?” — ыйыппыт. Онуоха биһиги киһибит кыбыстыбыт, туох да диэбэтэх. Киэһэ дьиэ аанынан дьахтар сылгы буутун толунньаҥыттан ууран биэрэр. Тэрбээйик модьу киһи эбит. Кини толунньаҥыттан ылан тутан көрбүт да, кыайбатах. “Улахан модьу дьахтар буолуо”, диэбит. Итиннэ дьахтар эппит үһү: “Итини кыайбат эрээри ойуун да буолар эбиккин”. Онуоха Тэрбээйик: “Күүһүм да кыра, ойуунум да кыра эбит”, — диэн билиммит. Муома Сайдыытын олохтооҕо, 58 саастаах Алексей Иванович Старковтан, 1978 с. Г. Федотов "Муома фольклора" кинигэтиттэн.
kyym.ru сайтан