Кэпсээ
Войти Регистрация

Тоҥуу Күөл абылаҥа

Главная / Кэпсээн арааһа / Тоҥуу Күөл абылаҥа

K
edersaas.ru Категорията суох
04.05.2022 19:45
Ырыаҕа ылланар Кыыллаах Арыы барахсан кустуон, балыктыан баҕалаах дьоҥҥо табыгастаах дойду. Икки өттүнэн Өлүөнэ эбэ сүүрүктээх долгуна суурайа устар, кырылас кумахтаах арыылар, талах—дьана симиилээх, ыраас уулаах боротуокалар, өлгөм оттоох ходуhалар быыстарыгар байанайдаах күөллэр да дэлэйдэр. Күөл, өрүс көмүс хатырыктааҕа  үөскүүр, кус—хаас  манна сөбүлээн, тохтоон ааhар сирэ. Маҥнайгы сааскы көҕөнү урут-уруккуттан Кыыллаахха ким хайа иннинэ бултууллар. Биллэрин курдук, кус түhэр-түспэт күөллэрдээх. Сааскы кус күнүстэри өрүс мууhун ырбыытыгар мунньустар, хайа баҕарар ньалыгырас уулаах хотоолго элиэтиир, талах быыhа хорууттан, бырыылаах чалбахтан эмискэ көтөн тахсан соhуйуу бөҕө буолааччы.  Күһүн ходуhалар кээhиилээх отунан туолбуттарын кэннэ, кус анаан-минээн түhэр күөлэ чопчуланан тарбахха баттанар буолар. Оннук кус-хаас тардыылаах күөллэринэн Иликтэ, Тыы Быстыбыт, Балаҕан Анна, Тураахтыыр, Кулуhуннаах, Дириҥ Иэрэ, Күтэрдиир, Күндэ, Куйуурдуур, Иҕэлтэ, Ат Күөлэ, Ойбон Күөлэ, Эмньик, онтон да атын улахан, мааны күөллэр арыы кутуругун диэки бааллар. Бу күөллэргэ кус арааhа, кураанаҕа да, умсааҕа даҕаны сөбүлээн түhэр. Оттон биhиги кустуур күөлбут — Тоҥуу Күөлэ Кыыллаах Арыы ортотугар, Акимовка сайылык аттыгар турар. Аhара дириҥэ суох, ортотугар дьаамалардаах, чугаhынан чычаас, улахан киhи дургуйар буолааччы, кытыыта хомуhунан, боруулаах отунан саба үүнэр, кус сөбүлээн сиир-аhыыр ото, үөнэ-көйүүрэ дэлэй буолан, бу күөлтэн кусчуттар сырыы аайы илии тутуурдаах, өттүк харалаах тахсааччылар. Байанайдаах күөллэр хаhаайыннаах, өрүү манна оттуур, кустуур, балыктыыр дьонноох буолааччылар. Кинилэр тохтуур отуулара, кус маныыр дурдалара, ууга устар тыылара бултуур күөллэрин тула баар буолар. Ким хайа күөлу баhылаан олороро уруккуттан биллэр буолан атын, туора киhи бу күөллэргэ киирэ да соруммата. Иликтэни өр сыл устата Грязнухин Ыстапаан дэриэбинэ баар-суох тутаах киһитэ — уу баhар массыына суоппара баhылаан-көһүлээн, бултаан-алтаан олорбута. Билигин манна кини уола Алексей, эмиэ аатырар кусчут, сааhыт бэрдэ, суоппар ахсааннаҕа кэлэ-бара бултуур. Тоҥуу Күөл тула Корниловтар, Егоминнар оттуур сирдэрэ буолан бу күөлгэ кинилэр кустуур буолбуттара ыраатта. Күөл арҕаа өттүгэр Корниловтар-Арамааскылар дурдалара турар. Манна мин бииргэ үөрэммит атаhым Артист Женя улахан убайдара Куоста уонна Оруодьа кустуур этилэр. Кинилэр кустуу киирбэт күннэригэр биhиги үс буолан бу дурданы баhылааччыбыт. Женя ол саҕана аармыйаҕа сулууспалаан, буhан-хатан, танкист буолан кэлбит сыла этэ. Мин университет устудьуона, быраатым Васюк оскуоланы бүтэрбит, үһүөн араа-бараа саастаах уол оҕолоро этибит. Ол кэмҥэ быраатым хаартысканан үлүһүйэр буолан «Зенит» диэн оччолорго олох «курутуой» фотоаппаратын иилинэ сылдьара. Сааларбыт да үчүгэй этилэр: Васюк киhиттэн уон биэс солкуобайга атыылаhан ылбыт 16-с ТОЗ-25 сытыары уостаах, биhиги 12-с калибрдаах ТОЗ-34 туруору уостаах бэртээхэй саалары илдьэ сылдьарбыт. Киэhээ кулуупка 9 чаастаах киинэни көрөн баран үргүлдьү хомунан, кэлээскэлээх ИЖ-Юпитер-4 матасыыкыл стартерун быhа үктээт, күөлбүтүгэр ыстаннарабыт. Начаас элээрдэн тиийэбит. Хараҥаҕа хомус быыhынан, уhун саппыккыбыт оhун тардынан, ууну кэhэн, дириҥ сиригэр далаhаҕа үктэнэн дурдаҕа киирэбит. Кус маныыр хаххабыт чараас эргэ хаптаhын эркиннээх, икки улахан киhи олорор, сытар миэстэлээх, тыал-ардах хоппот, бөҕө-таҕа оҥоhуулаах, турар да сирэ табыгастаах кус саамай түhэр, быhа көтөн ааhар күөл оруобуна ортото эбит этэ. Киирдэ киирээт, чүмэчи умата охсобут, тиэрмэстэн итии чэй иhэбит уонна хаартылаан имитэн барабыт.  