Кэпсээ
Войти Регистрация

Ойуун уҥуоҕун уоттаан

Главная / Кэпсээн арааһа / Ойуун уҥуоҕун уоттаан

K
05.07.2018 14:47
Өрт уота кэмин таппатахха сэрэхтээх, сири-дойдуну, дьону, тутууну түргэн үлүгэрдик күл-көмөр оҥорор! Дьэ ол иһин, саас элбэх буолан, уот иҥмит сирдэрин хаһан, уу кутан умуруоран иһээччилэр. Сиргэ иҥмит уот тыал түстэҕинэ умайан күүдэпчилэнэн туруон сөп. Тырахтарыыс Тайыла өртөөһүн “тиэхиньикэтин” барытын билэринэн ааҕынара эрээри, этэргэ дылы, оннооҕор түөрт атахтаах бүдүрүйэр... “Быйыл оттуур ходуһаны от үүммэт улуустарыгар биэрэбит, онон төһө кыалларынан оттоммокко хаалар үрэх кытыыларын, муннук, дулҕалаах, аҥхал да сирдэри өртөөн сир таһаарыныҥ” – диэн буолла! Тайыла тыраахтарынан оттуур буолан, үчүгэй сирдээҕиттэн билигин кэлэн кэмсинэ санаата...Сириллибит сиргэ оттуура буоллар ыалдьыттарга ходуһатын биэриэ суох этилэр. Билигин атын сиртэн кэлии мобильнай биригээдэлэргэ биэрэллэрэ чахчы. Сир көрдөннөҕүнэ эрэ табылларын өйдүүр. “Хотугу үрэх кытыылара талаҕын, дулҕатын аахсыбатахха, син киһи кыстыыр отун булар сирэ”, – диэн санаа киирбитэ ыраатта... Биир күн эрдэ туран, тыраахтарын сылыта түһээт, үрэҕин диэки түһэ турда. Көлөтүн үрдүттэн көрдөҕүнэ улахан сир эбит! “Тоҕо манна урут ким да оттооботох буоллаҕай?” – диэн санаа күлүм гынан ааста. “Өртөөтөххө көстөө ини” – диэт, тиэтэйэ-саарайа тыал өттүттэн биир-биир уотун таҕайан истэ... Эбиэккэ диэри баһаам элбэх сири сиэттэ! Уот, хата, тыа саҕатыгар тахсан иһэн умуллар. Тохтоон, ыһыгын таһааран, сиригэр бэрсэн баран, сынньанан чэйдии олордоҕуна, арҕааттан хара былыт тахсан кэлэр. Били умуллуох курдук симириктии сыппыт уота улам-улам күөдьүйэн умайан тахсар! Бу кэмҥэ тыал үрэр хайысхатын уларытар. Аны уот үрэххэ кэлэн кэтиллэ-кэтиллэ умуллар буолар... Тайыла уотун умулуннара сатыыр да, уот суоһа-суодала бэрт, чугаһаппат. Уот тумуһахха тыаһаан-ууһаан тиийиитигэр үрдээн, улаатан барар. Тырахтарыыс көрдөҕүнэ уот сирэйдээх, атахтаах курдук. Ыксаабыт киһи хараҕар уот маҥнай сытан эрэ, онтон аттаан, түмүгэр сүүрэн эрэр курдук буолан көстөр! Тайыла уолуйан биир кэм дьону ыҥыран хаһыытыы сатыыр да, бачча ыраах ким кэлэн быыһыай-абырыай!.. Өлүү болдьохтоох дииллэринии, уот иккитэ-үстэ үрэх уҥуор умайа сылдьар оту быраҕар да, сииктээх сиргэ түһэн умуллар. Ол кэннэ үрэх синньиир сиригэр сөп түбэһиннэрэн, хаппыт үөттэри өрө салаан тахсан, тостурута тутаттаан, үрэх уҥуор быраҕаттыыр. Уҥуоргу кытыл эмиэ кытыаста түһэр! Бу үрэх уҥуор туран Тайыла өссө улахан аньыыны оҥостубутун өйдүүр! Уҥуор өтөх кытыытыгар аата ааттаммат Улахан ойуун көмүллэн сытар! Төлө туттарбыт уот ойуун уҥуоҕун көрдө-көрбүтүнэн айанныыр. Тайыла сордоох ытыы-ытыы хаһыыра-хаһыыра, төттөрү-таары сүүрэлии сатыыр да, уота эбии улаатан, кэҥээн, хайыспыт сирин диэки бара турар! Ыксаабыт киһи төбөтүгэр: “Оҕонньор бэйэтэ тохтотор ини!” – диэн санаа күлүм гынан ааһар... Уот уҥуохха тиийэрин саҕана Тайыла уҥан хаалар... Өйдөнөн кэлбитэ, халлаан сырдаан эрэр эбит, дэлби тоҥмут, этэ барыта көһүйэн хаалбыт... Сэрэнэн-сэрэнэн ойуун уҥуоҕун диэки хайыспыта, хайыы-үйэҕэ умайан, кыһыл чоҕо эрэ кылайа сытарын көрөр! Уот барытын хара холохой оҥорбут уонна бэйэтэ көстүбэт, умуллубут...
Бу быһылаан кэнниттэн “иэстэбиллээх дьыаланы оҥордум” диэн санаата дэлби самныбыт Тайыла биир көрбүөччүгэ этэн, кини көмөтүнэн уҥуоҕа умайбыт ойуунтан көрдөһө сатаабыттааҕа. Онуоха анарааҥҥыта: “Мин ыырбын көрө, чэччийэ сылдьар кэммэр сөп түбэһиннэрэн, дьиэбин уоттаан кэбиспиккин! Ол соболоҥор, бэйэҥ да уһуннук уот оттунан, дьиэлэнэн-таймаланан олороруҥ биллибэт”, — дэттэрбит. Түбэлтэтэ эбитэ дуу, чахчы ойуун кыраабыта дуу, эһиил сааһыгар Тайыла дьиэтэ олоччу умайан хаалбыта. Дьөрү, докумуоннарын да быыһаабакка хаалбыттара. Ким эрэ соруйан уоттаабытын курдук түргэнник уонна улаҕалаахтык оҥоһуллубут дьыала этэ. Онтон тэмтэрийэн, Тайылалаах олохторо улаханнык огдолуйа сылдьыбыттааҕа. Чэ, ол бэйэтэ туспа кэпсээн. Онно, дьиҥинэн ыллахха, ойуун да улахан сыһыана суоҕа эбитэ буолуо.
kyym.ru сайтан