Кэпсээ
Войти Регистрация

Күөл иччитэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Күөл иччитэ

K
10.08.2018 13:44
Бу түбэлтэ 50-с сыллар эргин буолбута. Мин төрөөбүт улууспар Үөһээ Бүлүүгэ баарым. Сайын биһиги, ыччат биригээдэтэ, сэттиэ буолан үрэх баһыгар, олорор бөһүөлэкпититтэн икки көстөөх Сыкымда Бэрэтэ диэн сиргэ оттуу сылдьыбыппыт. Холкуоспут салалтата соболоон аһаттын диэн 70-ча саастаах Прокопий Прокопьев-Моруот Борокуоппай диэн оҕонньору биһиэхэ балыксытынан анаабыта. Эрэйдээҕиҥ баара, оттуур сирбититтэн биир биэрэстэлээх сиргэ, Сыкымда диэн бэрт улахан улуу эбэҕэ, күн ахсын киирэн илимниирэ. Арай биир киэһэ оҕонньорбут хойут баҕайы бүүс-бүтүннүү бадарааҥҥа булкуллан, иһиттэн саҥата нэһиилэ тахсар, сыккырыыр тыына эрэ баар киһи кэлээхтээбитэ. Кини кэпсээнэ бэрт дьиксиннэриилээх буолбута. Оҕонньор илимин көрө олордоҕуна, тыытын туох эрэ көстүбэт күтүр ууттан соһон таһаарбыт. Оҕонньор куттанан “тыал түстэ дуу?” дии санаан, ол-бу диэки көрүтэлээбит да, эбэтэ сиэркилэ курдук уу чуумпу үһү. Көстүбэт күтүр тыыны күөл кытыытыгар чугаһатан иһэн, күүстээх илиитинэн оҕонньору эмискэ үлүгэр биэрэккэ таһаарбыт. Охторо, соһо сылдьан тэбиэлиир курдук буолан барбыт. Оҕонньор эрэйдээх дьүһүннээн биэриэҕин, ол баҕайыта хараҕар букатын көстүбэтэ үһү. Ол курдук төһө өр сордообутун билбэтэх, өйүн сүтэрбит. Киэһэ диэкинэн били баҕайыта син арахсыбыт курдук буолбут. Онуоха оҕонньор сыппахтаан баран атаҕар тураары гыммыта, адьас сэниэтэ суох, этэ-сиинэ үлтү кырбаныыттан ыарыыта сүрдээҕэ үһү. Биэрэстэлээх ойуур сиһин төһө өр айаннаабыта биллибэт. Биһиэхэ кэлиитигэр киһи көрүөн дьулайар дьүһүннэммит этэ. Кинини сонно тута сыарҕалаах оҕуска тиэйэн бөһүөлэккэ ыыппыппыт, биир эрэ хоноохтообута. Биһиги, эдэр уолаттар, туох буолбутун билээри, оҕонньор илимнээбит күөлүгэр киирбиппит. Дьэ, кырдьык, улахан айдаан буолбут сирэ этэ. Тыыта биэрэктэн биэс-алта хаамыы сиргэ бадарааҥҥа түҥнэстибит. Соһуллубут суол-иис биллибэт. Бу түбэлтэни көрөн баран, арааһы барытын эргитэ санаабыппыт. “Оҕонньорбут, баҕар, ыалдьара эбитэ буолуо, онон өйө баайыллан, уҥан-хайаан, охто сылдьан мөхсүбүтэ буолуо” диэбиппит. Онуоха биир өттүнэн өйдөөн көрдөххө – тыыта биэрэктэн балачча ыраах түҥнэстэн сытара. Бадарааны оймоон тыаҕа киһи тахсыбыт суола эмиэ суоҕа. Оттон оҕонньорбут хаһан да ыалдьан көрбөтөх, бөҕө доруобуйалаах этэ. Оччотооҕу оҕонньоттор сылыктааһыннарынан, бу эбэ былыр-былыргыттан улахан иччилээх диэн биллэрэ эбитэ үһү. Онуоха эбии “оҕонньор эбэтин туох эрэ куһаҕан тылынан үөхпүттээҕэ буолуо, баҕар, ол иһин иэстэстэҕэ” дэһэллэрэ. Дьэ, дьикти, баҕар, оннуга да буолуо. Иван ИВАНОВ, Зырянка.
kyym.ru сайтан