Кэпсээ
Войти
Регистрация
Ытык кырдьаҕас туһунан
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Ытык кырдьаҕас туһунан
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
19.07.2018 15:37
40-с сыллар саҕаланыыларыгар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уот кураан сатыылаабыта. От-мас үүммэккэ, эбиитин аһыҥа туран, сэрии саҕаланан, балаһыанньа өссө уустугурбута. Оччоттон да уута-хаара суоҕунан аатырар алаас сирдээх Чурапчы улууһа бу кураантан күүскэ эмсэҕэлээбитэ. Бурдук үүммэт – дьон-сэргэ аччыктыыр, от үүммэт – сүөһү сутуур. Оруобуна ол саҕана, 1942 сыллаахха, Сибиир уонна Уһук Илин өрүстэригэр балык булдун тэрийэр туһунан баартыйа уурааҕа тахсар. Онон икки куобаҕы биирдэ өлөрөр сыалтан (чурапчылары кураантан куоттарар уонна баартыйа уурааҕын олоххо киллэрэр инниттэн), Саха сирин салалтата атырдьах ыйын 11 күнүгэр 1942 сыллаахха улуус хас да холкуоһун хоту көһөрөр туһунан уурааҕа тахсар. Онон сибээстээн, 1942 сыллаахха Чурапчы 41 холкуоһун Кэбээйи, Булуҥ уонна Эдьигээн улуустарыгар көһөрбүттэрэ. Барыта – биэс тыһыынчаттан тахса киһи. Мин оҕо сылдьан, сорох ардыгар мөҕүллүөм да буоллар, улахан дьон кэпсээнин сэргээн истэрим. Төһө элбэх кэпсээни оннук “уоран” истибиппин билигин өйдөөбөппүн. Истибитим улахан аҥаарын билигин умнубуппун даҕаны. Арааһа, билигин кэпсиэхтээх кэпсээним эмиэ оннук умнуллубут кэпсээннэр кэккэлэригэр киирсэрэ буолуо эрээри, тоҕо эрэ биир түгэн билигин даҕаны өйбүттэн тахсыбат. Сурах, кэпсээн аата кэпсээн, онон төһө кырдьыгын билбит суох эрээри... Манна абааһы туһунан кэпсэммэт. Манна улаҕалаах өйдөөх ытык кырдьаҕас туһунан кэпсэнэр. Кини булугас уонна дириҥ өйүнэн аана суох алдьархай, саат-суут, нэгэй быһыы тахсыбатаҕа. Хомойуох иһин, дьон аатын, холкуос аатын умнубуппун. Онон, бука диэн, бааламаҥ. Холкуостар туох да тутуута-таймата суох, кураанах, аһаҕас сиргэ көһөн тиийбиттэр. Ол гынан баран, сорох дьон саталлаах уонна үтүө сүрэхтээх биригэдьиирдэр, олохтоохтор көмөлөрүнэн оннуларын булбуттар. Ыарахан, аччык эҥээрдээх, унньуктаах уһун үлэ саҕаламмыт. Онто суох, кыс хаар түспүтүн кэннэ көһөн тиийбит дьоҥҥо, 1942 сыл кыһына сүрдээх ыараханнык ааспыт. Аҥаардас Кэбээйи улууһугар ити кыһын 500-чэ киһи тыына быстыбыт. Аччыктаан-хоргуйан, тоҥон-хатан. Мин кэпсиэхтээх холкуоһум дьоно ол сыл (1943?) кыһыныгар нэһиилэ, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан олорбуттар. Тыыннаах, атахтарыгар уйуттар кыахтаах эрэйдээхтэри сарсыарда үлэҕэ кыйдыыллара. Ол дьонтон киэһэ сорох эргиллэрэ, сорох – суох. Дьон-сэргэ, ордук саастаах, ыарыһах уонна оҕо аймах өттө, сылбах курдук охтуталаан барбыт. Өлбүт киһини харайар, кистиир да сэниэ бараммыт. Ас тамты эстибит. Кырыктаах, былааска бэриниилээх, баартыйа дьиҥ буойуна – биригэдьиир – биир