Кэпсээ
Войти Регистрация

Хара уоспа абааһыта

Главная / Кэпсээн арааһа / Хара уоспа абааһыта

K
10.08.2018 13:58
“Таатта Чөркөөҕүттэн чугас Буор Булгунньах диэн алааска ампаар дьиэҕэ олорор ыал сайылыкка тахсыбыттарын сахсаана ааспыт, үөрүүтэ, малааһына оҕо аймаҕы уйгуурдубут күннэрэ умнулла быһыытыйбыт кэмэ этэ. Киэһээҥҥи чэй кэнниттэн ынаҕы хомуйуу, ыам чугаһаан эрэрэ. Титииктэр тастарыгар түптэ буруота унаарыйан, чуумпу халлаан диэки тардыстан өрө субуллар. Оннук нуһараҥ киэһэҕэ тэҥкэ тииттэр үрдүлэринэн икки атахтаах кулгааҕын таһынан киирэр ыһыы-хаһыы дуорайда. Эмиэ да сарылыыр, часкыйар. Ынах маҥырыырыгар, атыыр оҕус айаатыырыгар, атыыр сылгы имэҥнээхтик кистээн дьырылатарыгар ханан да маарыннаабат. Куолаһа чиҥ-чаҥ, дуораана сүр үлүгэр. Айыы сирин дьонуттан адьас атын адьарай бадахтаах. Сайылык дьоно оҕолуун-уруулуун бары тахсан иһиллээн турбахтаатылар уонна ньим бардылар. Мантан соччо ырааҕа суох сиргэ Лэкиэски Уола диэн төбөтүнэн улаханнык моһуогурбут, эдэр сааһыгар ол кырыыстаах ыарыыга ыбылы ылларбыт эрэйдээх аҕатыныын олороро. Муҥнаах баара, от-мас тыллыыта бэргээн, хайа да бухатыырга бэриммэт, туттарбат туруктанан, атах балай барыталыыра. Ким эрэ: “Ол сордоох кэбилэнэн иһээхтиир быһыылаах”, – диэтэ. Бары дьиэлэригэр симиллэн, ааны хатаныы, өссө олбуордарын аанын кытта сабыы, сүллүгэһинэн олуйуу кытаанаҕа буолла. Балачча кыанар, сытыы-хотуу Дьөгүөр диэн сүүрбэтиттэн саҥардыы тахсан эрэр уолларын: “Кытаанах соҕооччу маста булун. Ол киһийдэх наһаалаан киирэн бардаҕына, онтукаҕынан куттаан, мантан үүрэ сатаар”, – дэстилэр. Дьиэлэрин илин, хоту диэки түннүктэринэн көрүү-истии буолла. Тыыммат да гына бары иһийдилэр, кыра оҕолор барахсаттар ийэлэрин кэннилэригэр кирийдилэр. Оттон били баҕайы айдаана-куйдаана өссө сүрдэммит. Бэйэлэрин киһилэриттэн адьас атын иирээки иһэрэ билиннэ. Иирээкини ааһан, илэ дэриэтинньик киэнэ идэмэрдээҕэ. Киһи куйахата күүрэр, этин сааһа аһыллар, иэҥҥинэн туох эрэ өрө-таҥнары сүүрэкэлиир үлүгэрэ. Аанньанан ааспат, мээнэнэн буулаабат күтүр күндэлэс күн көрөн турдаҕына, күөх халлаан өссө да сып-сырдык ньуурдаах эрдэҕинэ бу алаастарын буллаҕа. Дьөгүөр сөп соҕус чиргэл маһы титиик күрүөтүн ааныттан сулбу тардан ылла. Онтон халдьаайыны таҥнары сүүрэн киирбит киһи Лэкиэски Уола буолбакка, отой да атын харамай, илэ абааһы бэйэтинэн атаралаан, ойон ахан иһэр эбит. Сирэй-харах ханан баара дьаабыта биллибэт, чуоҕур диэххэ чуоҕура суох, хара диэххэ харата суох, бүүс-бүтүннүү баһыттан атаҕар диэри бар түү киһи буолан биэрдэ. Улахана диэн сүр. Туох аанньа хоһоон кэлиэй, таах ый да хай аҥаардаах, ынырыктаах хаһыы аргыстаах үөдэн. Кэнниттэн айдаан бөҕөтүн түһэрэн, сайылык ыалларын уонча ыта эккирэтэн иһэр. Амырыын кыылы хаайбыт, туппут кэриэтэ ыйылыы-ыйылыы үрэллэр, ырдьыгыныы-ырдьыгыныы түһэллэр. Оо, кини бэйэлээх ол алаас тэлгэһэтиттэн тэйбэтэх саха ыттарын, иннигэр киллэриэхтээҕэр буолуох, ситтэрэрэ да диэн кэлиэ дуо?! Тэппит атаҕын кубулуппакка, ыһыытын-хаһыытын уҕарыппакка, соннук син балачча уһун алааһы туораан, арҕаа диэки ойо турда. Онтон үс биэрэстэлээх Долборуктаахха тиийэн, түөрт дьиэнэн сайылаан олорор ыаллар алаастарын илин халдьаайытын үрдүгэр турар кэрэх тииккэ ыттан тахсан, олоро биэрдэ. Ыттар ол сайылык ыттарыныын холбоһон, бары моргуордаан, тула көтө сылдьан
үр да үр буоллулар. Алаас дьоно ол хаһыы, ыт ньаргыара булкаастаах айдааны эрдэттэн истэннэр, эмиэ бары кэриэтэ тахсан одууластылар. Чочумча буолаат, били, сүрэхтэрин-быардарын баллыгыраппыт, уйаларыгар ууну киллэрбит баҕайылара ханна дьылыс гыммыта биллибэккэ, эмискэ суох буолан, сүтэн хаалла. Ыттар да ах бардылар, даамнарын биэрбиттии туттан, иһиллэр-иһиллибэттик ыйылыы-ыйылыы дьиэлэрин буллулар. Дьэ, онтон доҕоор, ити эргин, бүтүн Таатта улууһун саба бүрүйэн, хара уоспа диэн дьулааннаах ыарыы өрө турбат дуо?! Ол дьыл ити сатана саспыт кэрэхтээх алааһыгар сайылаабыт түөрт дьиэ дьонуттан үс ыал, биир да киһи ордубакка, бука бары имири сотуллаллар, суорума суолланаллар. Бары Слепцовтар этилэр. Илин халдьаайы анныгар турар дьиэлээх Кириил оҕонньордоох эрэ тыыннаах ордоллор. Бүтүн улуус үрдүнэн ол амырыыннаах ыарыы, сут аһыҥата ходуһаны буоругар диэри салаан ааһарыныы, төһө киһи дууһатын илдьэ барбыта буолла...” Маны кэпсээбит, хомсомуолтан саҕалаан баартыйа уонна Сэбиэскэй былаас оройуоннааҕы тойонуттан өрөспүүбүлүкэ таһымыгар тиийэ дуоһунастаммыт, хомуньуус ааттааҕа киһи этэр: “Ол – уоспаҕа сутуллубут чучунаалара буолуохтаах. Бүкпүт алааһыгар ханна эрэ тыаҕа, ойуурга ыарыы сиэн оҕуннаҕа, сайыҥҥы куйааска сытыйдаҕа-ымыйдаҕа эбэтэр суор-тураах, үөн-көйүүр, баҕар, ыт да аһылыга буолан хааллаҕа. Онтон сүдү сыстыганнаах, салааһыннаах уоспа курдук ыарыы турдаҕа, тарҕаннаҕа дии”. Этэр эттэҕинэ, эмиэ да оруннаахха дылы. Ол эрээри чучунаалара диэн тыыннаах харамайын дуу, кыыл барбыт киһитин дуу чопчу быһаара иликпит ээ. Оччотугар хайатын итэҕэйэбит? Аны ити кэпсээнньиппит өссө туох диирин истиэҕиҥ: – Ити алааска эбэм биирдэ миэхэ дьикти атах суолун көрдөрбүттээх. Били, ол кыыл дуу, илэ абааһы дуу киэнин. Икки арда үстүү атар хаамыы холобурдааҕы үктээн ааһар эбит. Уллуҥаҕа батарыта баттаан хаалларбыт сиригэр сытыган эрбэһин үүнэн тахсыбыт. Ону батыһа көрдөххө, ыраахха диэри барбыт улахан бэйэлээх атах суола буолан субулла сытар. “Бу – сайылык хабайар хаба ортотунан абааһы киирэн, атаралаан ааспытын оспот-сүппэт, хаппат-куурбат бэлиэтэ. Ол оччотооҕу ыар үйэ туоһута буолан, уонунан сылларга тиийэн кэллэҕэ” диэн быһаарбыта эбэм эмээхсин. П.СЕДАЛИЩЕВ, Чурапчы.
kyym.ru сайтан