Айдаан-куйдаан, күлсүү-салсыы бөҕөтө — кустуу кэлбит дьон диэбэккин. Хата кустарбыт хараҥаҕа от быыhыгар олорон саҥарсаллар, көппөттөр, биhиэхэ эрэ кыhамматтар. Ол да буоллар халлаан аппайыыта уоскуйан, оонньуубутун ситэрэбит. Васюк тыыга олорон атын сиргэ, тэйиччи хомус быыhыгар, устан сүтэн хаалар. Биhиги Женялыын барыта кулгаах уонна харах буола түhэбит. Сааларбытын чугас ууран, кус кынатын тыаhа сурулаата да ытарга бэлэммит. Ол саҕана мончуугу түhэрбэт этибит, арай, дурдабыт утары, онон-манан аҕыйах дулҕаттан кыhыллыбыт «кустар» борук-сорукка харааран көстөллөр. Сотору буолаат, ыраах күөлгэ дуу, өрүскэ дуу маҥнайгы саа тыаhа иhиллэр. Ол кэннэ дьэ кус көппүтүнэн барар. Бастаан тыйаахтар сурулаан кэллилэр, утуу-субуу ытыалаан хабылыннардыбыт, үс кус чопчу дурдабыт иннигэр, үрдүгэр уонна кэтэҕэр өлөрдүү охтон түстүлэр. Дьэ, үөрүү-көтүү буолла. Ол икки ардыгар аны халыҥ үөрдээх кус хантан кэлбитэ биллибэккэ, эмискэ дурдабыт иннигэр биирдэ «суурк» гына ууну таhыйа түстэ. Хаптас гынаат, кыҥаhа түhэн баран «чэй!» диэтибит да сааларбыт чыыбыhын быhыта тардыалаан кэбистибит. Ууга булумахтаныы бөҕө буолла, кус бөҕө көтөн таҕыста, өссө ытан кууһуннардыбыт, эмиэ үс кус оҕунна, сорохторо арыый тэйэн эрдэхтэринэ аны Васюк ытыалаан икки куhу охтордо. Кэлин хомуйбуппут чыркымайдар уонна халбалар этилэр. Халлаан лаппа сырдыар диэри астына-дуоhуйа ытыалаан сүүрбэттэн тахса куhу бултуйбуппут. Кус киирэр күнүгэр, былыттаах, кыра ардахтаах түүнүгэр, киhини-сүөһүнү аахайбакка, саа да тыаhыттан толлубакка, олох тохтобула суох кэлэн түһэ турар буолааччы. Дьэ оннук күн биhиэхэ ол күһүн тосхойбут эбит, быhыыта. Ытыалыы сатаан баран ботуруоммут бүтэн, ситэ бултаабакка тахсыбыппыт. Кус ол күн күнүстэри көппүтэ. Сороҕор күнүн-дьылын таппакка, мэнээк киирэн мэлийэн тахсааччыбыт. Биир оннук сарсыарда кус көппөтө, халлаан номнуо сырдаан эрдэҕинэ арай утары биэрэккэ, от быыhыгар көҕөн мээтиргиир саҥатын истэн, утуктуу олорбут Женя биһикки сэргэхсийэ түстүбүт. Ытыспытын холбуу тутан куhу ыҥырардыы мээтиргээн бардыбыт. Онтукабыт ону эрэ кэтэспит курдук көтөн барылатан таҕыста да, супту биhигини көрбүтүнэн утары көтөн иhэр. Биhиги дьэ хаптайыахпытынан хаптайан, маныахпытынан манаан баран олоробут. Омуннаан эттэххэ, баалынай саҕа күһүҥҥү боруу көҕөнө олох субу уонча миэтэрэ көтөн кэлээтин кытары иккиэн — «ликвидация!!!» — диэн хаhыытыы түhээт, эмискэ ойон турдубут, куспут соhуйан өрө таhыйан тахсан эрдэҕинэ, дьэ хайдах эрэ сытыйбыт тэллэйдии түhэр инигин дии саныы-саныы, утуу-субуу ытыалаан хабылыннардыбыт… Пахай, онтукабыт ымыр да гыммата, устунан хомус диэки көтөн, олох да сүтүөн иннинэ Васюк обургу биирдэ эрэ ытан түhэрдэ. Кус ууга «палк» гына түстэ, ол кэннэ бырааппыт астыммыт куолаhынан: — Маннык ытар баайы, куhу ньаа!!! — диэн саҥа аллайда. Биhиги саҥата суох хааллыбыт… Байанайдаах Тоҥуу Күөлбүтүн өрүү саныыбыт, ахтабыт, өссө да Кыыллаахпыт сиригэр төннөн, кустаан кэлбит киhи диэн санаа биhигини кэнники кэмҥэ долгутар.   Валерий МАЛЫШЕВ.
edersaas.ru сайтан