балык кутуругун бэрсиэ диэтэҕиҥ дуу (дьиҥэр, үтүө сүрэхтээх, бэйэлэрин тыыннарын толук ууран туран дьоннорун кистээн аһаппыт үтүө санаалаах дьон бааллара эбитэ үһү)?! Суох. Ол курдук барар сир баҕана үүтэ, кэлэр сир кэлии үүтэ буолбутун кэннэ, хас да күн сылбархай уунан олорбут, истэрэ үллэн, дьэҥкэрэн барбыт дьон ыксаан, мөккүһэн-мөккүһэн баран, ынырыктаах суолга үктэнэргэ сананаллар... Саатан, кыбыстан, кыһыйан-абаран ытыахтарын көмүскэлэрин уута куура хаппыт. Хаһыытыахтарын-кыланыахтарын тыллара таҥалайдарыгар сыстыбыт. Төһө даҕаны бэйэлэрин таҥнары кыранналлар, сымыһахтарын быһа ыстааталлар, көхсүлэрин хараҕар хам сыстыбыт аччык куртах, өлөөрү сытар
дьон ыар ынчыга дьону иирдибит, өйдөрүн баайбыт... Хараҥа түүн үүнүүтэ түннүгү-үөлэһи бүөлүүллэр. Мас тапчаантан өссө да өндөйөр, икки атахтарыгар уйуттар кыахтаахтара тахсан, нэһиилэ соһон киллэрбиттэр. Бу сааты – ким да бэйэ-бэйэтин тулуйан көрбөт буолбут. Сүрэх хаанынан ытаабыт. Эттэн элийэн ылан, олгуйга уган уокка уурбуттар. Көһүппүттэр. Ким да бу “күөс” оргуйа охсуон баҕарбатах. Бука бары чуумпуну иһиллээбиттэр. Оннооҕор уһугулаан сытааччылар утуйбукка дылы буолбуттар. Тоҥ күөс быстыҥа. Өр гыныа дуо. Оргуйан бидилийэн тахсыбыт. Арай, таҥнары кыраммыт, аччыгы иирдибит күөс буһуута, бу “дьыаланы” хара саҕаланыаҕыттан иһиллээн сыппыт, муҥур уһугар тиийэн уһугулаан сытар аарыма кырдьаҕастара (хантан сэниэлэнээхтээбитэ буолла?) саҥа таһааран кыыкынаабыт: — Тукаларыам, хайаҕыт да илиитэ урут барыа суох быһыылаах. Ити "күөскүт" хайдах буолуо биллибэт. Онон инним кылгаабыт, кэнним уһаабыт киһи – мин урут амсайан көрүүм. Аҕалыҥ эрэ манна. Кутан аҕалбыттар. Эмээхсин биирдэ омурпут, иккиһин омурпут. Онтон туох баар тиһэх күүһүн барытын түмэн, үнүөхтээн туран кэлбит. Икки окумалыттан өйөттөрөн таһырдьа тахсыбыт уонна омурпутун барытын таһааран кэбиспит. Дьиэ иһигэр кини киирэрин көһүппүттэр. Эмээхсин өтөр буолбатах – киирбит. Уонна эппит: “Үйэлээх сааспар олордум ини, олорботум ини. Эҥинэ бэйэлээҕи аһаатым ини, аһаабатым ини. Ол гынан баран саллар сааһым тухары мантан куһаҕан, амырыын аһы айахпар амсайа иликпин. Кэбис, таһааран тоҕуҥ, эрдэ сылла”. Ити кэннэ "күөстэн" ким да амсайбатах. Эмээхсин эппитин курдук таһааран ким да көрбөт сиригэр тохпуттар. Онон улаҕалаах, булугас уонна дириҥ өйдөөх ытык кырдьаҕас өйүнэн аана суох алдьархай, саат-суут, нэгэй быһыы тахсыбатах. Ким билиэ баарай, киниэхэ итинник өй киирбэтэҕэ буоллар, туох тахсыан. Эмээхсин сап саҕаттан салҕанан тыыннаах хаалбыта үһү. 1945 сыллаахха дойдутугар эргиллэн кэлбит уонна көмүс уҥуоҕа онно көтөҕүллүбүт. Арай өлөөрү сытан: “Ол "күөстэн" минньигэс күөһү үйэбэр амсайбатаҕым”, — диэн билиммит сурахтаах. Алтан Кырыылаах.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан