Кэпсээ
Войти
Регистрация
Барыҥныыр барыта абааһы буолбатах
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Барыҥныыр барыта абааһы буолбатах
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
03.08.2018 16:17
2010 сыллаахха өссө биир дьикти түбэлтэҕэ түбэспиппитин кэпсиэхпин баҕарабын. Ол маннык этэ. Биһиги ХИФУ 67-с уопсайыгар хоспутугар үһүө буолан олорбуппут. Сайын кэлбитинэн уопсайбытыттан таһаарбыттара. Оттон биһиги сайын устата куоракка хаалан тутууга быраактыкабытын барыахтаах этибит. Ол иһин аҕыйах хонук дойдубутугар тахсан сынньанан киирэн баран, үһүө буолан быстах кэмҥэ олорорбутугар Сайсары түөлбэҕэ саас ортолоох дьонтон дьиэ куортамнаспыппыт. Дьиэбит икки хостоох, итии-тымныы уулаах иккис этээскэ турар кыбартыыра этэ. Куортамныыр дьоммут: “Ыйга уон да тыһыынчаны төлөөтөххүтүнэ сөп. Биһиги син биир сайын тыаҕа тахсабыт. Онон таах туруоҕунааҕар куортамныыбыт”, — диэн үөрдүбүттэрэ. Өйдөммөт түгэн көһөн кэлбит күммүтүттэн саҕаланан барбыта. Арай бастакы күммүтүгэр, киэһэ уон чаас саҕана, ас астанан куукунаҕа аһыы олордохпутуна, түгэх хоско чэпчэки баҕайы атах хаамар тыаһа иһиллибитэ. «Хайдах-хайдах баҕайыный?» диэн тиийэн көрбүппүт, хос кураанах этэ. Аны туран, түүн утуйа сытан, Ньургун туохтан эрэ дэлби куттанан хаһыытаан уһуктубута. “Оронум таһыгар ким эрэ баар. Мин турааппын кытта куотан хаалла. Атаҕын тыаһын иһиттим”, — диэбитэ. Биһиги бэркэ куттаммыппыт эрээри, салгыы барытын көргө-күлүүгэ кубулутан, аһары сылайан түлэкэдийбитиҥ буолуо диэн, аһаран кэбиспиппит. Ол гынан баран сарсыныгар аны мин түһээн, быһа холоон үстээх-хастаах оҕо кус сыгынньах дьиэ иһигэр сүүрэ сылдьарын көрбүтүм. Санаабар, сирэйбин ким эрэ үрэр курдук салгын кэлэриттэн уһуктубутум. Куттамматаҕым эрээри, дэлби тириппит этим. Сарсыарда Ньургуннаах, Кириил эмиэ инньэ дэһэн уһуктубуттара. Онтон хас да күн туох да биллибэтэҕэ. Ол кэннэ нэдиэлэ буолан баран, арай түүн ортото киинэ көрө олордохпутуна, саалабыт аанын таһыгар хантан кэлбитэ биллибэккэ, эмиэ үс-хас саастаах кыра оҕо баар буола түспүтэ. Таһырдьа төһө да сырдык буоллар, дьиэбит иһэ борук-сорук этэ. Онон эмискэ баар буола түспүт абааһы дуу, айыы дуу оҕотуттан куттанан, бары өрө хаһыытаһа түспүппүт, ким аһыы олорор хобордооҕун өрө туппутунан, ким чугас турбут олоппоһун охсордуу ылбытынан ойон турбуппут. Онуоха оҕобут бэрт хатаннык күлэн саһыгыратан баран, куукуна диэки сүүрэн хаалбыта. Кэнниттэн ойон тиийбиппит, туох да суох этэ. Туох да суоҕун көрөн баран, хайдах эрэ эмиэ да куттаммыппыт, эмиэ да онтубут оҕо буолан, улаханнык уолуйбатахпыт. Уопсайынан, киһи тылынан кыайан быһаарбат туругар киирбиппит. Сарсыныгар дьиэбит абааһылаах диэн көһөргө санаммыппыт. “Хайыыбыт?” диэн боппуруос турбута. Оннук балай да өр быһаарса олордохпутуна, Кириил: “Оҕо буолбат дуо. Оҕоттон тоҕо куттаныахтаахпытый. Буолуохтааҕын курдук сылдьыахха уонна, хата, абааһы баар дуу, суох дуу диэн, уопутта оҥорон көрүөххэ. Туох эмэ куһаҕан буолаары гыннаҕына көһүөхпүт”, — диэн тылыгар киллэрбитэ. Инньэ гынан көспөтөхпүт. Онтон ыла хайдах эрэ оҕону түүлбүтүгэр да көрдөхпүтүнэ, атах тыаһын иһиттэхпитинэ да куттаммат буолбуппут. Оҕобут даҕаны дьээбэлээбэт этэ. Өссө биирдэ илэ көстүбүтэ. Ону даҕаны Ньургуҥҥа. Кини хойутаан хаалан, сарсыарда биһиги кэннибититтэн эбийиэгэр бараары таҥна турдаҕына хоһугар
киирэн кэлбит этэ. Ньургун бастаан хараҕын кырыытынан көрбүт. Соҕотох буолан, син куттаммыт эрээри, саҥа таһаарбатах. Оттон оҕото кини таҥнан бүтээтин кытта мэлис гынан хаалбыт. Биирдэ эмэ наскыбыт, атахпыт таҥаһа сүтэрэ. Онтубутун куукунаҕа ыскаап ойоҕоһугар баар аһаҕас сиртэн буларбыт. Остуолтан туох да соччо сүппэт этэ. Арай биирдэ соруйан кэмпиэт хаалларбыппыт суох буолбута. Ол иһин киэһэ аайы биирдии кэмпиэти остуолга ууран хаалларар идэлэммиппит. Уопсайынан, ол дьиэҕэ балтараа ый олорон баран көспүппүт. Дьиэлээхтэр кэлбиттэрэ. Күлүүс туттарарбыт саҕана: “Үчүгэйдик олордугут дуо? Төһө бэркэ хоно сырыттыгыт?” – диэн, бэрт дьиктитик ыйыппыттара эрээри, биһиги “үчүгэй” эрэ диэбиппит. Ол онон ааспыта. Дьэ, түөрт сыллааҕыта ити курдук биир кэмҥэ бэрт дьикти оҕону кытта ыаллаһан олоро сылдьыбыппыт. Кини абааһы буолбатах этэ. Ол кини ауратыттан, сырдык тыыныттан биллэрэ. Киһиэхэ куһаҕаны оҥорбот, куттаабат биллибэт күүстэр бааллар эбит, көстөр, барыҥныыр эрэ барыта абааһы буолбат эбит диэн онно итэҕэйбиппит. КҮНДҮЛ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан