Кэпсээ
Войти
Регистрация
Таҥхалаабыт буруйбутугар
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Таҥхалаабыт буруйбутугар
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
27.07.2018 15:47
(чахчы буолбут кэпсээн) 1990-с сылларга устудьуоннуу сылдьар кэмнэрим. Саҥа дьыл бырааһынньыктара саҕаламмыттара харахпар бу элэҥнээн көстөр. Бары дойдулаан, дьиэбитигэр-дьоммутугар тиийэн, тыыммыт тахсан, үөрүү-көтүү... Ороһуоспа саҕана кулуупка бииргэ үөрэммит оҕолорбун көрсүбүтүм. Биир уолбут кийиит аҕалбыт этэ, биир кыыспыт хат сылдьара. Өр буолан баран көрсүбүччэ, ирэ-хоро кэпсэттибит. Ороһуоспа киэһэтигэр кийиит аҕалбыт уолбут дьиэтигэр мустуох, ас-үөл тардан бырааһынньыктыах, таҥхалыах дэстибит. Хат кыыспыт кэлбэтэх этэ, атыттар куоракка хаалбыттар. Онон, алтыа эрэ этибит. Ол да буоллар, киэһэбитин бэрт сэргэхтик саҕалаабыппыт. Аһаатыбыт, уолаттар кыратык истибит (кийиит баарына «элбэҕи иһимэҥ» диэн буолбута), онтон чүмэчи уматан, бүлүүһэ, баатыман ылан таҥхабытын саҕалаабыппыт. Кими ыҥырарбытын мөккүһэн син балай да өр мучумааннаммыппыт. Ким эрэ суруйааччыны, ким эрэ тыыннаах киһини, ким эрэ эбэтин... Тиһэҕэр биир кыыспыт бэйэтигэр тиийинэн өлбүтэ иккис сылыгар барбыт убайын ыҥырыах диэн буолбута. Кыыспыт «тоҕо инник быһаарыммытын билиэм», «кэпсэтиэхпин баҕарабын», «куһаҕаны оҥоруо суоҕа» дэтэлээбитэ. Бары да иһийэн хаалбыппыт, сөбүлэһэрбитигэр тиийбиппит. Эдэрбитигэр тэптэрэн аньыыргыыр, куттанар диэн суох. Аан арыйан, ыҥыран, «Дорообо» диэппитин кытары, санаабар, кэтэһэ сыппыттыы, бүлүүһэбит сүүрэн киирэн барбыта, хап-сабар «дорооболоспута». Сыыйа-баайа ыйытыыларбытын биэрэн испиппит, «доҕорбут» хоруйдаан иһэр. Кэлиҥҥи ыйытыыларбытыгар кыыһырар буолбута, сүгүн эппиэттээбэккэ мэнээк үөҕэрэ, маатыралыыра. Маҥнай уолаттар туттуммакка күлбүппүт, үтүктүбүппүт. Ону саба түһэн, балта «тоҕо эрдэ күрээбиккиний» диэбитин, «эн буруйдааххын» диэн кыыспытын аймаабыта, ытаан киирэн барбыта. «Тоҕо?» диэн ыйытарын аны хоруйдаабат. Наһаа сөхпүппүт. «Ким эрэ тарбаҕынан даҕайан хамсатара буолуо, соруйан гынар» дэспиппит, ким да билиммэтэҕэ. Кыыспыт уоскуйан, салгыы ыйытан испиппит. Хат кыыс чугас дьүөгэтэ баара, «уолланар дуу, кыыстанар дуу» диэбитин «сиэҕим» диэн хоруйдаабыта. Им-ньим баран хаалбыппыт, «кэбис, быраһаайдаһыах» диэн буолбута. «Киһибит» киһи сатаан тириэрдибэт тылынан үөхсэн-үөхсэн, өр барбакка гынан баран биирдэ быраһаайдаспыта. Бары уку-суку дьиэлээбиппит. Кэмсиммиппит иһин хайыахпытый, саатар, оһохпутун да алаадьылаабатахпыт, түүн утуйбатах дьон утуйар аакка түспүппүт. Ити күнү умна быһыытыйбыппыт. Кэлин санаппыта ээ... Били, хат кыыспыт оҕото түспүтэ, кыыс ыарыһах буолан хаалбыта. Дьиэлэригэр таҥхалаабыт дьоммут өр буолбатахтара, уол бэйэтигэр тиийинэн, куһаҕаннык суох буолбута. Буолар буолбутун кэннэ, ити түбэлтэлэргэ кыттыгастаах, улахан ыар буруйдаах санаабыт сүгүннээбэт. Ити күн таҥхалаабакка, куһаҕаннык барбыт киһи кутун-сүрүн аймаабакка, бырааһынньыктаан, кэпсэтэн баран тарҕаспыт буолуох, арай...
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан